Үс Хатыҥҥа "Тыгын Дархан" киинэ маассабай сыаналарын уһуллуута бара турар. Манна суруйааччы Василий Яковлев-Далан аймахтара кыттыыны ыла сылдьаллар.
Суруйааччы оччолорго, бу айымньытын суруйарыгар, "мин оҕолорум, сиэннэрим киинэ уһуллуутугар кыттыахтара", — дии санаабыта буолуо дуо дии саныыгын. Кини кыра кыыһа Лолита Сантаева оҕолорунаан Колялыын уонна Олялыын гримнэнэн, сахалыы таҥнан, былыргы өбүгэлэрин уобарастарыгар киирдилэр.
Суруйааччы сиэннэрэ өбүгэлэрин олохторун-дьаһахтарын көрдөрөр сыаналарга астынан туран уһулуннулар, киинэ алыптаах ускуустубатын иһиттэн биллилэр. "Бу биһиги аҕабыт, эһэбит айымньытын, норуоппут былыргы историятын өссө дириҥник өйдүүргэ кыах биэрэр, кэмнэри ситимниир", - диэн кэпсээтэ Лолита Васильевна.