Киир

Киир

«ЯТЭК» – өрөспүүбүлүкэ стратегическай, тыын тэрилтэтэ. Магомедовтар хаайыллыбыттарынан, тэрилтэни биһиэхэ төнүннэриэхтэрэ диэн үгүс киһи күүтэр. Ол эрээри, дьыала иһигэр киирдэххэ, оннук судургу буолбатах. «ЯТЭК»пытын иҥсэ-мэнэгэй дьон былы-ыыр “идэһэ” оҥостон, “муостаах-кутуругун” эрэ хаалларбыттар эбит. Ол туһунан сиһилии билсиэҕиҥ.

Штыров иккис болдьоҕун төлөбүрэ

«Якутгазпром» (билигин – «ЯТЭК») Вячеслав Штыров 2006 с. иккис болдьоҕор ананарыгар төлөбүр буолбутун туһунан элбэхтик суруллан турар.

SHtyirov foto nakanune.ru

«Якутгазпром» баара-суоҕа 35,131 мөл. дуолларга атыыламмыта (2006 сыл муус устар 14 күнүгэр 76% акцияларын 628,5 мөл. солк., ол аата ол күннээҕи кууруһунан 22,679 мөл. дуолларга атыылаабыттара. 2011 сыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр хаалбыт 22,22% аахсыйаларын 350 мөл. солк (12,452 мөл. дуолларга) биэрэн тэрилтэни олоччу атыылаабыттара.

Икки эрэ сыл буолаат, аан дойду экэниэмикэтигэр улахан аптарытыаттааҕынан биллэр Швейцария Credit Suisse диэн баана сиһилии үөрэтэн баран, «Якутгазпром» ырыынакка атыыланар дьиҥнээх сыаната 2 миллиард дуоллар буолар диэн сыана быспыта.

Өрөспүүбүлүкэ улаханнык албыннаппыт аферата хайдах оҥоһуллубутуй?

Бырааттыы Магомед уонна Зиявудин Магомедовтар ол саҕана улахан былаастаах уонна кыахтаах дьоҥҥо илэ-сала, илин-кэлин түһэ сылдьар этилэр. Ол иһин үрдүкү былааска Штыров иккис болдьоҕун курдук уустук боппуруоһу холкутук быһаарбыттара. Оннооҕор ол кэмҥэ Штыровтуун харсыһан ылбыт Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы уонна үп миниистирэ Алексей Кудрин бырааттыы Магомедовтар кэтэхтэригэр турар дьоҥҥо улаханнык баһыйтаран, хотторон кэбиспитэ.

Магомедовтар хаайыллыахтарын арыый иннинэ «ЯТЭК» аҥаардас аахсыйаларын сыаната 12,9 млрд солк. этэ (215 мөл. дуоллар). Ити төһө да ньиэп уонна гаас сыаналара улаханнык түспүттэрин да үрдүнэн. Оттон ньиэп сыаната үрдүк эрдэҕинэ «ЯТЭК» аахсыйаларын сыаната 760 мөл. дуолларга тиийэ үрдүү сылдьыбыттааҕа. Бу аҥаардас аахсыйалар сыаналара эрэ, манна атын баайын (актыыптарын) холобур, гаас саппааһын эҥин эбэн ааҕар буоллахха, хас да төгүл эбиллэн тахсыа.Оччого Магомедовтарга босхону үрдүнэн атыыламмыт «Якутгазпром» дьиҥнээх сыаната тахсан кэлэр.

Манна даҕатан аҕыннахха, Штыров бэлиитикэҕэ тус бэйэтин сыалын-соругун ситиһээри, Саха Өрөспүүбүлүкэтин стратегическай баайын элбэҕи итинник туох да аһара кыра сыанаҕа атыылыыр этэ.

Холобурдуур буоллахха, Егор Жирков улаханнык сыралаһан туран, «Сарыылаах-сурьма» диэн тэрилтэни улахан барыыһы киллэрэр таһымҥа таһаарбыта. Ол үлэтин ситэрэрин кытта, кинини Штыров устан кэбиспитэ уонна «Сарыылаах-сурьманы» дуона суохха – 125 мөл. эрэ солкуобайга – Симан Поваренкин диэн олигарха атыылаабыта. Поваренкин партнера – улахан федеральнай силовик уола, ол силовигынан Штыров Афанасий Максимовы утары холуобунай дьыала тэриллэрин, хаайылларын ситиспитэ.

Ити «Сарыылаах-сурьма» билиҥҥи сыаната 4,369 млрд солк., сыллааҕы дохуота 2,620 млрд солк. Өрөспүүбүүлүкэ бачча үрдүк сыаналаах баайын 125 эрэ мөлүйүөҥҥэ атыылаабытын, ааҕааччылар, туох дии саныыгытый?

Aaron

Д.Трамп аттыгар уҥа Аарон Бенкс турар

Аҕыйах хонуктааҕыта «Сарыылаах-сурьма» аата аан дойду биир улахан айдааныгар кыттыгастанан хаалбыта билиннэ. Англия Европа Сойууһуттан тахсан барарын («Брексит» диэн референдум) туруорсубут, үбүлээбит Аарон Бэнкс диэн билиҥҥи Эмиэрикэ бэрэсидьиэнэ Дональд Трампка чугас миллионерга «арассыыйалар «Брексит» ситиһилиннэҕинэ, эйигин Поваренкин көмүстээх рудниктарыгар компаньон оҥоруохпут диэн эрэннэрбиттэр үһү» диэн Англия хаһыаттара суруйдулар. Ол төһө кырдьыгы-сымыйаны суруйбуттара биллибэт да буоллар, «Сарыылаах-сурьмабыт» Поваренкин көмөтүнэн итинник «аатыран» хаалла.

 

“ЯТЭК” хаһаайыннара кимнээҕий?

yatek

Билигин бас билэр акционердара:

- Махачкалаҕа регистрациялаах «Инвестор» ХЭТ аахсыйа 82,06%бас билэр;

- Москубаҕа регистрациялаах «Наутилус» ХЭТ– 8,53% аахсыйалаах;

- КипрRantechoInvestmentsLtdхампаанньатыгар– 7,5% аахсыйа баар;

- хаалбыт 1,91% аахсыйалар фондовай биржаҕа көҥүл атыыга эргийэ сылдьаллар.

Инвестор ХЭТ Зиявудин Магомедов толору бас билэр. Оттон «Наутилус» докумуонугар Инна Гугежева диэн суруллар. Кини кэтэҕэр улахан дуоһунастаах дьон бааллар диэн суруйаллар.

Rantecho Investments Ltd тэрилтэни кимнээх бас билэллэрэ биллибэт, кистэлэҥҥэ тутуллар. Улахан чыыннаах-хааннаах силовиктар буолуохтарын сөп диэн сабаҕалаан хаста да сырдаппыттара.

«Наутилус» ХЭТ 2014-2016 сс. «ЯТЭКтэн»240,744 мөл солк. дивиденд ылбыт. Rantecho Investments Ltd 2014-2016 сс. тиксибит дивиденэ – 211,674 мөл солк.Ону таһынан «Наутилус» уонна Rantecho Investments Ltd «ЯТЭКтэн»өр болдьохтоох (төннөрүллүбэт да диэххэ сөп), кыра бырыһыаннаах (сыллааҕыта 0,01%) кирэдьиити өтөр-өтөр ылаллар эбит. Холобур, 2016 с. муус устарыгар «Наутилус» ХЭТ «ЯТЭКтэн» 320 мөл. солк. кирэдьиит ылбыт.

«Инвестор» ХЭТ элбэх дивидени ыларын таһынан, «ЯТЭКтэн» эмиэ 0,01%-наах улахан кирэдьииттэри ыла олорбут. 2014-2016 сс. барыта 993,5 мөл. солк. ылбыт. Ону таһынан хаассаттан улахан суумалары быһа биэрэллэр эбит. Ол курдук, 2017 с. алтынньы 9 күнүгэр 200 мөл. солк. ылан барбыт. Докумуонун кэлин оҥорбуттар.

Итинник киһи сөҕөр чахчыларын элбэҕи булбуттар. «ЯТЭК» барыһыттан өссө «Сумма» бэйэтэ, Магомед Магомедов салайар Eurasia Fight Nights диэн бойцовскай кулуубун үбүлүүр «Файт Найтс» ХЭТ уо.д.а. атын тэрилтэлэр иитиллэн сылдьыбыттар. Онон биһиги «ЯТЭК»питин Магомедовтар “ыанар ынах” оҥостон олорбуттар.  

«ЯТЭК» иэһэ-күүһэ

«ЯТЭК» ордор үбэ барыта аахсыйалаахтарга үрдүк дивидени төлүүргэ, босхону үрдүнэн бэйэ дьонугар кирэдьиит биэрэргэ, Магомедовтар бэйэлэрин наадаларыгар ылалларыгар барар буолан, тэрилтэ үлэлииригэр үбэ суох хаалар эбит. Ол иһин, тэрилтэ үлэтин хааччыйарга «ЯТЭК» үрдүк бырыһыаннаах кирэдьиит ыла олорбут.

2017 с. ахсынньы 31 күнүнээҕи туругунан «ЯТЭК»кэ кирэдьиит биэрбит тэрилтэлэр уонна төлөнүөхтээх сүрүн иэс кээмэйэ (бырыһыанын аахпакка туран):

- ВТБ (Москуба) – 5,126 млрд. солк. ( сыллааҕыта 10,25%);

- Сбербанк (Москуба уонна Иркутскайдааҕы филиал) – 11,5-13,1%4,85 млрд. солк. алта улахан кирэдьиит;

- РСХБ (Саха сиринээҕи филиал) –12%-наах 1 млрд. солк.;

- Бэнк оф Чайна (Владивосток) –10,25% уонна 10,5%-наах 0,987 млрд. солк.;

-«Связь-банк» (Москуба) – 12%-наах 0,5 млрд. солк;

- Тройка Д банк (Москуба) – 13,8%-наах 0,29 млрд. солк.;

Уопсайа «ЯТЭК» 2017.12.31 туругунан 12,753 млрд. солк. суумалаах кирэдьиити төннөрүөхтээх. Тэрилтэ иэһэ-күүһэ инньэ гынан, холобурга 2016 с. үлэлээн киллэрбит үбүн 2,19, барыһын 3,9 төгүл куоһарар.

Тэрилтэ кирэдьииккэ көмүллэн олороро – бу айсберг ууттан көстөр үрдэ эрэ. Ону таһынан атын тэрилтэлэр 64,2 млрд. солк. кирэдьиит ылалларыгар солуок (гарантия) буолбут. Онон уопсай иэһэ 76,953 млрд солк. тэҥнэһэр.

Саамай улахан солуокка Владивостоктааҕы муора эргиэнин пуордугар 2017.11.13 күнүгэр 59,27 млрд кирэдьиити ВТБ-тан ылбыттарыгар киирбит. Аны тэрилтэни солуок оҥостон кыраныысса таһыттан төһө кирэдьиит ылбыттара чуолкайдана илик. Холобур, Enegru Ltd диэн тэрилтэ Ivianto Services Ltd тэрилтэҕэ сэттэ сылга 4,5 млрд. солк иэс биэрбитигэр эмиэ «ЯТЭК» солуокка туттуллубут диэн кэпсиир докумуон көстүбүт.

Магомедовтар тутуллуохтарын иннинэ суох гымматах буоллахтарына, өссө төһө итинник ис хоһоонноох докумуон көстөн кэлиэ биллибэт.

«ЯТЭК» балаһыанньата ыараханын кистэлэҥҥэ тутаары салалтатын үчүгэйдик хамнастыыллар эбит. 2017 с. филолог үөрэхтээх Рубен Геворкян салайааччылаах «ЯТЭК» биэс дириэктэрэ 54,166 мөл. солк., ол аата ыйга 903-түү тыһ. солк. хамнас аахсыбыттар. Тэҥнэбилгэ, тэрилтэ 767 үлэһитигэр 2017с. 716,874 мөл солк., ол эбэтэр ортотунан 77,89 тыһ. солк ыйга төлөммүт. Ити топ-менеджердэр хамнастарынааҕар 11,6 төгүл кыра.

Аны туран, уодаһыннаах Магомедовтар «ЯТЭК»ги ыанар ынах оҥостубуттарынан сөп буолбакка, аны идэһэ гынарга санаммыттар эбит.

Тоҕо диэтэххэ, «ЯТЭК» иэдээн улахан солуокка киирбит Владивостоктааҕы муоратын пуорда түргэн үлүгэрдик моҥкуруукка ыытылынна. Ол аата ити пуорт иэһин мэктиэлээбит «ЯТЭК» иэһигэр эбии 59,27 миллиард солкуобайдаах сүүнэ иэс киирэр. Бу күннэргэ Магомедовтар дьыалаларынан, ити кирэдьиит боппуруоһунан пуорт счёттара тутулуннулар. Манна даҕатан эттэххэ, ити пуорду эмиэ Магомедовтар бас билэллэрэ.

Магомедовтар “идэһэлэрэ” буолан, Саха сирин тыын суолталаах тэрилтэтэ хаһан да босхоломмот иэс хабалатыгар киирэн, эстэр, моҥкурууттуур туруктанна. Онон «ЯТЭК»ги өрөспүүбүлүкэҕэ төннөрөр сорук олус уустук, ылбычча, биир илии баттааһынынан быһаарыллыбат дьыалаҕа кубулуйда.

Салгыы хайдах буолуой?

Хаайыыга сытар Магомедовтар сорох аахсыйалара суут уурааҕынан тутулуннулар. Сахалин урукку күбүрүнээтэрэ Александр Хорошавин, ИДЬМ полковнига Дмитрий Захарченко харчыларын, кыбартыыраларын уо.д.а. атын баайдарын судаарыстыба туһатыгар былдьаабыттарын курдук, ити аахсыйалар кэлин судаарыстыбаҕа бэриллиэхтэрэ.

Ол эрээри, «ЯТЭК» аахсыйаларын суутунан былдьыы иликтэр. Ыллахтарына даҕаны, бастаан Арассыыйа хааһынатын туһатыгар киириэхтээх. Ол аата, «ЯТЭК» хаһаайына Арассыыйа судаарыстыбата буолуохтаах.

Оттон судаарыстыба итиччэ сүүнэ иэстээх тэрилтэни ылыан олох баҕарбат курдук, тоҕото өйдөнөр. Ол иһин «ЯТЭК» аахсыйаларын суутунан былдьыырга санамматылар даҕаны.

Билигин тэрилтэни кимиэхэ эмэ атыылаан кэбиспит киһи диэн толкуйдуу сатыыллар. «Газпром» отой наадыйбат курдук туттар. «Роснефть» эмиэ кыһаллыбат. Билиҥҥитэ «Новатэк» уонна «Сибур» диэн улахан чааһынай тэрилтэлэр чуҥнуу сылдьаллар.

«ЯТЭК» дьылҕатын быһаарсыыга кыттыһыы, Саха сирин олохтоохторун интэриэстэрин туруулаһыы өрөспүүбүлүкэ саҥа салалтатын биир сүрүн кыһалҕата, соруга буолуоҕа.

Ол туруулаһыы хайдах баран иһэрин төһө кыалларынан сырдата туруохпут.

Иван НИКОЛАЕВ.