Бүгүн “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ үһүс төгүлүн “Куораттар уонна дьон: Коммуникация уонна цифровизация” аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ үлэтин саҕалаата.
Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ 300-тэн тахса кыттааччы баар. Үһүс төгүлүн ыытыллар тэрээһиҥҥэ 12 дойдуттан былаас бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна сүрүннүүр эспиэрдэр кытталлар. Кинилэр уопсайа 4 хайысханан арахсан, куорат сайдыытыгар саҥа саҕахтары тобулар иһин санаа үллэстиэхтэрэ, аһаҕас кэпсэтиилэри тэрийиэхтэрэ.
Аан дойду таһымнаах кэмпириэнсийэ үөрүүлээх аһыллыыта видео эҕэрдэнэн саҕаланна. Маныаха, ООН нэһилиэнньэ пуунун бырагырааматын толорооччу дириэктэрэ (ООН-Хабитат) Маймуна Мохд Шариф кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын истиҥник эҕэрдэлээтэ. Онтон куораттары уонна олохтоох былааһы түмэр аан дойдутааҕы тэрилтэ(ОГМВ) генеральнай сэкиритээрэ Эмилия Сайз Дьокуускайга кыайан кэлбэтэҕиттэн хомолтотун биллэрдэ. Өссө РФ ДьУоХХ уонна тутуу миниистирин солбуйааччы Андрей Чибис тус санаатын бэрт аһаҕастык эттэ. Кини тыйыс айылҕалаах Саха сирин олохтоохторо сайдыыга уонна үлэҕэ баҕалаахтарын бэлиэтээтэ.
Салгыы, кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын сыанаҕа тахсан, Билл Боэрум диэн бырааттыы куораттар аан дойдутааҕы тэрилтэлэрин бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ эҕэрдэлээтэ.
- Биһиги гражданскай лиидэр буоларбыт быһыытынан, цифровизацияны доруобуйа харыстабылыгар теле-мэдэссиинэни туһанан сайдыахпытын сөп. Онон араас аныгы сыһыарыылары олоххо киллэрии туһунан сиэссийэҕэ санаабын этиэҕим.
Маны таһынан, олохтоох былаас бэрэстэбиитэллэрэ Дьокуус кай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Дмитрий Садовников, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир эбээһинэһин толорооччу Гаврил Кириллин икки сылга биирдэ 3-с төгүлүн ыытыллар кэмпириэнсийэ суолтатын туһунан санааларын эттилэр.