Киир

Киир

 

Бэҕэһээ, бэс ыйын 21 күнүгэр, алмаастаах кыраай киин куоратыгар Үрүҥ тунах ыһыах буолан ааста.

 

Мииринэйгэ, Чуоналыыр элгээнин кытылыгар, ыhыахтыыр сир («Ландшафтно-этнографический комплекс - Земля Олонхо») бэрт сиэдэрэй моhуоннаах. Кэлбит эрэ барыта астынар сирэ. Мыраан диэтэххэ – мыраан, толору уулаах элгээн диэтэххэ – Чуоналыыр элгээнэ. Эмиэ да сис тыалаах. Түргэн сүүрүктээх Чуоналыыр үрэхтээх. Аал-Луук мас, сэргэлэр, павильоннар, ураhалар тутуллубуттара.

Алгысчит задабривает Духов

 

Маны сэргэ, саха уус-уран кэрэ эйгэтэ ураты алыптаах күүhүн кэрэhэлиир «Ураннар ыллыктара» («Аллея мастеров») баар.

Алгысчит идет

Быйыл да бааллар эбит саха уустара оҥорбут дьэрэкээн кычымнара, харысхал ойуулардаах, сиэдэрэй кыбытыктаах чаппараахтар, чорооннор, кытыйалар, иhиттэрэ-хомуостар, сиэл гобеленнар, күндү таастан дьахтар киэргэлэ.

Большой круг осуохая

 

Бу уран оҥоһуктары ыһыах ыалдьыттара бэркэ диэн сэргээн атыыластылар. Алмаастаах кыраайга, ыhыах аhыллыытын сиэринэн, Yрдүкү Айыыларга сүгүрүйүү сиэрэ-туома бэйэтэ туhугар сырдык түгэнинэн буолла. Ыллыктаах ытык тыл сатарыыр, чэлгиэн ортотугар кыынньа сылдьар арыылаах кымыстаах чорооннор турбуттар.

Гости ысыаха

Бу ураты, былыргы тыыннаах алгыhы Ньурба тыйаатырын артыыстара толордулар. Дарха алгысчыт дуорааннаах тылларыттан, мэктиэтигэр, Чуоналыыр мэндээркэй элгээниттэн, сылаас салгын сайа охсорго дылы гынна.

Дети радуются ысыаху

 

Алгысчыт Мииринэй олохтоохторугар дьол-соргу, байылыат, нус-хас олох туhугар, Аал уот иннигэр олорон ааттаста.

Священное место угощения кумысом

Молодежь на Аллее мастеров

Араас хара дьайдартан харысхаллаах буоларбытыгар харысхал тыллары тутунна. Yрдyкy Айыыларга анаан арыылаах алаадьыны, үрүҥ кылы бэлэх уунна. Ыhыах киирии чааhыгар оройуон уонна куорат салайааччылара эҕэрдэ тылы эттэ. Ол кэннэ, кэнсиэр эгэлгэтэ ырыа-тойук, үҥкyy-битии арааhыттан тардылынна.

Начинается осуохай древний танец народа саха

На ысыах в праздничных нарядах

 

Оhуокай түhүлгэтигэр кэрээбэт кэпсээннээх, хоhоонноох тойук тыллара дьиэрэйдилэр. Үҥкүү тылын этээччилэр сыыдам оhуокайга сындыыстана ойдулар.

Последователи Кудай Бахсы

 

Маны сэргэ,өбүгэ оонньуулара – «Эр Бэрдэ» ыытылынна. Муода, ырыа-тойук куонкурустара арааhа ыытылынна. Дьон сынньанарыгар сөптөөх усулуобуйаны син добуочча тэрийэ сатаабыттар.

Снова айхальские деликатесы

 

Ити курдук, Чуоналыыр Эбэ Хотун кытылыгар, саха уус-уран баайын уонна үгэстэрин туругурдар Алмаастаах кыраай олохтоохторо, ыhыахпытыгар кэлэн быарбыт манньыйда, санаабыт сылаанньыйда. Ханнык да тунах ыhыах атыыттан-тутууттан, хорчуоппа аhылыгыттан улахан тутулуктаах.

Угощение айхальцев самое вкусное

Ыhыах түhүлгэтин тилэри, атыы-эргиэн эгэлгэтин тарпыттар да, үксэ шашлык буолан хаалбыт. Ыhаарыламмыт эт, биллэн турар, тук буолбата. Хата, кыыгыныы сылдьар утахтары, быырпахтары, уулаах отонтон муорустары, Сунтаартан сылдьар урбаанньыттар - Барашковтар дэлэччи атыылаатылар. Алаадьы, лэппиэскэ, буотарах миинэ, кус этэ, «саахыматтаах» алаадьы Айхал павильоныгар эрэ баар эбит.

Якутских сувениров было вдосталь

Якутские сувениры идут нарасхват

Хотите якутскую модную сумку

 

Тото-хана yссэммит дьон быһыытынан, ким кэнсиэркэ барда, ким оhуокайдыы ойдо, ким успуорт кyрэхтэhиилэригэр ыhыытыы олордо. Дьэ ити курдук, кэнсиэрдэргэ, уо.д.а араас уус-уран тэрээhиннэргэ сылдьыталаан, дьон-норуот астына-дуоһуйа сынньанна. Сорох, Чуоналыыр Эбэ ып-ыраас уутугар сөтүөлээн сөрүүкээтэ. Ити курдук, алмаастаах кыраай киин куоратыгар күнэ да чэмэлкэй, дьон да элбэх буолан, бэртээхэй ыhыах буолан ааста.

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат. Ааптар хаартыскалара.