Киир

Киир

“Куораттар уонна дьон” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ ыалдьыт бөҕө кэллэ. Олор истэригэр GladWay сайдыы Пуондатын дириэктэрэ Владимир Вайнер баар. Кини «Городские сообщества – новая культура коммуникаций» сессияҕа сүрүн эспиэр быһыытынан кыттар.

Владимир Вайнер:

- Бүгүн биһиги куорат кэскилин туһунан кэпсэтиһэбит, ырытыһабыт, санаа атастаһабыт. Кэнэҕэски куорат олоҕо-дьаһаҕа өссө тупсан иһэр олугун билиҥҥэттэн оҥоруохтаахпыт. Ол онно аҥаардас салалта болҕомтото эрэ буолбакка, хас биирдии олохтоох санаата, баҕата учуоттаныахтаах. Ол эбэтэр, хас биирдиибит олорор усулуобуйабыт туһунан толкуйдуохтаахпыт. Онон билигин дьон санаатын истэр, саҥа идиэйэлэри олоххо киллэрэр, сайыннарар кэм кэллэ. Бу туһунан мин кэмпириэнсийэҕэ санаабын сиһилии эттим.

Онтон Дьокуускай сайдыытын туһунан эттэххэ, бу куоракка  хаһыс да сылын “Норуот бүддьүөтэ” диэн бырайыак үлэлиирин билэбин. Бу олус үчүгэй суолталаах уонна дириҥ ис хоһоонноох социальнай бырайыак эбит. Салгыы эттэххэ, бу курдук салалтаны кытары нэһилиэнньэ бииргэ үлэлэһэр усулуобуйалара сайдан иһиэхтээх. Оччотугар улахан хамсааһын тахсыан сөп. Тус бэйэм Дьокуускайга баар Коворкинг киинин сайыннарыыга болҕомто ууруохха сөп диэн саныыбын. Мин билэрбинэн, бу киин соторутааҕыта эрэ олоххо киирбитэ. Онуоха улаханы толкуйдуу барбакка, уһаппакка-кэҥэппэккэ киин ресурсаларын хаҥатан иһиэххэ сөп. Олохтоохтор саамай сүрүнэ – куоракка наадалаахтарын өйдүөхтээхтэр. Ол туһугар кинилэр дьарыктаах, үлэлээх уонна тус санаалаах буолуохтаахтар. Биллэн турар, хас биирдии олохтоох сиппит-хоппут, тупсаҕай, ыраас, сайдыылаах куоракка олоруон баҕарар.

- Биһиги куорат сайдыытыгар олохтоохтор төһүү күүс буолуохтаахтарын туһунан үгүстүк этэбит. Чахчы, оннук буоллаҕа дии. Биллэн турар, кыра Дьокуускайы Москубаны кытары тэҥниир хайдах да сатаммат. Эн Дьокуускай сайдыытыгар тус эрэсиэп биэриэххин сөп дуо?

- (Күлэр). Элбэх киһи тоҕуоруһа мунньустан, холобур, ыаллыы олорор дьон көрсөн кэпсэтиһэр, алтыһар сирдэрин элбэтиэххэ наада. Билигин интэриниэт үйэтэ кэлэн, тыыннаах кэпсэтии сүтэн эрэр. Маныаха сааһыттан, үөрэҕиттэн, үлэтиттэн тутулуга суох, араас эйгэ дьоно мустан, олорор куораттарын бииргэ сайыннаралларыгар кыах баар буолар. Оччотугар кинилэр кимтэн да тутулуктаммакка, тус толкуйдарын, баҕа санааларын олоххо киллэриэхтэрэ. Өскөтүн тирэхтээх социальнай корпорация баар буоллаҕына, дьон бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билистэхтэринэ, үлэ таһаарыылаах буолуоҕа.

Бу ыытыллар тэрээһин олус наадалааҕар уонна суолталааҕар эрэнэбин. Бу кэмпириэнсийэттэн туһалаах идиэйэлэр, толкуйдар уонна саҥа бырайыактар олоххо киириэхтэрэ.

Екатерина АФАНАСЬЕВА.