«Куораттар уонна дьон» кэмпириэнсийэ чэрчитинэн, “Масс-медиа: информационные технологии и социальный институт” сессия буолан ааста.
Сессияны “Правда.ру” холдинг генеральнай дириэктэрэ Инна Новикова уонна News.Ykt.ru информационнай саайт эрэдээктэрэ, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антон Жондоров иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Сессия кыттыылаахтара олоҕурбут СМИ сүрүн көрүҥнэрэ инникитин хайдах буолуохтарын туһунан, итиэннэ саҥа сыыппара технологията, социальнай ситим бииргэ алтыһыытын, куорат олоҕун тупсарыыга ылар миэстэтин туһунан кэпсэттилэр.
Сессия кыттыылаахтарыгар “Ситим” медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ, киин куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Христофорова “биһиги кэмпириэнсийэбит киһи олоҕун тупсарыыга сыһыаннаах. Эһиэхэ барыгытыгар ситиһиилээх үлэни баҕарабын” диэтэ.
СМИ сүрүн көрүҥнэрин туһунан кэпсэтиигэ «Вести co.il» сонун сулууспатын порталын сүрүн эрэдээктэрэ Макс Лурье “билигин Арассыыйаҕа бэчээт эйгэтигэр буола турар быһыы-майгы Израильга номнуо ааспыта” диэн тоһоҕолоото.
“Сайдыыга туох да кистэлэҥ суох, бэчээттэнэр СМИ киэҥ биллиитэ, суолтата сүтүүтэ – томоонноох, сөптөөх, буолуохтаах процесс. Ону хас биирдии бэчээттэнэр таһаарыылар ааһыахтаахтар. Биһиги Интэриниэккэ өр баҕайы көспөккө сылдьыбыппыт. Онтон билигин Интэриниэккэ көспүппүтүттэн олох кэмсиммэппит. Арай, хойутаан көспүппүтүттэн кэмсинэбит. Биһиги бастаан Интэриниэккэ киирэрбитигэр, Фейсбукка иһитиннэрэр сирэй арыйан баран, ону күүстээхтик сайыннарбыппыт. Ол эрэ кэннэ биирдэ хаһыат порталыгар кубулуппуппут. Инньэ гынан үчүгэй траффигы ылары ситиспиппит”, - диэтэ Макс Израилович.
“Билигин куорат эйгэтэ араас хайысхаҕа сайдар. Ону кытары информацияҕа сыһыаннаах көрүҥнэр тэҥинэн сайдыахтаахтар. Холобур, пааматынньыктарга, дьиэлэргэ QR-куодтары туһаналлар. Ол эбэтэр, бу эбийиэк туһунан виртуальнай информацияны ылан баран, дьэ, дьиҥнээхтик тутан-хабан көрөҕүн. Билигин хас биирдии тэрээһиннэр бэйэлэрэ хештегтээхтэр (#). Ол көмөтүнэн дьон сомоҕолоһор. Инньэ гынан, саҥа технологиялар куорат олоҕун сайыннарыыга олус туһалыыллар. Мин санаабар, итиниэхэ уопсастыбаннай хонтуруол быраактыкатын киллэриэххэ наада. Оччоҕо социальнай актыыбынай дьон түмсүө, үлэ да хаачыстыбалаахтык барыах этэ”, - диэн бэйэтин санаатын Арассыыйа Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Роман Серебрянай үллэһиннэ.
“Россия 1” ханаал “Утро России” биэриитин ыытааччыта Елена Николаева “Арассыыйаҕа сахалар аан бастакынан WhatsApp” үчүгэйин уонна туһанарга табыгастааҕын бэлиэтээбиттэрэ”,- диэтэ. “Эһиги бу мессенджери олус киэҥник туһанаҕыт, күннээҕи олоххутугар бэркэ туттаҕыт. Аны билигин эһигини үтүктэн, биһиги эмиэ күүскэ туһанар буоллубут” диир.
Сессия түмүгүнэн киирбит этиилэри норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ резолюциятыгар киллэриэхтэрэ.
Мария Христофорова СМИ уопсастыбаҕа ылар кыаҕын бэлиэтээн туран, балысханнык сайдар куорат олоҕор бу инструмены сөптөөхтүк туһаныллыахтаах диэтэ.