Киир

Киир

Япония Саха сирин кытта бииргэ үлэлэһиигэ кэмитиэтин административнай дириэктэрэ Акио Сатомура “Өлүөнэҕэ күргэ буолбакка, тоннель оҥоруохха наада” диэн СИАҕа кэпсээтэ.

Тойон Сатомура Саха сирин бырабыыталыстыбата дьоппуоннарга “туоруур сир тутуллуута биһиэхэ тыын суолталаах” диэн көнөтүк этиэхтэрин наада диир: “Баҕар, Япония бырайыак барыллаан тэхиниичэскэй-экэнэмиичэскэй төрүтүн оҥорорго бастакы үбү-аһы тыырыан, дьоппуон хас даҕаны хампаанньата бырайыактааһыҥҥа уонна тутууга үлэлэһиэхтэрин сөп. Ол гынан баран, тутуох уонна үбүлүөх иннинэ тугу, хайдах тутары өйдүөххэ, эбии чинчийиилэри ыытыахха наада”.

Тоннель тутар тоҕо барыстааҕын А.Сатомура маннык быһаарар: “Өлүөнэ ирбэт тоҥ үрдүнэн устар уонна сааскы көмүөлүн күүһэ аһара балысхан. Ити курдук усулуобуйаҕа тоннель быдан куттала суох. Ону сэргэ Саха сирин тутааччылара ирбэт тоҥҥо тутар үөрүйэхтэрин уонна дьоппуон технологияларын учуоттуохха наада”.

Санаттахха, урут Өлүөнэни туоруур күргэни кытайдар инбэстииссийэлиэх курдук буолан испиттэрэ. Кытай “Синогидра” хампаанньата бырайыак тэхиниичэскэй-экэнэмиичэскэй төрүтүн бэлэмнээн испитэ. Ол гынан баран быйылгыттан дьыала ханна тиийбитэ, былаан төһө туолан иһирэ букатын иһиллибэт даҕаны буолла.

Санааҕын суруй