Кэнники дойдубутугар норуоту бииртэн биир соһутар-өмүрдэр уларытыы, сокуон барыла тахсан, араас реформа саҕаланан эрэрэ дьиксиннэрэр.
Миитиҥҥэ-пикеккэ үлэбитигэр курдук сылдьар буоллубут. Бэҕэһээ – төрөөбүт тылы үөрэтиини көмүскээн, бүгүн – ДьУоХХ өҥөтүн сыанатын үрдэтиини утаран, сарсын – биэнсийэ сааһын үрдэтиини утаран! Үктээтэххэ, кутуйах да “чыып” диир, онон саҥата суох олоруохпут дуо?!
Биэнсийэ – бу Арассыыйа нэһилиэнньэтин син дохуоттаах курдук сананан, тиийинэн-тииһинэн олороругар биир өйөбүлэ буоларын бэркэ билэбит, онон туһана сылдьабыт. Онтубутун биирдэ туура охсон кэбиһэргэ бэлэмнэнии баран эрэр. Биллэн турар, саҕалааһыны “үчүгэй сыаллаах-соруктаах гынабыт” диэтэллэр да, Арассыыйа олохтоохторо былааһы итэҕэйбэттэрэ күнтэн күн улаатан иһэргэ дылы.
Дойду бырабыыталыстыбата туох да улахан дьүүллэһиитэ-тойо суох Госдумаҕа “Биэнсийэ сааһын үрдэтии туһунан” сокуон барылын киллэрбитэ норуокка соһуччу буолла. Бырачыастыыр аахсыйалар тута кэриэтэ саҕаланнылар. Билиҥҥитэ, мөлүйүөнтэн тахса киһи утаран, петицияҕа илии баттаата диэн баар. Илии баттааһын билигин да салҕанар. Биһиги биир дойдулаахтарбыт бу реформа туһунан тугу саныылларый?
Идэлээхтэр сойуустара утарар
Николай Дегтярев, Идэлээхтэр сойуустарын федерациятын Саха сиринээҕи отделениетын салайааччыта:
– Дьиҥэ, Идэлээхтэр сойуустарын федерацията, үлэни биэрээччилэр пуондалара уонна дойду бырабыыталыстыбата буолан сөбүлэһиннэриилээхпит этэ да... Итинник дьон олоҕун таарыйар улахан социальнай, үлэ боппуруостара бырабыыталыстыба туох эмэ быһаарыныы ылыан иннинэ, үс өрүттээх хамыыһыйаҕа көрүллүөхтээх диэн. Ол хамыыһыйаҕа биһигини кытта сүбэлэһэн эҥин баран ылыныллыахтаах этэ буоллаҕа.
Урукку өттүгэр маннык үгүс дьон интэриэһин таарыйар боппуруостары дьокутааттартан, Идэлээхтэр сойуустарыттан, уопсастыбаннастан “паритетнай” сыһыаҥҥа тэриллибит хас да киһилээх хамыыһыйа көрөн быһаарара.
Бу иннинэ Ольга Голодец бэйэтэ эппиттээх: биэнсийэ боппуруоһун көрбөппүт диэн. Дьэ уонна баран эмискэ таһаардылар. Биһиги федерациябыт биир санаанан “утарабыт” диир. Сокуон барылын утаран, дойду үрдүнэн миитиннэрдэ, пикеттэрдэ, утарар аахсыйаларда тэрийиҥ диэбиттэрэ.
Госдумаҕа сокуон барыла киирбит, ону эрэгийиэннэргэ ыыппыттар диэн эрээри, Ил Түмэҥҥэ кэлэ илик дииллэр. Бэс ыйын 22 күнүгэр СӨ Федерациятын бүрүсүдьүүмэ буолбута. Онно пикет тэрийиэххэ диэбиппит уонна Саха сириттэн дьон санаатын билэр курдук, илии баттааһыны тэрийбиппит билигин ол өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бара турар.
Биһиги, федерациялар уопсай позициябыт: бу билиҥҥи ыарахан кэмҥэ биэнсийэ сааһын үрдэтиини ылынар эрдэ. Хамнас таһыма намыһах, орто хамнас үрдээбэккэ турар. Итини үрдэтиэххэ наада. Үсүһүнэн, 102 №-дээх МОС (?) конвенцията баар. Бырабыыталыстыба сокуон барылыгар ол онно сигэнэр: “Биэнсийэ сааһын 65 сааска диэри үрдэтэргэ”, – диэн. Ол эрээри ити конвенция Арассыыйаҕа ратификациялана илик эбээт!
Ылынар да буоллаҕына, сороҕун эрэ ылынаары гынар. Оттон онно сурулла сылдьар, биэнсийэ кээмэйэ хамнастан 40 % буолуохтаах диэн. Билигин биэнсийэ кээмэйэ 30-35 % эрэ. Оннук буолуо өссө да ыраах. Ол иһин итини ратификациялыыры ирдиэххэ. Аны Биэнсийэ пуондатыгар уларытыы киллэрэргэ диэбиттэр. Тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр сотору-сотору уларыйыы киирэр. Ону хаттаан көрөргө диэн эттибит.
Холобур, улахан тэрилтэлэргэ чэпчэтиилэр бааллар. Олору тохтоттоххо, үөскүүр дэписсиити сабыахха сөп диэн этиилээхпит. Бу сотору боппуруоһу өссө дьүүллэһиэхпит, салгыы көстөн иһиэ.
Бу сокуон ылыллар да буоллаҕына, биһиэхэ уонна Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ киириэ суохтаах диэн санаалаахпыт. Онуоха биһиги Уһук Илиҥҥи Идэлээхтэрин федерациялара, бэрэстэбиитэллээх уорганнара, уопсастыбаннаһа бары бииргэ буолуохпутун наада.
Биэнсийэҕэ тиийбэт куттал
Михаил Томскай, мэдиссиинэ билимин дуоктара, Оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи сонотуоруйун дириэктэрэ:
– Мин өйдүүрбүнэн, харчы суоҕунан маны киллэрэ сатыыллар. Мин эмчит да, биэнсийэлээх да быһыытынан этиэхпин сөп. Киһи биэнсийэни бэйэтэ үлэлээн ылар, бу босуобуйа да, туох да буолбатах. Бу – киһи үлэлээбит хамнаһыттан Биэнсийэ пуондатыгар сааһын тухары төлөөбүт харчыта.
Онуоха бу киһи биэнсийэ ылан баран, хас эрэ сыл ону туһаныахтаах диэн өйдөбүл баар (“возраст дожития”). Атын дойдуларга ол 20 сылга тэҥнэһэр. Ол аата, дьон биэнсийэҕэ тахсан баран, ону сүүрбэччэ сыл туһаналлар. Отнтон Арассыыйаҕа ол 15 сылга тэҥнэһэр. Ол аата, 60 сааскар тахсыбыт буоллаххына, 15 сыл курдук туһаныахтааххын диэн.
Ону баара, билигин хайдаҕый? Чэ, мин эр дьон орто саастарын ылыым. Арассыыйаҕа эр киһи орто сааһын ыллахха, ол – 65 саас. Ол аата, биэнсийэҕэ тахсан баран бу киһи хас сыл олороруй?.. Биэнсийэҕэ тахсар сааһа уонна орто саас тэҥ-тэҥҥэ буолан хаалаллар дии. Биэнсийэҕэ ТИИЙДЭ¡ИНЭ махтал буолар.
Оттон Саха сиригэр усулуобуйабыт өссө тыйыс. Ол дьон доруобуйатыгар күүскэ охсор, дьайар. Орто саас онон өссө кылгас. Биэнсийэҕэ тахсар сааспытыгар олох даҕаны тиийиэ суохпутун сөп. Онон биһиги атын сылаас эрэгийиэннэрдээҕэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсарбыт наада.
Дьиҥинэн, биэнсийэҕэ төһө баҕарар сааска тахсыахха сөп. Баҕар – 50, баҕар – 60, баҕар – 70 сааска. Манна “хаска тахсар?” диэн буолбакка, дьон ОРТО САА¤А ордук суолталаах. Өскө дьон орто сааһа 80 саас эбитэ буоллар, ити 60-65 сааска тахсыахха сөп этэ. Киһи биэнсийэҕэ тахсан баран, ону сүүрбэччэ сыл туһанарын курдук.
Онон, бастатан туран, киһи орто үйэтин У¤АТАРГА, ол аата, олох таһымын, олох хаачыстыбатын ТУПСАРАР үлэҕэ болҕомто ууруллуохтаах этэ. Биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэтиинэн кыһалҕа өссө эбиллиэ.
Ким мэктиэлиир?
Георгий Артемьев, КПРФ чилиэнэ:
– Биһиги маннык реформаҕа олох сөбүлэспэппит, олох табыгаһа суох, түктэри даҕаны сокуон. Хотугу улуустарга, биһиэхэ – тыйыс усулуобуйалаах сиргэ – элбэх киһи бу сааска тиийбэт. Биирдии тыһыынча эбиэхпит диэн күндүргэтэллэр – ол төһө буоларый, сылга? Аны, 50 саастаах дьоҥҥо хайа да тэрилтэ үлэ миэстэтин мэктиэлээбэт ээ. Анал уураах таһаарыахпыт, биэнсийэни эбиэхпит дииллэр даҕаны, ким ону мэктиэлиир?!
Дьону албыннаан, булкуйан, араас быһаарыыны ылынан эрэллэр. Олох таһымын үрдэттэххэ, дьон бэйэтэ көрдөһөн тахсара буоллар, атын боппуруос буолуо этэ. Үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэргэ “фиксированнай босуобуйа аныахпыт” дииллэр. Улахан хамнастаахтарга ол буоллун даҕаны, оттон быыкаа хамнастаах дьиэ сууйааччылар, саньытааркалар, харабынайдар уо.д.а? Кырдьар саастарыгар бу дьон хайдах буолаллар? Олох даҕаны кумалаан бараллар дуу? Суох, биһиги маннык сокуон барылын олох утарабыт. Миитин буолуохтаах, бу күннэргэ. Онно кэлээриҥ, утарар санааҕытын биллэрээриҥ.
Хоту сиргэ – атын сыһыаны!
Вячеслав Шадрин, Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар ассоциациялара:
– Бу – хотугу омуктарга олох барсыбат сокуон барыла. Хотугу олохтоох омуктарга орто саас, олохтоох институт ыыппыт чинчийиилэрин түмүгүнэн, эр дьоҥҥо – 48, дьахталларга 53-52 саас этэ. Ити – өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны намыһах көрдөрүү. Төһө эмэ хотугу омуктарга көрүллэр чэпчэтиилэри, эбии көмөнү аахсан туран. Билигин биэнсийэ сааһын үрдэттэххэ, кинилэр үгүстэрэ, ордук эр дьон, биэнсийэлэригэр тиийиэхтэрэ суоҕа.
Биһиги дойдубут араас эрэгийиэнигэр олох таһыма араас, орто саас эмиэ атын-атын. Онон Арктикаҕа уонна хотугу эрэгийиэннэргэ атын сыһыан баар буолуохтаах. Орто саас бу эрэгийиэннэргэ олох намыһах, дьон олоҕун таһыма мөлтөх. Онон Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторугар сыһыаннаан биэнсийэ реформата ыытыллыа суохтаах.
Дьон мантан барыыта саҕаланыа
Феликс Антонов, юрист:
– Хоту олорор, үлэлиир дьоҥҥо, Саха сирин олохтоохторугар, уопсайынан даҕаны, биэнсийэҕэ тахсар саас үрдүүрэ олох сатаммат. Ол Саха сиригэр олорор дьон аҕыйыырыгар тиэрдиэн сөп – кутталлаах. Бары билэбит манна олорор ыараханын. Кыһыммыт тымныыта, уһуна, киһи доруобуйатыгар дьайара. Ол иһин киһи олоҕо манна 5-10 сыл кылгас буолар. Дьон биэнсийэлэригэр тиийиэхтэрин сөп эрээри, олох кылгас кэм иһигэр олоруохтарын сөп. Онтон сылтаан, дьон мантан барыыта саҕаланыа, кэлэрэ да саарбах буолуоҕа.
Виталий Обедин, суруналыыс (ВО! блогуттан):
– 45-50 сааһыттан үлэһит – наадалаах идэлээх эбэтэр ким эрэ аймаҕа буолбатах буоллаҕына, сарбыйыыга маҥнайгы хандьыдаат. 45 саастаах дьахтар үлэҕэ киирэрэ улахан кыһалҕа, 50 саастаахха – көннөрү кыһалҕа, оттон 60 саастаах дьахтар дьиэ сууйааччынан эбэтэр вахтёрунан киирдэҕинэ баһыыба.
Дьыала биэнсийэҕэ хойут тахсыыга даҕаны буолбатах. Дьыала – эн үлэ ырыынагар наадата суоххуттан, ыстааһыҥ тиийиэ суоҕар. Ону сэргэ идэлэр эмиэ кырдьаллар, наадата суох буолаллар. Оттон сааһыран эрэр киһи саҥаттан үөрэнэрэ уустук.
Уопут, талаан, биллэн турар, олус үчүгэй. Ол эрээри биһиги МӨЛҮЙҮӨНҮНЭН гражданнар тустарынан этэбит. Оттон кинилэр үгүстэрэ – боростуой үлэһит дьон ээ! Биэнсийэҕэ диэри үлэлиэхтэрин баҕарбыттарын иһин, аҕыйах сылынан, баҕар, кимиэхэ да наадата суохтарын өйдүөхтэрэ. Оччоҕо?
Бэлэмнээтэ Нина ГЕРАСИМОВА.