Хаһыаппыт бэс ыйын 21-с күнүнээҕи нүөмэригэр Дьаакып Сиипсэп диэн уопсастыбанньык “Миитин кэннэ санаалар” диэн суруга тахсыбыта. Манна ааптар бу күннэргэ Госдумаҕа национальнай өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларын күөмчүлүүр сокуон барыла көрүллэ сылдьарын, Дьокуускай куоракка ону утарар ис хоһоонноох миитиҥҥэ кыттыбытын суруйар. Ол кэннэ, бу курдук тэрээһиннэргэ “Ойуунускай, Өксөкүлээх, Күлүмнүүр уо.д.а. ааттарынан Судаарыстыбаннай бириэмийэлэри ылар, чиэс-бочуот бөҕө ортотугар сылдьар, чыыннаах-хааннаах норуодунай суруйааччыларбыт, артыыстарбыт, култуурабыт туйгуннара” ханна баалларын интэриэһиргиир. “Бу дьон саха тылын туһугар долгуйбат буоллахтарына, туох туһугар долгуйалларый? Уопсайынан саха интэлигиэнсийэтэ диэн билигин баар дуу, суох дуу?” – диэн ыйытар. Быһата, хомойбутун биллэрэр.
Чахчы, сиэрдээх ыйытыы. Биллэн турар, дьыала ол биир миитининэн эрэ быһаарыллыбат. Кэнники сылларга норуоппут араас түһүүнү-тахсыыны элбэҕи көрөн кэллэ. Ол быыһыгар норуот уйанын-хатанын тургутар араас дьайыылар эмиэ буолан ааһыталаатылар. Федеральнай киин өттүттэн дөрүн-дөрүн “бөдөҥсүтүү” туһунан тыл-өс иһиллэр, хас да бэрт мунаах сокуон аакталара, стратегиялар, кэнсиэпсийэлэрэ ылыллан, хиимийэ собуоттара тутулла сатаан, экология кыһалҕалара күөрэйэн дьону долгуттулар. Ол былаһын тухары норуоппут “саха интэлигиэнсийэтэ” диэн аатырыан сөптөөх араҥаттан (биирдиилээн, кимнээхтэрэ бэркэ биллэр дьонтон уратылартан) туох да чопчу санааны-оноону, ыйыыны-кэрдиини, бигэ позицияны истибэтэ. Кырдьык, урукку былаҕайдаах сылларга “саха национальнай интэлигиэнсийэтэ (“буржуазнай” диэн самалыктаах буолара)” диэн күүркэтиллэн ааттанар, норуотун туһугар этэр-тыынар, ууга-уокка түһэр, Сталин лааҕырдарыгар утаарыллар, репрессияҕа түбэһэр чулуу дьоммут букатыннаахтык чордоммуттара, суох буолбуттара буолуо дуо?
Холобур, 80-90-с сыллардааҕы дьалхааннаах кэмнэргэ Семен-Софрон Даниловтар, Багдарыын Сүлбэ, Егор Алексеев, Иван Федосеев, Далан уо.д.а. курдук норуоттарын туруулаһан туохтан да толлубакка, куттаммакка бүтүн Сойуус таһымнаах инстанцияларынан туруулаһар, киирсэр дьонноох этибит. Кинилэр дьыалаларын салгыыр дьоммут суох буолла дуо? Эбэтэр, бу мунуу-тэнии, булкуллуу кэмин туһанан, дьиҥнээх интэлигиэнсийэ ылыахтаах миэстэтин “интэлигиэн” буолан дьүһүн кубулуммут кыра ычалааах дьон былдьаатылар, чыыны-хааны, ааты-суолу барытын апчарыйдылар дуу?
Бу Дьаакып Сиипсэп суругун туһунан туох санаалаахтарын кэккэ дьонтон ыйыталастыбыт (хас да киһи онно хоруйдууртан мастыы батынан кэбиспиттэрин, “баһаалыста, миигин онно киллэримэ эрэ” диэн көрдөспүттэрин санатабын):
Владислав Доллооноп, “Полярная звезда” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ:
– Чопчу ити сокуон барылыгар сыһыаннаан эттэххэ, биһиги СӨ Суруйааччыларын сойууһун аатыттан Ил Түмэҥҥэ ыҥырыы сурук оҥорбуппут. Оттон биир сойуустар Москубаҕа Госдумаҕа сурук ыыппыттарын туһунан истибитим. Уопсайынан, интэлигиэнсийэ ортотугар сэрэхэдийии баар курдук. Бары хантан эрэ хамнастанан, килиэптэнэн олорор дьон буоллахтара. Былаас өттүттэн “сыыһа өйдөнөн” хаалыахтарын сөп буоллаҕа. Төһө да истэригэр санаабыттарын иһин, “тугун быгыалаан...” дииллэрэ буолуо. “Норуодунай” ааттаах дьон тоҕо норуоттан ыраах сылдьыахтаахтарый?” – диигин дуу... Баҕар, туох эрэ аһара улахан, фундаментальнай суолталаах баараҕай айымньылары суруйаллара буолуо... Сорох “норуодунайдар” күннээҕи олохтон-дьаһахтан букатын тэйиччи сылдьаллара буолуо.
Уопсайынан, кэнники сылларга саха тылын туһугар ыалдьар, долгуйар дьон аһара элбээтилэр дии саныыбын. Боростуой норуот ортотугар. Ону социальнай ситимнэртэн, бассааптан да көрүөххэ сөп. Ол эрээри миитиннэргэ кыттар, өргөс-кылаан үрдүгэр түһэр дьон аҕыйах. Найылааһын да элбэх, “миигинэ да суох быһаарыахтара, киирсэр дьон баар...” диэччи.
Гаврил Торотоев, ХИФУ декана:
– Миитиҥҥэ тахсан далбаатанары соччо биһирээбэппин. Ити сокуон барылыгар сыһыаран эттэххэ, биһиги институппут аатыттан хас да киһи Ил Түмэҥҥэ баран тыл эппиттэрэ, Госдумаҕа, Ил Түмэҥҥэ, В.Путин аатыгар сурук ыыталаабыппыт. РФ Генборокуратууратыгар сурук ыытан хоруй туппуппут. Хас да үлэһиппит ол миитиҥҥэ анаан баран кыттыбыттара, кэлэн информация оҥорбуттара. Балаһыанньаны билэн-көрөн олоробут. Онон, бэйэбит кыахпытынан, оҥоруохха сөптөөх, кыаллар суоллары оҥоро сатаатыбыт дии саныыбын.
Оттон “норуот аахсыйатыгар “норуодунай” суруйааччылар тоҕо кыттыбаттарын” бэйэлэриттэн ыйытыаххын наада...
Иван Ушницкай, “Киин куорат” хаһыат эрэдээктэрэ, суруналыыс:
– Кырдьык, саха суруйааччылара ини-бии Даниловтар, Далан саҕана бэлиитикэҕэ актыыбынайдык кыттыһар, санааларын этэр этилэр. Бэл, ССРС таһымынан. Кэнники суруйааччылар литэрэтиирэҕэ оҕуннулар дуу, хайдах? Олоҕу ырытыыга соччо көстүбэттэр... Чэ, бээ, түксүлүөм, аны сөбүлүөхтэрэ суоҕа...
Миитиҥҥэ кыттыбыт уопсастыбанньык (аата сурулларыгар сөбүлэспэтэ):
– Суруйааччыларбыт сорох чөмчөкөлөрө норуоту сомоҕолуур оннугар сойууһунан хайдыһыыны, бэрт былдьаһыытын, чыын-хаан, наҕараада үллэһигин, улуустаһыыны күөртээччилэргэ кубулуйдулар. Кимнээхтэрин бэйэҕит билэҕит. Ол быһыыларыгар өссө ыччаты сутуйаллар. Инньэ гынан нэһилиэнньэ ортотугар литэрэтиирэ, урукку интэлигиэнсийэ үтүө аатын түһэн, таҥнаран биэрэллэр, дьоҥҥо куһаҕан холобуру көрдөрөллөр. Кинилэртэн сылтаан нэһилиэнньэ ортотугар суруйааччы аптарытыата наһаа улаханнык түстэ. Норуот кыһалҕатын этэр, көрдөрөр суруйууну бу дьонтон эрэйбэккин. Төһөөҥҥө диэри табыллыбыт дуу, табыллыбатах дуу таптал туһунан ыаһахтыахха сөбүй? Бу маннык дьону норуот туох үтүөлэрин иһин ытыктыай-убаастыай? Хомойуох иһин, “ытыктабыллаах суруйааччыларбыт” туһунан онтон атын тугу да этэрим суох.
Бу сокуон барылыгар саха тылын учууталлара эмиэ санааларын эппэтилэр, позицияларын биллэрбэтилэр. Дьиҥинэн, кинилэр кыһаллыахтаах этилэр буоллаҕа. Ол гына-гына дьокутааттарбытын, Ил Түмэни буруйдуурбут да олуона курдук. Саха тылын учуутала кыһаллыбат буоллаҕына, ол ханнык эрэ “Ньыгыл” баартыйа дьокутаата онно кыһаллыа, наадыйыа үһү дуо? Билбэт да буоллаҕа.
“Туймаада” хаһыакка биир ханнык эрэ илэчиискэ (кимин билбэппин, “үөрэҕэ суох, арыгыһыт” эҥин дииллэр”) хаһыс да сылын саха интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин дьаныһан туран арахпакка үөҕэр, баһааҕырдар, бэл, онно да хоруйдаһар киһи көстүбэт.
Толлубакка туруулаһар Сулустаана Мыраан, Уйбаан Шамаев, Валерий Луковцев, Халан, Нина Герасимова, Феликс Антонов саха тылын туруулаһар эдэр дьон баалларыттан үөрэбин.
Наталья Степанова, Национальнай архыып дириэктэрин солбуйааччы, кыраайы үөрэтээччи:
–“Интэлигиэнсийэ баар, туһааннаах үлэтин толорор” дии саныыбын. Атыттар тустарыгар этэрим сыыһа буолуо. Тус бэйэм араадьыйаҕа биэриилээхпин. Онно саха тылын, суругун-бичигин, чулуу дьонун туһунан, архыып матырыйаалларыгар олоҕуран, биэриилэри оҥоробун, санаабын этэбин. Саха тылыгар сыһыан хайдах уларыйан испитин туһунан эмиэ биэриилээхпин. Бу ааспыт өрөбүллэргэ былыргы ыһыах сиэрин-туомун туһунан устуоруйа докумуоннарыгар олоҕурбут биэриини ыыттым. Манна барытыгар бэйэм гражданскай позициябын этэбин, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэбин. Онон, бэйэм кыаҕым иһинэн, сахалыы тыл, култуура, духуобунас эйгэтигэр кылааппын киллэрэ сылдьабын дии сананабын.
Кырдьык, биһиэхэ наар норуот туһугар туруулаһар дьон эрэ туруулаһара, кимнээх эрэ, сымнатан эттэххэ, тугу да гымматтара – баар суол. Билэр дьон ону билэллэр. Тус бэйэм ити Иван Шамаев курдук дьаныардаах-дьулуурдаах дьону сөҕөбүн, биһириибин эрэ.
Данил Макеев, “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ:
– Ол миитин буолар кэмигэр мин атын сиргэ сылдьыбытым. Кэргэним сылдьыбыта. Мин саныахпар, итинник дьыалалары миитининэн буолбакка, атыннык быһаарыллара буолуо... Холобур, суруйааччы да быһыытынан, сахалыы сурунаал эрэдээктэрин да быһыытынан, сокуон барылын утарар аһаҕас суруктарга илии баттаабытым, санаабын онон биллэрбитим...
Чокуур Гаврильев, Сибээс миниистирин солбуйааччы:
– Булгуччу миитининэн эрэ буолбакка, билиҥҥи кэмҥэ киһи санаатын тиэрдэр, позициятын биллэрэр, туруулаһар ньымата элбэх. Онно социальнай ситимнэр, бэчээт уорганнара, интэриниэт уо.д.а. бааллар. Онон мин саныахпар, кими эрэ “миитиҥҥэ-пикеккэ кэлбэтэҕиҥ, суох этиҥ” диэн сирэй-харах анньар сыыһа курдук. Киһи бэйэтин бэйэтэ билинэр.
Холобур, мин бэйэм тус позициябын социальнай ситимнэринэн мэлдьи этэбин-тыынабын, дьону кытта үллэстэбин.
Василий Винокуров-Кыталык Баһылай, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:
– Мин саныахпар, ол миитиҥҥэ кэлбэтэх интэлигиэнсийэ да бэрэстэбиитэллэрэ “саха тыла сайдыбатын, эһиннин” диэбэттэрэ буолуо. Бука, бэйэлэрин кыахтарынан норуоттарын туһугар тугу эрэ оҥордорбут диэн үлэлэһэ сылдьар дьон буолуо. Сааһырбыт, түспэтийбит дьон кэлэн ол айдааннаах-куйдааннаах миитиҥҥэ хаһыытаһаллара да уустук буолуон сөп.
Ол Дьаакып Сиипсэп диэн киһи бэркэ суруйбут. Бэйэтэ актыыбынай позициялаах киһи буолан, саха тылын туһугар долгуйан миитиҥҥэ кэлэн кыттыбыт уонна саха чыыннаах-хааннаах дьонун санаатын, сүбэтин-соругун истиэн баҕарбыт. Хомойуох иһин, онто кыаллыбатах.
Мин саныахпар, манна “чыыннаах-хааннаах суруйааччылары, култуура туйгуннарын, бириэмийэлээх дьону” эрэ кэлтэй буруйдуур сыыһа буолуо. Интэлигиэнсийэбит эрэ буолбакка, бука бары да таһыммыт оннук намтыы-түһэ турдаҕа. Бары да чычаардахпыт. Төһө да “үөрэннибит, сайынныбыт” дэспиппит иһин, олоххо-үлэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаммытынан, муудараспытынан, ис култуурабытынан, ис турукпутунан, олох оскуолатын билэрбитинэн урукку саха интэлигиэнсийэтигэр: Башариҥҥа, Семен, Софрон Даниловтарга, Амма Аччыгыйыгар уо.д.а. – хантан тиийиэхпитий!
Онон ити “чиэс-бочуот ортотугар сылдьар” дьоммут эрэ кыһалҕата буолбатах, бу – барыбыт ыарыыбыт, таһыммыт.
Николай Ребров, суруналыыс, биэнсийэлээх:
– Чахчы, баар суол. Биллиилээх, чыыннаах-хааннаах дьоммут ити курдук норуот дьылҕатыгар тыын суолталаах боппуруостарга букатын, киһи бэркиһиэн курдук, кыттыбаттар. “Кыттыбаттар” эрэ да диэн буолбатах, букатын куота сылдьаллар. Былаастан тутулуктара улахана бэрдэ буолуо, үөһэттэн тугу эппиттэриттэн тахсыбаттар. Дьоҥҥо-норуокка тылларын тиэрдибэттэр.
Ити кэлин аһара элбээбит “туйгуннары”, “үтүөлээхтэри”, “норуодунайдары”, “духуобунас академиктарын” букатын “буһарбаппын”, туохха наадалаахтарын да билбэппин.
Дьиҥинэн, саха тылынан, духуобунаһынан айахтарын ииттэн олорор дьон, муҥ саатар бэйэлэрин сиир “килиэптэрин” көмүскээн, тугу эмэ саҥарыахтарын сөп этэ. Ол суоҕа сөхтөрөр.
Ульяна Винокурова, Уйбаан Шамаев эрэ бааллар...
Уопсайынан, бу курдук уустук боппуруостарга норуоппут тумус туттар дьоно суох буолан хаалла. Урут бааллар этэ.
“Оттон эн?” диигин дуо? Мин тыҥаан турар боппуруостарга бэйэм санаабын кимтэн да кистэммэккэ аһаҕастык этэбин-тыынабын, хаһыаттарга суруйабын. Биллэн турар, ону ким эрэ истэрэ дуу, истибэтэ дуу – туспа боппуруос.
(“Ааппын суруйума” диэбит киһи):
– Ити бириинсибэ аһара судургу... Ол курдук, уларыта тутуу сылларыттан ыла урукку сэбиэскэй кэмнээҕи наҕараадалааһын тиһигэ ыһыллан хаалбыта. Ол түмүгэр, кэнники салалта судаарыстыбаннай чыын-хаан, бириэмийэ түҥэтигин тус бэйэтигэр бэриниилээх, чугас, атас-доҕор дьонугар, биир дойдулаахтарыгар өҥөлөһүү эбэтэр тирээн турар бэлитиичэскэй мэнэйдэһии инструменыгар кубулутан кэбиспитэ. Ол эбэтэр, “быыбар чугаһаата, онон бу улуустан кими эрэ суһаллык “норуодунай” оҥорон электораты атыыластахха сатанар” эҥин диэн таһымынан. Онуоха эбии, кэнники сылларга итинник судаарыстыбаннай наҕараадалары моральнай да, сиэр-майгы да өттүнэн ырааҕынан дьүөрэлэспэт таһымнаах тойоттор түҥэтэн, ыһан-тоҕон олороллор. Быһата, “бочуоттаах ааты” ким туох “үтүөтүн” иһин ылбытын уонна ылыахтааҕын билэр дьон син билэллэр.
Ол түмүгэ да ырылыччы көстө сылдьар... Холобур, ити билиҥҥи “норуодунай суруйааччылары” дьон-сэргэ дьиҥнээх норуодунай суруйааччыларынан ааҕара буолуо дуо... Бэйэҥ да уулуссаҕа тахсан ыйытан көр ээ, “бу туох айымньыны суруйбут норуодунай суруйааччыный, ханнык айымньытын сэҥээрэн аахпыккыный, туох гражданскай позициялаах киһиний?” диэн.
Онон, билиҥҥи “чыыннаах-хааннаах, ааттаах-суоллаах, норуодунай” дьонтон улаханы эрэйэр сыыһа. Ити наҕарааданы киниэхэ норуот буолбакка, өрөспүүбүлүкэбит ол кэмнээҕи салалтата биэрбитэ. Мин өйдүүрбүнэн, “норуодунай” диэн аат “норуот билинэр, ытыктыыр, сүгүрүйэр, норуот туһугар үлэлиир, норуот кыһалҕатын тус бэйэтин кыһалҕатын курдук ылынар” диэн суолталаах буолуон сөп этэ.
Уопсайынан, итинник “норуодунай” эҥин диэн ааттары биэриини тохтотор уолдьаста. Билиҥҥи хапыталыысым кэмигэр итинник ааттарга миэстэ суох. Ити – сэбиэскэй кэмнээҕи анахронизм.
Иван Гаврильев.