Түргэн тэтимнээх оптоволокно Интэриниэт (ВОЛС) Мииринэйтэн Сунтаар, Ньурба улуустарын диэки тардыллыытын дьон тулуурдаахтык күүтэр. Онтубут, кэккэ биричиинэлэринэн, олус бытааннык барар. Кириэстээх аннынан Бүлүү Эбэни ВОЛС ситимэ туоруу илик.
Оптическай түргэн Интэриниэт ситимэ киириитин туhунан бырабыыталыстыбабыт, улуустар салалталара араас мунньахтарга араатардаан ахан биэрбиттэрэ. Оттон дьон,мэлдьи да буоларын курдук, халтайга эрэнэн, кэтэһэн олорор.
Интэриниэт оптикаволокнотын хаабыла «Мииринэй-Сунтаар» 220 кВ үрдүк күүрүүлээх уот лиинньийэтинэн сыыйыллыахтаах. Онон «Якутскэнерго» АХ эмиэ быhаччы сыhыаннаах. Ол эрэн, күүтүүлээх оптоволокнолара сунтаардарга Мииринэйтэн кэлиэхчэ кэлбэккэ турар. Энэргиэтиктэр туруоруллубут соруктарыгар эппиэттээхтэр уонна интэриэстээхтэр.
Миэхэ, «Якутскэнерго» ЗЭС («Западные электрические сети») эппиэттээх үлэhитэ Владимир Емченко, бу сытыырхайбыт боппуруос тула маннык быhаарда:
«Сунтаар улууһугар икки бэдэрээт тэрилтэтэ – «Связьремстрой» ( Кострома куорат) уонна «Сахателекоммуникации» (Дьокуускай куорат) үлэhиттэрэ кэлэн, Интэриниэт оптикаволокно хаабылын тардыытынан дьарыктана сылдьаллар. «Сахателекоммуникацияларга» «Дальэнергоремонт» тэрилтэ кыттыста. Сунтаар улууһугар хаабыл баар. Ол эрэн, сүрүн, уhун хаабыл ситимэ Мииринэйтэн тардыллыахтаах этэ. «Связьремстрой» - биhиэхэ тургутууну ааспыт, эрэбиллээх тэрилтэ.
2017 сыл, кулун тутар ыйыттан ыла, Мииринэйтэн Чернышевскайынан Айхалга диэри уот лиинньийэтинэн, оптоволокно ситимин тардыбыта. 540 биэрэстэлээх сири туох да саахала, харгыһа суох ааспыттара. Былырыын от ыйыгар Интэриниэт оптикаволокно хаабыла Айхалга хайыы үйэ кэлбитэ. Оттон Сунтаарга тиийиэхтээх оптоволокно хаабыла Мииринэй диэкиттэн Кириэстээххэ кэлэ илик диэн хатылыыбын.
Мииринэйтэн Сунтаарга диэри «ВОЛСу» тардыыга, 220 кВ 241 №-дээх тимир лииньийэ «сулууспалыыр». Оптоволокно хаабылын, уот ситимин икки «грозотрос» утумнарынан уһаты тардыллыахтаахтар.
«Саха телекоммуникации» тэрилтэ эппиэттиир учаастагар, оптоволокно хаабыла Сунтаар сэлиэнньэтигэр диэри, былыр быраҕыллыбыт эргэ «104 кВ» лииньийэ ыллыгынан барар.
Хаабылы сир аннынан (90 см) ыытыллыахтаах этэ да, ол быраабыла тутуhуллубатын бэлиэтээтибит. Интэриниэт оптикаволокно хаабыла сир үрдүгэр букатын сытыа суохтаах.
Аны эмиэ биир «ноолоохпут». «Связремстрой» тардар оптоволокнотун хаабыла Германия собуотугар оҥоһуллубут. Онно туох эрэ биричиинэнэн, оптоволокно хаабылын тахсыытыгар тохтобул буолбут. Итинтэн сылтаан, хаабыл Саха сиригэр хаhан кэлэрэ биллибэт».
Эрэдээктэммит Интэриниэт
Дьэ ити курдук. Yрдүкү былаастартан үтүрүллүбүт Сунтаар улууhа сайдыы, сыыдам Интэриниэт кэлиитигэр эмиэ буомурда. Эрэйэ элбэх. Саатар хаста да «ВОЛС» ситимин Бүлүү Эбэ Хотуммутун туора бырахтарыахха наада. Эрэдээктэммиттэрэ ыраатта.
2016 сыл алтынньы 27 күнүгэр, «Вилюйский экспресс» Интэриниэт ситимэ Горнайга кэлбитин биллэрбиттэрин кэнниттэн, үлэ эмискэччи хабахтыы уостан хаалбыта.
Бүлүү улуустарын диэки оптикаволокно Интэриниэтэ бүтэйэн хаалан, кэтэһэн олорбут дьону улаханнык хомотто. Бүлүү улуустарыгар, быhа барыллаан, 90-ча тыhыынча үксэ саха дьоно олорор эбээт!
2017 сыллаахха «ВОЛС» "Манчаары оонньууларыгар" икки Алын Бүлүү улуустарын хабыа диэн чунуобунньуктар эмиэ эрэннэрбиттэрэ. Соруйан хаадьылаабыттыы «Вилюйский экспресс» диэн бүтүн бырайыагы ааттаабыттара. Ол «Вилюйский экспресстэрэ» Горнай улууhугар батыллан хаалбыта.Бу дьону кыынньааhын буолбатах дуо?! «Экспресс» диэн аангылыйа тылыттан тылбаастаатахха «суhал» диэн ааттанар. Онтубут аны хаһыс сылга диэри сыыллыа биллибэт.
Бүлүү умнаhыгар түргэн Интэриниэт оннугар эргэ-урба радиорелейнэй сибээс (РРЛ) эрэ туттуллар. Мантан дьиксинэн, 2017 сыл атырдьах ыйыгар, Саха сирин сибээскэ министиэристибэтин салалтатын кытары кэпсэтэргэ соруммутум. Мииринэйтэн Дьокуускайга анаан-минээн кэлбитим. Чуолаан, урут миниистирдээн олорбут Александр Борисовы кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтээри. Ону баара А.И. Борисов уоппускалаан хаалбыт диэбиттэрэ. Киниттэн ураты ким миэхэ дьыаланы-куолуну хайдах баарынан сырдатыа этэй?! Итинэн да холобурдаатахха, Бүлүү улуустарыгар диэри оптикаволокноны олус бытаартылар. Былаастар эрдэттэн үбүн-харчытын быhааран, кэмигэр матырыйаалы тиэйтэриини хонтуруоллаан, бигэ бэдэрээтчити туруоран, үлэни хорутуулаахтык, эппиэтинэстээхтик ыыппыттара буоллар, Бүлүү улуустара номнуо түргэн Интэриниэттэнэн олоруо этилэр.
Манна дьыала инвестортан – «Сахателекоммуникации» тэрилтэттэн эрэ буолбакка, Саха сирин сибээскэ уонна технологияларга министиэристибэтиттэн, Саха сирин бырабыыталыстыбатыттан тутулуктаах.
Тэхиниичэскэй усулуобуйа ылыллыбыта эрээри, оптикаволокно дьыалата, үбүлээhин суох буолан ньимиччи тохтоон турбута. Балысхан үп-харчы Магадаан уобалаhын диэки оптикаволокноны тардыыга баран хаалбыта саарбахтаммат.
Олус сыаналаах бырайыак
Биир биэрэстэ ВОЛС утумун тардыы – 2016 сыл эргэ сыанатынан - 1 мөл. солк. Сунтаар сэлиэнньэтигэр диэри - 230, Ньурба куоратыгар диэри – 390 мөл. солк. ирдэнэр. Оннук үлүгэр үп Бүлүү улуустарын сыыппаралааһын хаалыытыттан тахсалларыгар, уот ааныттан анаммыта буоллар, атын хартыына буолуо этэ. Дьэ, ити курдук үрдүкү былаас хоччорхой сыhыана манна ырылхайдык тахсан кэллэ. Кини бигэ дьаhалларыттан уонна дьарыйыытыттан бу дьыала улахан тутулуктаах этэ.
Хаартыскаҕа: 1. Оптика-волокно хаабыла.
2. Мииринэйтэн кэлэр 220 кВ лииньийэнэн оптикаволокно тардыллыахтаах.
3. Кириэстээххэ.
Станислав Алексеев, Мииринэй к.
Хаартыска «Инсел» саайтан ылылынна.