“Якутскэнерго” публичнай акционернай уопсастыба дойду үрдүнэн саамай киэҥ сири хабан (өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа сирин-уотун 1/5 ылар) үлэни-хамнаһы ыыта олорор өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ энэргиэтикэ хампаанньата буолар. 24 тыһ.тахса килэмиэтиринэн тайаан сытар араас кылаастаах, күүрүүлээх уот ситимэ (ЛЭП) баар. Маны сэргэ Саха сирэ Арассыыйа үрдүнэн элбэх диисэл ыстаансыйалааҕынан (152) биллэр.
Саха сирин энэргиэтиктэрэ саамай уустук килиимэттээх, ирбэт тоҥ буордаах сиргэ-уокка: кыһынын -60 тымныыга, сайынын +40 кыраадыс итиигэ үлэлииллэр. Онон энэргиэтикэ тэрилтэтэ байыаннай аҥаардаах тэрилтэ буоларын бары да өйдүүбүт.
СЫЛ УСТАТА – ИККИ УЛАХАН БЭЛИЭ ТҮГЭН...
– Гаврил Николаевич, ананыаххыттан лоп курдук 1 сыл ааста.
– “Якутскэнерго” аахсыйалаах публичнай уопсастыбаҕа (салгыы – ПАО) ааспыт 2023 сыл бэс ыйын 1-кы күнүгэр үлэлии киирбитим оруобуна 1 сыла буолла. Үлэ туһунан кэпсиир буоллахха – үлэ-хамнас үтүмэн элбэх.
Сыл устата буолбут улахан бэлиэ түгэннэри этэн ааһар буоллахха... Мархаҕа 10 сыл устата тутуллан кэлбит 500 мөл. кэриҥэ суумалаах үөрэнэр-производственнай киин (УПЦ) тутуутун түмүктээтибит. Бу киин аҥаардас энэргиэтиктэргэ эрэ диэн буолбакка, атын тэрилтэлэр эмиэ туһаныахтарын сөп. Ол курдук, манна гаас уонна энэргиэтикэ хайысхатынан үлэлиир “Водоканал”, “Сахатранснефтегаз”, ЯТЭК, ОДьХХ ГУП үлэһиттэрэ кэлэн үөрэнэллэр. Саҥа үөрэнэр куорпуска аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир үөрэнэр кылаастар бааллар. Ол курдук, сыбаарканы, уоту кытта үлэлиир мастарыскыайдар, диисэл уонна гаас турбаларын тэриллэрэ, тарҕатар ситимнэр (распределительная сеть), элбэх функциялаах полигон бааллар. Мастарыскыайдарга баар сорох тэриллэрбит Уһук Илиҥҥэ, Арассыыйаҕа да ахсааннаахтар. Онон Уһук Илиҥҥэ саамай үчүгэй, бастыҥ хааччыллыылаах үөрэтэр киин буолла диэтэхпинэ сыыспаппын. Онон Арассыыйаҕа биир үчүгэй кииннэр истэригэр киирэр. Манна оробуочай идэлэргэ – сыбаарсыктары, электромонтёрдары, силиэсэрдэри, маны сэргэ саамай сүрүнэ электромонтёрдары үөһэ үлэлииргэ (“Работа на высоте”) уонна холбонон турар уокка үлэлииргэ (“Работа под напряжением”) эмиэ үөрэтэбит. Ол эбэтэр уоту холбооһуҥҥа, уоту араарбакка эрэ холбуурга диэн. Оччотугар уот арахсыыта аччыахтаах, холбооһун түргэтиэхтээх.
– Көннөрү дьон кэлэн үөрэниэхтэрин сөп дуу?
– Оробуочай идэни баһылыан баҕалаах ким баҕарар кэлэн үөрэниэн сөп. Үөрэнэр бырагыраамалар барыта уратылаһаллар – 2 нэдиэлэттэн 3 нэдиэлэҕэ тиийэ үөрэнэллэр. Уопсайдаахпыт, онно олорон үөрэнэллэр.
– Төһө киһини үөрэтэҕитий?
– Билиҥҥи ааҕыынан, сылга 3000-тан тахса киһини үөрэтиэхпитин сөп эрээри, өссө даҕаны улаатыннаран, ахсаанын элбэтэн биэриэхпитин сөп. Ол эбэтэр сылга 5-6 тыһыынча киһи үөрэниэн сөп.Үөрэммит дьон анал оробуочай идэлэргэ дастабырыанньа ылыахтара. Бу киин үлэлээбитэ ыраатта, саҥа производственнай мастарыскыайдар аныгы олох ирдэбилинэн тутулуннулар. Манна аҥаардас түөрүйэни буолбакка, быраактыканы тутан-хабан ааһаллар. Саҥа дьыл иннинэ, ахсынньы ыйга Ил Дархан А.С. Николаев уонна РусГидро генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччыта Р.Н.Бердников кыттыылаах Киин үөрүүлээх аһыллыыта буолбута.
Жатайдааҕы суудунаны өрөмүөннүүр собуот быйыл тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Ону холбуурга аналлаах 110/6 кВ “Судоверфь” диэн аныгы подстанция тутуллан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Бу барыта уруккуттан тутуллан кэлбит тутуулар түмүктэрэ буолар. Онон бу сыл үлэбит улахан ситиһиитэ буолар.
ХАМААНДА УЛАРЫЙАР, ҮЛЭ-ХАМНАС ТЭТИМИРЭР
Үлэҕэ-хамнаска тохтоотоххо... Хамаанда уларыйда. Ол курдук, үрдүкү салалтаҕа 3 саҥа солбуйааччылар ананнылар. Маны тэҥэ Мииринэйгэ кииннэммит “Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэр” диэн филиал уонна Дьокуускайдааҕы ГРЭС дириэктэрдэрэ уларыйдылар. Аны билигин Бүлүү ГЭС саҥа дириэктэр ананыахтаах.
Бэйэм үлэлээбит 1 сылым устата “Якутскэнерго” иһигэр баар тэрилтэлэргэ барыларыгар сырыттым. Ол курдук, Бүлүү эҥэринэн, Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустарынан, илин эҥэргэ, Уус Майа улууһун Элдьиканнааҕы РЭС-кэ, Солнечнайдааҕы ситим учаастагар барытыгар сырыттым. Миэстэтигэр көрөн, олоҕу-дьаһаҕы, хайдах үлэлииллэрин, туох кыһалҕалар баалларын билсистим.
– Төһө тэрилтэлээххитий?
– 2 ситим тэрилтэлэрэ – Арҕааҥҥы уонна Киин электрическэй ситимнэр бааллар. Маны таһынан 3 ыстаансыйа – Дьокуускайдааҕы ТЭЦ, Дьокуускайдааҕы ГРЭС уонна Бүлүүтээҕи ГЭС диэннэр. Онон 5 улахан филиаллаахпыт. Ону таһынан тутулуктаах “Сахаэнерго”, “Энерготрансснаб”, “Теплоэнергосервис” акционернай уопсастыбалар уонна ити этэн аһарбыт үөрэтэр-производственнай кииннээхпит.
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан – “Якутскэнерго” аахсыйалаах публичнай уопсастыбаҕа (ПАУо) тутулуктаах уопсастыбалары киллэрэн туран – 8877 киһи үлэлиир, ол иһигэр филиалларга – 4 279 киһи.
– Гаврил Николаевич, бэйэҥ улахан уопуттаах энэргиэтик эбиккин.
– Мин энэргиэтикэ хайысхатыгар ыстааһым 2003 сылтан – бу тэрилтэттэн саҕаламмыта. Манна 10 сыл үлэлээн бараммын, 2013 сыллаахха “Сахаэнерго” генеральнай дириэктэрин үпкэ уонна экэниэмикэҕэ 1-кы солбуйааччынан ананан үлэлии барбытым. Бу дуоһунас кэннэ хоту уонна Арктика улуустарын энэргиэтикэтин сүрүннүүр “Сахаэнерго” тэрилтэ генеральнай дириэктэринэн анаабыттара. Онно 10 сыл үлэлээн баран, төннөн кэлэн үлэлии олоробун
Г.Н. Алексеев энэргиэтикэ хайысхатыгар 20-тэн тахса сыл үлэлээбит улахан уопуттаах эдэр салайааччы. Бу сыллар тухары кини Якутскэнерго систиэмэтигэр үлэлии сылдьар.2001 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы экэниэмикэ уонна үп-харчы судаарыстыбаннай университетын, онтон 2012 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Арассыыйа норуотун хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын акадьыамыйатын үөрэнэн бүтэрбитэ.Үлэтин СӨ Култууратын министиэристибэтигэр үп уонна экэниэмикэ отделыгар сүрүн исписэлииһинэн саҕалаабыта, салгыы СӨ Үп министиэристибэтигэр кылаабынай исписэлииһинэн үлэлээбитэ.2003-2013 сылларга “Якусткэнерго” ААУо АХ финансовай управлениетыгар экэнэмииһинэн, экэниэмикэ департаменыгар кылаабынай исписэлииһинэн үлэлээбитэ.2013 сылтан “Сахаэнерго” ААУо үпкэ уонна экэниэмикэҕэ генеральнай дириэктэри 1-кы солбуйааччынан, онтон 2020 сылтан өрөспүүбүлүкэ 23 улуустарын уонна хоту Арктика сирин-уотун уот ситиминэн хааччыйар “Сахаэнерго” АУо генеральнай дириэктэринэн анаммыта.
БЫРАҔЫЛЛЫБЫТ ЭБИЙИЭКТЭРИ ЫЛАН ҮЛЭЛЭТЭН ЭРЭБИТ
– Өр кэм устата оҥоһуллубут “Консолидация бесхозяйных обьектов” диэн бырагыраамалаахпыт. Энэргиэтикэҕэ урукку сэбиэскэй былаас саҕаттан холкуостан, сопхуостан хаалан хаалбыт бас билиитэ суох элбэх эбийиэктэр бааллар. Ону биһиги бырабыыталыстыбаны кытта бииргэ үлэлээммит, быйыл бэйэбит балаансабытыгар ылыахтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маннык эбийиэктэр элбэхтэр, ону барытын бэйэбитигэр ылан, өрөмүөн ыытыахтаахпыт.
– Ол ханнык эбийиэктэрий?
– Ордук нэһилиэктэргэ элбэх. Сүрүннээн, нэһилиэктэргэ үлэлии турбут “Агропромэнерго”, “Сельэнерго” диэн тэрилтэлэр сопхуостар баалларын саҕана эбийиэктэри тутан баран хаалларан кэбиспиттэр. Хоту эмиэ баар. Сахаэнергоҕа 800-тэн тахса уонна 2000 кэриҥэ Якутскэнерго зонатыгар бааллар. Хас улуус аайы лииньийэ баар. Ону барытын бэйэбит балаансабытыгар киллэрэн эрэбит. Бэйэбит ыллахпытына, кэм хаһаайыннаах буолар уонна өрөмүөннүүргэ да табыгастаах. Онтон билигин оннук ситимнэргэ уот барар түгэнигэр, саахал тахсыбыт эрэ сирин оҥоробут. Бас билиитэ суох эбийиэктэри бэйэҕэ ылыы араас биричиинэнэн уһаан-кэҥээн, быһаарыллыбакка турбута. Билигин докумуон үлэтэ барыта оҥоһулунна. Эмиссионнай процедура, устааптаах хапытаалга киллэрэргэ бырайыак үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Онон бу улахан суолталаах быһаарыныы дии саныыбын.
– Дьокуускай куорат СОТ-тарын кытта үлэ ыытыллан, хамсааһын тахсан эрэрин сэргии иһиттим.
– Быйылгыттан саҥа бырайыагынан үлэлээн саҕалаатыбыт. Ол эрэн саҥа саҕалаабыт буоламмыт, үлэбит хаамыыта бытаан соҕус. СОТ-тар (садовое-огородническое товарищество) уоттарын лииньийэлэрин кыайан көрүммэт буолан, мөлтөх туруктаахтар. Онон эмиэ бэйэбитигэр ылан эрэбит.
– Дьэ, оччотугар ыйытык. Мин Покровскайдыыр аартык 7 км “Охотник” СОТ-ка олоробун. Быйыл уулуссабытыгар саҥа уот ситимэ тардылынна. Онно холбонуохпутун сөп дуу?
– СОТ бэрэссэдээтэлэ биһигини кытта дуогабардаһан сайабылыанньа түһэрэр, ол кэнниттэн холбонуон сөп. Эргэрэн, охтоору турар лииньийэлэри ылбаппыт, үчүгэй соҕус туруктаахтары атыылаһан ылабыт. Ол кэнниттэн саахал тахсар түгэнигэр бэйэбит чөлүгэр түһэрэбит. Бу туһунан көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ нөҥүө (СМИ) мэлдьи иһитиннэрэбит, кэпсиибит.
ТЫЫН КЫҺАЛҔА – СААХАЛ ТАХСЫЫТА
– Уот лииньийэтигэр саахал тахсыыта үгүс буолуо.
– Саахал үгүстүк тахсар. Ааспыт 2023 сылга. Ол курдук, Федеральнай сетевой хампаанньа (“ФСК-Россети”) “Майа” подстанциятыгар саахал тахсан, биһиги “Майа – Чурапчы”, “Майа – Бороҕон” лииньийэлэрбитигэр улахан саахал буола сылдьыбыта. Онтон бу сылга киирэн баран былырыыҥҥытааҕар арыый амабыт. Саамай үөрэрбит – саахал тахсыбыт сирин аҕыйах кэм иһигэр чөлүгэр түһэрэрбит. Чааһынан ааҕыллар. Холобур, былырыын чөлүгэр түһэрии үлэтэ бачча бириэмэни ылыахтаах диэн буоллаҕына, быйылгы көрдөрүү кыччаан биэрдэ. Маны тэҥэ экэнэмиичэскэй хоромньу төһө буолбута эмиэ бэлиэтэнэр. Онон быйыл балаһыанньабыт арыый ама курдук.
– Уот саахалын чуолаан кимнээх таһааралларый?
– Үгүс саахал туора дьон дьалаҕай сыһыаннарыттан, болҕомтото суох буолууларыттан тахсар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былырыын 150-тан тахса саахал кинилэртэн сылтаан тахсыбыта. Буровой тиэхиньикэлэр сири үүттээрилэр сир аннынааҕы кабельбытын алдьаталлар, самосвал массыыналар боруобаттары быһаллар. Биһиги тахсыбыт хоромньуну барытын ааҕан тураммы, полицияҕа тыллыыбыт, сууттаһаммыт хоромньуну төлөттөрөбүт. 2023 сылтан Ростехнадзордары, ГИБДД-ры кытары бииргэ үлэлээммит, бу дьону хайдах сэрэтэбитий диэн санааттан, анал бырагыраама оҥорон, үлэ ыыта сылдьабыт. Аны 1-2 сылынан хайдах-туох түмүгүн билиэхпит.
– Саахалы туоратыыга төһө бириэмэ ирдэнэрий?
– Сокуон ирдэбилинэн, саахал таҕыстаҕына, ону суукка иһинэн туората охсуохтаахпыт. Уопсай уот арахсааһынын бириэмэтэ сылга –72, сууккаҕа 24 чаастан элбиэ суохтаах.
– Ханна да буоллун уот лииньийэтэ эргэрдэҕэ.
– Сүрүн кыһалҕабыт – уот лииньийэтин туруктара мөлтөҕө буолар. Ону аҕыйах 1-2 сыл иһигэр киһи хайдах даҕаны тосту уларыппат. Онон 10 сыллаах “Комплексная программа повышения надежности сетевого комплекса” диэн 20 млрд суумалаах бырайыак оҥордубут. Ол бырайыакпыт билигин Арассыыйа Энэргиэтикэҕэ министиэристибэтигэр бигэргэниигэ сылдьар. Ол олоххо киирдэҕинэ, уларыйыы барыа этэ диэн эрэнэбит. Билиҥҥи кыахпытынан биһиги балаһыанньаны хонтуруоллуур эрэ кыахтаахпыт. Онон бу бырагыраамабытыгар эрэлбит улахан.
Бэйэбит “Якутская энергоремонтная компания” диэн хампаанньалаахпыт, ону уларыта тутан туспа филиал оҥордубут. Саҥа дириэктэр үлэтин күүскэ саҕалаата. Онон бу тэрилтэ уот лииньийэтин оҥорорбутугар улахан көмөлөөх буолуохтаах. Төһөнөн элбэх лииньийэни өрөмүөннүүбүт да, оччонон үчүгэй буолуо этэ.
УОККА ХОЛБОНУУГА САЙААПКА КИИРИИТЭ ЭЛБИИР
– Cоциальнай суолталаах араас эбийиэк, дьиэ-уот тутуута балысханнык барар. Балар уот ситимигэр холбонууларын сырдатыаҥ дуо?
– Уокка холбооһуҥҥа (технологическое присоединение) сайаапка олус элбэх. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылга 7000-тан тахса сайаапка киирэр. Былырыын, холобур, 7800 кэриҥэ сайаапка киирбит буоллаҕына, быйыл оннооҕор элбэх сайаапка күннэтэ киирэ турар.
2024 сыл бэс ыйын 3 күнүнээҕи түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн – 2284 киһи уокка холбонорго дуогабар түһэрсибит, ол иһигэр Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэр нөҥүө – 479, Киин электрическэй ситимнэр нөҥүө – 1805 дуогабар түһэрсиллибит.
Сайдыы бара турар. Тутуу бөҕөтө ыытыллар. Уоту туттуу элбэх. Былырыын Саҥа дьыл иннинэ Саха сирин үрдүнэн уоту туһаныы хаһааҥҥытааҕар даҕаны саамай улахан көрдөрүүтэ бэлиэтэммитэ.
– Ол аата хайдах? Кыһыҥҥы тымныыбыт оруолу оонньоон эрдэҕэ дуу.
– Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрөн этэбин. Саха сиригэр бырамыысыланнас, экэниэмикэ күүскэ сайдар. Уот элбэхтик туттуллара – бырамыысыланнас сайдыытын туоһулуур. Уоту холбооһуҥҥа күүстээх үлэ барар. Биллэн турар, кэккэ ыарахаттар бааллар.
Сүрүн кыһалҕаларбыт – ыраах сытар тыа сирдэригэр уоту холбооһун. Аны уоту холбуур болдьохпут кылгас – баара-суоҕа 6 ый эрэ. Холобура, кыһын киһи кыайан үлэлээбэт, ол гынан баран болдьоххун ким даҕаны кыччаппат. Алтынньы, сэтинньи ыйдарга сайаапка биэрэллэр, ону 6 ыйынан холбуохтааххын. Кыһыҥҥы тымныыга тиэхиньикэ кыайан үлэлээбэт, онон уустуктары көрсөбүт. Арассыыйа быраабылата барыбытыгар биирдик дьайар. Онтон килиимэппит, усулуобуйабыт онно сөп түбэспэт.
– Чааһынай дьиэ туттубут киһи, бастаан ханна баран уотун таттарарый?
– Бастатан туран, сирин докумуона баар буолуохтаах. Ол докумуона баар буоллаҕына, “Якутскэнерго” саайтыгар киирэн, “Тус кэбиниэт” оҥостор. Манна сайабылыанньа суруйан, докумуоннарын туттарар. Бу барыта “Тус кэбиниэт” нөҥүө эрэ барар. Болдьоҕун барытын тутуһабыт. Тахсан көрөн баран, тэхиниичэскэй усулуобуйатын суруйан, кини “Тус кэбиниэтигэр” таһаарабыт. Онно көрөн тустаах сууманы төлүүр. Биһиги үлэһиттэрбит баҕана туруоран биэрэллэр.
ҮРДҮК КҮҮРҮҮЛЭЭХ ЛИИНЬИЙЭЛЭРИ ТУТУУ ТЭТИМИРЭР
– Үрдүк күүрүүлээх “Сунтаар – Ньурба” уот лииньийэтин тутуу туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Мин урукку сылларга Горнай – Үөһээ Бүлүү уокуругуттан дьокутааттыы сылдьан, маны Бүлүү бөлөх улуустара күүскэ туруорсалларын бэркэ билэбин. Билигин бу боппуруоска Бүлүү бөлөх дьокутааттарын кытары бииргэ үлэлэһэ сылдьабыт. Арассыыйа Энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин мэтиэдьикэтэ биһиги саҥа лииньийэни тутарбытыгар сөп түбэспэт. Онон ити мэтиэдьикэни уларытарга үлэ ыыта сылдьабыт. Бу сотору кэминэн хамсааһын тахсыах курдук. Энэргиэтикэ министиэристибэтин бүтэһик мунньаҕар сөбүлэһэн, мэтиэдьикэҕэ уларыйыы киирдэҕинэ, “Сунтаар – Ньурба” саҥа лииньийэ тутуута оннуттан хамсыахтаах.
Улахан биир кыһалҕабыт – аммалар саҥа лииньийэни туруорсаллара. Онно биһиги 35 кВ лииньийэ “сечениетин” улаатыннарабыт. Быйыл 18 килэмиэтири уларыттыбыт. Эһиил өссө 15 килэмиэтири уларытыахтаахпыт. Онон 3-4 сыл иһигэр лииньийэ “сечениетин” бүтүннүү уларытыахтаахпыт, ол эбэтэр лииньийэ аһарар кыамтата (пропускная способность) улаатыахтаах. Оччоҕуна уот хаачыстыбата тупсуохтаах. Холобура, иллэрээ сыл уонна былырыын онно уот хаачыстыбата мөлтөх буолан, диисэли холбуур этибит. Быйыл олох аҕыйахтык холбуу сырыттыбыт. Онон усулуобуйа тубуста дии саныыбын.
– Бүлүү бөлөх улуустара уотунан ититэн олороллорун истэбит.
– Бүлүүтээҕи ГЭС-тэн уотунан хааччыллар нэһилиэктэргэ чэпчэтиилээх тарыыптаах конвекторынан, электрохочуолуна ити диэки олорооччулар сүрдээҕин туһаналлар.
УОТ АРАХСАР, СЫАНА ҮРДҮҮР. БИРИЧИИНЭТЭ?
– Уот элбэхтик арахсар. Тоҕо?
– Уот арахсар биричиинэтэ, дьиҥинэн, элбэх буоллаҕа. Онтон улахан аҥара – былааннаан араарыы (плановые отключения). Дьиэлэр, саҥа оскуолалар, социальнай эбийиэктэр тутуллаллар. Олору тутарга биһиги саҥа салгын (воздушные линии) уонна кабельнай лииньийэлэри тутабыт, саҥа подстанциялары үлэҕэ киллэрэбит. Онно күүстээх үлэ барар. Дьон-сэргэ: “Сэтинньи-ахсынньы ыйдарга уот бар да бар буолар. Сайыны быһа тугу даҕаны гыммакка сылдьан баран, дьэ кэлэн өрөмүөн ыытан эрэллэр”, – дэһэллэр. 99%-на диэххэ сөп – ити барыта саҥа эбийиэктэри уокка холбооһун буолар. Ону холбуурга хайаан даҕаны уоту арааран баран биирдэ холбуур кыахтаахпыт.
Күһүн уот арахсыытын аччатар туһуттан уоту холбооһунун үлэтин эрдэттэн ыытыахтаахпыт. Тутуу үксэ федеральнай бырайыагынан барар. Уоккун холбообокко, эбийиэккэр уот киллэрбэтиҥ даҕаны харчылара сүтэн хаалар. Ол иһин кыһын араарыаххын баҕарбаҕыҥ да иһин, араарарга күһэллэҕин. Онон өйдүөххэ наада: уоту араарыы үксэ – саҥа эбийиэктэри уокка холбооһунтан тахсарын.
– Уокка сыана күн-түүн үрдүү турар.
– Саха сиригэр бырамыысыланнас күүскэ сайдар. Тариф 3 састааптан турар: генерация – уоту оҥорон таһаарыы, иккиһэ – ситиминэн тарҕатыы (сетевой тариф), үсүһүнэн – Энергосбыт тарифа диэн. Саамай ыарахан ситиминэн тарҕатыы тариба буолар. Биһиги тайаан сытар сирбит наһаа улахан, ситимнэрбит усталара 24 тыһ.тахса килэмиэтир, оттон олорор сирбит ахсаана аҕыйах. Онтон сылтаан көрөргө-истэргэ, өрөмүөннүүргэ олус элбэх үп ирдэнэр. Ону таһынан ФСК диэн баар (Федеральная сетевая компания), кинилэр улахан 220 кВ күүрүүлээх лииньийэлээхтэр. Кинилэргэ быһалыы холбоммуттар “Якутскэнерго” котловой тарыыбын төлөөбөттөр. Манна төлөбүр биллэрдик араастаһар. ФСК киэнэ 1 кВт 60 харчы, онтон биһиэнэ буоллаҕына 1 кВт – 4 солк. Онон бырамыысыланнай тэрилтэлэр ФСК-ҕа холбоно сатыыллар. Ол аайы биһиги уотунан туһанааччыларбыт ахсаана аҕыйаан иһэр. Лииньийэбит уһуна кыччаабат, ороскуоппут эмиэ. Ол иһин уоппут тарыыба улаатан биэрэр.
– Уоту төһө кэмҥэ төлөөбөтөххүнэ арааралларый?
– Бастаан сэрэтэллэр, онтон туттубут эниэргийэҕин 2 ыйтан ордук төлөөбөтөххүнэ араараллар.
ИТИТИИ СИСТИЭМЭТИГЭР КИИРДЭХХЭ...
– Дьокуускайдааҕы ТЭЦ куорат улахан аҥаарын ититиинэн, итии-тымныы уунан хааччыйар. Манна улахан бырайыактаахпыт. ГРЭС-тэн, Онкология киинигэр диэри биир улахан эбийиэги ититиигэ холбообуппут. Ол диэки сайдыы бара турар. Онно “Спортивнай” кыбартаал, маны тэҥэ атын успуорт эбийиэктэрэ тутуллуохтаахтар. Ити П.Алексеев уулуссатын уонна 17-с кыбартаалы хабан туран.
Манна хас даҕаны түһүмэхтээх бырайыак оҥоһулла сылдьар. 1-кы уонна 2-с түһүмэхтэри бүтэрдибит. Билигин үлэ 3-с түһүмэҕин оҥоро сылдьабыт. Эһиил 4-с түһүмэҕэ оҥоһуллуохтаах. 5-с түһүмэх – “Переход через Автостраду 50 лет Октября” оҥорон туоруохтаахпыт. Мээрийэни кытта кэпсэтии бара турар. Мээрийэ “сир аннынан турбаларгытын ыытыҥ” дииллэрин, биһиги “сир аннынан бардахпытына, сыаната ыарахан буолар” диэн ааҕабыт. Тоҕо диэтэххэ, сир аннынан турбаны тартахпытына биэс төгүл сыаната ыараан биэрэр. Манна сүүйтэриилээх олохтоохтор буолаллар, кинилэр төлүүр тарыыптара ыараан тахсар. Билиҥҥитэ уопсай тылы була иликпит. Куорат турбата барыта үөһэнэн тардыллан турар.
ҮЛЭҺИТ ТИИЙБЭТ, ҮЛЭ МИЭСТЭТЭ ЭЛБЭХ
– Үлэһиттэргит орто хамнастара төһөнүй?
– Орто хамнас – 119 тыһ.солк. Ол эрээри бакаансыйа олус элбэх. Аҥаардас Якутскэнергоҕа 200-тэн тахса үлэ миэстэтэ аһаҕас турар. Онтон тутулуктаах хампаанньалары кытта аахтахха – 400-тэн тахсар. Сүрүн биричиинэтэ – хоту ким даҕаны баран үлэлиэн баҕарбат, бары Дьокуускайга үлэлиэхтэрин баҕараллар. Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Айхалга, Удачнайга, Бүлүүтээҕи ГЭС-кэ элбэх миэстэтэ аһаҕас турар.
– Сүрүннээн, туох идэлэргэ?
– Электромонтер, слесарь, инженер идэлэригэр. Хамнас дьиҥэр үчүгэй эрээри, ити диэки барыахтарын баҕарбаттар.
АРКТИКАҔА АНАЛ СУДААРЫСТЫБАННАЙ
БЭЛИИТИКЭ ЫЫТЫЛЛЫАХТААХ
– Арктика улуустарыгар балаһыанньа хайдаҕый?
– Арктика улуустарыгар үксэ “Сахаэнерго” эбийиэктэрэ бааллар. Энэргиэтикэ өттүгэр онно саҥа гибриднэй ыстаансыйалары тута сылдьабыт. Ол курдук, Үөһээ Дьааҥы куоратыгар, Табалаахха, Муомаҕа 4 саҥа ыстаансыйа тутуллубута, быйыл эмиэ 7 ыстаансыйа үлэҕэ киириэхтээх. Онно үлэ күүскэ бара турар. “Сахаэнерго” үлэтин-хамнаһын үчүгэй диэн сыаналыыбын. Кинилэргэ улахан саахаллара суох.
Дьон көһүүтэ элбэх. Олорор киһи ахсаана кыччаабытын түмүгэр “Сахаэнерго” уоту оҥорон таһаарыыта аччыыр. Онон манна туспа судаарыстыбаннай бэлиитикэ баар буолуохтаах. Ил Дархан “Концепция развития сельского хозяйства в Арктике” диэн сорудах биэрбитигэр, үлэ ыыта сылдьаллар. Манна мин “Арктикаҕа хайаан даҕаны тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга анал судаарыстыбаннай тэрилтэлэр баар буолуохтаахтар” диэн бэйэм этиилэрбин киллэрбитим. Судаарыстыбаттан өйөбүл эрэ баар буоллаҕына, биһиги тыа хаһаайыстыбатын Арктикаҕа сайыннарар кыахтаахпыт. Ханнык да грант биэрэн, бааһынай хаһаайыстыбалары көҕүлээн, сайыннарар кыахпыт суох.
– Дьэ уонна түмүккэ. Дьон эһиэхэ кэлэн кыһалҕалаах боппуруостарын хайдах быһаартарыахтарын сөбүй?
– “Итии лииньийэҕэ” 8-800-100-22-05 төлөпүөнүнэн эрийэн кэлиэхтэрин сөп. Ону таһынан мин сэрэдэ аайы сарсыарда 8 чаастан 9 чааска диэри, биир чаас устата, наадалаах дьон кэлиэхтэрин сөп. Эрдэттэн суруттарар наада.
– Гаврил Николаевич, уйгулаах олохпут, биллэн турар, сылаастан уонна уоттан турарын бары бэркэ өйдүүбүт. Онон сиһилии иһитиннэриини биэрбиккэр махтал.
Кэпсэттэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.