Саҥа үөрэх дьыла саҕаланна. Урукку сылларга нэдиэлэ хайа күнүгэр сөп түбэһэрин аахсыбакка Билии күнүн бэлиэтиирбит. Оттон быйыл балаҕан ыйын 1 күнэ өрөбүлгэ түбэһэринэн, Үөрэх министиэристибэтин сүбэтинэн, үгүстэр балаҕан ыйын 2 күнүгэр маҥнайгы чуорааны чугдаартылар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар дойду үрдүнэн 39,5 тыһ. оскуолаҕа 18,5 мөл. үөрэнээччи барда, ол иһигэр оскуола боруогун аан бастаан 1,8 мөл. үөрэнээччи атыллаата. Оттон Саха сиригэр балаһыанньа хайдаҕый? Тыа оскуолаларыгар оҕо ахсаана сылтан сыл тоҕо аҕыйыы турарый?
Саха сиригэр
Быйыл бастакы кылааска 15 тыһ. 220 оҕо киирбит, олортон 5 тыһ. тахса оҕо – Дьокуускай оскуолаларыгар. Тэҥнээтэххэ, былырыын маҥнайгы кылааска – 15 тыһ. 573 үөрэнээччи, 2022 сыллаахха 16,5 тыһ. тахса оҕо аан бастаан оскуола боруогун атыллаабыта. Ол эбэтэр, ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, кэнники үс сылга оскуолаҕа киирэр оҕо аҕыйыы турар.
Киин куораппытыгар 55 тыһ. тахса оҕо үөрэнэр, ити былырыыҥҥытааҕар 2 тыһ. элбэх. Бастакы кылааска 5,7 тыһ. тахса оҕо киирбит.
Өрөспүүбүлүкэ Үөрэҕин министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, саҥа үөрэх дьылыгар 630 үөрэх кыһатыгар 153 тыһ. тахса оҕо үөрэниэҕэ.
Уларыйыы
Кэнники сылларга дойдуга үөрэх бырагырааматын уларытыы балай да ыытылынна. Оттон быйыл эбии саҥа биридимиэттэр баар буоллулар. Холобур, 1–9 кылаастарга “Труд (технология)” биридимиэтэ. Маны таһынан бэһис кылааска “Основы безопасности и защиты Родины”, оттон үрдүкү кылаастарга “Семьеведение” диэн эбилиннэ. Эбэн эттэххэ, быйылгыттан уруок кэмигэр мобильнай төлөпүөнү туһаныы бобулунна (ыксаллаах түгэҥҥэ эрэ көҥүллэниэҕэ).
Саҥа оскуолалар
Оҕо ахсаана төһө да аҕыйыы турдар (чуолаан тыа сиригэр), саҥа үөрэх кыһаларын тутуу тэтимнээхтик барар. Былырыын Дьокуускайга “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан “Прометей” түөлбэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан оскуола үлэҕэ киирбитэ. Оттон быйыл икки саҥа оскуола – Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолалара уонна Кэбээйи Мукучутугар 250 миэстэлээх, сорох биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Танара оскуолата арылынна (манна 179 оҕо үөрэнэр).
Итии аһынан хааччыйыы
Дьокуускай оскуолаларыгар алын кылаастарга биир оҕону аһатыыга күҥҥэ 104, 86 солк. көрүллэр, итинтэн 93,33 солк. – федеральнай бүддьүөттэн, оттон хаалбыт 11,53 солк. куорат бүддьүөтэ уйунар. Оттон үрдүкү кылаастарга (5–11 кыл.) биир оҕоҕо көрүллэр нуорма 103,8 солк. быһыллыбыт.
Хотугу улуустарга биир оҕоҕо күҥҥэ 119,4 солк. көрүллүбүт.
Атын эрэгийиэннэргэ
Бастакы кылааска киирэр оҕолор ахсааннарыгар төннүөххэ. Сорох эрэгийиэҥҥэ төһө оҕо оскуола боруогун аан маҥнай атыллаабытын ылан көрдүбүт. Тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Бүрээтийэҕэ 971 тыһ. 922 киһи олорор. Быйыл онно уопсайа 146 тыһ. 615 үөрэнээччи баар. Ити ааспыт сыллааҕар 4 тыһ. оҕонон аҕыйах. Бастакы кылааска 13 тыһ. 861 оҕо барбыт, уон биирис кылааска – 6878. Эрэгийиэннээҕи Үөрэх министиэристибэтэ суруйарынан, быйыл каадыр боппуруоһа хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турбут, атырдьах ыйыгар өссө да 800 учуутал тиийбэтэ ыйыллыбыт (былырыын 431 учуутал тиийбэт эбит). Киин куораттарыгар – Улан-Удэҕа (нэһилиэнньэтэ – 435 тыһ. 751 киһи) – 69626 үөрэнээччи баар (былырыыҥҥытааҕар 1349 оҕонон элбээбит), олортон быйыл бастакы кылааска 6491 оҕо киирбит (былырыын 676 оҕонон элбэх эбит (7167)).
Аймахтыы Тыва Өрөспүүбүлүкэтигэр тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 337 тыһ. 544 киһи олорор. Быйыл оскуола паартатыгар 72 тыһ. үөрэнээччи олордо, 7,5 тыһ. тахса оҕо бастакы кылааска киирдэ. Уһуйааҥҥа 5 тыһ. тахса оҕо сылдьар. Тываҕа оҕо төрөөһүнэ элбэх буолан, бастакы кылааска киирэр оҕо ахсаана улаханнык халбаҥнаабат, кэнники үс сылга, кыралаан да буоллар, эбиллибит. Киин куораттарыгар – Кызылга – 119 тыһ. 438 киһи олорор. Кызылга 17 оскуола баар, онно уопсайа 31 тыһ. оҕо үөрэнэр. Быйыл бастакы кылааска 3 тыһ. оҕо киирдэ. Билии күнүн көрсө Танды кожуунугар (улууска) Балгазын диэн 3,4 тыһ. киһи олорор сэлиэнньэтигэр (оройуон киинэ буолбатах, Бай-Хаак диэн оройуон киинигэр 3 тыһ. киһи олорор) 616 миэстэлээх баараҕай оскуоланы тутан киллэрдилэр.
Наар быыкаа хамнастааҕынан, үлэ суоҕунан, экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэринэн атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, мэлдьи бүтэһик сылдьар Хотугу Кавказка оҕо төрөөһүнэ куруук улахан көрдөрүүлээх буолар. Ингушетияҕа тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 527 тыһ. 242 киһи олорор (былырыыҥҥытааҕар 8290 киһинэн эбиллибиттэр). Быйыл бу быыкаа өрөспүүбүлүкэҕэ 149 оскуолаҕа уопсайа 88 тыһ. оҕо үөрэниэҕэ. Оттон бастакы кылааска 9 тыһ. оҕо киирбит. Уһуйааҥҥа 25 тыһ. оҕо киирбит.
Москубаттан чугас сытар Рязань уобалаһыгар 1 мөл. 82 тыһ. 81 киһи олорор (биһигиттэн 82 тыһ. элбэх нэһилиэнньэлээх). Уобалас үрдүнэн 412 оскуолаҕа 128,5 тыһ. оҕо үөрэниэҕэ. Оттон бастакы кылааска 12,7 тыһ. оҕо киирбит. Рязань куоракка 520 тыһ. 509 киһи олорор, онно бастакы кылааска 6,4 тыһ. оҕо киирбит (куоракка уопсайа 64 тыһ. үөрэнээччи).
Забайкалье кыраайыгар 984 тыһ. 395 киһи олорор. Былырыын кыраай оскуолаларыгар бастакы кылааска 15 тыһ. 383 кырачаан барбыт эбит буоллаҕына, быйыл нэһиилэ 12 тыһ. оҕо буолбут. Ис миграция улаатан, Читаҕа оҕо ахсаана биллэ улааппытын куорат дьаһалтата иһитиннэрэр. Быйыл Чита 52 оскуолатыгар (46 тыһ. үөрэнээччилээх) 4435 оҕо бастакы кылааска киирбит.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр 1 мөл. 1664 киһи олорор диэн ааҕаллар.
Тыа сиригэр балаһыанньа хайдаҕый?
Быйыл Саха сирин улуустарыгар бастакы кылааска 9520 оҕо оскуола боруогун аан маҥнай атыллаабыт. Үөрэх министиэристибэтэ улуустарынан, нэһилиэктэринэн төһө оҕо киирбитигэр официальнай иһитиннэриини таһаарбата. Оннук ыстатыыстыканы оскуола, үөрэх управлениетын официальнай саайтарыгар да булан ылбаккын. Инньэ гынан, бэйэбит күүспүтүнэн информацияны хомуйа сатаатыбыт. Онтубут уопсай хартыынаны эрэ биэрэр, “бүтэһиктээх, чопчу, толору иһитиннэрии” диир сатаммат. Онон баалаабаккытыгар көрдөһөбүт.
Горнай
Горнай улууһугар 11 тыһ. 936 киһи олорор (7 сааһыгар диэри – 1 209, 8–18 саастаах 1433 оҕо). Быйыл улуус бары оскуолаларыгар 149 кырачаан бастакы кылааска киирдэ:
Мэҥэ Хаҥалас
Мэҥэ Хаҥаластааҕы үөрэх управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, быйыл улууска 466 оҕо оскуола боруогун атыллаабыт. Улууска 32 тыһ. 932 киһи олорор, улуус киинигэр – Аллараа Бэстээххэ – 5139 киһи.
Таарыйа эттэххэ, Мэҥэ Хаҥалас биир бөдөҥ нэһилиэгэр – Табаҕаҕа – быйыл оскуола саахалланар кутталлааҕынан сабыллыбыт. Инньэ гынан, 98 оҕо муусука оскуолатыгар симиллэн, икки симиэнэнэн үөрэниэхтээхтэр. Аҕыйах сыллааҕыта Табаҕа оскуолатыгар 3-түү кылаас арыллара.
Амма
Амма улууһугар 17 097 киһи олорор. Быйыл бастакы кылааска 237 оҕо киирбит. Улуус киинин оскуолаларыгар – 134, тыа оскуолаларыгар – 103.
Ньурба
Ньурба улууһугар 22761 киһи олорор. Уопсайа 354 оҕо оскуолаҕа саҥа киирдэ: улуус киинигэр – 230 оҕо, тыа оскуолаларыгар – 124.
Чурапчы улууһугар 22 тыһ. киһи олорор. Уопсайа 323 оҕо бастакы кылааска барда: улуус киинигэр – 180, тыа оскуолаларыгар – 143.
Манна сорох оскуолалар дааннайдара киирбэтилэр.
Дьааҥы улууһа
Дьааҥы улууһугар 9998 тыһ. киһи олорор. Быйыл Барыласка уонна Мачах, Эһэ Хайа диэн учаастактарга (манна оскуола-садтар бааллар) бастакы кылааска биир да оҕо суох. Маны таһынан Үүттээх орто оскуолатыгар эмиэ үөрэнээччи көстүбэтэ.
Саамай элбэх оҕо улуус киинигэр – Баатаҕайга – 43 оҕо киирдэ. 11 уонна 10 оҕо Табалаахха уонна Верхоянскай куоракка киирдилэр. Уопсайа улуус үрдүнэн 117 оҕо оскуола боруогун аан бастаан атыллаата. Дьиҥэ, уһуйааны бүтэрбит 145 оҕону кэтэспиттэр да, “үгүс оҕо киин сирдэргэ көспүт” диэн үөрэх управлениета иһитиннэрдэ.
Өймөкөөн
Өймөкөөн улууһугар 7 тыһ. 566 киһи олорор. Быйыл улууска 64 оҕо бастакы кылааска барда:
Үөһээ Бүлүү
Улууска 20 тыһ. 721 киһи олорор, быйыл бастакы кылааска 320 оҕо киирдэ. Улуус киинигэр 161 үөрэнээччи барда, тыа оскуолаларыгар – 159.
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэлэрин оскуолалара –161 (4 оскуолаҕа 73,47,23,18 үөрэнээччи)
Уус Алдан
Уус Алдан улууһугар 22 тыһ. 12 киһи олорор. Быйыл улуус үрдүнэн бастакы кылааска 264 оҕо киирдэ. Олортон улуус киинигэр – 110, тыа оскуолаларыгар – 154.
Таатта улууһа
Таатта улууһугар 16 тыһ. 750 киһи олорор. Манна маҥнайгы кылааска 242 оҕону ылбыттар. Улуус киинигэр 141 оҕо бастакы кылааска үктэммит, нэһилиэктэргэ – 101.
Сунтаар улууһа
Сунтаар улууһугар 22 тыһ. 228 киһи олорор. Өскөтүн былырыын улуус үрдүнэн маҥнайгы кылааска 370 оҕо киирбит эбит буоллаҕына, быйыл лаппа аҕыйаата – 319. Улуус киинигэр 169 оҕо киирбит, нэһилиэктэргэ – 150.
Илимниир оскуолата тоҕус кылаастаах; Тэҥкэ, Толоон, Туойдаах, Наахара – 4 кылаастаахтар.
Хаҥалас улууһа
Хаҥалас улууһугар 34 тыһ. 331 киһи олорор. Быйыл манна 409 үөрэнээччи аан бастаан оскуолаҕа киирдэ. Покровскай куоратыгар 157 оҕо, тыа оскуолаларыгар – 252.
Кэбээйи улууһа
Кэбээйи улууһугар 11 тыһ. 53 киһи олорор. Быйыл бастакы кылааска 136 оҕо киирдэ. Улуус киинигэр – Сангаарга – 34 оҕо.
Нам улууһа
Оҕо тоҕо аҕыйыырый?
Атырдьах ыйын 15 күнүгэр Өлөөн улууһун (4364 киһи олорор) баһылыга Лена Иванова телеграм-ханаалыгар быйыл 11-с кылааһы бүтэрбит выпускниктартан баара эрэ 3 оҕо үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбитин иһитиннэрбитэ. Ити – выпускниктар уопсай ахсааннарын 10-ча бырыһыана.
“Улуус оскуолаларын быйыл 32 оҕо бүтэрбитэ, олортон 3 Өлөөн оскуолатын оҕото үрдүк үөрэх кыһатын устудьуона буолла. Икки выпускник ХИФУ-га киирдэ (алын кылаас учууталыгар уонна хотугу филологияҕа), биир выпускник – Владивосток куоракка адмирал Невельской аат. Муоратааҕы университекка “Инфокоммуникационные технологии и системы связи” диэн идэҕэ. Орто анал үөрэххэ киирбиттэр чопчу испииһэктэрэ атырдьах ыйын 25 күнүн кэннэ биллиэҕэ” диэн иһитиннэрбитэ.
Мантан көстөрүнэн, “аҕыйах оҕолоох да оскуолаҕа үөрэх хаачыстыбата, сымнатан эттэххэ, мөлтөх эбит” диэн санааҕа кэлэҕин. Баҕар, оҕолор үрдүк үөрэххэ дураһыйбаттара буолуо. СКЭ түмүгүн анаалыстаан, ону киэҥ эйгэҕэ таһааран, ырытыһан, үөрэх хаачыстыбатын дьиҥ таһымын сыаналыыр кыах суох. Дааннайы олох биэрбэттэр. Урукку сылларга Үөрэх министиэристибэтиттэн, Рособрнадзортан анаалыһы көрдүү сатыыр буоларбыт, мэлдьи аккаас, “отписка” кэлэрэ. Онтон ыла наадыйбат да буолан хаалбыппыт. Тыа оскуолатыттан киин сиргэ оҕолорун үөрэттэрэ көһөр төрүөттэрэ үөрэх хаачыстыбата мөлтөҕүттэн буолаарай?
Ис миграция күүскэ бара турар, ол, биллэн турар тыа оскуолаларыгар оҕо аҕыйыырыгар эмиэ улаханнык охсор. “Балык уу дириҥин былдьаһар, киһи күн сырдыгар талаһар” диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Тыа сиригэр ыччаты олохсута сатаан араас дьаһалы ыла сатыыбыт, кэпсэтиһии, ырытыһыы, ол-бу мунньах, сугулаан, кэнгириэс бөҕө ыытыллар да, билиҥҥитэ ол туох да күттүөннээх түмүгэ көстүбэт курдук. Биирдэ Дьокуускайга олорор, биир нэһилиэктэн төрүттээхтэр бассаап бөлөхтөрүгэр “нэһилиэкпит өтөхсүйэрэ кэллэ, киһи барыта көстө, хайдах гынабыт?” диэн дириҥ ырытыһыы буолбутугар биир киһи “бары куоракка көһөн кэлэн олорон “тыаҕа дьон олохсуйбат буолла” диэн мөҕүттэбит дуо?” диэн улахан толкуйга түһэрбиттээх.
Билигин 90-с сылларга төрөөбүт көлүөнэ оҕолоро бастакы кылааска киирэллэр. Оттон ити сылларга билиҥҥи курдук демографияны өйүүр дьаһал дойдуга ыытыллыбатаҕа. Ол түмүгэр оҕо төрөөһүнэ биллэ аҕыйаабыта. Биир тыһыынчаны кыайар-кыайбат киһилээх нэһилиэккэ “быйыл 1 эрэ оҕо төрөөтө, аны сэттэ сылынан кими үөрэтэрбит буолла?” диэн мунаахсыйбыттарын өйдүү биэрэҕин. Чахчы, билигин урукку, кэлиҥҥи сылларга тутуллубут баараҕай оскуолаларга бэрт аҕыйах оҕо толугураһар. Онон кэлэр сылларга тыа сиригэр оптимизация боппуруоһа эмиэ күөрэйэн таҕыстаҕына, улаханнык соһуйбаппыт да буолуо. Сорох кыра оскуолаларга үлэһиттэр оҕолордооҕор элбэх буолаллара чугаһаата. Тыа сиригэр оскуоланы хайдах тутан хаалабыт? Оҕону хайдах элбэтэбит? Эһиги туох санаалааххыт?
Дмитрий ИВАНОВ бэлэмнээтэ.