Киир

Киир

“Полярные авиалинии” авиахампаанньа атырдьах ыйын 28-29 күннэригэр Орто Халыма уонна Өймөкөөн улуустарыгар эриэйсэлэри оҥордо. 50-ча оҕо уонна кинилэри арыаллааччылар сайыҥҥы оҕо сынньалаҥ уонна чэбдигирдэр лааҕырдарга сылдьан баран дойдуларыгар көттүлэр.

Авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бэс ыйын ортотуттан саҕалаан “Полярные авиалинии” Орто, Аллараа, Үөһээ Халыма, Өймөкөөн уонна Уус Майда улуустарыттан сайыҥҥы сынньалаҥҥа 300-чэ оҕону көтүппүт. Эриэйсэлэри үөрэх министиэристибэтин сайаапкатынан оҥорбуттар.

Быйыл сааскы халаантан киин уонна хоту улуустара эмсэҕэлээбиттэрэ. Инньэ гынан, СӨ Бырабыыталыстыбата ууга барбыт нэһилиэктэр оҕолорун сайыҥҥы лааҕырдарга ыытарга быһаарыыны ылыммыта.

Санааҕын суруй