Мария Христофорова, норуот дьокутаата, “Ил Түмэн” Бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ:
– Сахалыы бэчээт бэрт дириҥ устуоруйалаах уонна олоҕурбут үгэстэрдээх. Ол курдук, сахалыы бэчээт саҕаланар төрдүгэр, В.Никифоров-Күлүмнүүртэн саҕалаан, саха бастакы судаарыстыбаннаһын төрүттэспит норуоппут чулуу дьоно бары тураллар. Ол саҕана, саха дьонун 90-тан тахса бырыһыана сатаан аахпат-суруйбат да кэмигэр, бу дьон “биһиги норуоппутун түмэр уонна биир сүрүннүүр, кыһалҕабытын туруорсар, сайдыыга сирдиир хаһыаттаах буолуохтаахпыт!” диэн ытык санаанан сирдэтэн үлэлээбиттэрэ. Быһата, сахалыы хаһыат хара тэриллиэҕиттэн ыла сонуну эрэ тарҕатааччы курдук буолбакка, норуоту түмээччи, тэрийээччи оруолун толорон барбыта. Ол бастакы хаһыаттары аахпыт киһи эрэ барыта ону тута өйдүөҕэ.
Хаһыат көмөтүнэн саха дьоно холкуостааһыны, индустриализацияны, улуу сэриини, өрө күүрүүлээх социалистическай тутуулары, космоһы баһылааһыны тэҥҥэ уһансыбыттара, үөрэммиттэрэ, сайдыбыттара. Тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, төлөпүөн ситэ тарҕана илик кэмнэригэр, норуоппут чулуу дьоно хаһыат нөҥүө биллэн-көстөн, ааттара ааттанан барара. Хаһыат көмөтүнэн норуоппут чулуу, мындыр дьоно, лиидэрдэрэ бэйэлэрин санааларын, билиилэрин-көрүүлэрин, муударастарын нэһилиэнньэҕэ тиэрдэллэрэ.
Үлэбит чэрчитинэн, маннык күннэр атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ хайыы үйэҕэ баалларын билэбит. Онон Сахалыы бэчээт күнэ баар буоларын туруорсубуппут хас да сыл буолла. Ил Дархаммыт Айсен Николаев бу ыйааҕы таһааран улаханнык үөртэ. Таарыйа, Айсен Сергеевич төрөөбүт тыл уонна бэчээт боппуруостарыгар олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһарын, улаханнык суолталыырын уруккуттан билэбит.
Билигин ыйаах таҕыста. Ити – саҕалааһын эрэ. Ыйаах төһө таһаарыылаахтык үлэлиирэ, национальнай бэчээт дьылҕатыгар төһө дьайыыланара – барыта бэйэбититтэн, сахалыы бэчээт үлэһиттэриттэн, тутулуктаах. Мин саныахпар, биһиги маны суолтатын өссө улаатыннаран, дириҥэтэн, өр кэмнээх бырайыактарга киллэрэн, далааһынын кэҥэтэн иһиэхтээхпит.
Бу Сахалыы бэчээт күнүгэр мин аан дойду таһымнаах да улахан куонкурустарга кыттан мэлдьи кыайыы-хотуу аргыстаах эргиллэр “Бичик” кинигэ кыһатын ахтан аһарыахпын сөп. Санатыахпын сөп, бу бүгүҥҥү усулуобуйаҕа инники күөҥҥэ сылдьан үлэлиир улуустар хаһыаттарын... Кинилэргэ өйөбүл баара буоллар олус бэрт буолуох этэ.
Сахалыы бэчээт кэскилэ, туох да саарбаҕа суох, оҕо ааҕыытыгар, оҕо хаһыаттарыгар-сурунаалларыгар сытара өйдөнөр. Оҕо аахпат буолла да – ыраах барбаппыт. Бу манна олус дьайымтыа дьаһаллар ирдэнэллэр. Уопсайынан, билигин Арассыыйа бары национальнай бэчээтин тэрилтэлэрэ: хаһыаттара-сурунааллара – биир уопсай кыһалҕалаахпытын өйдөөн, үс сыллааҕыта Арассыыйа Национальнай СМИлэрин ассоциациятын тэрийбитим. Биллэн турар, бэйэбит курдук аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын, бэчээттэрин кыһалҕатыгар дойдубут салалтатын болҕомтотун туһаайар туһугар. Билиҥҥитэ ол ассоциациябытыгар Арассыыйа 20-ччэ эрэгийиэниттэн 50-ча араас хаһыат, сурунаал киирэр...
Онон, Ил Дархан бу ыйааҕын “олус тоҕоостоох уонна саамай туһааннаах кэмигэр ылыныллыбыт” дии саныыбын, элбэҕи күүтэбин.
Галина Бочкарева, СӨ Суруналыыстарын сойууһун салайааччыта:
– Саха омук баарын тухары сахалыы бэчээт баар буоларын, сайдарын туһугар үлэлии сырыттахпыт дии. Сахалыы бэчээт сарсыҥҥылаах буоларын туһугар, туох да саарбаҕа суох, оҕо бэчээтигэр, оҕо хаһыаттарыгар-сурунаалларыгар улахан болҕомто ууруллуохтаах. “Чааһынай, “судаарыстыбаннай” эҥин диэн араарбакка. Онтон атын суол суох.
Мин үлэбинэн Арассыыйа элбэх национальнай эрэгийиэннэрин кытта алтыһабын, билсэбин. Олорго үгүстэригэр бэйэлэрин национальнай бэчээттэрин күннэрэ бааллар. 2017 с. оччотооҕута Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн сахалыы бастакы хаһыат тэриллибитэ – 110, сахалыы сурунаал 105 сылларын бэлиэтээбиппит. Онно Ил Түмэн иһинэн Антонина Григорьева салайааччылаах тэрийэр кэмитиэт кытта тэриллэн үлэлээбитэ. Онно биһиги, суруналыыстар, “атын эрэгийиэннэргэ бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан бэчээт күннэрэ бааллар, биһиэхэ ол тоҕо кыаллыбатый?” диэн туруорсубуппут. Кэпсэтии түмүгүнэн оччотооҕу Ил Дархаҥҥа сурук ыытыллыбыта да, ол өйөбүлү ылбатаҕа. Онон, 2018 с. “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыт от ыйын 1 күнүгэр СӨ Суруналыыстарын сойууһа “Саха сирэ” хаһыаты кытта кыттыһан, суруналыыстары уонна учуонайдары түмэн, Төгүрүк остуолу тэрийбиппит. 2019 с. эмиэ бү күҥҥэ Мария Христофорова салайар “Ситим” бөлөҕүн кытта бииргэ үлэлэһэн, Саха суруналыыстыкатын бүгүҥҥү туругун, суруналыыс кыһалҕатын, кыра хамнаһын ырытыһан бэрт дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиини тэрийбиппит, “Уһун Дьурантаайы” диэн сахалыы суруйар суруналыыстар куонкурустарын ыыппыппыт. Быһата, сылын аайы арахпакка аалан, кээрэтэн, Саха национальнай бэчээтин күнэ баар буолар төрдүн оҥорбуппут. Быйыл хоруона хамсыга күөрэйбэтэҕэ буоллар, “Кэскили” кытта Төгүрүк остуоллуохтаах этибит. Хата, Ил Дархаммыт Айсен Николаев Сахалыы бэчээт күнүн тэрийэр ыйааҕа тахсан, быйыл бу тэрээһин министиэристибэ таһымнаах ыытыллан эрэр.
Билигин, сахалыы сөпкө уонна таба суруйар да киһи аҕыйаан эрэр кэмигэр, өрөспүүбүлүкэбит салалтата сахалыы бэчээт норуоппут сайдыытыгар суолтатын таба өйдөөн, сахалыы бэчээт уорганнарыгар, үлэһиттэригэр, бэтэрээннэригэр олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһара ирдэнэр.
Валерий Луковцев, “Бичик” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ:
– Мин саныахпар, билигин сахалыы тылынан бэчээт, ол эбэтэр хаһыат-сурунаал, кинигэ таһаарыыта, биирдиилээн энтузиаст дьон, тэрилтэлэр эрэ суоттарыгар иҥнэн, эриһэн турар. Ол үлэбит-хамнаспыт барыта тобуктаан туран харчы умналааһын, сыылаҥхайдыы сылдьан көрдөһүү-ааттаһыы, эрэй-муҥ эҥээрдээх барар. “Биһиэхэ саха бэчээтин өйүүр судаарыстыбаннай бэлиитикэ ыытыллар” диир кыах суох. Холобур, хас да сыллааҕыта уонунан сыллары быһа үлэлээн кэлбит, олоҕурбут бигэ ааҕааччылардаах “Саха сирэ” хаһыат “босхо түҥэтии” толоос эспэримиэнигэр түбэһэн эстибитэ. Уопсайынан, ити курдук холус хамсаныылар, ис дьиҥин билбэккэ эрэ ыытыллар эспэримиэннэр сахалыы бэчээккэ аһара кутталлаахтар. Онто да суох, почта бытаан-сыылба, көнтөрүк үлэтиттэн, сыана ыараханыттан сылтаан хаһыаттар-сурунааллар эрэй бөҕөтүн көрө сылдьар кэмнэригэр...
Билигин сорох бибилэтиэкэлэри киинтэн үбүлээһин тохтоон, улуустар, нэһиилэктэр дьаһалталарыгар биэрдилэр. Оттон баһылык эрэ барыта дьоҥҥо ааҕыы суолтатын өйдүүр буолбатах. Билигин сорох улуустарга (ааттарын этимиим...) кэппиэйкэтэ да суох хаалбыт бибилэтиэкэлэр кытта бааллар. Пуонданы саҥардыыга көрүллэр быыкаа харчыларын сыыһа сахалыы кинигэҕэ, хаһыакка буолбакка, атыҥҥа туһуланара – бэйэтэ туспа киэҥ кэпсэтии.
Ил Дархан Сахалыы бэчээт Күнүн биллэрбит ыйааҕынан туһанан, национальнай бэчээти көмүскүүр чопчу уонна быһаччы дьаһаллары ылар уолдьаста. Холобур, Башкирия өрөспүүбүлүкэтигэр 1990-с сылларга национальнай тылынан тахсар бэчээт уорганнарын барыларын “Стратегическай суолталаах” диэн статустаабыттара. Ол эбэтэр, төһө да үп аҕыйаабытын, бүддьүөт чарааһаабытын иһин, онно көрүллүбүт 100-нэн мөлүйүөн харчы толору кээмэйинэн, тыытыллыбакка аадырыһыгар бэриллэ турар. Ол Башкирия национальнай бэчээтигэр сүрүн тирэх, тулхадыйбат тулааһын буолан араҥаччылыыр. Биһиэхэ ол туолбат ыра санаа эрэ таһымынан сылдьар.
Ил Дархаммыт, СӨ Тылын Сэбиэтин салайааччыта да буоларын быһыытынан, бу дьаһалы тылтан быһаччы дьыалаҕа киллэрэн, чопчу хайысхалаах миэрэлэри ыларын күүтэбит. Бу билигин РФ Төрүт сокуонугар киирэр уларыйыылартан сылтаан дьон тыҥаан, долгуйан олорор кэмигэр, “олорор судаарыстыбабыт биһиги төрөөбүт тылбыт туһугар долгуйар эбит” диэн дьон-сэргэ итэҕэйэрин курдук...
“Бичик” национальнай кинигэ кыһатын таарыйдахха, быйыл биһиэхэ судаарыстыбаттан көрүллэр быыкаайык субсидиябыт сыыһын кытта сарбыйа сыспыттарын Ил Дархан бэйэтинэн орооһон эрэ оннунан хаалларбыта. Ити курдук наар умнаһыт балаһыанньатыгар олорор олус хомолтолоох. Билигин оскуолаларга саха тылын, төрүт култууратын учуобунньуктара тиийбэтин бары да истэр-билэр буолуохтааххыт. Бу соторутааҕыта уурайбыт СӨ үөрэҕин миниистирин “көмөтүнэн”, кэнники 2-3 сылга учуобунньук ааптардарыгар кэлтэгэй кэпиэйкэ да көрүллүбэт буолан турар. “Тугунан үөрэнниннэр?” дииллэрэ эбитэ буолла... Туруорса, көрдөһө сатаан кэбистибит – туһа суох. Чунуобунньуктар өттүлэриттэн итинник сыһыан баарын тухары национальнай бэчээт туругурара уустук буолуо.
Сайдыы-үүнүү хаамыытынан, национальнай бэчээккэ, билим уонна тиэхиньикэ ситиһиилэрэ, саҥа технологиялар киирэн иһиэхтээхтэрэ өйдөнөр. Ону ким да саарбахтаабат. Холобур, биһиги “бичиктэр” аҕыйах сыллааҕыта бэйэбит сүүрэн-көтөн, уйунан, мульти-медийнэй, аудио уо.д.а. кинигэлэри оҥорон үлэҕэ киллэрбиппит. Ол эрээри, кистэл суох, ол улахан ситиһиилэммэтэҕэ. Кимнээх эрэ “түргэн интэриниэти оччо-бачча, онно-манна холбоотубут” диэн отчуоттуулларын курдук түргэнник интэриниэт нэһилиэнньэни барытын хабан кэлбэт. Тыаҕа интэриниэт хайдах курдук эрэйдээхтик тиийэрин, дьону кытта ыкса алтыһар, үөрэтэр буолан, биһиги аһара бэркэ билэбит. Холобур, күн бүгүн сибээс-ситим, бэчээт үлэтэ барыта “сыыппараҕа”, интэниниэккэ, электроннайга көһөн хааллаҕына, тыа дьоно онтон бары көрбүтүнэн олорон матан хаалар туруктаахтар. Көрүнньүк отчуотунан эрэ үлүһүйбэккэ дьон-сэргэ, нэһилиэнньэ туһугар дьиҥ чахчы долгуйар-кыһаллар эбит буоллахха, баар балаһыанньаны барытын сиһилии үөрэтэн, билэн-көрөн, ырытан эрэ баран ити курдук дьаһаллары ылыах, отчуоттуох баара. Бу хоруона хамсыгын кэмигэр бэйэбит да илэ көрдүбүт дии: оскуолалар ыраахтан үөрэтиигэ төһө элбэх уустугу көрсүбүттэрин.
Ньургуйаана Стручкова, “Сахабэчээт” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ:
– Сахалыы тылынан тахсар улуус хаһыаттара хара төрүттэниэхтэриттэн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар эрэ буолбакка, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын, норуот духуобунаһын бырапагаандалааһыҥҥа, дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит уонна улууспут олоҕун сырдатыыга, дьону уопсай сыалга-сорукка түмүүгэ улахан дьайыылаах күүс буолан кэлбиттэрэ саарбахтаммат. Маны тэҥэ, биир саамай сүрүнэ, улуус хаһыата – улуус устуоруйатын үйэтитээччи. Улуус устуоруйатын, буолан ааспыт үтүө да, мөкү да быһылааннарын, түбэлтэлэрин, манна үлэлээн-хамсаан, олорон ааспыт үтүө дьон туһунан суруйуулары улуус эрэ хаһыатыттан булан ааҕыахха сөп.
Билигин биһиги быыһык кэмҥэ олоробут. Почта үлэтэ көнтөрүгүн, сыана ыараханын таһынан, кумааҕы хаһыаты-кинигэни ааҕа үөрэммит дьоммут ахсаана аҕыйаан, улуус хаһыаттарын тираһа олус күүскэ түһэ турар. Бу маннык кэмҥэ, нэһилиэнньэ киэҥ араҥата информацияны түргэнник уонна толорутук ыларын туһугар, улуустар олохтоохторо кумааҕы хаһыаты сэргэ интэриниэт таһаарыылары эмиэ баһылыыллара – күн-дьыл мүлчүрүйбэт ирдэбилэ. Мантан антах интэриниэт тыа сиригэр киириитэ кэҥээн, далааһына улаатан иһэрэ саарбахтаммат. Быһата, бу билиҥҥи быыһык кэмҥэ кумааҕы да, электроннай да хаһыаттар тэҥҥэ дьүөрэлэһэн баар буолуохтаахтар.
Таарыйа, бу күннэргэ 2020 сыл иккис аҥаарыгар хаһыакка сурутуу түмүктэннэ. Суруппакка хаалбыт дьон почта салаатыгар тиийэн улуускут хаһыатыгар ханнык баҕарар ыйтан саҕалаан сурутуоххутун сөп. Улуускут хаһыаттарын өйөөҥ.
Билигин “Сахабэчээт” тэрилтэ социальнай ситимнэргэ суһал сонуннары, тэттик кэпсээннэри, интэриэһинэй хаартыскалары, видеонан интервьюлары таһаара турар. Хас биирдии улуус хаһыата социальнай ситимҥэ эмиэ киирэн “олохсуйда”. Онно киирэн бэйэҕит улуускут олоҕун-дьаһаҕын билсиэххитин, көрүөххүтүн, сэргиэххитин сөп. Мантан инньэ интэриниэт ситимҥэ хаһыаттар саайтара арыллан үлэлээн барыахтара. Бу барыта – үлэ форматын кэҥээһинэ. Атыннык эттэххэ, кумааҕы хаһыаттарга өр сыллар усталарыгар үөскээн кэлбит үтүө үгэстэри, утуму интэриниэккэ киллэрэн салҕааһын, ыччаты онно уһуйуу, интэриэһин тардыы. Маннык үлэҕэ бары кыттыһан үлэлиирбит ирдэнэр.
Саха бэчээтин ытыктабыллаах бэтэрээннэрин, сахалыы бэчээт эйгэтигэр билигин үлэлии сылдьар дьону, кэллиэгэлэрбин Саха национальнай бэчээтин Күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Сахалыы тыллаах бэчээт сайдар ыыра өссө да киэҥ уонна иннибитигэр!
Иван Гаврильев.