Киир

Киир

СӨ Суруналыыстарын сойууһа, Арассыыйа Национальнай СМИлэрин ассоциацията уонна Култуура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын Саха сиринээҕи кэмитиэтэ саха тылынан суруйар суруналыыстар ортолоругар көҥүл тиэмэҕэ суруналыыстыка жанрдарынан аһаҕас күрэҕи биллэрбитэ.

Сахалыы тылынан суруйар суруналыыстарга идэлээх күрэх быйыл иккис төгүлүн ыытылынна. Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Национальнай Бэчээт күнэ аан бастакытын бэлиэтэнэн, быйылгы күрэх суолтата өссө дириҥээтэ. Күрэххэ 93 сайаапка, 300-чэ үлэ киирдэ. Инньэ гынан, дьүүллүүр сүбэ судургута суох быһаарыыны ыларга тигистэ. Ол да буоллар, кыайыылаахтар билиннилэр:

1. “Бастыҥ кэпсээччи” (отчуот, репортаж, кэмэнтээрий, чинчийии) – 22 сайаапка; «Бастыҥ кэпсээччи» үрдүк биһирэбил бириэмийэ

ЛЕОНТЬЕВА Жанна Владимировна, “Кэскил” хаһыат анал кэрэспэдьиэнэ.

«Бастыҥ кэпсээччи» иккис биһирэбил

СЛЕПЦОВА Туйаара Ивановна, Муома улууһун «Индигир уоттара” хаһыат бастакы категориялаах эрэдээктэрэ.

«Бастыҥ кэпсээччи» үһүс биһирэбил

НИКОЛАЕВ Борис Парфеньевич, “Сунтаар сонуннара” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.

2. “Бастыҥ кэпсэтээччи” (интервью, монолог, диалог) – 26 сайаапка;

«Бастыҥ кэпсэтээччи» үрдүк биһирэбил

ИВАНОВ Афанасий Егорович, Муома улууһун «Индигир уоттара” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

«Бастыҥ кэпсэтээччи» иккис биһирэбил

АММОСОВА Айтана Егоровна, edersaas эрэдээктэрэ.

«Бастыҥ кэпсэтээччи» үһүс биһирэбил

КАПРЫНОВ Альберт Гаврильевич, «Кыым» хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ.

3. “Бастыҥ дьүһүйээччи” (очерк, зарисовка, эссе) – 15 сайаапка;

«Бастыҥ дьүһүйээччи» үрдүк биһирэбил

ТАРАБУКИНА Альбина Афанасьевна, “Үйэ» сурунаал суруналыыһа.

«Бастыҥ дьүһүйээччи» иккис биһирэбил

БАИШЕВА Валерия Яковлевна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Эркээйи” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.

«Бастыҥ дьүһүйээччи» үһүс биһирэбил

ЖЕНДРИНСКИЙ Семен Александрович, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

4. “Бастыҥ эҕэһит” (фельетон, памфлет) -1 сайаапка;

“Бастыҥ эҕэһит" үрдүк биһирэбил

КСЕНОФОНТОВ Иван Иванович, “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

5. “Бастыҥ ирдьит” (суруналыыс силиэстийэтэ, ирдэһии) – 3 cайаапка;

«Бастыҥ ирдьит» үрдүк биһирэбил

ЕГОРОВА Надежда Парфеньевна, “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

6. “Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин” – 8 сайаапка;

«Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин» үрдүк биһирэбил

БУБЯКИНА Наталья Егоровна, Амма улууһун “Амма оло5о» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.

«Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин» иккис биһирэбил

ТУРАНТАЕВ Григорий Григорьевич, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.

«Бастыҥ суоллааҕы бэлиэтээһин» үһүс биһирэбил

АММОСОВА Мария Андреевна, Уус Алдан улууһун “Мүрү саһарҕата” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.

7. “Бастыҥ ырытааччы” (ыстатыйа, ырытыы, рецензия) – 9 сайаапка;

«Бастыҥ ырытааччы» үрдүк биһирэбил

ОКОНЕШНИКОВ Илья Егорович, “Ситим” медиабөлөх “Байдам” сурунаалын эрэдээктэрэ.

«Бастыҥ ырытааччы» иккис биһирэбил

НИКОЛАЕВ Егор Револьевич, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата, общ. кэрэспэдьиэн.

«Бастыҥ ырытааччы» үһүс биһирэбил

ПЕТРОВА Валентина Дмитриевна, суруналыыс, общ. кэрэспэдьиэн.

8. “Бастыҥ анаарааччы” (аналитическай ыстатыйа, анаарыы) – 9 сайаапка.

«Бастыҥ анаарааччы» үрдүк биһирэбил

УШНИЦКИЙ Иван Петрович, “Киин куорат” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.

«Бастыҥ анаарааччы» иккис биһирэбил

АММОСОВА Людмила Денисовна, Хаҥалас улууһун «Хаҥалас” хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ.

«Бастыҥ анаарааччы» үһүс биһирэбил

ХАНЧАЕВ Еремей Елисеевич, Эдьигээн улууһун “Эдьигээн сонуннара” хаһыат общ. кэрэспэдьиэнэ.

    Күрэххэ 2019 с. ыам ыйын 1 күнүттэн 2020 с. бэс ыйын 3 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк бэчээтигэр уонна интэриниэт ситимигэр тахсыбыт үлэлэринэн кытыннылар.

Кыайыылаахтар “Үрдүк биһирэбил” Туоһу суругунан, анал бэлиэнэн уонна анал бирииһинэн, миэстэлэспиттэр “Иккис биһирэбил”, “Үһүс биһирэбил” Туоһу суруктарынан, анал бэлиэлэринэн наҕараадаланаллар.

БЫҺААРЫЫ: Уһун Дьурантаайы ‒ олоҥхоҕо кэпсэнэр Айыы халлааныгар олорор суруксут. Аҕыс кырыылаах аалыы дьэҥкир таас баҕанатыгар Үрдүк Айыылар ыйаахтарынан аан дойду олоҕун тутулун уонна Орто дойду дьонун дьылҕаларын суруйар.