Ыам ыйын 7 күнүгэр киин куоракка Кыайыы күнүгэр аналлаах үгэс буолбут “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” аахсыйа ыытыллар. Бу туһунан Дьокуускай дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы патриотическай аахсыйа бэнидиэнньиккэ, ыам ыйын 7 күнүгэр, киэһэ 20 ч. Кыайыы болуоссатыгар буолуоҕа. Кыргыһыы толоонугар охтубут буойуттары, эйэлээх олох туһугар олохторун толук уурбут ытык дьоммутун кэриэстиир аахсыйаҕа куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын кыттаргытыгар ыҥыраллар. Мустуу уонна чүмэчини түҥэтии 18:30 ч. Кыайыы болуоссатын киириитигэр турар Стеллаҕа (тааҥка аттыгар) буолуоҕа. Сиһилии 8-984-116-86-71 төл. билсиҥ.