Киир

Киир

Халаан кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 53 тыһ. тахса сылга-сүөһү эвакуацияламмыт. Бу туһунан ТХМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хороҕор муостааҕы уонна сыспай сиэллээҕи кэмигэр үрдүк сиргэ көһөрбүттэр. Мэҥэ Хаҥаласка 3593 сүөһүнү (уопсай ахсаантан 14%) уонна 3256 сылгыны (уопсай ахсаантан 20%) көһөрбүттэр. Оттон Амма улууһугар быстах кэмнээх хорҕойор сиргэ уонна уу ылбат үрдүк сирдэргэ 6 484 сүөһүнү (уопсай ахсаантан 49 %), 6210 сылгыны (уопсай сылгы ахсааныттан 51%) көһөрбүттэр. Чурапчы улууһугар 1 009 сүөһүнү (4%), 591 сылгыны (3%), Кэбээйи улууһугар – 457 төбө сүөһүнү уонна 385 сылгыны, Нам улууһугар 4056 сүөһүнү уонна 3066 сылгыны көһөрбүттэр. Уус Алдаҥҥа – 105 сүөһүнү, 757 сылгыны көһөрбүттэр. Уус Майда улууһугар – 311 сүөһүнү, 283 сылгыны, Хаҥаласка – 2296 сүөһүнү, 3049 сылгыны көһөрбүттэр. Инньэ гынан, ыам ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн халаан ылбыт сирдэриттэн 26 537 сүөһүнү (уопсай ахсаантан 61% ), 26631 сылгыны (уопсай ахсаантан 73 %) быыһаабыттар. Эбэн эттэххэ, күн бүгүн Саха сиригэр уопсайа 62 383 сүөһү, 56 984 сылгы баар.

Маны таһынан, быстах кэмҥэ сылгы-сүөһү турар сирдэригэр сөптөөх аһылык саппааһа хааччыллыбыт.

Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11 улууска 34 нэһилиэк халаан уутуттан эмсэҕэлээтэ. Онно 1 969 уһаайба, 902 олорор дьиэ ууга былдьанна (2 751 киһи, ол иһигэр 763 оҕо олорор). Билигин ууга 4 нэһилиэк – Өктөм, Хоточчу, Арбын уонна Кальвица олорор. Онно 164 уһаайба, 48 олорор дьиэ ууга былдьаммыт (106 киһи, ол иһигэр 35 оҕо олорор). 331 киһи көһөрүллүбүт (69 оҕо). Бу дьон бары аймахтарынан тарҕаммыт.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар