Киир

Киир

АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов биир ыйдааҕы хамнаһын Саха сиригэр халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөр анал счекка ыытта. Бу туһунан хампаанньа пресс сулууспата иһитиннэрэр.

“Биллэн турар, ити харчы эмсэҕэлээбит дьон хоромньуларын быычыкаатын сабыаҕа. Ол гынан баран, мин холобурбун атыттар ыллыннар уонна тыһыынчанан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөстүннэр диэн сыаллаах биэрдим. Бары биир санаанан бу улахан халаантан тахсыбыт хоромньуну үмүрүтүөхпүт диэн эрэнэбин”, - диир Иванов.

Бу иннинэ хампаанньа салалтата халаан содулун туоратарга бэлэмин биллэрбитэ. АЛРОСА халаан содулун туоратар суһал бөлөҕү кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Уу ылбыт нэһилиэктэригэр тутуу матырыйаалын ыытаары бэлэмниир. Маны таһынан, ордук эмсэҕэлээбит ыалга харчынан көмөлөһөргө дураһыйаллар. Сааскы халаантан өрөспүүбүлүкэ 40-тан тахса нэһилиэгэ эмсэҕэлээтэ. 1,3 тыһ. олорор дьиэни, уонча социальнай эбийиэги уу ылла. Суол-иис, уот лииньийэтэ алдьанна. Хоромньу 1,1 млрд. солк. тахсыбыт.

Сэҥээриилэр

Гаврил
0 Гаврил 05.06.2018 17:36
Хата биир улахан хамнастаах кэлии киһи боростуой дьон туһатыгар хамнаһын сиэртибэлээбит. Олохтоох тойотторбут хайыыллар?
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар