Киир

Киир

СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччы Степан Москвитин иһитиннэрбитинэн, 2018 сыл түөрт бастакы ыйын иһигэр Саха сирин үрдүнэн барыта 6000-тан тахса киһи үлэнэн хааччыллыбыт.

Ол курдук, тойон Москвитин этэринэн, ыам ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 6297 киһи үлэлэммит. Ол аата сыллааҕы былаан 28,6 %-на туолбут.

Даҕатан эттэххэ, 2017 сыл түмүгүнэн үлэтэ суох буолуу уопсай көрдөрүүтэ 7,1 %-ҥа тэҥнэспитэ. Ол иһигэр саамай үрдүк көрдөрүү тыа сиригэр бэлиэтэммитэ – ортотунан 8,8 %.

Санааҕын суруй