Киир

Киир

Үөрэх сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан “Аршиновалаах” айдааннаах сокуоннарын барылыгар СӨ Ил Түмэнин ааспыт XXXVII пленарнай мунньаҕар дьокутааттар “бу сокуон барылын өйүүргэ” диэн уурааҕы ылыммыттара уопсастыбаннас ортотугар улахан айдааны таһаарбыта.

***

Бассаапка “норуоттарын таҥнардылар” уо.д.а. кэриэтиир тыл-өс, үөҕүү бөҕө буола түспүтэ. Дьэ ол эрэн, диэххэ... Наадалаах кэмҥэ сахалыы оскуолалары, кылаастары, оҕо саадтарын туруорсууга төрөппүттэри кытта сүүрбэтэх, түүннэри оскуолалары манаабатах, куорат нууччалыы оскуолаларын дириэктэрдэрин кытта сахалыы кылаас арыйтара сатаан сордоммотох, бииртэн биир мунньахтары тэрийсибэтэх, былаас уорганнарын кытта үлэлэһэ сатаан эрэйдэммэтэх дьон бу тиэмэҕэ “мэҥэстэн” кэбиспиттэрэ, айдаан бөҕө буолбуттара ыйытыылары үөскэтэр. Быыбар чугаһаатаҕа...

Дьиҥинэн, бу бүгүн күөрэйбит боппуруос буолбатах. Оттон ону быһаарсыыга, туруорсууга уопсастыбаннас мэлдьи үлэлээн кэллэ уонна үлэлиэ да турдаҕа. Бу боппуруос уопсастыбаннас быһаарсыыта суох өссө хайдах быһаарылла туруо эбитэ буолла? Билигин биһиги уопсастыбаннаспыт кэккэтэ халыҥаата, таһыма үрдээтэ, хайысхата кэҥээтэ диэн киэн туттабыт. Элбэх саҥа толкуйдаах дьон кэлэн эрэриттэн үөрэбит. Биһиги дьоммут былаас уорганнарын кытта бииргэ үлэлэһэн ситиспит ситиһиилэрэ – оннук үлэ быдан түмүктээх буоларын кэрэһилиир. Кинилэр сокуон-нуорма таһымыгар үлэҕэ таҕыстылар. Ол буоллаҕа, саамай көдьүүһэ, дьайыылааҕа. Ол эрээри, сыыһаны, сокуоннайа суоҕу утарсыы, бырачыастааһын, күүстээх туруорсуу суох буолуохтаах диэн буолбатах! Төттөрүтүн – ол эмиэ хаһан да тохтуо суохтаах.

***

Ил Түмэн сокуон барылын утарбатаҕа, омос ыллахха, түһэн биэрии. Ол эрээри, ол уурааҕы көрдөххө тугуй? Сокуон барылыгар баар саамай дьиксиннэриилээх – төрдүс пууну – ылан кэбиһэргэ диэн этиллэ сылдьар. Онон бу уураах, этэргэ дылы, иһэ истээх, үктэтиилээх. Бу – боппуруоһу сокуону оҥоруу таһымыгар быһаарыы көрүҥэ. “Утарабыт”, эбэтэр “өйөөбөппүт” эрэ диэн быһа-бааччы эттэххэ, Госдуумаҕа биһиэхэ наадалаах быһаарыыны ылыналларын курдук туох үлэни ыытыахпытын сөбүй? Барыта Госдуума көрүдүөрүгэр кэпсэтиилэртэн, онно барар үлэттэн тутулуктаах буоллаҕына?

Госдуумаҕа көрсүһүүлэр,кэпсэтиилэр

Пленарнай мунньах кэнниттэн сотору буолаат, Госдуума дьокутааттарын кытта көрсө, буолуохтаах ГД үөрэх кэмитиэтин мунньаҕар Ил Түмэн аатыттан кыттыыны ыла дьокутаат Егор Петрович Жирков барбыта.

Онно тиийэн үөрэх кэмитиэтин бастакы солбуйааччыта, төлөннөөх хомуньуус, улахан аптарытыаттаах дьокутаат Олег Смолины кытта көрүстэ. Госдуума дьокутаата Федот Тумусовы кытта Үөрэх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Никоновка киирэн, баар балаһыанньаны, сокуон барылын туһунан кэпсэппиттэр. Госдуума бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччытыгар сылдьыбыт.

Е.П. Жирков кэмитиэт мунньаҕар тыл этэригэр: “Биһиги кэллиэгэбит, I ыҥырыылаах РФ Госдууматын дьокутаата, Национальнай кэнсиэпсийэ ааптара, уруккута СӨ үөрэҕин миниистирэ”, – диэн киниэхэ болҕомтону тардан, билиһиннэрбиттэр.

Онон үөрэх бас-көс дьонугар, Госдуума кэмитиэтин чилиэннэригэр Егор Жирков СӨ Ил Түмэнин позициятын тиэрдиитэ, сокуон барылын улаҕалаах өттүн арыйыыта туох эрэ өйдөһүүгэ тиэрдээрэй, дьокутааттарга туох эмэ атын санааны үөскэтээрэй диэн эрэлбит улахан.

Госдуума үөрэххэ кэмитиэтин салайар В.Никонов бу сокуон барылын кинилэр эмиэ сөбүлээбэттэрин эппит. Оччотугар үөһээҥҥи администрацияттан дьайыы баара буолуо дуо?

Кэмитиэккэ сокуон барылын улахан мунньахха таһаарарга икки көннөрүүнү киллэриэххэ диэбиттэр. Бастакыта – уруккутунан хаалар, иккиһэ – саҥа. Кэмитиэт оннук уураахха куоластаабыт. Онно ис хоһоонугар баҕа өттүнэн (“добровольнай”) диэнэ син биир хаала сылдьар. “Выбор языка осуществляется на основе личных заявлений родителей” диэн.

Егор Жирков кэпсиир: “Кэмитиэт мунньаҕар “өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара булгуччулаах ыстандаарт ирдэбилигэр баар буолуохтаах, (ФГОС), факультативка көспөт” дэннэ. Билигин баара-суоҕа 5 эрэ тылга федеральнай перечеҥҥэ бигэргэммит учуобунньуктар: татаар, башкир, хакаас, алтаай, чечен тылыгар уонна 13 эрэ тылга бигэргэммит бырагыраамалар бааллар дииллэр (онно саха тыла киирсэр). Бу – аһаҕас кыһалҕа. Маныаха болҕомто ууруллара наада диэн этилиннэ.

Ити ылыммыт «Обеспечить изучение государственных, родных языков» диэн уураахтарын пууна үчүгэй. Оттон куһаҕан пуун (4) хааллар даҕаны, Аршинова барылыгар ол мэхэньиисим курдук эбит буоллаҕына, билиҥҥи быһаарыыта (“формулировката”) “конкретизация права выбора” диэн буолан биэрэр. Билиҥҥи үлэлии турар РФ Үөрэх сокуонугар “право выбора языка” диэн баар дии, онно олоҕуран.

Мин уон сыл иһигэр төрөөбүт тылларын үөрэтэр оҕо биллэ аҕыйаабытын, биһиги харахпытыгар атын норуоттар тыллара сүппүтүн, онон оскуолаҕа итинник үөрэтиини киллэрдибит даҕаны тылларга улахан охсууну оҥоруохпутун сөбүн эттим.

Смолиҥҥа, Никоновка “бу биһиги Төрүт сокуонунан мэктиэлэнэр киһи быһыытынан бырааппытын кэһии буолан эрэр” диэн долгуйуулар буолбуттарын туһунан эмиэ тиэртим.

Уопсайынан, Госдуума кэмитиэтигэр “национальнай өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларыгар болҕомто ууруллуохтаах, туспа үлэ ыытыллыахтаах” диэн өйдөөтүлэр. Онон өрөспүүбүлүкэлэри кытта үлэлиэхпит диэн буолла”.

Биир туһаайыынан

Госдуума улахан мунньаҕар бу сокуон барылын бастакы ааҕыыга көрдүлэр. Ол иннинэ Ил Түмэн дьокутаата Иван Шамаев тус Дневнигэр Госдуума дьокутаата Ф.С. Тумусовка туһаайан: “Ытыктабыллаах Федот Семенович! Госдуума сиэссийэтигэр көрүллүөхтээх Аршинова уо.д.а. сокуоннарын бырайыагын дьүүллэһиигэ маннык туһаайыы этиллэрэ буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит... (салгыы Иван Шамаев. дневники. – диэҥҥэ аах)” – диэн Иван Шамаев уонна “Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Вилюяна Никитина ааттарыттан сурук тахсыбыта.

Сурук

Онно туох диэн этиллэрин кылгастык ылыахха.

“Саха сиригэр саха тылын үөрэтии хайдаҕый? Дьокуускайга нуучча кылаастарыгар ханнык эмэ судаарыстыбаннай тылы үөрэтии баар да буоллаҕына, атын бырамыысыланнай улуустарга ол суох буолбута ыраатта. Онон саха тылын, судаарыстыбаннай тыл курдук, булгуччулаах үөрэтии биһиэхэ суох. Олох бэйэтэ көннөрөн биэрбит курдук буолан тахсар”, – диэн этиллэр сурукка.

“Бу кыһалҕаны быһаара сатааһын саха тыла судаарыстыбаннай тыл курдук үөрэтиллибэт буолуутугар тиэрдиэ. Нууччалыы оскуолаҕа саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиллэрэ тохтуоҕа. Судаарыстыбаннай тыллары өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин сокуоннарынан быһаарыахтаахтар. Оттон ФГОС чаас үрдүкү кээмэйин ыйан биэриэхтээх”.

Тыл – Арассыыйа баайа

Бэс ыйын 19 күнүгэр буолбут Госдуума улахан мунньаҕар Саха өрөспүүбүлүкэтиттэн дьокутаат, “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа чилиэнэ Федот Тумусов тыл эттэ.

Тумусов

Кини “Арассыыйа федерациятыгар 83 субъект баар, 277 норуот бэйэтэ тыллаах. Онтон судаарыстыбаннай ыстаатыстааҕа 36 – барыта 22 субъекка. Бүгүн бу тыллар ыстаатыстарын боппуруоһа бэбиэскэҕэ турда. Ону үгүстэр РФ төрөөбүт тылларыгар сэриини биллэрии курдук ылыннылар”, – диэн саҕалаата. Олус бэркэ “Вавилон башнятын” холобурдаата.

 

ФГОС суоҕун түмүгэ

“Элбэх тыл баара – олох көстүүтэ. РФ Төрүт сокуонунан өрөспүүбүлүкэлэр РФ састаабыгар баар судаарыстыбалар диэннэр. Кинилэр ыстаатыстара сурулла сылдьар. Ол эрээри РФ бырабыыталыстыбата, чуолаан, Үөрэх министириэстибэтэ, субъектар судаарыстыбаннай тылларын үөрэтиини ФГОСунан хааччыйбатах.

Ол түмүгэр туох буолла?

Сокуон барылын оҥорооччулар тыыны олох атын өттүгэр эрдэн бардылар, иҥнэрэн кэбистилэр. Кинилэр төрөөбүт тыллары булгуччулаах чаастан ылан, факультатив чааһыгар көһөрөөрү гыналлар. Биһиги бүрүкүрээттии сыһыаммытыгар уонна чунуобунньуктар аһара “кыһалланнар” – ити төрөөбүт тыллары үөрэтиини сотору кэминэн тохтотууга тиэрдиэҕэ.

Биһиги оннугу ааспыппыт. Оттон Арассыыйа улуу буоларыгар ол наадата суох. Арассыыйа тугунан улуунуй? Кини норуоттара уонна норуоттар култуураларын, тылларын арааһынан, элбэҕинэн улуу уонна баай.

 

Иккис ааҕыыга сокуон барылыгар олох улахан көннөрүүлэри киллэрэр наада. Үөрэх бырагыраамаларыгар субъектар төрөөбүт тылларын үөрэтии булгуччулаах чааска киириэхтээх. Нуучча тыла уопсай судаарыстыбаннай тыл быһыытынан приоритета булгуччу хаалар. Ону таһынан ханнык даҕаны күһэйии суох буолуохтаах.

Биһиги саныырбытынан, өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларын үөрэтии өрөспүүбүлүкэ сокуонунан быһаарыллыахтаах. Оттон ФГОС судаарыстыбаннай тыллары үөрэтэр чаастар “үөһээ” кээмэйдэрин быһаарыахтаах. Холобур, үс чаас”.

Аккаас туһунан сайаапка

“Баҕа өттүнэн үөрэтии туһунан этэр буоллахха, манна сөбүлэһэр сайаапка биэрэн буолбакка, “судаарыстыбаннай тылы үөрэтиэхпитин баҕарбаппыт” диэн аккаас ылар ордук. Бу тутан турар сокуон барылын иһин мин куоластыыр кыаҕым суох. Иккис ааҕыыга балаһыанньа тосту уларыйыа диэн эрэнэбин”, – диэн этиитин түмүктээтэ.

Бииргэ

Судаарыстыбыннай Дуума дьокутаатын кытта уопсастыбаннас үлэтин түмүгэ итинник буолла. Сөдүөт Тумууһап кылгастык уонна чуолкайдык Ил Түмэн дьокутаата И.Шамаев уонна уопсастыбаннас киллэрбит этиилэрин Госдуума улахан түрүбүүнэтиттэн эттэ.

Сокуон барылын дьүүллэһиигэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэрт хорутуулаахтык кытынна. Баартыйаттан да, туохтан да тутулуга суох – сокуон сатала суоҕар болҕомтону тардан туран, этиилэр киирдилэр. Уопсастыбаннас күүскэ утарар санаатын биллэрбитэ саамай улахан төһүү буолла. Салгыы иккис ааҕыыга сокуон барылыгар көннөрүүлэр, уларыйыылар, эбиилэр киириэхтэрэ турдаҕа... Онно эмиэ хайаан да кыттыах тустаахпыт. “Биһигинэ суох – хайдах?” – диэн туран, биир сомоҕо буолан.

Нина ГЕРАСИМОВА.