“Кыым” от ыйын 6 к. нүөмэригэр “Биэс баартыйа илин былдьаһар быыбара” диэн ыстатыйаҕа Ил Түмэҥҥэ биир мандааттаах уокуруктартан турбут Ил Түмэҥҥэ хандьыдааттары көрбүппүт. Бүгүн Ил Түмэҥҥэ баартыйалар дьокутаакка хандьыдааттарын испииһэктэринэн кэпсэтиэҕиҥ.
Баартыйаларынан испииһэк мандааттарын иһин, биэс буолбакка, эбиллэн, алта баартыйа киирсэр буолбут.
Инники бухатыырдар кимнээхтэрий?
Ил Түмэн дьокутаатын мандаатын сыаната, чахчы, хаһааҥҥытааҕар да күндүтүйбүт. Санаттахха, Ил Түмэн аҥаара биир мандааттаах уокуруктартан талыллар, оттон баартыйалартан эбии 35 киһи талыллан, 70 киһи парламеҥҥа киириэхтээх. Биир мандааттаах 35 уокурукка баартыйалар барыта 153 киһини туруорбуттара. Биир мандаат иһин, хабаатыннардахха, 4-түү киһи күрэстэһэр.
Баартыйалар испииһэктэ-ринэн өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтин чыпчаалын чаҕылыгар “күлүмнүүр” туһугар, өссө “оонньонор” 35 мандааты былдьаһыыга 6 баартыйа 407 киһитин анньыбыт. Чахчы, кытаанах хадьыктаһыы тахсыыһы дии санаабаккыт дуо?
х х х
Аны испииһэктэри салайар бас-көс дьонноро элбэҕэ, ааттара-суоллара дорҕооннооҕо салыннарыылаах. “Биир ньыгыл Арассыыйа” испииһэгин Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтинэн соҕотоҕун баһылаан, дьонун кыайыыга тиэрдиэхтээх. Өссө икки баартыйа былаахтарынан Госдума дьокутааттара: “Сиэрдээхтэргэ” Федот Тумусов уонна “Саҥа дьоннорго” Сардаана Авксентьева буоллулар. Хомуньуустар Госдумаҕа дьокутааттарын Пётр Аммосов аата тоҕо эрэ испииһэктэригэр суох. Ити аата тугуй? Госдума быыбарыгар ылбыт кыайыыларын бигэргэтэн, бу быыбарга өссө тупсарар санаалара суох дуу? Эбэтэр Виктор Губарев уонна Пётр Аммосов икки ардыларыгар баар өйдөспөт быһыы оннук дириҥээн, баартыйа аптарытыатын туһугар атаакаҕа кэккэлэһэ киирэргэ биир тылы булбатах муҥнара буоллаҕа дуу?
ЛДПР-га испииһэгин эмиэ Госдума дьокутаата, Жириновскай кэннэ федеральнай ЛДПР-ы салайааччынан анаммыт Л.Э. Слуцкай турбут. Иккиһинэн, баартыйа маннааҕы салаатын тойоно Г.Парахин сылдьар. Слуцкай эрэгийиэннэргэ улаханнык биллибэт-көстүбэт, ол иһин кинини бэйэтин уонна баартыйатын аптарытыатын эптэрэ, ааттарын-суолларын биллэрэ таһаарар буолбуттара буолуо. Бу быыбары кэлэр РФ Бэрэсидьиэнин уонна Госдума быыбарыгар тирэх оҥостоллоро чахчы. Үгэһи салҕаан, 2024 с. бэрэсидьиэн быыбарыгар Жириновскай оннугар Слуцкай эмиэ туруон сөп. Оттон Слуцкай аата маннааҕы ЛДПР-га элбэх % эбиэ диир саарбахтаах.
Кырдьыгынан эттэххэ, атын баартыйаларга Мироновтаах Зюганов да ааттара бааллара буоллар, “сиэрдээхтэргэ”, хомуньуустарга % эбиэ биллибэт этэ. Тоҕо диэтэххэ, биһиги дьоммут “кэмпиэт суутугар суруллубут аакка атыыламматтар”, Ил Түмэҥҥэ, чахчы, норуот туһугар үлэлиэхтэрэ диэбит дьокутааттарын талар баҕалаахтар.
Баартыйалар испииһэктэрэ
1. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа испииһэгинэн 35 уокурукка 118 хандьыдааты туруорбут. Баартыйа быыбардааччылар атын баартыйаҕа буолбакка, куоластарын биһиэхэ биэрдиннэр диэн, ох курдук оҥостуммуттар. Испииһэккэ норуокка биллэр, үлэлэринэн-хамнастарынан бэйэлэрин көрдөрбүт дьон чахчы элбэх. Онон баһылыыр баартыйа хандьыдааттарын үгүстэрэ “аптарытыаппытынан талыллыахпыт” диэн улахан эрэллээхтэрэ чуолкай. Уонна, биллэн турар, ханна да барбатаҕа сэрэйиллэр “адмресурс” үгүөрү көмө оҥоруо буоллаҕа. Сорох дьон “ньыгыллары” кириитикэлээн аҕай биэрэллэр да, хайа да быыбарга кыттар федеральнай баартыйалар, аһаҕас хам баттааһын суоҕун үрдүнэн, хаһан да кинилэри сыҕарытар үрдүк % ылбаттар. Ол аата, норуот былаас баартыйатын уларытыан баҕарбат диэххэ сөп. Кыра баартыйалар да элбэх дьокутааттанан “ньыгыллары” туоратан, норуот туһугар улахан эппиэтинэһи ыла, үлэлэрин элбэтэргэ дьулуһа да сатаабат курдуктар. Билиҥҥи аҕыйах дьокутааттанар, ол дьон 5 сыл хамнастанар, “инкубаторга” иитиллэр усулуобуйаларыттан арахсыахтарын баҕарбаттара көстөр.
2. “Сиэрдээхтэр” быйыл баартыйаларыттан 35 уокурукка тилэри 83 киһини испииһэктээн Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа киллэрбиттэриттэн 3 киһи сыыйыллан, 80 киһилэрэ регистрацияны ааспыт. Урут бачча элбэх киһини туруорбаттара. Госдума быыбарыгар “сиэрдээхтэр” “биир ньыгыллары” туоратыахтаахпыт, кыайыахтаахпыт диэн тыллаахтар да, сырыы аайы сап саҕаттан салҕанан, Дуумаҕа ааһар % нэһиилэ ылаллар. Онон норуот кинилэри былаас баартыйатын сүрүн оппоненнара, кыайдахтарына, олоҕу тупсарыахтара диэн итэҕэйбэт буолан иһэр курдук. Бу сырыыга кинилэр ылар % эмиэ салгыы аҕыйаан биэрдэҕинэ, бэрэспэктиибэлэрэ хаахтыйар.
3. Хомуньуустар баартыйалара 35 уокурукка эмиэ элбэх 65 хандьыдааты киллэрбиттэр. Үгүс киһи КПРФ-ка урукку ССРС, ССКП санаан “ностальгиялаан” куоластыыр. Кэлин бассаапка, сорох дьон, билиҥҥи КПРФ уруккулуу дьиҥнээх хомуньуустар буолбатахтар, бу олох атын, хапыталыыс буолбут, баартыйаны “приватизациялаан” туһанан олорор хомуньуустар диэн суруйан эрэллэр. КПРФ Саха сиригэр ааспыт Госдума быыбарыгар төһө да үрдүк % ылан “ньыгыллары” хоттор, баһылыыр баартыйа буоларга дьулуспат диэххэ сөп. Онтон атын дьону “Ленин-Сталин туһугар биһигини батыһыҥ” диэн ыҥырыы таһааран, кыһыл былаахтаах “парааттаан барбыттара” ыраатыа эбитэ буолуо. Бу да сырыыга кинилэр уруккуларын курдук 10% иһинэн-таһынан ыларга суоттаналлара чахчы. Улахаҥҥа сананар баартыйа хамсаныыта атын буолуохтаах этэ.
КПРФ испииһэгэр киһини олох соһутар икки хандьытаат киирбит. Урут судаарыстыбаннай “Сахамедиа” гендириэктэринэн үлэлээбит А.С. Чертков уонна суут бөҕөнү ааһан, хоруупсуйаҕа хабарҕатыгар диэри буруйданан баран, буруй сүктэрэр бириэмэтэ ааспыт диэн босхоломмут урукку “Нижнеленскэй” салайааччыта В.Р. Кычкин турбуттар. Чертков тоҕо “ньыгыллары” утары барда? Аны кини уурайан барарыгар “Москубаттан кэлбит хомондьуруопкам бүтэн төннөбүн” диэн суруйбуттааҕа. Оттон Кычкин хомуньуустартан билиҥҥи тутулга претензиятын этээри, бэйэтин аатын ырааһырдаары турдаҕа буолуо.
4. “Саҥа дьон” баартыйаларын чилиэннэрэ аҕыйахтар дииллэр да, ыҥырыа мүөккэ көтөрүнүү, элбэх киһи сонургуур. Урукку баартыйалартан туох эрэ уратылаахтара буолуо диэн интэриэһиргиир. Кинилэргэ Ил Түмэҥҥэ наар сылдьар баартыйалары сөбүлээбэт, эбэтэр ылбат дьонноро да буолуо, балачча кэлбиттэр. Онон 35 уокурукка барытыгар 64 киһини баартыйаларын испииһэгэр киллэрбиттэр.
5. ЛДПР эмиэ хаһааҥ-ҥытааҕар да элбэх, 53 киһини туруорбут. Кинилэр урут бырамыысыланнай оройуоннартан уонна Дьокуускайтан “отонноһон” биир дьокутааттанан сөп буолар этилэр. Быйыл бууттарын этэ буһан, атын баартыйалары кытта боотурҕаһар буолан турбуттар. Тыа улуустарыгар тахсарга быһаарыммыттар, хандьытааттар ортолоругар син элбэх саха дьонун аата көстөр. Арай Бүлүүгэ, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүү–Горнай диэки, Бороҕоҥҥо дьон булбатахтар дуу – хандьыдаат туруорбатахтар.
6. Сырыы аайы киирсэр да, дьокутааттаммыта биллибэт, сорох улахан быыбардарга спойлердары туруортуу сылдьыбытынан ордук биллэр “Родина” баартыйа көҕөн көттөҕүнэ, көппөх өрүкүйэр дииллэринии, эмиэ үлэ бөҕөнү ыыппыт. 24 уокурукка 27 киһини туруорбута регистрацияны ааспыт. Бу сырыыга кинилэр ирдэнэр бырыһыаны ааһан, Ил Түмэҥҥэ фракция тэринэр баартыйа буолуохтара диэн ким эмэ итэҕэйэрэ дуу? “Родиналар” дьиктитэ диэн, биир мандааттаах уокуруктарга биир да хандьыдааты туруорбатахтар.
“Ньыгылларга” сүр баттатыы?
Дьэ, бары көрдүгүт, алта баартыйа быыбар охсуһуутугар ох курдук оҥостубут. Ол эрээри, киһи сөҕүөх, эбэтэр дьиктиргиэх (ким эрэ кэлэйбитэ да буолуо) баартыйалар бары тылларын тамаҕыттан иһиттэххэ, Ил Түмэҥҥэ баһылыыр буолбакка, баара-суоҕа “ньыгыллар” кэннилэриттэн иккис баартыйа буолар “сырдык ыралаахтар”. Инники быыбардарга иккис миэстэни “сиэрдээхтэр” уонна хомуньуустар уларсык таары үллэстэн кэлбиттэрэ.
Быйылгы быыбар эмиэ “ынаҕы тарбаабыт” курдук ааһыаҕын “саҥа дьон” Саха сирин кыра баартыйаларыгар: “Эһиэхэ Ил Түмэн иккис баартыйата буолабыт диэн дорҕоонноох дорообо, эйэҕэс эҕэрдэ тиэрдэбит” диэн, уйаларыгар ууну киллэрдилэр быһыылаах. Сардаана Владимировна Юлий Цезарь “кэллим, көрдүм, хоттум” диэбитин курдук, бэрт судургутук баартыйатын Ил Түмэҥҥэ аһарыа дуо? Кини “Саҥа дьон” баартыйа Госдумаҕа киирэригэр өҥөтө кырата суох. Киин тэлэбиидэнньэ дебаттарыгар кыттара, элбэх эрэгийиэни кэрийэрэ араас СМИгэ тахсара. Онно туттубут таактыкатын Ил Түмэн быыбарыгар хатылаан эрэр курдук. Улуустарга быыбардааччылары кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр, кыһалҕаларын федеральнай таһымҥа таһаарар, баартыйатын аҕытаассыйалыыр.
“Саҥа дьон”, атын кыра баартыйалар бары куолаан, “биир ньыгыллар” куоластарын быһа анньан ылан, Ил Түмэҥҥэ өрөбөлүүссүйэ оҥоруохпут, кыайыахпыт” диэбэттэр. Итинтэн сиэттэрэн, Авксентьева баартыйата “сиэрдээхтэри” уонна “хомуньуустары” хампарытан иккис буоларга суоттанар дуу диэххэ сөп. ЛДПР-ы, “Родинаны” “ньуул” курдук көрөн, ахсааҥҥа да ылбатах буолуохтаахтар. Итиччэтигэр атын баартыйалар айахтарын атан, таах баллаһан олорон биэрбэттэрэ чахчы.
Арай кинилэр “сиэрдээхтэр” уонна хомуньуустар куоластарын быһа тутан ыллахтарына, итилэртэн хайалара эрэ, иккиэн дуу, Ил Түмэҥҥэ киирбэккэ, саакка-суукка тэбиллиэхтэрин сөп.
Федот Тумусов кырдьаҕас бэлиитик, “саҥа дьон” тэтимнэрин аһара түһүөн баҕарара көстөр. Ол эрээри “сиэрдээхтэр” Ил Дархаҥҥа хандьыдаат туруорбакка, Госдуума дьокутаата Михаил Делягины аҕалан, 17-с кыбартаал кыһалҕатынан, мобилизацияламмыттар боппуруостарынан “бэлиитикэлии” оонньоон, о.д.а. атын сыыһа-халты туттунуулары таһааран, номнуо хотторуулаах иһэр курдуктар.
“Үөһээ Бүлүү оонньуулара”
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү баһылыга В.С. Поскачин Ил Түмэн быыбарыгар биир мандааттаах Горнай–Үөһээ Бүлүү дьокутаакка хандьыдаатынан бэйэтэ туран, хаачыстыбалаах илии баттааһыны хомуйан регистрацияланна.
Кырдьык, үгүс дьону кини “Биир ньыгыл Арассыыйаттан” ааны хайа быраҕан тахсыбыт сонуна ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдук улаханнык соһуппута, өссө өйдөммөтөҕө даҕаны. Кини баартыйа биир аптарытыаттаах лиидэрэ, бэлитсэбиэт чилиэнэ, Үөһээ Бүлүүгэ баартыйа отделениетын салайааччыта этэ ээ.
Баартыйаттан тахсаат, В.С. Поскачин, дьиҥинэн, Ил Дархан дуоһунаһыгар тураары гыммытын хайа да баартыйа туруорбатах. “Сиэрдээхтэри” эрэммит курдук да, Тумусовы кытта кэпсэппэтэх. Хаалбыт бириэмэтэ да кылгаһа бэрдиттэн Ил Түмэҥҥэ туран регистрацияламмыт.
Онон быйылгы Ил Түмэн быыбарыгар Горнай–Үөһээ Бүлүү уокуругар саамай улахан, олоҥхо бухатыырдарын охсуһууларын санатар киирсии буолара сабаҕаланар. Поскачин өрөспүүбүлүкэҕэ дьонун-сэргэтин ортотугар улахан ытыктабылынан туһанар, аптарытыаттаах Феодосия Габышеваны кыайдаҕына эрэ, дьокутаат буолар кыахтаах. Ф.В. Габышева праймеризка В.Поскачин туруорбут киһитин – С.Борбуевы – хоппут. Владимир Семёнович бэйэтинэн анньа сатаабыт киһитин Үөһээ Бүлүү “ньыгыллара” талбатахтарыгар өһүргэммит буолуон эмиэ сөп. Онон праймериз киирсиитэ аны Ил Түмэн быыбарыгар салҕанар буолла. Кини Габышеваны хайдах хотуон сөбүй диэн эридьиэстээтэххэ, дьылҕата үөһээ бүлүүлэрин илиилэрин иһигэр сылдьара көстөр. Поскачин Үөһээ Бүлүү улууһун 2007 с. салайар. Өр үлэлээбит дьонтон сылайыы баар буолааччы. Онон “биһигиттэн барара ордук” диэтэхтэринэ, биир дойдулаахтара элбэх куолаһы биэрэн “бакааластахтарына”, кыайыан сөп. Оттон “баһылыкпытын ыыппаппыт, болдьоҕун толору олордун” диэтэхтэринэ, Габышева хотон тахсар күрүчүөктээх.
“Биир ньыгыллар” өрөспүүбүлүкэ интэриэһин федеральнай кииҥҥэ туруорсарга, көмүскүүргэ Ф.В. Габышева эмиэ А.Н. Жирков курдук киин сиргэ аптарытыаттаах, ылыннарыылаах тыллаах, элбэх билэр дьонноох, улахан уопуттаах диэн туруордахтара. Онон былаас ресурсата Поскачины утарыан эмиэ сөп.
Арай горнайдар биир мандааттаахха бэйэлэрэ хандьыдаат эрдэ туруорбуттара буоллар, икки дьокутааттанан хаалыахтара хааллаҕа. Баһылыыр баартыйа испииһэгинэн Алквиад Тарасов диэн улуус Мунньаҕын салайааччыта, киэҥ билиилээх, сытыы-хотуу, саҥаран баран кэлээр диэбит киһи турбута дьокутаатынан талыллара чахчы.
Хандьыдааттары регистрациялааһын салҕанар
Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын от ыйын 22 к. мунньаҕа “Биир ньыгыл Арассыыйа” уонна “Саҥа дьон” баартыйалар испииһэктэрин докумуоннара ситэтэ суоҕунан кэлин көрүллүөхтэрэ диэн быһаарыы таһаарбытын соһуйа көрдүм. Бу олорон санаатахха, урут “ньыгыллартан” атын баартыйалар хандьыдааттарын баайсан, олуйсан соруйан регистрациялаабаттар диэн айдаан, быыбар хара ааныттан буолара. Е.Н. Федоров ананыаҕыттан быыбар сокуонун аһаҕастык кэһии, балыыр, кими эрэ күөмчүлээһин туһунан айдаан тахсыбакка кэллэ. Ким эрэ Обедин “Дьыалатын баартыйатын” ыйытыан сөп. Былаас туораппакка, киниэхэ хандьыдааттар кэлбэккэ, илии баттааһыны хомуйар дьон тиийбэккэ олорорун соцситимнэргэ суруйар. Онон туох да диэбит иһин, А.С. Николаев кэмигэр быыбар сокуонун кэһии кытаанахтык хонтуруолланар диир сыыһа буолбата чахчы.
* * *
Бүгүн бүтүөххэ, аныгыскыга салгыаҕым. 600-чэ киһи киирсэр быыбарын сонуна элбэх бөҕө буоллаҕа.
Владимир Степанов.