Киир

Киир

Инвестициялаах сайдыы уонна урбаан миниистирэ Антон Сафронов астаапкаҕа барда. Бу туһунан кини Фейсбукка баар сирэйигэр суруйбут.

“Күндү доҕоттор!

Мин бэҕэһээ баҕа өттүбүнэн астаапкаҕа барар быһаарыныыны ылынным. Миигин өйүүр дьон элбэхтэр. Онон кинилэргэ туһаайан тоҕо уурайарбын быһаарыахпын баҕарабын.

Мин миниистир дуоһунаһыгар кытаанах күрэҕи ааһан киирбитим. Бу эппиэтинэстээх үлэҕэ төрөөбүт дойдум экэниэмикэтигэр инвестицияны тардаары, олохтоох бэйэ бородууксуйатын көтөҕөөрү киирбитим. Хамаандабын кытары бу кыра кэм иһигэр сүҥкэн үлэни оҥордубут дии саныыбын. Балтараа сыллаах таһаарыылаах үлэбит түмүгүн бары истэ-билэ, көрө сылдьаҕыт. Саамай улахан түмүктэрбитин мин Фейсбукка уонна Инстаграмҥа отчуоттаан иһэбин.
Бэс ыйын саҕаланыыта Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорорго Айсен Николаев киирбитэ. Кини биһиги министиэристибэбитин уларытан, инвестиция бэлиитикэтин экэниэмикэ министиэристибэтигэр туттарбыта. Мин эрэгийиэн салайааччытын ханнык баҕарар быһаарыныытын убаастыыбын. Кини быһаарыныыта эрэгийиэн сайдыытыгар туһуланара саарбаҕа суох.
Ол гынан баран, билиҥҥэ диэри норуот талан ылбыт баһылыга Егор Афанасьевич олохтоох бородууксуйаны сайыннарыыга туһуламмыт, саҕалаабыт үлэтэ билигин хайдах салаллыаҕа чуолкайдаммакка турар. Биһиги олохтоох бородууксуйаны өйүүр Пуонданы тэрийэн, сыл бастакы аҥаарыгар үлэлэтээри былааннаабыппыт. Ити Пуондаҕа биһиги урбаанньыттарбыт, оҥорон таһаарааччыларбыт, гражданнар улаханнык эрэммиттэрэ. Ити саҕалааһыммыт салгыы олоххо киириэ диэн эрэнэбин.
Бу сыл ыам ыйын 29 күнүгэр  Айсен Николаев хамаандатыгар үлэлиир баҕалаахпын биллэрбитим. Ол кэмҥэ урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин атын салайааччыга туттараллар диэн сурахтар бааллара. Ол иһигэр Ил Түмэн дьокутаата Владимир Федоров салайыа диэн сылыктаабыттара. Айсен Николаев саҥа дуоһунаһыгар үктэнэн баран, уларытыллыбыт министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытары көрсөн кэпсэтиэм диэн бастакы интервьютугар эппитэ. Кини  СТРУЧКОВУ, БАЛАБКИНАНЫ вице-премьеринэн аныырыгар, ДАНИЛОВАНЫ экэниэмикэ миниистиринэн, АТЛАСОВЫ тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн аныырыгар көрсөн кэпсэппитин билэбит. Онуоха итинник көрсүһүү миигин ууратарыгар кытары буолуо диэн испэр эрэнэ санаабытым. Көрсүһүү буоларыгар бэйэм эмиэ бааһа сатаабытым да, күн бүгүҥҥэ диэри буолбата.
Былаас уларыйыахтаах. Ити солбуллубат сокуон. История кэрэһилииринэн, ханнык баҕарар сайдыы салалта уларыйдаҕына тахсар. Бырабыыталыстыба састаабыгар ити уларыйыыларга киирсэн үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Мин Егор Афанасьевичка маннык баай уопуту биэрбитигэр, итэҕэйбитигэр өссө төгүл махталбын биллэриэхпин баҕарабын.
Балтараа сыл үлэлээн баран, мин өссө төгүл Саха сирин баайа сиртэн хостонор баай буолбакка, норуот буоларын итэҕэйдим. Саха сирин олохтоохторо хотугулуу кытаанах майгыбытын көрдөрөн, ханнык да үлэттэн чаҕыйбакка, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыыр уратылаахпыт. Мин IT- технологияларга ылсан үлэлиир MyTona уонна InDriver хампаанньаларынан, аан дойдуга аатырар спортсменнарынан, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар бэриниилээхтик үлэлиир исписэлиистэринэн чахчы киэн туттабын.
Хайа да түгэҥҥэ, Сахам сирин сайдыытын туһугар үлэлиэм. Чааһынай инвестордары тардарга, саҥа тэрилтэлэри тэрийэргэ, үлэ миэстэтин таһаарарга үлэлиир былааннаахпын. Саха ыччата дойду, аан дойду бөдөҥ үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэнэн, төрөөбүт дойдуларыгар туһалаах дьон буолалларыгар кылааппын киллэриэхпин баҕарабын. Саха сиригэр үлэлиир бөдөҥ бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ социальнай эппиэтинэстээх буолалларын ситиһии – мин инники үлэм биир улахан хайысхатынан буолуоҕа.
Ис сүрэхпиттэн биһиги гражданнарбыт доруобай, баай, дьоллоох буолалларын ситиһиэхпин баҕарабын. Бу сыалы ситиһэрбэр ким даҕаны, туох даҕаны миигин тохтотуо суоҕа.

Антон Софронов.”

Санааҕын суруй