Бу туһунан ыйаахха от ыйын 19 күнүгэр Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу Айсен Николаев илии баттаата.
Тырааныспар миниистирин дуоһунаһыгар киириэн иннинэ Александр Тарасов “Полярные авиалинии” авиа-хампаанньа генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Кини 1956 с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр Верхоянскайга төрөөбүтэ. 1986 с. СГУну, 2003 с. Гражданскай авиация судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ (уруккута ОЛАГА).
1974-1977 сс. — Троицкай АТУГА курсаана;
1977-1983 сс. — авиамеханик, Саха сиринээҕи АТБ авиа-этэрээтин инженерэ;
1983-1985 сс. — инструктор, Саха сиригэр ОПВР ГА управлениетын старшай инструктора;
1985-1987 сс. — МОАО 288 сайыҥҥы этэрээтин замполита;
1987-1990 сс. —Нерюнгрига ОАО замполита;
1990-1993 сс. —ВЦ «Якутавиа» генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта;
1993-1993 сс. —ВОИР Якутзолото отделын начаалынньыга;
1993-1994 сс. — «Сахаклиматехника» генеральнай дириэктэри солбуйааччыта;
1994-1995 сс. —ЧИП «Лиман» инженерэ;
1995-1996 сс. — инженер, начальник, СОП АК «Сир Аэро» ген. дириэктэри 1 солбуйааччы;
1996-1997 сс. — НАК «Саха авиа» тарыып уонна атыы-эргиэн салаатын начаалынньыга;
1997-1998 сс. — «Сир Аэро» ген. дириэктэрин солбуйааччыта;
1998-1999 сс. —ООП АК «Сахаавиалинии» начаалынньыга;
1999-2000 сс. —АК «Якутские авиалинии» дириэктэрэ;
2000-2002 сс. — ЗАО АТА «Якутск» ген. дириэктэрэ;
2002-2008 сс. — ОАО АК «Якутия» маркетинг дириэктэрэ;
2008–2010 сс. — Информатизация уонна сибээс тырааныспарын миниистирин 1 солбуйааччыта, Салгын тырааныспарын департаменын дириэктэрэ.
2010 сыл от ыйын 6 күнүгэр Саха сиригэр Информатизация уонна сибээс тырааныспарын миниистирин 1 солбуйааччыта, 2011 сыл ыам ыйын 19 күнүттэн -- Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин 1 солбуйааччыта.