Киир

Киир

Ааспыт пленарнай мунньахха Ил Түмэн дьокутааттара “Об охране окружающей среды” федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии барылын ылыннылар. Сокуон дойду арктическай зонатыгар тулалыыр эйгэҕэ мунньуллар бөҕү-сыыһы ыраастаан суох оҥорорго туһуламмыт. Бу сокуон барыла салгыы Госдума көрүүтүгэр киллэриллиэҕэ.

Сокуон барыла тулалыыр эйгэҕэ мунньуллубут бөх-сыыс эбийиэктэрин, хоромньуну сыаналыырга эбии көрдөрүүлэри киллэрэр. Арктиканы баһылыахтарыттан ыла, кырата суох бырамыысыланнай уонна тутуу бөҕө мунньуллубут (тутуу тобохторо, сууллубут сөмөлүөттэр, буочукалар, цистернэлэр, байыаннай тиэхиньикэ уо.д.а.).

РФ Бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэргэ экология хоромньутун суох оҥорорго федеральнай бүддьүөттэн субсидияны көрөр быраабыланы бигэргэтэн турар. Ол быраабылаҕа ураты харыстанар сир аттыгар элбэх нэһилиэнньэ олорор буолуохтаах диэн. Инньэ гынан, Саха сирин хотугу өттүгэр дьон ахсаана аҕыйах буолан, хапсыбакка хаалар кутталлаахпыт. Саха сирин дьокутааттара ылыммыт уларытыылара өрөспүүбүлүкэ киинтэн үбүлэнэригэр, Арктика сирин харыстыырга улахан кыаҕы биэриэҕэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар