2024 сылга диэри дойдубут сайдыытын тосхолун быһаарар саҥа “ыам ыйынааҕы ыйааҕы” дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин таһаарда. Урукку “ыам ыйынааҕы ыйаах” 2012 сыллаахха тахсыбыта.
Докумуон «О национальных целях и стратегических задачах развития Российской Федерации на период до 2024 года» диэн ааттаах. Манна дойду баһылыга бырабыыталыстыбаҕа маннык соруктары ситиһэллэригэр туруорда:
-
Арассыыйа нэһилиэнньэтин ахсаана бигэтик үрдүү турарын ситиһии;
-
Дьон олоҕун 78 саастарыгар диэри уһатарга дьулуһуу (2030 сылга – 80 сааска диэри);
-
Гражданнар дохуоттарын дьиҥ-чахчы улаатарын ситиһии, биэнсийэнэн хааччыйыыны инфляция таһымыттан үрдэтии;
-
Дьадайыыны икки төгүл кыччатыы;
-
Сыл ахсын 5 мөл. дьиэ кэргэн олорор дьиэтин усулуобуйаларын тупсарыы;
-
Дойду технологическай сайдыытын түргэтэтии, маны таһынан технологическай инновацияны киллэрэр тэрилтэлэри 50 % улаатыннарыы;
-
Экэниэмикэҕэ уонна социальнай эйгэҕэ сыыппара технологиятын киллэриини түргэтэтии;
-
Арассыыйа аан дойду биэс улахан экэниэмикэтигэр киирсэрин ситиһии, аан дойду таһымыттан дойду экэнэмиичэскэй сайдыытын макроэкэнэмиичэскэй уйуктаах буолуутун (4 % улаатыннарбакка эрэ) тутан туран тэтимирдии.
-
Экэниэмикэ сүрүн хайысхаларыгар экспорга туһуламмыт оҥорон таһаарыыны тэрийии. Маныаха аныгы технологиялар баһылыыр оруолу ылыахтаахтар, оттон ону хааччыйарга үрдүк таһымнаах каадырдарынан хааччыйыы;
-
Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо төрөөһүнүгэр үбүнэн көмөлөһүү механизмын киллэрии;
-
Ааспыт сыллааҕар мэдиссиинэ өҥөтүгэр экспортааһын 4 төгүл улаатарын ситиһии;
-
Дойду үөрэхтээһинэ аан дойду таһымыгар күрэстэһэр кыаҕын ситиһии, үөрэх хаачыстыбата аан дойдуга 10 бастыҥнар кэккэлэригэр киирэрин ситиһии;
-
Олорор дьиэ тутуутун үбүлээһинин механизмнарын тупсаран биэрии, тутуу салаатын модернизациялааһын, тутар хампаанньа административнай ноҕуруускатын аччатыы;
-
Бөдөҥ бырамыысыланнастаах кииннэргэ салгын киртийиитин кыччатыы, иһэр уу хаачыстыбатын тупсарыы;
-
Сырьену оҥоруунан дьарыктаммат орто уонна бөдөҥ тэрилтэлэргэ үлэ күүһүн, кыамтатын сылга 5 % кырата суох буоларын курдук үрдэтии.
-
Чинчийэр үлэлэри ыытар уонна саҥаны айан таһаарар инники күөҥҥэ сылдьар тэрилтэлэр тэриллэрин 50 %-тан итэҕэһэ суох саҥардарга;
-
Урбаанынан дьарыктанааччылар усулуобуйаларын тупсарыы, экспорга үлэлэһэр аччыгый уонна орто урбаан субъектарын өйөөһүн.
-
Норуоттар икки ардыларынааҕы атыыга-тутууга административнай процедураны уонна харгыстары аччатыы.
Санатар буоллахха, бэҕэһээ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин официальнайдык солотугар киирдэ, ол кэннэ бырабыыталыстыба астаапкаҕа барда. Бэрэсидьиэн Дмитрий Медведев кандидатуратын премьер-миниистир дуоһунаһыгар киллэрдэ. Бүгүн Госдума бу дуоһунаһы бигэргэтиэхтээх.