Информация эйгэтигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастаан иһэр дииллэр. Оччотугар сахалыы үөрэнэргэ, саха тылын үөрэтэргэ төһө элбэх бырайыак баарый? Сахалыы онлайн-оскуола тэриллиэн сөп дуо? Бу күннэргэ эрэдээксийэҕэ Нинель Анатольевна Александрова диэн учуутал киирэн таҕыста. Кини 15 сыл нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээн баран, билигин сахалыы бастакы онлайн-оскуоланы тэрийэн эрэр эбит. Онон эрчимнээх эдэр Нинель Анатольевнаны истиэххэ.
– Арассыыйатааҕы “Интэриниэт-уруок” диэн үөрэтэр платформа баар. Биһиги оскуолабыт ол чэрчитинэн үлэлиир, онон кинилэр лиссиэнсийэлээх бырагыраамаларын, уруоктарын туһанабыт. Онно саха тыла уонна литэрэтиирэтэ, саха култуурата диэн уруоктары киллэрэн биэриэхпит. “Ситим” диэн сахалыы бастакы онлайн-оскуола буолуоҕа. Кэнэҕэс, бэйэбит контеммытын уган, саха педагогическай уопутун оцифровкалаан, бу “Интэриниэт-уруок” платформатыттан тахсан, бэйэбит лиссиэнсийэлэниэхпит. Билиҥҥи кэрдиискэ манна сылдьарбыт сөп. Оскуолабыт 1–11 кылааска диэри федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаардынан үлэлиир.
Бэйэм идэм “нуучча тылын национальнай оскуолаҕа үөрэтии” диэн. Дьокуускай к. 2-с №-дээх оскуолатыгар үлэлээбитим. 2012 с. эдэр учууталлар Соҕуруу Кэриэйэҕэ, Сеулга, стажировкаҕа бара сылдьыбыппыт. Бүлүүттэн, ЯГНГ-тан учууталлар бааллара. Үөрэх систиэмэтин билсибиппит, оскуолаларга, аһаҕас уруоктарга сылдьыбыппыт, учууталлары кытта кэпсэппиппит. Онно аан бастаан SMART-үөрэхтээһин уонна I-learning (көмпүүтэринэн) үөрэтии диэн тиэрминнэри истэн эрэ буолбакка, үлэлэригэр толору туһана сылдьалларын көрбүппүт. Оччолорго элэктэриэн ньымалар биһиги үөрэхпит тиһигэр саҥа киирэн эрэр буоллахтарына, кинилэргэ араас сыһыарыы, бырагыраама хото туттуллар буолбута ырааппыт этэ. Холобур, география уруогар google maps диэн сыһыарыыны холкутук туһаналлара.
Өй-санаа уларыйыыта
“Тугу эрэ уларытарга бастаан өй-санаа уларыйыан наада” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ити сырыы кэнниттэн Нинель Анатольевна үлэтигэр сыһыана уларыйбытын кэпсиир. Кини: “Учуутал күннээҕи үлэтигэр, оҕолорунан чинчийии ыыттарарга, информационнай АйТи-бырайыактары оҥорууга ылсар, элэктэриэн ньымалары туттар буолан барбытым. Оҕолору кытта ОГЭ-ҕа бэлэмнэнэргэ анаан сыһыарыы оҥорбуппут. Оҕолор саҥа технологияларга түргэнник үөрэнэллэрин, интэриэстэрэ уһуктарын, үөрэх быдан өйдөнүмтүө буоларын көрбүтүм”, – диир. Итинтэн ыла, информатиканы үөрэтэн, мета-биридимиэт бырайыактарыгар ылсыбыт, бэл, кылааһын оҕолорун кытта “Эко-квест” оонньуу оҥорон өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыттар. Киинэ оҥорор, оҕолоро ону таҥан, куонкуруска бэлэмниир, элэктэриэн хаһыаты, сурунаалы таһаарар эбиттэр. “Олус умсугуйан дьарыктаналлара, мин кинилэргэ ис хоһоонугар, матырыйаалын буларга эрэ сүбэлиирим. Онон бу эйгэҕэ итинник киирэн хаалбытым”, – диир учуутал. Онон оҕолор киниэхэ үөрэнээччи эрэ буолбакка, тэҥҥэ үлэлэһэр дьоно буолбуттар.
Саайт
– 2018–2019 сс. социальнай ситимнэр күүскэ сайдан барбыттара. Саҕалааччылар блогердар этилэр. Онлайн-куурустары ыытаары саҥа идэлэри баһылыыллара, онтуларын видео-бородууксуйа гынан атыылыыллара. Мин “үөрэх эйгэтигэр да маннык гыныахха сөп эбит” дии санаабытым. Оччолорго уопутурбутум, ааптар быһыытынан мэтиэдьикэлэммитим. Саҥа технологиялар институттарыгар видео устарга, таҥарга, саайт оҥорорго, учууталларга аналлаах араас кууруска үөрэнэн, видео-уруоктары бэлэмнээбитим. Элэктэриэн оробуочай тэтэрээккэ үөрэтэр “контены” булан, тус саайпар мунньунан испитим. “Нинель Александрова үөрэтэр саайта” диэн оҕолордуун оҥорбут видеоларбытын муспутум.
Бастакы вебинардар уопуттара
– Оччолорго онлайн-оскуолалар киин куораттарга тэллэй курдук үүнэллэрэ. 2014 с. “Дьиэ кэргэҥҥэ үөрэтии туһунан” сокуон ылыллыбыта. Ыал дьиэҕэ үөрэтиини талан, оҕотун онлайн-ньыманан хантан баҕарар үөрэттэрэр кыахтаммыта, оннук быраактыка сайдыбыта. Мин бастаан “хаачыстыбалаах билиини онлайн биэриэххэ сөбө буолуо дуо?” диэн итэҕэйбэт этим.
Онтон бэйэм мэтиэдьикэлээхпин, ону туһанан 20-чэ уруоктаах эксээмэҥҥэ бэлэмниир онлайн-куурус оҥорбутум. Ону эрэкэлээмэлээн кэпсээбитим кэннэ, ыраах хоту улуустарга каадыр боппуруоһун быһаарарга анаммыт “Труд Арктики” диэн бырайыагы оҥорооччулар (ХИФУ) “үлэлэс” диэбиттэрэ. Кинилэр миигин “вебинар ыытар, эһиги оҕолоргутун эксээмэҥҥэ онлайн бэлэмниэн сөп” диэн улуустарга биллэрэргэ көмөлөспүттэрэ. Онон сайаапка хомуллан, сэминээри 2023 с. кыһын-саас ыыппыппыт. Ол ОГЭ-ҕа бэлэмниир вебинар этэ, видео-уруоктары ыыталаабытым, түмүгэ үчүгэй буолбута. Оҕолор эксээмэннэрин туйгуннук туттаран, махтал тылларын истибитим. Хоту ыраах сытар нэһилиэктэргэ матырыйаал да тиийэрэ уустук буоллаҕа. Онон уһук сир оҕолоро, олорор сирдэриттэн тэйбэккэ, интэриниэт көмөтүнэн билиилэрин тупсаран, эксээмэннэргэ бэлэмнэнэр кыахтаннахтара. Онон кууруһум ситиһиилээхтик ааспытыттан “онлайн-оскуола хаачыстыбалаах билиини биэрэр кыахтаах эбит” диэн санаам өссө күүһүрбүтэ. Онлайн-репетитор, учуутал сорох түбэлтэҕэ олус наадатын онно итэҕэйбитим.
Хамсык – тургутуу кэмэ этэ
– Бастаан, оҕолор да, учууталлар да, төрөппүттэр да дистанционнай үөрэххэ олох бэлэмэ суохтара. Ол эрээри түргэн баҕайытык үөрэнэ охсубуттара. Тэрээһин өттө сааһыланан, үөрэтии бара турбута, эксээмэннэр тохтооботохторо, аттестаттар бэриллибиттэрэ. Быһата, уопсастыба дистант-үөрэххэ “илэ” киирэн, бу кыаллар, табыллар эбит диэн билбитэ. Ити кэм биһиэхэ барыбытыгар тирэх биэрбитэ. Учууталлар, оҕолор төһө баҕарар бу эйгэни баһылыыр кыахтаахтара көстүбүтэ.
Кыһалҕаны быһаарыан сөп
– Онлайн-үөрэх туох кыһалҕаны быһаарыан сөбүй? Холобур, учуутал тиийбэт боппуруоһа олус сытыытык турар дии. Ханна баҕарар тыа сирин оскуолаларын ылыахха. Физика учуутала матымаатыканы, информатиканы, химияны барытын үөрэтэр дииллэр. Тыа сириттэн ыал көһөр төрүөтэ – оҕолорун “үчүгэй оскуолаҕа биэрээри”, “үчүгэй учууталга үөрэттэрээри” диэн. Онуоха онлайн-оскуола ити кыһалҕаны, төһө баҕарар быһаарыан сөп.
Эбэтэр урбаанньыт биисинэһин сайыннараары ханна эрэ атын сиргэ көһөр. Кини үөрэнэр саастаах оҕолордоох. Онуоха оскуола боппуруоһа туран кэлэр. Оччотугар бу киһи атын да сиргэ көһөн баран, “сахалыы онлайн-оскуола баар эбит” диэн, оҕолорун көһөн да баран, ыраахтан үөрэттэрэр кыахтанар (дистанционно).
Чэпчэкитэ суох
– Онлайн-оскуола быһыытынан быйыл тохсунньуга аһыллан, боруобатын барбыппыт. Бу үөрэх дьылыгар начаалынай оскуола уратыта элбэх диэн, 5–11-с кылаастары эрэ аһабыт диэбиппит. Ол эрээри платформабыт начаалынай кылаастары үөрэтэри көҥүллүүр, наадыйыы баар, онон 1–11-с кылаастары аһар буоллубут.
Дьиҥинэн, эрэпэтиитэр куурустарын ыыта-ыыта сылдьыа этибит. Ону “сахалыы онлайн-оскуола баар буолуохтаах” диэн санааттан ылыстыбыт. Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура биридимиэттэрин 1-11 кылааска диэри сүүһүнэн, тыһыынчанан уруоктарын оцифровкалаан мунньуохпутун наада. Бу мээнэ үөрэтии буолбатах, үөрэх фундаментальнай бырагыраамата. Онон үөрэтэр платформабытын бэлэмнээн, онно баар бэлэм уруоктары киллэртээн, күүскэ үлэлиэхтээхпит. Баар биридимиэттэргэ саха педагогикатын сыыйа киллэрэн, толору саха оскуолата гыныахпыт. Исписэлиистэри кытта сүбэлэспиккэ “сатанар кыахтаах” диэбиттэрэ. Онон сыыйа ити киирэн иһиэҕэ. Бу сыл бастакы аҥаарыгар 15–20 оҕо үөрэнэн, боруобалаан көрдө. Быйылгы үөрэх дьылыгар саҥардыы биллэрии таһаардыбыт.
Социализация туһунан
– Билиҥҥи оскуола оҕото олус улахан ноҕуруускалаах. Күн аҥаарыгар үөрэнэр, онтон ыксалынан эбиэттээт, куруһуоктарыгар ыстанар. Оҕо сайдыытыгар анаммыт элбэх дьарык баара үчүгэй, ол – оҕо иитиитигэр болҕомто ууруллар буолбутун туоһута. Оҕо ону буолуохтааҕын курдук ылынар эрээри, ноҕурууска дьайыыта син биир баар. Улахан куораттарга итини онлайн-оскуола көмөтүнэн быһаардылар. Холобур, оҕо сүрүн үөрэҕин онлайн-оскуолаҕа көһөрөн баран, бириэмэтэ “оптимизацияланан”, талаанын, дьиҥнээх дьоҕурун арыйар, сайыннарар куруһуокка, сиэксийэҕэ, устуудьуйаҕа дьарыктанар кыахтанар. Итинник үөрэтиини уонна дьарыгы дьүөрэлээн, оҕо хайдах баҕарар үүнэр-сайдар кыахтаах. Онон “онлайн-үөрэхтээһиҥҥэ оҕо социализацията сатаммат” дииллэрэ сыыһа.
Тэрээһин өттө, кураатар, тарыып
– Биһиэхэ чэпчэтиллибит тарыып диэн баар, ол – 9,5 тыһ.солк. Онно уопсай үөрэх бырагыраамата, ону кытта оҕо нэдиэлэҕэ биирдэ “туохха мунаахсыйдыҥ, тугу ыарырҕаттыҥ?” диэн кэпсэтэр, сүбэлиир кураатарын өҥөтө киирэр. Онтон дьэ “персональнай” диэн тарыыпка (22 тыһ.) кураатар оҕону кытта күн аайы үлэлэһэр. Бу кылаас салайааччытын курдук, кураатар оҕону кытта “бу маны ситэ оҥорботоххун, туохха ыарарҕаттыҥ?” диэн күн аайы үлэлэһэр. Оҕону эрэ кытта буолбакка, төрөппүтү кытта эмиэ. Ол бастаан “дистаҥҥа” көһөргө, оҕо бэйэтин дьиссипилиинэлэнэригэр, иитии боппуруоһугар төрөппүтү кытта үлэлииргэ көмөлөһөр.
***
Оҕо дистаҥҥа көһөрүгэр, тирэҕин булунарыгар адаптация наада. Ол 1–2 ый устата барыан сөп. Кураатар үлэтэ оҕо үөрэнэн истэҕин аайы, сыыйа кыччыыр. Оччоҕо кини чааһын биирдиилээн дьарыктанар учууталларга көһөрөн биэрэбит. Холобур, оҕо устуоруйаны, эбэтэр английскайы талабын диэтэҕинэ, кураатар чааһын оннугар ол учууталлары сыһыарабыт. Ону кэлин уларытыахха сөп. Эксээмэннээх кылаастарга ити олус табыгастаах. Билигин эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр оҕо булгуччу эрэпэтиитэрдэнэр дии. Оттон биһиэхэ “персональнай” бырагыраамаҕа матымаатыка, нуучча тыла, талбыт икки биридимиэтэ киирэ сылдьаллар, оҕо ону исписэлиистэри кытта дьарыктанар. Оччоҕо бу биир оҕоҕо ыйга 22 тыһ. солк. тарыыпка оскуолатын бырагыраамата да, эбии дьарыга (эрэпэтиитэри кытта курдук) барыта киирэн хаалар. Оттон учууталга чааһыттан, хас оҕону илдьэ сылдьарыттан көрөн хамнас быһабыт. Кэлэктиибим учууталлара бары даҕаны сүрдээх энтузиаст дьон. Бу олох атын, бэйэтэ эспэримиэн курдук эйгэ буоллаҕа, онон биһиги иннибитигэр улахан сорук турар.
“Кэнсиэпсийэ оҕото”
Бэйэм Тааттабын. Үөрэнэр сылларбар Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киирэн, оччотооҕу оҕолорго ол идиэйэтэ күүскэ дьайбыта. “Үрүҥ Уолан”, “Кыыс Куо” уруоктарын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн, ол билиҥҥи оскуолаҕа баара буоллар диибин. Ол иһин даҕаны оскуола тэринэр баҕа санаа үөскээтэҕэ. Мин сүүһүнэн сылларга үлэлээн кэлбит “традиционнай” оскуоланы “онлайн-оскуола солбуйуохтаах” диэбэппин. Хайа эрэ уустук балаһыанньаҕа кыһалҕаны быһаарар “альтернатива” буолуон сөп. Киһи ону бэйэтэ талан ылыахтаах дии саныыбын, – диэн түмүктээтэ Нинель Анатольевна.
Бу эдэр, бэйэтигэр эрэллээх, саҥаҕа аһаҕас учуутал кыыһы истэн олорон, “кини туруоруммут сыалын-соругун ситиһиэ” диэн эрэнэҕин. “Ситим” сахалыы бастакы онлайн-оскуола тирэҕин булунан, ис хоһооно байан, кэҥээн, төрөөбүт тылы, култуураны үөрэх эйгэтигэр киллэрэргэ биир дьоһун хардыы буоллун, ситиһиилээхтик үлэлээтин!
Нина ГЕРАСИМОВА.