АЛГЫС БАҺА СЫАЛААХ
Алгыс диэн малыыппа көрүҥэ, үтүө тыл, кимиэхэ эмэ үтүөгнү баҕаран этиллэр истиҥ тыллар. Алгыс баһа сыалаах. Айыы Таҥара үөрэҕэ Киһини Үчүгэйи, Үтүөнү эрэ оҥоро сырыт, Кырдьаҕаһы ытыктаа, дьахтары убаастаа, үлэни таптаа, өрүү үөрэн, кырдьыксыт буол, Аар Айылгаҕын, дьоҥҥун-сэргэҕин өрүү Алгыы-харыстыы сырыт - диэн үөрэтэр. Оччоҕо ол эппит үтүө тылларыҥ бэйэҕэр төттөрү эргиллэн кэлэн Олоҕуҥ дьоллоох-соргулаах, кэнчээри ыччатыҥ кэскиллээх буолуо! - диэн өбүгэ үгэһин салгыыр. Ол иһин Алгыс баһа сыалаах дэнэр.
Дьиҥинэн ити өбүгэ эрэ үгэһэ буолбатах, былыргы тенгрианствоттан саҕалаан, баар религия барыта итинник үөрэтэр. Ол аата бэйэ-бэйэлэриттэн үтүө үгэстэригэр хардарыта үөрэммэтэх, ону бэйэтигэр туһамматах биир да религия суох быһыылаах.
Үтүө санаа, үтүө тыл киһи Дууһатын көтөҕөр, Айыылар диэки хайыһыннарар, Сиргэ Үрүҥ ньэгири (эниэргийэни) биэрэр, Сир чэпчиир, Ырай дэки үөһэ дагдайар (1 ойуу).
Таҥараианство саха итэҕэлигэр олоҕурарын уонна Аан дойду бары итэҕэллэриттэн үтүөтүн, кэскиллээҕин сүһэн ылан туттарын туһунан этэн турабыт.
Алгыс «Тускуо!» эбэтэр “Оом!” диэн тылларынан түмүкктэниэхтээх. “Тускуо!” диэн саха былыргыттан туттар тыла, оттон "Оом"! – диэн түҥ былыргыттан силистээх-мутуктаах Таҥараианство Алгыска киллэрэр саҥа тыла.
Алгыска Дом! – диир аньыы! Ити ойууттар абааһыны кытары алтыһалларыгар туттар тыллара диэн этэн турабыт.
Онон Урууга, ханнык баҕарар Дьоро күҥҥэ Алгысчыт "Тускуо!" эбэтэр "Оом! - диэн тыллары туттуохтаах. Тэрийээччи итини Алыгсчыкка эрдэ этэн сэрэтиэхтээх.
КЫРЫЫС БАҺА ХААННААХ
Оттон Кырыыс баһа - хааннаах... Ити эмиэ өбүгэ уонна Аан дойду бары итэҕэлэ былыр-былыргыттан билэр, ол иһин улаханнык туттунар туома.
Кырыыс - Ыар Аньыы! Кыраабыт киһи кырыыһа бэйэтигэр төттөрү эргиллэн кэлэр адьынаттаах. Ону сахалар бары да истэ-билэ сылдьабыт. Өбүгэлэрбит кырыыһыҥ бэйэҕин сиппэтэҕинэ, бэдэргин ситиэҕэ дииллэрэ. Билэн этэн эрдэхтэрэ. Ол иһин Кырыыс баһа хааннаах дииллэр.
АНЬЫЫ ДИЭН ТУГУЙ?
Айыы Тойон Таҥара Үөһээ Дойдуну уонна Орто Дойдуну айбыта. Таҥараианство Аллараа Дойду Абааһылар Дойдулара буоларын билинэр.
Орто Дойду Үөһээ уонна Аллараа Дойду быыһыгар сытар буолан былдьаһыктаах.
Орто Дойду билигин Айыы Таҥара бас билиитэ буолан сытар. Ол гынан баран Аллараа Дойду таах сыппат, Орто Дойдуга киирэр-тахсар.
Арсан Дуолай сүрүн сыала - Орто Дойдуну Айыы Таҥараттан былдьаан ылыы. Ону дьону куһаҕаҥҥа кучуйан, аньыыны оҥотторон ситиһэ сатыыр. (2 Ойуу)
Аньыы диэн билэ-билэ, эбэтэр билбэккэ алҕаска оҥоһуллар, дьон сиэригэр, Айыы Таҥара үөрэҕэр (өйдөбүлүгэр) сөп түбэспэт тосту-туора быһыыны ааттыыллар.
Аньыы икки суолга арахсар:
-
Кыра, чэпчэки аньыы – билбэттэн, эбэтэр алҕаска оҥоһуллар дуона суох аньыы. Бу аньыыны Айыы Таҥараттан көрдөһөн суурайыахха сөп. Ол төлөбүрүн Айыы Таҥара аньыылаах киһиэхэ үтүө дьыланы оҥотторон боруостатар. «Биир аньыым сотулунна!» - диир буолаллара былыргылар, туох эрэ туһалааҕы, үтүөнү оҥордохторуна.
-
Ыар аньыы - киһини соруйан эчэтии, өлөрүү, кырааһын о.д.а. куһаҕанынын билэ-билэ оҥоһуллар улахан буруй.
Ыар аньыыны Айыы Таҥара соппот.
ЫАР АНЬЫЫ
Ыар аньыы киһи Дууһатын ыараатыннарар, ыар аньыылаах киһи өллөҕүнэ Дууһата кыайан өрө көппөккө аллара Аадка тимирэн Уот Кудулу Байҕалга умайар. Ол киһи Дууһата инньэ гынан Аар айылҕа эргиириттэн туораан, Орто Дойдуга куһаҕан дьон төрүүрэ аҕыйыыр. Таҥара куһаҕаны үчүгэйтэн арааран сиидэлээһинин (Божественный отбор) түмүгэр Сир Ийэ Күһаҕан дьон Дууһатыттан улам-улам ыраастанан иһэр.
АНЬЫЫ! – ДИЭН ТЫЛЫНАН ОҔОНУ БУОЙУУ ИИТЭР СУОЛТАТА
Аньыы диэн тыл былыр үгүстүк туттуллар этэ уонна сүҥкэн иитэр суолталааҕа.
Таҥараианство "Аньыы" - диэн тылы төннөрөн, күннээҕи олоххо туттарга туруулаһар. Оччоҕо ити дьону, ордук оҕону иитэргэ улахан төһүү күүс буолара саарбаҕаламмат.
Айыы Таҥараны итэҕэйэр киһи аньыыны, ол аата түктэри быһыыны оҥоруо суохтаах. Оҕо түктэритик быһыыланаары гыннаҕына «Аньыы!» - диэн быһа саҥаран тохтотуу, манныгы оҥорор сатаммат эбит диэн, оҕону туох куһаҕанын, тугу гынар сатамматын биллэрэ үөрэтэн, бэрээдэктээх киһи буола улаатарыгар көмөлөһөр.
БЭСТИЛИЭНЭЙ ТЫҺЫЫНЧА ТУОЛУУТА ЭБЭТЭР ҮЙЭ УЛАРЫЙЫЫТА
Хас биирдии Ыар аньыы Сир ийэҕэ Куһаҕан ньэгири иҥэрэр, ол онтон Сир ийэбит ыараан, аллараа Аад диэки иҥнэри тардыллар. Ыар аньыы алыс элбээн Сиргэ хараҥа ньэгир аһары муһуннаҕына Бэстилиэнэй тыһыынча туолуута, эбэтэр Үйэ уларыйыыта диэн ааттанар улахан иэдээн тахсыахтаах. Сир ийэ оччоҕо иҥнэйэн Сир үрдүгэр баары, тыынары-тыымматы барытын аллараа Аадка тоҕор, оччоҕо хараҥа ньэгириттэн ыраастанан үөһэ дагдас гына түһэр.
Ити түбэлтэҕэ Аньыыта-харата суох дьон кытта бары Аадка түһэн умайаллар (3 ойуу). Кинилэр буруйдара диэн, Сиргэ хара ньэгир мунньулларын кыайан тохтопотохторо, көрө-көрө көрбөтөх, истэ-истибэтэх буолуулара. Ол иһин хас биирдии киһи хара ньэгирдээх куһаҕан быһыыны хас күн, хас чаас аайы утаран, суох оҥоруохтахтар. Инньэ гымматаххына Ыар аньыы оҥоһулларын кыттыгастааҕа буолар эбиккин.
Үйэ уларыйыыта олус улахан астероид кэлэн Сири хампы түһүүтүн, Йеллоустоун курдук сөҕүмэр вулкан эстиитин, ядернай сэрии саҕаланыытын түмүгэр буолуон сөп. (4, 5, 6 ойуулар)
Онон Үйэ уларыйыыта буолара дуу буолбата дуу киһи аймах бэйэтиттэн тутулуктаах. Айыы Тойон Таҥара үөрэҕин толору тутустахпытына Орто Дойдуга ил-эйэ олохсуйуоҕа, дьон-норуот сомоҕолоһуоҕа, муҥура суох сайдыыылаах буолуохпут, оччоҕо киһи аймах ханнык да ааҥныыр алдьархайы бохсор кыахтаныаҕа.