Киир

Киир

КИҺИ ЭРЭ ДУУҺАТА БАРЫТА ЫРАЙГА КӨППӨТ

ЭБЭТЭР ААДКА ТҮҺЭН УМАЙБАТ.

Киһи эрэ Дууһата барыта Ырайга көппөт эбэтэр Аадка түһэн умайбат. Оччоҕо кыра, орто аньыылаах дьон Дууһалара ханна барарый диэн сокуоннай ыйытик үөскүүр. Ити ыйытыкка Христианство, Ислам о.д.а. итэҕэллэр ол иһигэр Айыы үөрэҕэ эмиэ, толору хоруйу биэрбэттэр.

Du1

Таҥараианство ити боппуроска бэйэтэ анал көрүүлээх.

Киһи өллө да Дууһата Тыыны илдьэ өлүктэн көтөн тахсар, өлүөхсүт урут тыыннааҕар сылдьыбыт сирин кэрийэр. Сахалар ону Дууһаны кэриттэрэллэр диэн билэлэр этэ. Онтон 40 хонук кэнниттэн Дууһа Орто Дойдуттан арахсан, онуоха-маныаха диэри   олохтоох миэстэтин булуохтаах. Онно дьэ оҥорбут үтүө дьыалата эбэтэр Аньыыта-харата быһаарар суолталанар.

Du3

Аньыы уонна Үтүө дьыала – эниэргийэ көрүҥнэрэ. Үтүө дьыала Үрүҥ эниэргийэни, оттон Аньыы – Хара эниэргийэни үөдүтэллэр. Киһи олоҕун устата оҥорор Аньыыта-харата, Үтүө дьыалата барыта Дууһатыгар мунньуллан иһэр эбит. Үрүҥ эниэргийэ Үөһээ Дойду - Халлаан, Ырай диэки, оттон Хара эниэргийэ Аллараа Дойду – Аад диэки тардыһаллар.

Дууһа муспут эниэргийэтэ Харата суох барыта Үрүҥ эниэргийэ буоллаҕына кини тардар, эбэтэр көтөҕөр күүһэ Ырайга тиэрдэр гына айыллыбыт. Оттон кыра соҕус Аньыылаах буоллаҕына, Хара эниэргийэ Үрүҥ эниэргийэ сорҕотун сиэн, Үрүҥ эниэргийэ Дууһаны үөһэ тардар, көтөҕөр күүһэ мөлтүүр. Онон Дууһа эниэргийэтэ тиийбэккэ Ырайга кыайан тахсыбат уонна Аллара баар Айыы Халлааннарыттан биирдэстэригэр тохтуур уонна Айыылар ол тохтообут сиригэр Дууһаны олохсуталлар.

Du2

Холобур, кыра Аньыылаах Киһи Үрүҥ эниэргийэтэ Дууһатын 8-с - Одун, Чыҥыс Айыылар халлааннарыгар көтүтэн таһааран, Дууһа онно олохсуйуон сөп. Оттон Киһи Аньыыта өссө элбэх буоллаҕына – 7-с - Дьылҕа, Таҥха, Билгэ Айыылар Халлааннарыгар, онтон өссө элбэх Аньыылаах Киһи Дууһата 6-с - Аан Дьааһын Халлааныгар, оннооҕор элбэх Аньыылаах Киһи Дууһата – 5-с - Улуу Суорун Халлааныгар, онтон 4-с -Хотой Айыы, 3-с - Дьөһөгөй Айыы Халлааннарыгар тиийэн олохсуйуохтарын сөп. Эбэтэр төһөннөн Киһи элбэх Аньыылах да Үрүҥ эниэргийэтин Хара эниэргийэ сиэн кини Дууһата, төһө Аньыылааҕыттан көрөн, аллараа сытар Халлааннарга эрэ көтөн тиийэр кыахтанар. Ол гынан баран 1-кы – Айыыһыт уонна 2-с - Иэйиэхсит Халлааннарыгар Киһи Дууһата олохсуйбат. Ити бэйэтэ эмиэ туспа сокуоннаах. Ол курдук, киһи Дууһата ханнык халлааҥҥа тиийэн олохсуйбутуттан тутулуга суох Орто Дойдуга төннөн хаттаан төрөөтөҕүнэ Иэйиэхсит Айыы көмөтүнэн үрдүк иэйиини, күүстээх тапталы билэр уонна Айыыһыт киниэхэ оҕо төрөтөр, утуму салгыыр улуу дьолу бэлэх уунарын ылар кыахтанар.

Ырайга уонна 8-с Халлааҥҥа тиийбит эрэ Дууһалар онно үгүс үйэлэр тухары олохсуйаллар, оттон атын Халлааннарга олохсуйбуттар урут дуу хойут дуу Орто Дойдуга хаттаан төннүөхтээхтэр (реинкарнация). Дууһалар Айыы халлааннарыгар олорор кэмнэригэр эмиэ үлэлииллэр уонна анал үөрэҕи ылаллар, ол аата, бу Халлааҥҥа кэлэн салгыы сайдаллар.

ДУУҺАЛАР БЫРААПТАРА УОННА АБЫЫЧАЙДАРА

Ырайга тахсыбыт Дууһа Аллара сытар ханнык баҕарар халлааҥҥа баҕарда да түһэ сылдьыан өп. Ол курдук 8-с – Одун, Чыҥыс Айыылар Халлааннарыгар олохсуйбут дьон Дууһалара 7-с, 6-с, 5-с, 4-с, 3-с Халлааннарга түһэр, кэлэр-барар кыахтаахтар, көҥүллэр, бу дьон Дууһалара Айыыларга   (Аанньалларга) тэҥнээхтэр.

du5

Дьылҕа, Таҥха, Билгэ Айыылар Халлааннарыгар (7-с Халлаан) тахсыбыт Дууһалар аллара сытар Халлааннарга барар-кэлэр бырааптаахтар. Ол курдук, Үөһэ сытар Халлааннарга олхсуйбут дьон Дууһата аллараа Халлааттарга кэлэ-бара сылдьыахтарын сөп. Оттон Үөһэ сытар халлааннарга улахан бырааһынньыктарга Көҥүл (Пропуск) ылан дэҥҥэ эрэ тахса сылдьаллар. Ырайга хайалара да тахсар быраабы суох.

du6

Киһи өллөҕүнэ саҥа олохсуйбут Дууһаны бары аймахтарын, урууларын, табаарыстарын Дууһалара кэлэн көрсөллөр. Эрдэ кэлбит буоллаҕына Орто Дойдуга төннөрүгэр көмөлөһөллөр. Ол 3 хонук иһигэр оҥоһуллуохтаах. Өбүгэлэр ону билэн, киһи 3 хонук устата тиллибэтэҕинэ, өлбүтүн дьэ дьиҥнээхтик итэҕэйэн баран биирдэ, көмөллөр эбит.

du7

Аймахтыылар, табаарыстыылар Дууһалара сылга Айыы Тойон Таҥара уонна атын Айыылар бырааһынньыктарыгар сөп түбэһиннэрэн бары бииргэ мустан эмиэ бырааһынньыктыыллар. Итини таһынан, төттөрү-таары кэлэ-бара сылдьаллар, наада буоллаҕына Дууһалар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, онон хаһан да соҕотохсуйбаттар.

Онон киһи Дууһата, Аадка умайбатаҕына, өлбөт ыйаахтаах. Айылҕа сокуонун быһыытынан уларыйар-тэлэрийэр, сайдар, кэлэ-бара турар айылгылаах.

Сэҥээриилэр

Priscilla
0 Priscilla 10.02.2022 23:47
viagra for womens where to buy https://viagarag.com - real
viagra pills
do erection pills work
sildenafil citrate tablets 25 mg buy viagra no
prescription: https://viagarag.com viagra premature ejactulation
Ответить

Санааҕын суруй