Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр “Майкромайн Рус” ХЭУ Арассыыйа үрдүк үөрэх кыһаларыгар көмпүүтэр кылаастарын тэрийэр, аныгы иһитиннэрэр технологияларынан хааччыйар аналлаах бырагыраамматын чэрчитинэн, ХИФУ Геологическай-чинчийэр факультетыгар “Micromine” горно-геологическай иһитиннэрэр систиэмэлээх көмпүүтэр кылааһын үөрүүлээх арыллыыта буолла.
“Майкромайн Рус” ХЭУ дойду үрдүнэн горно-геологическай салааҕа уһуйар бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларын кытта ыкса үлэлиир. Бу күҥҥэ 70% горно-геологическай үөрэх кыһалара “Micromine” горно-геологическай иһитиннэрэр систиэмэни туһаналлар. Ону таһынан, хампаанньа сэттэ аналлаах көмпүүтэр кылаастарын арыйбыт.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ “Майкромайн Рус” ХЭУ генеральнай дириэктэрэ Борис Владиславович Курцев, ХИФУ Геологическай-чинчийэр факультетын декана Борис Иннокентьевич Попов уонна устудьуоннар кыттыыны ыллылар.
“Micromine” горно-геологическай иһитиннэрэр систиэмэ кууруһугар үөрэммит Геологическай-чинчийэр факультет устудьуоннара: Ярослав Тарасов, Айсен Суханов, Кира Оленова уонна Саина Евграфова хампаанньа анал сэртипикээттэрин туттулар.
Түмүккэ Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет уонна “Майкромайн Рус” ХЭУ бииргэ үлэлиир туһунан дуогабарга илии баттанна.