Алмаас хампаанньатын Экологияҕа киинэ өрүү буоларын курдук, балаҕан ыйын 19–22 күннэригэр Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар үөрэнээччилэригэр «оБЕРЕГай природу» диэн экология аахсыйатын тэрээһиннээхтик ыытта. Аахсыйа чэрчитинэн кылаас чаастара буоллулар. Оҕолор салайааччыларын, хампаанньа экологтарын кытта Бүлүү эбэ сиригэр-уотугар киирсэр уулаах сирдэр кытыыларын ыраастаатылар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ уопсайа 400-тэн тахса үөрэнээччи кытынна.
АЛРОСА «оБЕРЕГай природу» аахсыйаны ыытта
Билэрбит курдук, АЛРОСА түстэнэн үлэлиир ийэ айылҕатын харыстабылыгар тиһиктээх уонна былааннаах үлэни ыытар. Ол үлэттэн биирдэстэрэ – «оБЕРЕГай природу» экология аахсыйата. Бу тэрээһин оҕо аймах, ыччат экология боппуруостарыгар быһаарса, кыра эрдэхтэн тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах, ытыктабыллаах сыһыаҥҥа үөрэнэригэр көмөлөһөр сырдык сыаллаах-соруктаах.
Бу күннэргэ Бүлүү улуустарын аҕыс оскуолатын оҕолоро тустаах аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Онно АЛРОСА Экологияҕа киинин исписэлиистэрэ тулалыыр айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан тиэмэтигэр кылаас чаастарын ыыттылар. Маннык уруоктарга оҕолор Киин үлэтин-хамнаһын, эколог идэтин уонна, уопсайынан, экология диэн тугун сиһилии билсэллэр. Холобур, үөрэх кыһаларыгар «күөх хамсааһын» куруһуоктарын сайыннарыы туһунан кэпсэтиһэллэр. Оҕолорго айылҕа, экология, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыан олус наадатын туһунан кэпсииллэр. Ити хайысхаҕа үлэлэһэр оскуолаларга хампаанньы ураты болҕомтотун уурар уонна араас өттүттэн кинилэр саҕалааһыннарын, көҕүлээһиннэрин өйүүр. Ол курдук, биһиги бу иннинэ «Энергетик» оҕо лааҕырыгар ыытыллыбыт «Саха сирин күөх пионердара» сүлүөт туһунан, онно өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан көхтөөх эколог үөрэнээччилэр кыттыбыттарын сырдатан турабыт.
Быйылгы «оБЕРЕГай природу» аахсыйа Сунтаар улууһун киинин, Хордоҕой, Сардаҥа уонна Куокуну, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү Хампатын уонна Ньурба улууһун киинин уонна Чаппаҥда бөһүөлэгин оскуолаларын хапта.
Тэрээһин кыттыылаахтара бэлиэтээбиттэринэн, кылаас чаастара оонньуу моһуоннаан ыытыллыбыттара олус интэриэһинэй буолла уонна элбэх туһалаах билиини биэрдэ. Бу дьарыктарга оҕолор хампаанньа Экологияҕа киинин үлэтин-хамнаһын, эколог идэтин, бу идэни баһылыырга туох ирдэнэрин, ханна үөрэниэххэ сөбүн, ийэ айылҕабыт уратытын, ураты сыһыаны, харыстабылы ирдиирин билистилэр.
Олоҕурбут үгэс быһыытынан, кылаас чаастара интерактивнай көрүҥүнэн буоллулар. Быйылгы экология боппуруостарын билиигэ туһуламмыт биктэриинэ өрүстэри, күөллэри харыстааһыҥҥа, уу биологическай баайын көрүҥнэрин араастарыгар сыһыаннаах буолла. Ону тэҥэ оҕолор бу биктэриинэттэн балык араас көрүҥүн туһунан элбэҕи биллилэр. Уу олохтоохторун туһунан астык хаартыскалары көрдүлэр. АЛРОСА хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ сылдьыбыт оскуолаларын аайы дьоҕус чинчийэр лабаратыарыйаны бэлэхтээтилэр. Санатан эттэххэ, бу «Пчелка-У/Био» диэн аппараат көмөтүнэн хаһан баҕардылар да уу, буор уонна салгын биохимическай анаалыһын ыытар, билсэр кыахтаналлар. Оттон уонна бэрт сэргэх кэпсэтии сэлэһии кэнниттэн аахсыйа кыттыылаахтара, этэргэ дылы, тутуспутунан тахсан, тапталлаах Бүлүү эбэлэрин кытылын ыраастаан, санаалыын сырдаатылар.
Кыалларынан элбэх оскуоланы аахсыйаҕа хабар соруктаахтар
«оБЕРЕГай природу» аахсыйаны хас сыл аайы тэриллэр сирин уларыта сылдьан ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Оскуола үөрэнээччилэрэ экология туһунан билэ, быһаарса үөрэнэллэригэр маннык тэрээһиннэри ыытыы олус суолталаах дии саныыбын. Аахсыйа чэрчитинэн, биһиги кылаас чаастарын ыытабыт. Оҕолорго экология тиэмэтигэр биктэриинэ бэлэмнээн илдьибиппитин олус сөбүлээтилэр. Бары үөрэ-көтө, көхтөөхтүк кыттан, биэрэр ыйытыыларбытыгар эппиэттэһэн иһэллэр. Дьарык маннык интерактивнай көрүҥүнэн ыытыллара тиэмэни дириҥник билэллэригэр, өйдүүллэригэр көмөлөһөр. Оттон уонна, биллэн турар, оҕолор илдьибит бэлэхпититтэн астыннылар. Оскуолаларыгар бэлэхтээбит хас биирдии лабаратыарыйабыт кинилэргэ үөрүүнү, үтүмэн билиини биэриэҕэр уонна эколог тирэх үөрүйэҕин баһылыырга көмөлөһүөҕэр эрэллээхпит. Кылаас чааһын кэнниттэн үөрүүнү кытта Бүлүү кытылын ыраастыыр субуотунньукка кытыннылар. Быйылгы аахсыйабытыгар Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү аҕыс оскуолатыттан 400-тэн тахса үөрэнээччи кытынна. Маннык аахсыйа тэриллибит сылларыгар Бүлүү улуустарын 29 оскуолатыттан холбоон, 1500 үөрэнээччини хаптыбыт», – диэн АЛРОСА Экологияҕа киинин уу баайыгар уонна сир баайын харыстабылыгар бөлөҕүн салайааччыта Инна Костерева кэпсээтэ.
«оБЕРЕГай природу» туһалаах аахсыйа, санатан эттэххэ, 2019 сылтан саҕалаан ыытыллар буолбута. Аан бастакы тэрээһин «Вода России» диэн өрүстэр кытылларын ыраастыыр Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн Сунтаар Элгээйитигэр уонна Ньурба Маарыгар буолбута. Олохтоохтор биһирэбиллэрин уонна сэҥээриилэрин ылан, сыллата ыытыллан, Бүлүү сүнньүнээҕи улуустары барыларын хабар тэрээһиҥҥэ кубулуйда.
Ньурба улууһа: «Экология киинин кытта кэнэҕэһин да бииргэ үлэлэһэргэ эрэллээхпит»
Ньурбаҕа Степан Васильев аатынан элбэх хайысхалаах гимназия үөрэнээччилэригэр бэрт сэргэх, киириилээх-тахсыылаах күн ааста.
«АЛРОСА Экологияҕа киинин исписэлиистэрэ тулалыыр эйгэ харыстабылын туһунан кылаас чааһын, экологияны билиигэ көмөлөөх биктэриинэни ыыттылар, экологияҕа быһаарсарга элбэх туһалааҕы кэпсээтилэр, эбэлэргэ, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга ыҥырдылар. Кылаас чааһын кэнниттэн биһиги оскуолабытыгар – дьоҕус анаалыстыыр лабаратыарыйаны, үөрэнээччилэргэ – сувенирдары уонна сыаналаах бэлэхтэри туттардылар. Ол кэнниттэн олоҕурбут үгэс быһыытынан, Бүлүү эбэбит кытылын ыраастаатыбыт. Кэнэҕэһин да Экология киинин кытта көхтөөхтүк бииргэ үлэлэһиэхпит, оскуолабыт үөрэнээччилэрэ идэни талалларыгар көмө-тирэх буолуохтара диэн эрэллээхпит», – диэн гимназия үлэһиттэрэ бүк эрэллээхтэрин эттилэр.
Сунтаар улууһа: «Бүлүү биэрэгин бөҕөргөтүөххэ наада»
Быйыл экологияҕа сыһыаннаах кылаас чаастара Сунтаар улууһун 4 оскуолатыгар буолан аастылар. Кэрэхсэбиллээҕэ, үөрэнээччилэр бэйэлэрэ да кэпсиирдээх, үллэстэрдээх буолан биэрдилэр. Ол курдук, кинилэр «Точка роста» кылаастарыгар чинчийэр үлэни ыыталлар, экология тиэмэтигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ көхтөөхтүк кытталлар, бэйэлэрэ субуотунньуктары, волонтёр үлэтин көҕүлээн ыыталлар, төрөөбүт улуустарын экологиятын харыстыбалыгар дьоһуннаах боппуруостары көтөҕөллөр. Холобур, Сунтаар 3-с №-дээх оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Бүлүү эбэ биэрэгин бөҕөргөтөргө уонна онна сынньалаҥ түөлбэтин тэрийэргэ этиилээх. АЛРОСА Экология киинин үлэһиттэрэ бу курдук оҕолор бэйэлэрэ көҕүлүүллэрин, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо туталыыр айылҕа харыстабылын, экологияҕа куттал суох буолуутун боппуруоһугар көхтөөхтүк кыттарын ситиһэр сыаллаах үлэлииллэр.
«Быйылгы аахсыйаҕа Сунтаар улууһун 4 оскуолатыттан 200-тэн тахса үөрэнээччи кытынна. Үөрүүлээҕэ, экология туруга тупсарыгар интэриэс, бу хайысхаҕа ыытыллар үлэ сыллата улаатан иһэр, оҕолор билимҥэ сыстан, кыһанан-мүһэнэн дьарыктаналлар.
Биһиги хас сыл аайы аахсыйаҕа анаан, саҥаттан саҥа сүрэхтэниилэри (презентациялары) уонна викториналары бэлэмнээн кэлэбит. Оҕолор ордук викторинаны сөбүлүүллэр, харахтара, мэктиэтигэр уоттанарга дылы буолар, ыйытыыларга көхтөөхтүк хоруйдаһан иһэллэр. Сөптөөх хоруйу этэри таһынан, элбэх чахчылары билиһиннэрэбит. Оонньуу быһыытынан ыытар буолан, оҕолор судургутук өйдүүллэр, умнубат гына иҥэринэллэр. Билигин хас биирдии киһи тулалыыр олоҕу, эйгэни үчүгэй өттүгэр уларытар, тупсарар кыахтааҕын өйдүөхтээх. Дьэ, биһиги ол билиини үүнэр көлүөнэҕэ, кэлэр кэскилбитигэр – биһиги оҕолорбутугар иҥэрэргэ дьулуһабыт», – диэн, АЛРОСА Экологияҕа киинин тулалыыр эйгэ харыстабылыгар сүрүннүүр инженерэ Анастасия Варнавская санаатын үллэһиннэ.
Үөһээ Бүлүү улууһа: «Бу аахсыйа үүнэр көлүөнэ төрөөбүт кыраайын убаастыы үөрэнэригэр көмөлөһөр»
Быйылгы аахсыйаҕа Үөһээ Бүлүү үөрэнээччилэрэ эмиэ холбостулар.
«Биһиэхэ айылҕа туһунан бэрт элбэх интэриэһинэйи кэпсиир, айылҕаны хайдах харыстыырга үөрэтэр, бөҕө-сыыһы ыраастыы сылдьарга уһуйар биидьийэни көрдөрдүлэр», – диэн Үөһээ Бүлүү куорат 4-с нүөмэрдээх оскуолатын 9 «А» кылааһын үөрэнээччитэ кэпсээтэ.
Бу оскуола дириэктэрин сүбэһитэ Наталья Егорова экология аахсыйатын кыттыбыт оҕолор эрэ буолбакка, олохтоохтор эмиэ олус биһирээбиттэрин бэлиэтээтэ. Субуотунньуктуу сылдьар оҕолору көрөн, улахан дьон эмиэ кытыннылар.
«Хомуллубут бөҕү-сыыһа сонно тута полигоҥҥа таһаарбыппыт. Ити курдук оҕолор түөрүйэҕэ эрэ тохтообокко, быраактыканы эмиэ тэҥинэн тутан, төрөөбүт-үөскээбит улуустарын эйологиятын чөл илдьэ сылдьарга көхтөөхтүк кытталлар. АЛРОСА Экологияҕа киинин аахсыйата үүнэр көлүөнэни айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа, төрөөбүт сири таптыырга уонна убаастыырга үөрэтэр», – диир Наталья Егорова.
Үтүө үгэс
АЛРОСА бигэтик сайдарыгар биир тутаах тирэҕэ экологияҕа сыһыаннаах. Ол быһыытынан, алмаас хампаанньата экология хайысхатыгар, айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах араас тэрээһини олоххо киллэрэр, оннук үлэни күүскэ өйүүр. Оттон ону ийэ айылҕаҕа истиҥ сыһыаннаах олохтоохтор толору өйдүүллэр. Экология киинин бэрэстэбиитэллэрэ Бүлүү кытылын туруга тупсарын бэлиэтииллэр. Оттон, саамай сүрүнэ, хампаанньа экологтара Саха сирин улуустарын олохтоохторуттан ыытар үлэлэригэр дьоһуннаах харданы, биир санааланыыны көрөллөр. Алмаас хампаанньата оскуола үөрэнээччилэригэр экологияны сырдатыы үлэтин мантан да салгыы ыытары былаанныыр.