Саха сирин учуонайдара икки сыл тыа умайыытын үөрэтэн-чинчийэн көрдүлэр. Ол түмүгүнэн «баһаары утары охсуһар наада дуу?», «хайдах охсуһабыт?», «умайыы экологияҕа дьайыыта хайдаҕый?» уонна «умайбыты чөлүгэр түһэрии наада түгэнигэр, ону хайдах ыытар сөптөөҕүй?» диэн ыйытыыларга күн бүгүн хардарар кыахтаннылар. Санатар буоллахха, чопчу итинник ыйытыктары АЛРОСА хампаанньа Саха сирин тыатыгар уот туруута экология тиһигэр хайдах дьайарын чинчийии чэрчитинэн, РНА СО Биология криолитозонаҕа кыһалҕаларын институтугар туһаайбыта.
Билим чинчийиитин түмүктэрин биһиэхэ тустаах институт дириэктэрин солбуйааччыта, биология билимин дуоктара, билим чинчийэр үлэлэрин салайбыт Александр Исаев билиһиннэрдэ. Биир бастакынан кини тыа баһаара суох салгыы үүнэр, ырааһырар кыаҕа суоҕун бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, ханнык баҕарар үйэҕэ ойуур-тыа умайыыны кытта алтыһарын, онто суох толору сайдар, баар буолар да кыаҕа суоҕун этэр. Ону палеонтология чахчылара да кэрэһилииллэр.
Килиимэт уларыйыыта, кураан мастартан айылҕа бэлэм оттугун бэлэмнииллэр. Ол дьайыы түмүгэр уот турар, тэнийэр усулуобуйата үөскүүр, иэдээн тэнийэр иэнин кэҥэтэр. АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ ойуурун чөлүгэр түһэриигэ сөптөөх миэрэлэри ылар туһуттан икки сыллааҕыта баһаар охсуутун үөрэтэр анал чинчийиини ыытары көҕүлээбитэ. Бу – киэҥ хабааннаах чинчийии. Институт учуонайдара умайыы тахсар төрүөттэриттэн, баһаар кэнниттэн тыа хайдах уонна төһө кэминэн оһорунарыттан саҕалаан, пуондаҕа мунньуллубут чахчылары, ойуур туругун, баһаар буолбут сирдэрин туһунан толору иһитиннэриини түмэн, киэҥник ырытан, үөрэтэн көрдүлэр.
– Александр Петрович, иннинээҕи кэпсэтиигэ ойуур умайыыта тахсар сибикитин, олору үөрэтии туһунан кэпсээбитиҥ. Туһааннаах үлэ түмүгүнэн өссө туох саҥа, интэриэһинэй эбилиннэ?
– Бастатан туран, куруҥ сирдэр фауналарын, үүт аһылыктаахтар (млекопитающие) састааптара төһө уларыйбытын чинчийдибит. Биһиги тыа улаханнык умайбыт сирдэригэр, омос көрүүгэ, кыыллар ханна да барар сирдэрэ суох, букатын былдьаннахтара диэбит учаастактарбытын чинчийдибит. Өскөтүн үүтүнэн аһылыктанар кыра харамайдарга олохсуйбут сирдэрэ уокка былдьаннаҕына, улахан иэдээн эбит буоллаҕына, улахан кыыллар бэрт түргэнник атахха биллэрэн, куотан биэрэллэр. Ол да курдук, кыһыҥҥы сырыы учуота көрдөрбүтүнэн, бөдөҥ кыыллар ахсааннарыгар умайыы улаханнык охсубатах. Тыа көтөрө (боровая дичь) аҕыйыы быһыытыйбыт этэ. Ол эрээри быйыл ахсаан чөлүгэр түспүтүн бэлиэтээтибит.
Иккиһинэн, геохимическай чинчийиилэр интэриэһинэн чахчылары көрдөрдүлэр. Биһиги умайыы тахсыбыт сирин буорун састааба, аттынааҕы уулаах сирдэр бэссэстибэлэрэ төһө уларыйбытын, ол төһө киэҥ сиринэн тайаабытын үөрэттибит. Сөбүгэр уларыйыылар бааллар эрээри, олор сүҥкэн көрдөрүү (непоказательнай) буолбатахтар. Холобур, биһиги буору үөрэтэр исписэлиистэрбит быһаарбыттарынан, литий, алтан, сыыҥка, барий, кадмий, сибиниэс, мышьяк, хром, марганец, никель курдук тимирдэр фоновай көрдөрүүлэрин таһыма 32-гэ тиийэ үрдээбит. Ол гынан баран ити бэссэстибэлэр куруҥтан салгыы тэнийиилэрин, уларыйыыларын быһаарар балачча ыарахан.
– Ыарахан диэбиккэ дылы, үлэ кэмигэр туох эмэ уустугу, мэһэйи көрүстүгүт дуу?
– Оттон уустуга диэн, эрэгийиэммит уратыта – киэҥ нэлэмэн сирэ, суол-иис суох, тимир көлө кыайан тиийбэр сирэ элбэҕэ. Сорох сырыыга уонунан км сатыы хаамар кыһалҕа баара. Биһиги чинчийиэхтээх куруҥнарбытын куосумас хаартыскаларынан сирдэтэн быһаарбыппыт. Онтубут ардыгар айаннаан-айаннаан тиийбитиҥ куруҥа дуона суох, үөрэтэргэ остуойута да суох буолан хаалара эмиэ баара. Ол да буоллар АЛРОСА-ны кытары түһэрсибит сөбүлэҥ биһиэхэ дириҥ чинчийиини муҥутуур киэҥник ыытар кыаҕы биэрдэ. Маннык киэҥ хабааннаах бырыйыак баҕардах аайы кыаллыбат. Хампаанньа биһиэхэ Бүлүү улуустарын сирдэрин-уоттарын эрэ үөрэтэр-чинчийэр соругу туруорбатаҕа. Биллэн турар, ураты болҕомто төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор сирдэригэр – Өлөөн оройуонугар – ууруллубута. Ол да буоллар балачча элбэх боруобаны бүтүн өрөспүүбүлүкэ сириттэн-уотуттан хомуйдубут. Хампаанньа кэнэҕэһин бу мунньубут чахчыларбытын туһанарбытын көҥүллээтэҕинэ, хайаан да кэнэҕэски үлэбитигэр туттуохпут. Бу – билимҥэ балай да улахан уонна боччумнаах кылаат.
– Пуонда чахчыларын эмиэ ырытан, үөрэтэн көрдүгүт. Тыа умайыыта төһө эрэ кэм буола-буола хатыланар үгэстээх, кэмнээх (цикл) эбит дуу?
– Тыа умайыыта, кырата, 5–6 сыл буола-буола хатыланар. Ону таһынан 16–17 сыллаах сыыкыл, өссө бүтүн үйэ буола-буола бэлиэтэнэр сыыкыл эмиэ баар. Олор тэҥҥэ түбэһистэхтэринэ, умайыы иэнэ биллэ кэҥиир. Биһиги итини ретроспективнай сыанабыл суотугар эмиэ быһаарабыт. О.э., ааспыт кэми мас сааһын көрдөрөр иилэр көмөлөрүнэн билэбит. Иилэргэ умайыы суола чуолкай хаалар, көстөр. Ол гынан баран 2019–2021 сылларга буолбут курдук улахан умайыы урут суоҕа. Холобур, 2019 с. – 3 мөл. гааттан киэҥ, 2020 с. – 6 мөл. гаа, оттон 2021 с. – букатын да 9,4 мөл. гаалаах тыа умайбыта. Кэмиттэн кэмигэр уот булгуччу буолара (закономерность) диэн баар. Ол эрээри килиимэт уларыйан, киһи чопчу этэрэ, сабаҕалыыра да кыаллыбат буолан иһэр. Биллэн турар, тутаах оруолу килиимэт көстүүтэ – кураан ылар. Мантан салгыы кураан кэм элбээн иһэрэ буолуо.
– Тыа умайыыта – айылҕа биир тулхадыйбат көстүүтэ да буоллун, баһаар оннук айылаах айылҕаҕа наада дуо?
– Кураантан үөскүүр тыа умайыыта – ойуур саҥардынар, тупсарынар көрүҥэ (фактора). Саха сирин киин өттүнээҕи тыата умайыыта суох хайдах да сөргүтүнэр, саҥардынар кыаҕа суох. Умайыы тыаҕа чөлүгэр түһэринии дьайыытын саҕалыыр, эргэ мас саҥанан солбуллар кыахтанар. Эргэрбит тыа маһа эдэр маска үүнэр, улаатар кыаҕы биэрбэт. Дьэ, ол да иһин эргэрбит, хаппыт уонна ыарытыйбыт мастары суох оҥоһуллуохтах. Оччотугар эрэ саҥа ойуур үөскүүр усулуобуйата үөскүүр.
– Ол да буоллар, тыабыт олоччу умайан хааллаҕына, салгыы хайдах, хантан үүнэн барыай?
– Тыа биир тэҥник имири эһэр гына умайбат: ханна эрэ өрө салаан ааһар, ханан эрэ кыратык таарыйар. Биһиги мастарбыт чөллөрүгэр түһэр кыахтара улахан. Ону тэҥэ курааҥҥа, умайыыга да үөрүйэхтээхтэр. Холобур, Саха сиригэр, сүрүннээн, Каяндер тиитэ үүнэр. Бу мас сиэмэтэ саас буолбакка, күһүн, сэбирдэх үрдүнэн түһэр. Ону мас түспүт иннэтэ уонна халыҥ хаар суорҕан тэҥэ саба бүрүйэр. Ыам ыйыттан бэс ыйыгар диэри буор үрдэ сииктээх буолар, ол кэми тутуу баттаһа тиит сиэмэтэ силис тардан, сиргэ сыстан үүммүтүнэн барар.
– Ол аата, бэл итинник күүстээх, улахан умайыы кэнниттэн ойуур бэйэтэ оһорунар диэн өйдүөххэ сөп?
– Быйыл биһиги 2021 сыллаахха үөскээбит куруҥу көрдүбүт, онно бэлиэр үүнээйи бытыгыраан эрэр. Биллэн турар, күттүөннээх түмүгү таһаарарга өссө 1–2 сылы кэтээн көрүөхпүтүн наада. Ону ааһан, сир-сир аайы усулуобуйа араастаһар: ханна эрэ үнүгэс эрдэлиир, ханна эрэ чөлүгэр түһүү бытааннык барар, сорох сиргэ кэм-кэрдии тохтообутун курдук, кураанах турар. Ити гынан баран умайбыт тыа 95 % -ҥа тиийэ өлүүскэтэ хайаан да хаттаан үүнэр.
– АЛРОСА умайбыт сир чөлүгэр түһэригэр туох көмө оҥоһуллуохтааҕын быһаарар соругу туруорбута. Холобур, ол бэйэтин кыаҕынан оһорунар кыаҕа суох, тараҕайдаммыт сир 5–10%-гар хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?
– Умайыы кэнниттэн 3–4 сыл буолан баран, көдьүүстээх түмүк ситиһиллэр кэмин баттаһа, туох хайа иннинэ, ойуур-хаһаайыстыбаннай тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтар. Оннукка туттуллар сэттэҕэ тиийэ ньыма баар. Ол гынан баран барыларыгар ол барсар, сатанар буолбатах. Умайбыт сиргэ үрдүттэн үлүбээй саҥа маһы үүннэрэн буолбакка, үүнүү тахсарыгар көмөлөһөр ньыма туттуллуохтаах. Питомник олордуу мастарын тыа букатын чөлүгэр түспэт түгэнигэр эрэ туһаныахха сөп. Онуоха миэтэрэттэн эрэ арыый үрдүк мастары атын учаастактартан көһөрөн олордуу быдан көдьүүстээх. Үлүбүөй, баҕарбыт маскын олордубакка, умайбыт сир мастарыгар дьүөрэ, оннук усулуобуйаҕа үүммүт мас буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, ускуустубаннай усулуобуйаҕа үүммүт мас саҥа сиргэ күүс ылан, ситэрэ-үүнэрэ уустук.
– Тыа умайыыта ирбэт тоҥ араҥа ирэригэр дьайан эрдэҕэ. Тыа умайбыт сирэ чөлүгэр түһэриллибэтэҕинэ эбэтэр уһуннук оһорунан быстыбатаҕына, ол учаастак ирбэт тоҥо хайдах буоларый?
– Сорох түгэҥҥэ тыа умайыыта быстах кэмнээх «косметическай» уларыйыыга тиэрдиэн сөп, оттон сороҕор сүҥкэн уларыйыыны аҕалар. Оччотугар туох баар криологическай дьайыы араас көрүҥэ күүһүрэн барар: термокарстовай сиҥнии, сир кырыһын аллара түһүүтэ, “термоэрозионнай” дэнэр диэн көстүү саҕаланар. Ол барыта сир ньуурун уопсай көстүүтүн (ландшафт), үүнээйи араҥатын, сир быһыытын-таһаатын (рельеф) олоччу уларытар. Дүөдэлэр, алаастар үөскүүллэр. Ол гынан баран ити – хайаан да оннук буолар диэн чопчу бигэргэтии (постулат) буолбатах. Солкону өрөөччү (шелкопряд) баһаамнаан үөскээбитигэр биһиги сүҥкэннээх уларыйыы тахсыа диэн сабаҕалаабыппыт, сир-дойду ууга барыахча буолбута. Ол гынан баран аҕыйах сезон кэнниттэн, ити үөн сиэбит сирэ чөлүгэр түһэн барбыта.
– «Тыа умайыытын бохсорго ускуустубаннай ардахтатыы суолталаах уонна көдьүүстээх ньыма» диэн этэҕин. Туох эрэ эбии чахчылары буллугут дуу?
– Ускуустубаннай ардахтатыы халлааҥҥа былыт баар кэмигэр эрэ кыаллар. Былыт суоҕуна, эн, баҕар, үлүгэрдээх элбэх пиропатронунан халлааны биир гына ытыалаа, син биир туох да сатаныа суоҕа. Аны биир сиргэ ускуустубаннай ардаҕы түһэрээри, айылгытынан түһүөхтээх сиригэр кураанаҕы куустарарга тиийэҕин.
– Фаунаны үөрэтэргитин этэн аһардыҥ. Сорох дьон, холобур, куобах аҕыйаабытын тыа умайыытын кытта сибээстииллэр. Ити, эн санааҕар, төһө оруннааҕый?
– Биһиги чахчыларбыт көрдөрөллөрүнэн, кэнники биэс сылга куобах ахсаана биир таһымҥа турар, уларыйа илик. Ханнык эрэ улууска элбээбит буолуон сөп. Ол гынан баран аны 10–15 сылынан саҥа үүммүт тыа куобах үөскүүрүгэр табыгастаах сиргэ кубулуйуон сөп. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, уонча сылынан куобах биллэ элбиэ.
– Кэпсэтиини түмүктүөх иннинэ ыйытыы: тыа умайар кыаҕын кыччатар туһугар ойууру-тыаны оттон-мастан ыраастыыр наада дуо?
– Итинник уопут Финляндияҕа баара. Кинилэр ойууру ыраастыыллара.
Ол ыраастаабыттарын түмүгэр мас умнаһын буортулуур үөннэр элбээн тахсыбыттара, сорох көрүҥнэр, төттөрүтүн, имири эстибиттэрэ. Инньэ гынан, билигин олор ойуур биологическай баайын, араас көрүҥүн чөлүгэр, оннугар түһэрэр туһугар ойууру ускуустубаннайдык аҕыйаталлар. Анарааҥҥы исписэлиистэр биһиэхэ кэллэхтэринэ, “ойуур, тыа айылгытын быһыытынан барар уларыйыытыгар орооспоккут, дьаалатынан ыытаргыт саамай сөп эбит” дииллэр. Итинник санааны Япония бэрэпиэссэрэ эмиэ бэлиэтээн турар. Ити гынан баран ол туһунан чопчу билим өттүттэн кэпсииргэ судургу, оттон киһи олоҕун өттүттэн көрдөххө...
Сөптөөх, ирдэнэр сирдэргэ маһы кэрдиэххэ наада дии саныыбыт. Холобур, ситэри умайбатах ойуур быыстаах истиэби уонна куруҥу уотунан ыраастыахха наада. Умайыы – көдьүүһү муҥутуур түргэнник ситиһэр ньыма. Уоннааҕы ньымалар уонунан сылларга уһуур кыахтаахтар, күттүөннээх түмүгү биэримиэхтэрин да сөп.
– Үлэ түмүгүнэн эһиги туох сүбэлэрдээххитин билиһиннэрэриҥ буоллар.
– Тыа умайара ойуурга наада, тыа урут да, билигин да умайар, умайа да туруоҕа. Онон биһиги чуолаан ол умайыы түмүгэр болҕойдубут. Хатылаан этэбин, ойуур чөлүгэр түһэринэригэр көмөлөөх дьайыылары оҥоруохха наада. Ускуустубаннайдык маһы олордор түгэҥҥэ питомник маһын буолбакка, хайаан да умайбыт сир маһыгар, сиригэр-уотугар чугас, урут умайбыт мастарга дьүөрэлиир үүнээйилээх ойууртан көһөрөн олордуохха. Сиэмэни саас буолбакка, мэтиэдьикэ сүбэлэригэр олоҕуран, күһүн ыһыахха. Ойуурга маһы кэрдиэххэ сөп, ол гынан баран, ол ойуур чөлүгэр түһэринэригэр көмөлөһөрүн курдук суоттаан. Умайыы кэнниттэн баһаар буолбут сирин, “солко өрөөччү” сиэбит ойуурун, мас кэрдиллибит сирдэрин ыраастыыр миэрэ ылыллыахтаах. Ойуур чопчу көрүҥэр барсар агротехнологическай тэрээһиннэри ыытыахха наада. Онуоха Саха сиригэр ойуур-тыа бастааҥҥы чөл туругар 60–80 сылынан түһэрин бэлиэтиир оруннаах. Ити эко-тиһиккэ туох баар мас, муох, лабыкта, от-мас, талах, кыракый талах, ону тэҥэ сир аһа, тэллэй барыта киирсэр.
ЛО¤УУРА суруйда.