АЛРОСА хампаанньа Саха сирин Арктикатааҕы улуустарын, ол иһигэр хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар төбүрүөннээн олорор төрүт сирдэрин өйүүр, көмөлөһөр буолбута балай да өр буолла.
Ол курдук, хампаанньа хоту, Арктика оройуоннарыгар тутуллар социальнай эбийиэктэри, успуорка, экологияҕа, төрөөбүт тылга, национальнай култуураҕа уонна фольклорга сыһыаннаах араас киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри тиһиктээхтик үбүлүүр, өйүүр, сорох өттүн бэйэтэ көҕүлээн ыытар. Онтон биирдэстэрэ – Хоту сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын ытык сирдэрин чопчулаан, анал харыстанар сирдэр кэрискэлэрин (перечень) оҥорторуу.
Былырыын АЛРОСА хампаанньа, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Саха сирин хотугу улуустарын төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын ассоциацията буолан, үс өрүттээх бииргэ үлэлэһии дуогабарын түһэрсибитэ. Дуогабарга хотугу олохтоох омуктар төрөөбүт төрүт тылларын, култуурунай нэһилиэстибэлэрин үйэтитэр уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар этно-култуурунай үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын бигэтик сайыннарыыга үлэһэр, өйүүр туһунан этиллэр. Маны таһынан былырыын, атырдьах ыйыгар, алмаас хампаанньата өссө биир интэриэһинэй, инникилээх дуогабарга илии баттаан турар. Ол дуогабарга олоҕуран, Мииринэй уонна Өлөөн улуустарын сиригэр-уотугар киирэр ытык (сакральнай) сирдэри докумуоннатыы барыахтаах.
Бу үлэни РНА СО Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларыгар институт (ИГИПМНС), алмаас хампаанньатын сакааһынан ыыта сылдьар.
Бу үлэ туһунан биһиэхэ Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ, ИГИПМНС билимҥэ үлэһитэ, Вячеслав Шадрин кэпсээтэ.
– Вячеслав, ити этиллэр дуогабар чэрчитинэн, туох үлэ ыытыллыахтааҕын билиһиннэр эрэ?
– АЛРОСА экологтора биһиэхэ төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар ытык сирдэрин булаттаан, култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин быһыытынын бэлиэтиир, докумуоннатар, кыраныыссаларын быһаарар, ландшафтарын сиһилии ойуулуур, хаарталарын оҥорор, тирэҕириитин (обоснование) бэлэмниир соругу туруорбуттара. Ытык сирдэр (сакральнай) Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын олоҕурбут үгэстэрин, сиэрдэрин уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрин быстыспат сорҕото, чааһа буолаллар. Онон история-култуура өттүнэн дьоһун суолталаахтар. “Ытык сир” («сакральность») диэн өйдөбүлү юридическай быраактыкаҕа көһөрөр уустук. Тоҕо диэтэххэ, федеральнай сокуоннарга “ытык сирдэр” («сакральные места») диэн быһаарыы суох, онон бу маны чопчулаан, сиһилээн биэрии олус суолталаах. “История-култуура нэһилиэстибэтэ” уонна “история-култуура нэһилиэстибэтин мэҥэ таастара (памятники)» диэн, үгүс өттүгэр мэҥэ таастары (памятниктары) хайдах баарынан ылыналлар уонна археология сирдэрин быһыытынан өйдүүллэр. Ити өйдөбүллэр истэригэр ытыктанар уонна ландшафтаах сирдэр, о.э. «ытык кэрэ сирдэр» – «ытык сирдэр» киирэллэр. Холобур, Өлүөнэ очуостара, Киһилээх хайата уонна Куллаты. Куллаты – саха дьонун ытык сирэ: аатырбыт Тыгын Дархан айбыт аҕата Мунньан Дархан түстэнэн олорбут сиринэн (стоянка) ааҕыллар. Ол гынан баран, Куллаты археология пааматынньыгын быһыытынан, түҥ былыргы, сахалар бу дойдуга кэлэ да иликтэриттэн баар сир. Бу маннык, тылынан уус-уран айымньыларга, уос номоҕор хаалбыт бэлиэ сирдэр норуот култууратыгар сүҥкэн оруоллаахтар. Итинник сирдэргэ сыһыаннаан араас бобуу-хаайыы эмиэ баар. Оннук бобуулаах, табулаах сирдэргэ, холобур, Бүлүү эбэ хочотугар баар мифическэй аномальнай зона – Олгуйдаах киирсэр. Сорохтор “Өлүү хочото” («Долина Смерти») диэҥҥэ тиийэ ааттыыллар.
АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ – бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ – Павел Маринычев: «Биһиги бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыан, сиргэ-уокка уонна олоҕурбут үгэстэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы бириинсиптэригэр олоҕуран үлэлииргэ дьулуһабыт. Хампаанньа үлэлиир сирдэригэр олохтоох дьону өйөөбөт-убаабат түгэммитигэр ол кыаллыбатын өйдүүбүт. Биирдиилээн эбэтэр быстах кэмнээх сөбүлэҥинэн эрэ муҥурдаммакка, Хоту сир олохтоохторо, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар биһиги кинилэргэ ытыктабылбытын уонна өйөбүлбүтүн дьиҥ олоххо билэллэрин, өйдүүллэрин курдук, тиһиктээх, былааннаах үлэни ыытыах, кинилэри өйүөх тустаахпыт».
– Ол аата, хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктара олорор сирдэригэр-уоттарыгар баар итинник бэлиэ сирдэри докумуоннатар буоллаххыт?
– Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарга устуоруйа-култуура өттүнэн нэһилиэстибэтигэр суолталаах, итинник хабааннаах докумуоннаммыт пааматынньыктара суоҕун тэҥэ. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр айылҕаттан тутулуктаах көс олохтоох омук буолалларын быһыытынан, биир сиргэ олохсуйан олорботтор, олоро сылдьыбыт сирдэригэр бэлиэ суолу-ииһи хаалларбатахтарын кэриэтэ. Ол гынан баран, кинилэргэ хайдаҕын да иһин ытык сирдэр (сакральные) баар буоллахтара. Биһиги ол сирдэргэ булан, быһаарыы, тирэх бэлэмнээн, сөптөөх статуһу биэрэргэ үлэлэһиэхтээхпит. Холобур, норуот өйүгэр-санаатыгар, өйдөбүлүгэр баар, күн бүгүнүгэр диэри сылдьар төрөөбүт-үөскээбит сирдэрэ (родовые места) бааллар. Манна бэлиэтээн этэр суолталаах, биһиги чинчийии ыытарбытыгар үлүбээй сирдэри мэҥэ сирдэринэн ааттыыртан туттунабыт. Холобур, онно быраҕыллыбыт мээнэ поселениелар, ытык эбэтэр кэрэх мас диэн ааттанар, үгүс өттүгэр дьиҥинэн оннукка киирсибэт сирдэри киллэрбэппит. Ытык сир туһунан этэр буоллахха, оннук сирдэр материальнай эйгэҕэ буолбакка, духуобунас өйдөбүлүн кытта ситимнээх буолуохтаахтарын өйдүүбүт. Ытык сиргэ киирэр сирдэр устуоруйа-култуура өттүнэн тирэхтээх буолуохтаахтар. Холобур, онно төрүөт быһыытынан фольклор, норуот өйүгэр-санаатыгар хаалбыт устуоруйа кэрчигэ, норуот олоҕор буолбут суолталаах быһыы-майгы, дьайыы ааҕыллыан сөп.
Интэриэһинэй чахчы:
Өлөөн улууһун дьаһалтата “Өлөөн улууһун сакральнай географията” бырайыагы бэлэмнии сылдьар.
– Быһа барыллаан, төһө ытык сир баарый?
– Биһиги былырыыҥҥы балаҕан ыйыттан, саҕалаан үлэлээн эрэбит. Бу кэм устата архыып чахчыларыгар олоҕуран уонна ытык кырдьаҕастардыын кэпсэтии түмүгүнэн, быһа барыллаан реестри оҥордубут. Билиҥҥитэ Мииринэй уонна Өлөөн оройуоннарын территорияларыгар, быһа холоон, 200 курдук итинник сир баара бэлиэтэннэ. Итинтэн 30-чата – дьиҥ баарга, буолбукка, онтон 50-чата духуобунай өйдөбүлү кытта ситимнээх. Уоннааҕыта салгыы чинчийиини, ол иһигэр археология киэнин, ааһыан наада. Дуогабар чэрчитинэн, итинтэн 20 сири толору докумуоннатар кыахтаахпыт дии саныыбыт. Хас биирдии ытык сири турар миэстэтигэр сыһыаран, чопчу координаталарын бэлиэтиир, хаартыскаҕа түһэрэр, ону таһынан археология чинчийиитэ ыытыллара наадатын уонна кэскилин быһаарар үлэ күүтэр.
– Күн бүгүн оннук сиргэ киирэр биири эмэ сири холобур быһыытынан этиэххин сөп дуу?
– Толору испииһэк үлэ олоччу түмүктэннэҕинэ, киэҥ иһитиннэриигэ тахсыаҕа. Холобур, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар «Сэвэки», «Таҥаралаах», «Сенкю», «Мэрчимдэн», «Киhи Таас», «Эбиэн мас», «Тиис Хая» диэн айылҕа мэҥэ сирдэрэ бааллар. «Таҥаралаахха» уонна «Сэвэкигэ» былыргы суруктар (писаницы) бааллар, олор хаһан баар буолбуттарын биһиги быһаарар кыахпыт суох. Ол гынан баран, дьиҥ сакральнай суолталаахтар. Онон биһиги ити сирдэри судургутук археология эбийиэгин быһыытынан буолбакка, история-култуура холбоһугун быһыытынан киллэрэргэ суоттанабыт. Ити курдук, археология пааматынньыктара устуоруйа-култуура нэһилиэстибэтин ытык сирдэрэ буолар кыахтаахтар
– Бу үлэ туох сыаллаах ыытылларый?
– Хампаанньаҕа олус наадалаах, этэргэ дылы, остуол кинигэтэ буолар үлэ. Бу сирдэр бырамыысыланнас наадатыгар чинчийии ыытыллар, сир баайа хостонор, туһаныллар сиригэр арай хапсар буоллуннар. Онон хампаанньа үлэтин-хамнаһын былаанныырыгар ити иһитиннэриигэ тирэҕирэрин, мэҥэ сирдэр холобур, суол тутуллар сиригэр түбэһэн хаалбаттарын туһугар оҥоһуллар. Оттон уонна, олохтоохторго бэйэлэригэр да устуоруйа-култуура миэстэлэрин үйэтитии, харыстаан илдьэ сылдьыы – суолтата улахан. Арктика туоната – сайдыы уонна бырамыысыланнас туһаҕа тахсар сирэ эрэ буолбатаҕын, онно олохтоох, хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын төрөөбүт төрүт сирдэрэ, дьиэлэрэ буоларын, онон кинилэргэ сир-уот айылҕа айбыт көрүҥүнэн хаалара суолталааҕын АЛРОСА өйдүүр.
Мин санаабар, хампаанньа бу курдук олохтоох омуктар култуурунай нэһилиэстибэлэригэр уонна хоту сиргэ олорор омуктар олоҕурбут үгэстэригэр ытыктабыллаахтык уонна харыстабыллаахтык сыһыаннаһара атын да сир баайын хостооччуларга холобур буолуон сөбө.
Андрей ШИЛОВ.