Киир

Киир

Билигин улахан дьүүллэһии олохтоох бэйэни салайыныы саҥа киириэхтээх сокуонун тула барар. Үгүс дьон нэһилиэктэрбит эстиэхтэрэ, дьон куоракка киириитэ өссө элбиэҕэ диэн дьиксинэр. Быһа сэрэйдэххэ, ол тыһыынчанан дьон Докуускайга көһөллөрө чахчы. Оттон куораппыт дьон элбиир кэм саҥа кыһалҕатыгар бэлэм дуо?

Итиннэ уонна да атын куорат кыһалҕаларын туһунан “Арассыыйа хомуньуустара” баартыйа Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, куорат Дууматын дьокутаата Владимир Юну кытта ырытыһабыт. Кинини ардыгар Үрдүк Айыылар кырдьыгы этэн баран кэлээр диэн ыыппыт киһилэрэ дуу дии саныыгын, чэ, бардыбыт.

– Владимир Шиндикиевич, куорат үбүн боппуруоһа кэлэр сылга хайдах буолуох курдугуй?

– Дьокуускай кэлэр бүддьүөтэ ыгым, ордор биир да мөлүйүөн суох. Мин дьокутаат буолуохпуттан чэпчэтиини туһанар кыһалҕалаах ыал оҕолорун оскуолаҕа босхо аһылыгынан хаааччыйыыны туруорсабын. Олох утараллар, өссө былырыын биир солк. көҕүрэппиттэрэ. “Оскуолаҕа оҕо аһыыр харчыта, усулуобунайдык эттэххэ, тоҕо 105 солкуобайый, оттон питомникка биир ыты аһатарга 400 солк. көрүллэрий, оҕолорбут ыттардааҕар куһаҕаннар дуо” диэн ыйытаммын, тойоттортон мөҕүллэн турабын. Мин ити өссө аһары туттунан саҥарабын диибин, оччолорго оскуолаҕа үлэлиирим, илиим баалла сылдьара, тардынан элбэҕи ситэри эппэтим. Ол гынан баран ханнык баҕарар сыыһаттан, сиэрэ суох быһыыттан дууһам ыалдьар, онон эппиппин этэбин.

– Кырдьыгы этээр диэн норуот талбыт дьокутаата буоллаҕыҥ...

– Биэс тыһыынча киһи миэхэ куоластаабыта. Мин дьокутааттар соруйан харчыны оҕо аһылыгар кэмчилииллэр диэбэппин, бүддьүөккэ, чахчы, харчы суох. Ити харчыга оҕо тото, доруобуйатын тупсарар гына аһаабат. 105 солк. тугу ылыаххыный? Оҕолорго миин, килиэп уонна утах биэрэллэр. Ол оҕо доруобай буоларын мэктиэлээбэт. Эбиэккэ диэри үөрэнэр оҕо оскуолаҕа кырата күҥҥэ иккитэ үчүгэйдик аһыахтаах. “Айыы Кыһатыгар” 1800-кэ оҕо үөрэнэр, 220 миэстэлээх остолобуойдаахпыт. Онно кинилэр хайдах да иккитэ аһыыр кыахтара суох, харчы да суох. Куорат харчыта ханна барара биллэр. Боломуочуйабыт кыра: бөх, суол, канализация диэбит курдук. Элбэх харчыны хомунаалынай хаһаайыстыба сии олорор. Оттон саамай элбэх үп, куорат бүддьүөтүн 70 бырыһыана оскуолаҕа барар. Ити саҥа оскуолалары тутууга буолбатах, учууталлар, оскуола үлэһиттэрин хамнастара. Учуутал хамнаһа, дьиҥэр, өссө улахан буолуохтаах этэ, мин ситэтэ суох, кыра диэн ааҕабын. Билиҥҥи үйэҕэ үрдүк хамнастаах дьону убаастыыллар буолбатах дуо? Учуутал үрдүк хамнастаннаҕына убаастаныа этэ, үөрэтэр хаачыстыбата тупсуо этэ.

Өрөспүүбүлүкэттэн, федеральнай киинтэн сөп буолар гына ааҕыллан кэлбэт дуо?

– Кэлэр, үгүс өттүн өрөспүүбүлүкэ көрөн олорор. Ол гынан баран куорат бүддьүөтэ эмиэ эбии биэриэхтээх. Билигин учуутал хамнаһын ааҕарга Саха сирин Үбүн министиэристибэтэ “үрдэтэр оннугар кыччатыллыахтаах” диэн дьикти пуормулалаах ньыманы айан турар. Ол “буомба” кэмигэр дэлби тэбэрэ буолуо. “Айыы Кыһатын” холобурдаатахха, оҕо ахсаана 1800-һү аһардаҕына, учуутал хамнаһа кыччыахтаах. Оттон, дьиҥинэн, төһөнөн оҕо элбиир, ноҕурууска улаатар да, хамнас үрдүөхтээх. Онон кыһалҕаттан, оскуола оҕо ахсаанын аҕыйатарга интэриэстээх курдук буолан тахсар.

– Оскуолалары тутуу кыһалҕата маастар-былаанынан быһаарыллыа дуо?

– Уустук. Путин өссө өрдөөҕүтэ “оскуолалары барыларын биир симиэнэҕэ көһөрүҥ” диэн сорудах биэрбитэ. Дьокуускайга биир да оскуола биир симиэнэҕэ көһө илик. Оскуола эбии тутуллубат. Ити хайдах эрэ, сымнатан эттэххэ, нэһилиэнньэни утары күөмчүлүүр үлэ курдук көрөбүн. Тоҕо диэ, учуутал 42 оҕону хайдах үөрэтиэхтээҕий? Урукку нуорманан кылааска оҕо ахсаана 25-тэн үрдүө суохтаах диэн этэ. СанПинынан ону “киитэрэйдээн”, биир оҕоҕо хас эрэ квадратнай миэтэрэ тиийэр диэн хаттаан көрөн, уларытан аахпыттара. Кыра кылаастарга 42 оҕо  үөрэнэр. Оттон үрдүкү кылаастарга саҥа ньымаларынан аахтахха, кылааска 35 курдук оҕо тахсар, 42 буолбатах. Итини мин бэйэни уонна дьону албыннааһын курдук көрөбүн. Ол “квадрат улааппытыттан” учуутал мэйиитэ, эниэргийэтэ улааппат. Кини 25 оҕоҕо уруок тиэмэтин толору тиэрдиэн, кылааһы хонтуруоллуон, үөрэҕи ирдиэн сөп. Хайдах даҕаны ити 25-тэн ордук оҕону кыайбат. Онтон элбэх оҕоҕо үөрэх хаачыстыбата түһэр. Оччоҕо мөлтөхтүк СКЭ туттараллар. Оччоҕо үрдүк үөрэххэ киирбэттэр. Үөрэххэ да киирдэхтэринэ, син биир уон сыл кыра таһымнаахтык үөрэммит оҕо, үрдүк үөрэххэ үчүгэйдик, туйгуннук үөрэнэн барбат. Куорат 448 млрд солк. маастар былаанынан сөп буолар социальнай эбийиэктэр тутуллуохтара дииллэр да, 2032 сылга диэри сүрүннээн олорор дьиэ тутуутугар ити харчы кутуллуо диэн дьиксинэбин. Маастар былаанынан 12 оскуола тутуллар, ол хайдах да куорат оҕотун барытын биир симиэнэҕэ үөрэтэри хааччыйар кыаҕа суох. Куорат үөрэҕин салалтата эппитинэн, маастар былааҥҥа 2032 с. көрүллүбүт оҕо ахсаана 2024 с. туолар гына тиийэн турар. Ол аата, сүүһүнэн оскуола тутулуннаҕына биирдэ, Путин сорудаҕын толорор, кылааска 25-тии оҕону биир симиэнэҕэ үөрэтэр туруктаахпыт. Аны туран, куоракка оскуола тутар миэстэ суох. Эргэ дьиэлэри суулларан баран тутарга харчы эмиэ суох.

– 2032 с. диэри куорат нэһилиэнньэтэ хас киһинэн улаатыа дии саныыгын?

– Тутуллар олорор дьиэлэринэн саба быраҕан аахтахха, 2032 с. диэри сүүс тыһыынчанан элбээри олоробут. Олору олордоору Геологтар бөһүөлэктэригэр Билибин уулуссатыгар 21 тыһ. киһи киириэхтээх кыбартаалын оҥорор бырайыак баар. Аны 203-с түөлбэ курдук, кумаҕы кутан, Хатаска диэри барар элбэх кыбартаалы тутуохтаахтар. Онно 80 тыһ. киһи олоруохтаах. Дьон элбээһинин өссө биир кыһалҕата – суолларбыт. Дьон элбиир ноҕуруускатыгар эппиэттииллэр дуо? Билигин да “пробка” бөҕөҕө хаайтарар буоллубут. Улан-Баторга бара сылдьыбытым, онно күнү супту, өрөбүллэргэ кытта массыына “пробката” баар буолбут. Кыра куорат, 500 тыһ. киһи олорор кыамталаах, уулуссалара биһиэнин курдук кыараҕас. Ааспыт сылларга истиэптэн 3 мөл. монгуол көһөн кэлбит. Бары иккилии кэриэтэ массыыналаахтар. Массыына сыаната онно чэпчэки, нолуога биһиэнин курдук үрдүк буолбатах. Биһиэхэ Ленин бэрэспиэгэ, атын да улахан уулуссаларбыт кэҥиир кыахтара суох. Улан-Батор курдук “пробкаҕа” хаайтарыахпыт. Сир аннынааҕы тоннель, Москубаҕа курдук эстакаданан “развязка” суох. Куоракка олорор дьон ити маастар былаанынан тутуллар дьиэлэри олохтоохтор атыылаһыахтара дии саныыллар. Оннук буолбатах, быйыл Ньурба Аканатыгар, кырата суох нэһилиэккэ, бастакы кылааска 1 оҕо киирдэ. Атын да улуустарга оскуолаҕа оҕо аҕыйах. Ити тыаттан дьон куоракка күүскэ киирэрин көрдөрөр. Итини тыаларбыт эстэн эрэллэр, бары сотору саха 99% куоракка киириэ диэххэ сөп. Эппэтэҕэ диэйэҕит. Мин миграцияны көрүҥ, куоракка аһара улаатар диэн 20 сыллааҕыта ыстатыйа суруйбутум. Архитектура, куорат, өрөспүүбүлүкэ салалтата оскуола тутуутугар, суол кэҥэтиитигэр, дьон хайдах олоруохтарай, хамнастаныахтарай диэн боппуруостарга болҕомтолорун уурбаттара – улахан сыыһалара. Олорор дьиэни туппут эрэ киһи диэн олорон кэллибит. Куорат салалтатыгар федеральнай киинтэн бачча кыбадыраат миэтэрэни сылга тутуохтааххын диэн, үлэтин сыаналыыр ирдэбил индекстэр бааллар үһү. Ити – соҕуруу олорор тутуу лоббита Арассыыйа үрдүнэн ыыта олорор бэлиитикэтэ. Тутууга олох сөҕүмэр элбэх сыыппаралаах харчы эргийэр буоллаҕа. Биир Ленин болуоссатын оҥоруу 731 мөл. солк. сыаналаах диэбиттэрэ. Ити харчыга биир оскуола тутуллуох этэ. Мин болуоссат оҥоһуллубутун утарбаппын, сэргиибин. Сэргэлэр турбуттара олус үчүгэй, ааспыт 400 сыл устата биһиэхэ сахалыы элэмиэннээх биир да болуоссат тутуллубатаҕа. Ол эрээри тугу бастакы уочарат оҥоробут, туох кыһалҕатын быһаарабыт диэн туруохтаах.

– Таатта лицейин дириэктэрэ И.А. Сивцева “Кыымҥа” тахсыбыт интервьютугар учуутал үрдүк үөрэҕэр кыра СКЭ-лээх оҕолор киирэр буоллулар диэн эппит этэ.

– Оскуолаҕа мөлтөхтүк үөрэммит оҕо үрдүк үөрэҕэр эмиэ оннук үөрэнэн, мөлтөх исписэлиис буолар. Ол мөлтөх исписэлиистэр сотору 15 хас сылынан биһигини салайыахтара дии. Мин үөрэҕи уопсастыбаҕа дьону сүрүннүүр саамай улахан күүс диэн көрөбүн. Холобур, Соҕуруу Кэриэйэҕэ учуутал таҥара курдук. Биһиэхэ учууталга сыһыаммыт хайдаҕый? Соторутааҕыта бассаапка Дьокуускайга ханнык эрэ оскуолаҕа эр киһи төрөппүт киирэн, учууталы, дьахтары кырбаабыт видеота баара. Учуутал, баҕар, туохха эмэ сыыспыт буолуон сөп, оннук да түбэлтэҕэ кырбыыр ханнык да сиэргэ-майгыга баппат быһыы. Итини мин кимнээх эрэ, аан дойдуну салайар кистэлэҥ күүстэр соруйан Арассыыйа ыччатын мөлтөтөр тус сыаллаах оҥорон ыытар үлэлэрин курдук көрөбүн. Алҕаска туох эрэ умнуллан хаалан, учууталы, оскуоланы намтатыы тахсар буолбатах, анаан-минээн күнтэн күн аайы олорор мутукпутун бэйэбитинэн кэртэрэллэр. Үөрэҕирии боппуруостарыгар бастакы уочарат оҕо доруобуйатыгар суолталаах оҕо аһылыга, физкультура киириэхтээх. Ол эрээри  хайа эрэ биридимиэт чааһа элбээтэ да, хайаан да физкультураттан уонна саха тылыттан чаас көҕүрүүр. Дьиҥэр, бу икки биридимиэт саха норуотугар тыын суолталаахтар. Доруобуйабыт, бэйэбит тылбыт, култуурабыт, үгэс буолбут дьарыктарбыт өрө тутуллуохтаахтарын туһунан кэпсэтии, үлэ олох барбат. Төрөппүт кэмитиэтин, аҕа сүбэтин үлэлэрэ оскуолаҕа күүскэ барыахтарын сөбө. Тоҕо диэтэххэ, дириэктэр саха тылын, төрүт култуураны эбии үөрэтиини туруорсубат буоллаҕына, ити үлэ олох барбат. Саха тыла, култуурата уруок таһынан атын дьарыктар. Оскуола барыта ону уйунар кыаҕа суох. Бэйэтэ туспа үөрэтэр федеральнай бырагыраамалаах, онно киирэ сатыыр. Аны үөрэҕириини барытын отчуот курдук көрөн олороллор. Төһө оҕо ситиһиилээхтик СКЭ туттарбытынан, хас “провал” баарынан эрэ көрөллөр. Оскуолаҕа киһилии киһини иитэн, үөрэтэн таһаарыы боппуруоһа олох турбат. Дьиҥэр, олоххо ол наада. Билигин нууччалар да, атын омуктар да “үрдүк үөрэхтээх киһи наһаа элбээтэ, оттон киһилии дьон тиийбэттэр” диэн суруйаллар. Үөрэҕирии бастакынан туруо суохтаах, бастакынан киһилии киһини иитэн таһаарыы туруохтаах. Оскуола киһилии киһини иитиигэ хайаан да болҕомтотун ууруохтаах. Ол эрээри оскуола бэйэтэ уурар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх ыстандаардынан хааччахтанан турар. Учууталга хас мүнүүтэтигэр тиийэ тугу гыныахтааҕа суруллан сылдьар.

– Саха тылын, култууратын, устуоруйатын оскуолаҕа үөрэтиигэ, киһилии киһини иитиигэ Үөрэх министиэристибэтэ кыһаллыахтаах буолбатах дуо?

– Үөрэх министиэристибэтэ – судаарыстыба саллаата, иитиигэ харчы төлөммөт. Билигин саха тылын учуобунньуга бэчээттэммэт, ону билэҕит дуо? Бүтүн министиэристибэ итиннэ тоҕо үлэлээбэтий? Министиэристибэ тула бүддьүөттэн үбүлэнэр атын тэрилтэлэр, ГБУ-лар элбэхтэр. Урукку Ил Түмэн саха тылын учуобунньугар 54 мөл. көрбүт этэ, ол харчыны туһаммакка хаалларбыттара. Билигин онон харчы көрбөт да буоллулар быһыылаах, учуобунньук суоҕун курдук суох. Бэйэбитигэр сыһыаннаахха барыта күлүү-элэк курдук баран иһэр. Дьиҥнээх олоххо сыл аайы сахалыы эйгэттэн элбэх көлүөнэни сүтэрэн иһэбит. Саха сиригэр оскуолаҕа алын кылаастар бары биридимиэттэрин нууччалыы учуобунньуктарынан үөрэнэ сылдьаллар. Бүтэһигэр диэри “Айыы Кыһата”, ЯГНГ саха тылынан үөрэтэ олорбуттара да, тохтоотулар. Ити туохха тиэртэ? Алын сүһүөх оҕолорбут көҕүрэтии, эбии, түҥэтии, төгүллээһин диэн тыллары билбэттэр. Оннук оҕо, төһө да чулуу буолбутун үрдүнэн, сахалыы толкуйа киирбэт. Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөөбүт тылынан иитиллиэхтээх. Н.И. Бугаев өссө эрдэ оскуола барыта “упущенное”, дьыссаакка сылдьар оҕону төрөөбүт тылыгар сыһыарбатаххытына, оскуолаҕа сыһыарар кыаллыбат диэбитэ. Төрөөбүт тылын билбэт оҕо тыалыын-куораттыын олус элбии турар.

– Хомуньуус киһи Ленин болуоссатын икки аҥыы хайытыыны туох дии саныыгыный?

– Оҕо В.И. Ленин пааматынньыгын аттынан ааһан иһэн ийэтиттэн “бу кимий?” диэн ыйытар. Ийэтэ “бу Ленин, кини өрөбөлүүссүйэни оҥорбута, онно дьадаҥылар баайдары сэриилээн кыайбыттара” диир. Оҕо онуоха “ама, оннук оҥорор кыаллар дуо?” диэн дьиктиргээн ыйытыа. Баайдар өрөбөлүүссүйэттэн куттанан, Ленини суох гына сатыыллар.

– Клишас-Крашенинников сокуонун туһунан туох санаалааххыный?

– Госдума сокуону ылын-наҕына, нэһилиэккэ дьокутааттар уонна баһылыктар суох буолуохтаахтар. Салайааччыны улуус дьаһалтата аныыр. Улуус баһылыгын Ил Дархан аныыр. Оттон Саха сирэ барыта нэһилиэк сирдэриттэн турар. Урут ким эрэ кэлэн сири сүргэйэн, алдьатан бардаҕына, дьокутааттарыгар эбэтэр талбыт баһылыктарыгар үҥсэн утарсаллара. Билигин улуус дьаһалтатын киһитин сатаан хамсатыахтара дуо? Кинини нэһилиэк дьоно талбатахтара, онон куттаммат, туохха да наадыйбат киһи буолуон сөп. Аны туран, анаммыт улуус баһылыга норуоту көмүскүө дуо? Ол иһин ити боппуруостарга биһиги сэрэхэдийиэхпитин наада. Тугу гынарга маннык этиилээхпин. Ити сокуону син биир ылыныахтара. Онно ТОС-тары тэрийии көҥүллэнэр (территориальное общественное самоуправление). Олору күүскэ тэрийиэххэ наада. Хамнаһа суох, ол гынан баран салайааччы быыбарынан талыллар. Норуот бэйэтин олоҕун тэринэрин, дьаһанарын күүскэ киллэриэхпитин наада. Биһиги былыр-былыргыттан кинээстэр, кулубалар, сэбиэттэр, дьаһалталар диэн иерархия, ким эрэ дьаһайарыгар үөрэнэн хаалбыппытын быраҕан, бэйэбит дьаһанарга, олохпутун оҥосторго үөрэниэхпитин наада. Инньэ гымматахха, аҕыйах сылынан 100 тыһ. саха куоракка киириэ.

Владимир Степанов.

Бүтэһик сонуннар