Киир

Киир

Бу күннэргэ соцситимнэргэ, бассаапка Саха сириттэн РФ Госдуматын дьокутаата Пётр Аммосов өрөспүүбүлүкэҕэ өр сылларга бөрө сиэрэ суох элбээбитин аҕыйатарга сэбиэскэй кэмнээҕи ньыманы – дьааты туттары – көҥүллэтэргэ туруорсар этиитэ тарҕанна. Ким эрэ итини улахан быыбар чугаһаан, КПРФ “пиара” диэн сөп. Ол эрээри ыт быһаарыллыбат боппуруоһун курдук, бөрө уонунан сылларга сордообут улахан кыһалҕабыт буоларынан, хаһан баҕарар этиллиэхтээх буолбатах дуо?

Брюссельга баспытын укпуппутун көтүрээри

Пётр Револьдовичка төлөпүөннээн, ити туруорсар устуоруйатын төрдүн-төбөтүн туоһуластым. 

П.Р. Аммосов:

– Арассыыйа саньытаарынай нуорматынан Саха сиригэр (3 мөл. кв. км иэннээх сиргэ) 1,5 тыһ. бөрө ыалдьыбыт, мөлтөөбүт, өлбүт кыыллары сиир “ойуур саньытаарын”  быһыытынан сөп буолуохтаах. Оттон бүгүн охотоведтар ааҕалларынан, Саха сиригэр бөрө 9,5 тыһ. баар эбит.

Хоромньулара улахан: 2023 с. түмүгүнэн 6610 табаны, 109 сылгыны тардыбыттар.  Урут улаханнык учуоттаммат эһэ эмиэ элбээн, 846 табаны, 66 сылгыны тардыбыт. Дьэллик ыттар үөскээн, 25 сылгыны сиэбиттэр. Ардай аһыылаахтар итинник элбииллэрин, көрдөрөн туран сылгыбытын, табабытын тардалларын хайдах да тохтотор кыахпыт суоҕа кыһыылаах.

Бөрөнү авиация бэркэ бултуур диэхтэрэ. Ол эрээри бөртөлүөт 1 чаас көтүүтэ – 400 тыһ. солк., 3 чааһа – 1,2 мөл. солк. Итинник улахан ороскуоту ханнык да бүддьүөт кыайан уйуммат. Аны ити мөлүйүөнү “үрдэрэн” баран, бөрөнү көрбөккө, кураанах да төннүөххэ сөп.

Бөрөнү уодьуганныырга сэбиэскэй кэмҥэ барий фторацетата диэн дьаат көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Бу дьааты туттарга көҥүлү РСФСР Т/х министиэристибэтэ 1960 с. таһаарбыт.

Ол кэннэ холкуостар, сопхуостар табаһыттарыгар, сылгыһытыгар ити дьааты кып-кыра пенициллин бытыылкатыгар кутан, 1 сылга тутталларыгар биэрэллэрэ. Ол дьаатынан ыстаадаҕа, сылгы үөрүгэр кэлбит үөр бөрө тутатына суох оҥоһуллар эбит. Бөрө утуйан баран уһуктубат.

ССРС сууллубутун кэннэ, 1997 с.,  Арассыыйа Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр (ВТО) киирэригэр арҕаалар туох диэбиттэригэр барытыгар сөбүлэһэн төбөбүтүн кэҕиҥнэтэ олорбуппут. Евросойуус, Канада угаайыларыгар киирэн, Брюссельга бөрөнү утары дьааты туттары бобор куһаҕан сөбүлэһиигэ илии баттааммыт, буорайан олоробут. Ону көтүрэргэ биир эрэ суол баар. Бүгүн арҕаалар Арассыыйаны утары араас хааччаҕы, өстөөхтүү дьайыыны оҥороллор. Онон бөрөнү дьаатынан өлөрөрү тохтоппут Брюссель сөбүлэһиитин Госдумаҕа сокуоҥҥа киллэрэн көтүртэриэхтээхпит.

“Боппуруос биир сыл иһинэн быһаарыллыа” диэн эрэнэбин. Мин бөрө дьаатын туттары көҥүллүүр туһунан РФ Айылҕа ресурсаларын министиэристибэтигэр туруорсубутум. Бөрө иирэр ыарыыны тарҕатааччы, онон ол ыарыы турдаҕына, дьааты сонно туттар көҥүлү биэрэр бирикээс бырайыагын оҥорон сүүрдэ сылдьаллар. Оттон Брюссель быһаарыытын көтүрүү бырайыага сөбүлэһиннэриини ааһан, Госдумаҕа киирэн ылылыннаҕына, бөрө дьаатын туттар көҥүл буолуо. Ити дьаат урут Иркутскай собуотугар  оҥоһуллар эбит, бэтэринээр хайа баҕарар тэрилтэтэ тарҕатар кыахтаах. 

Бөрө дьаата тоҕо бобуллубутугар бэйэм туспа көрүүлээхпин. “Бу бизнесменнэр, биһиги былыр-былыргыттан аһаабыт аспытын быһаары, төрүт дьарыкпытын эһээри толкуйдаабыт уодаһыннаах албастара” диэн сыаналыыбын. Табабытын, сылгыбытын бөрөнөн эстэрэн баран, кыраныысса таһыттан дуу, хантан дуу атын эти киллэрэн атыылаан, биһиги харчыбытын суйдуур киитэрэстэрэ.

 Кэмэнтээрий: Пётр Аммосов бөрө дьаатын бобууга ити ураты көрүүлээҕин өссө Ил Түмэн дьокутаатынан үлэлии сылдьан, 2017 с. кулун тутарга,  бөрөнү аҕыйатар туһунан боппуруоһу көрбүт “бырабыыталыстыба чааһыгар” этэн турар. Бөрөлөр 2016 с. түмүгүнэн 6 835 табаны тардан, т/х тэрилтэлэригэр 97 мөл. солк ороскуоту таһаарбыттара этиллибит. ТХМ, Ил Түмэн бөрө, ыт да боппуруоһун субу-субу көрөллөр да, “сокуон бобор” диэн кэриэлийэртэн атыны билбэттэр: көдьүүстээх атын ньыма көстүбэт.  

Кини өссө: “1990-с сылларга өрөспүүбүлүкэ салалтата Саха сирин үс гыммыт биирин ураты харыстанар сирдэр, заповедниктар оҥорбута. Онно ханнык да кыылы ытар көҥүллэммэт. Араас кыылы кытта бөрө, эһэ элбиир усулуобуйата тэриллибитэ. Мин ону бөрөнү элбэтэр “рассадник-инкубатор” диэн ааттыыбын. Холобур, Уус Алдан Өспөҕүттэн 6 км сиргэ киирэн ыытар табыллыбат. Бу харыстанар ойуур уҥуоргу өттө Эбээн Бытантай, бөрө онно көҥүл баран таба сиир, эргиллэн кэлэн, Уус Алдан сылгытын тардар. Ол тухары кыайан бултуур кыаҕыҥ суох”, – диэн бигэ сабаҕатын этэр.

 Тустаах исписэлиистэр, охотоведтар, биологтар бу манна туох диэн санаалаахтара буолла?

***

– Бөрө дьаатын көҥүллүүр боппуруоһу өссө ханна көтөхтүҥ?

– Бастакы видеоҕа пленарнай мунньах иннинэ пресс-подходка эппитим. Ол кэннэ Н.Харитонов салайар Арктикатын кэмитиэтин төгүрүк остуолугар эмиэ бу тиэмэҕэ эттим.

– Бурматов, кыылы көмүскээччилэр туох диэхтэрэ дии саныыгын?

– Киэҥ эйгэҕэ саҥа эттим. Баҕар, сотору миигин эмиэ “кулааһайдыыллара” буолуо. Ол эрээри бэрэсидьиэн быыбарын хампаанньатын кэмигэр кыылы көмүскээччилэр, кинилэр диэки дьокутааттар, бөрөнү көмүскээн, айдааны таһаарыахтара суоҕа,  итинниги ким да сөп диэбэтэ буолуо. Онон бу – кырдьык, судургута суох боппуруос. Дьокутааттар бары, баартыйатыттан тутулуга суох, бу ыарахан боппуруос быһаарыллыахтаах диэн өйдүүллэр.

– Атын эрэгийиэннэр дьокутааттара бөрө дьиэ кыылын тардарын туһунан  этэллэр дуо?

– Суох, эрэгийиэннэр дьокутааттара куттанан саҥарбаттар. Тоҕо диэтэххэ, бөрө элбээбит хоту, кырыы сирдэриттэн хомуньуус дьокутаат суох. Хомуньуус дьокутаат “бырабыыталыстыба туох диэҕэй” диэн наадыйбат. Кыһалҕаны быһаччы этэбит.

Евросойуус Е. Борисовы сии сыспыттааҕа

Бөрөнү таарыйбычча, уруккуну санаан ылыаҕыҥ. “РИА новости” 2011 тохсунньу 19 күнүгэр Саха сиригэр Үөһээ Дьааҥы улууһун 400 үөрдээх бөрө буулаан, аҕыйах хонук иһигэр 30 сылгыны тардыбыта баччааҥҥа диэри  куйаар ситимин биир дьулаан сураҕа буола сылдьар. Өтөр-өтөр Саха сирин бассаабынан 400 бөрө үөрдэспитин туһунан видео, күнэ-дьыла суох суруйуулар күн бүгүн буолбут курдук тахсаллар.

Тыаттан төрүттээх, булду билэр дьон бөрө итиччэ үлүгэр элбэх үөрдэспэтин билэр. Ол эрээри куорат, айылҕаттан тэйбит “аспаал” олохтоохторо, ол-бу сымыйаны наһаа итэҕэйэллэр. Бассаап сураҕа начаас умнуллар. Онон ити 2011 с. сурах эргиллээтин кытта, хайаан да “уой-аай, иэдээн, былаас тугу көрөр?!” диэн ис хоһоонноох кэмэнтээрийдэр ойон тахсыбыт буолаллар.

2013 с. тохсунньутугар оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов “бөрө сиэрэ суох элбээтэ, элбэх сылгыны, табаны тарта” диэн, өрөспүүбүлүкэҕэ ыксаллаах балаһыанньаны биллэрбитэ. Сыыстарбат буоллахпына, ол кэннэ биһиэхэ аан дойду кыылы көмүскээччилэрэ аан маҥнай сирэйэ-хараҕа суох маассабай саба түһүүлэрэ тахсыбыта, үлтү үөҕүллэн, чахчы, улаханнык “шоктаммыппыт”.

Ыксаллаах балаһыанньа айылҕа ресурсаларын исписэлиистэрин дааннайдарынан ылыллыбыта. Саха сиригэр 500 бөрө баар буолуохтааҕа, ити сыл элбээн, 3,5 тыһ. тиийбит. 2012 с. түмүгүнэн 16 тыһ. табаны тардан, 150 мөл. солк. хоромньу тахсыбыт этэ. Тэҥнэбилгэ: 2006 с. бөрө 4 тыһ. табаны тардыбыт буоллаҕына, алта сылынан хоромньута 4 төгүл элбээбит диэбиттэрэ. Оччолорго хоромньуну ааҕарга биир таба сыанатын 10 тыһ. солк диэн быспыттар этэ. Бөрөлөр ити сыл өссө 314 сылгыны тардыбыттар.

Ити курдук сыл аайы бөрө элбээн, улахан хоромньуну таһаарар эбит.

Ыксаллаах быһыы биллэриллибит 2013 сылыгар судаарыстыба  биир өлбүт бөрө иһин 10 тыһ. солк. төлөбүр олохтообута. Аан дойду кыылы көмүскээччилэрэ бөрөнү өлөрдөххө, харчы төлөнөрүттэн букатын ииригирбиттэрэ. Сахалары хаанымсахтар, дьиикэйдэр эҥин диэн үөҕүү, ыыс-бурут бөҕөтө этэ. Аангылыйаҕа, арҕаа дойдуларга Саха сиригэр бөрөнү өлөрүүнү утаран, илии баттааһыны тэрийэ сылдьыбыттара. Е.Борисовка, бырабыыталыстыбаҕа аан дойду таһымнаах уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн тиийэ уордайбыт суруктар кэлитэлээбиттэрин суруйбуттара.

Онтон ыла ыт да, бөрө да ахсаанын аҕыйатыы боппуруоһа турдаҕына, кыылы көмүскээччилэр биһиги үрдүбүтүгэр түһэн үөҕэллэр.

Куобах суоҕуттан бөрө элбиир дуо?

Оччолортон билиҥҥэ диэри бөрө тоҕо т/х-тын кыылларыгар саба түһэрин ырыталлар. “Ол төрүөтэ – Саха сиригэр сүрүн аһылыга – куобах – суох буолан” диэн быһаарбыттара. 

Кырдьыгынан эттэххэ, куобах элбиирэ-аҕыйыыра айылҕаттан тутулуктаах. Биллэрин курдук, 2013 с. кэннэ ааспыт 11 сыл устата куобах да, бөрө аһылыга буолуох айылаах атын ойуур кыыла элбээбэтэ. Оттон бөрө тугу эрэ сиэн элбиир. Аһыан баҕарбыт торҕон бөрө хараҕар куобах көстүбэт, тайах адаарыҥнаабат, арай хонууга – сылгы, туундараҕа таба эрэ элэҥниирэ көстөр.

Сэбиэскэй кэмнээҕи бөрөнү уодьуганныыр көдьүүстээх ньымалар бобуллан, сыл аайы төһө таба, сылгы сиэммитин ааҕабыт эрэ. Аны төһө бөрө тыыннаах хааларын ааҕыы бутуурдаах. Холобур, Саха сиригэр 2012 с. 500 эрэ бөрө хаалыахтаах диир буоллахтарына, П.Р. Аммосов СанПинынан 1,5 тыһ. буолуохтаах эбит диир.

Урут холкуостар, сопхуостар бөрөнү аҕыйатарга харчыны харыһыйбаттара. Судаарыстыба бөртөлүөтүнэн, Ан-2 сөмөлүөтүнэн бултуурга элбэх үбү көрөрө. Бөрөҕө дьааты тутталлара.

Бүгүн П. Аммосов эппитин курдук, Евросойуус угаайытыгар киирэн биэрэн, сокуоммут бөрөнү кыайан бултаппат, эстэрбэт. Онон бөрө Арассыыйа хоту эрэгийиэннэригэр, Сибииргэ кыһын аайы дьиэ кыылын иитиигэ хоромньу бөҕөтүн таһаарар. Бөһүөлэктэргэ киирэн, ыттары өлөрөн сииллэрэ өтөр-өтөр иһиллэр. Бара сатаан диэбиккэ дылы, соторутааҕыта, Кемерово киинигэр бөрө киирэн, бөх тоҕор иһиттэрин кэрийэ сылдьарын көрбүттэрэ соцситимнэргэ тарҕаммыт этэ.

Ардай аһыылаах бөрөнү, эһэни, дьэллик ыты Арассыыйаҕа көдьүүстээх ньыманан бултуур ити курдук бобуллан, бырдах курдук элбии туралларын тохтотуохха. Үөһэ суруллубукка эргилиннэххэ, бөрө 2006 с. 3,5 тыһ. буоллаҕына, бүгүн 9,5 тыһ. тиийбит. Сиэмэх кыыллар өссө элбээтэхтэринэ, туох буолуон сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Бөрө, эһэ уонна ыт тардыбыт т/х кыылын ахсаана

Сыл

Ынах

Сылгы

Таба

2018

70

262

11983

2019

106

258

10362

2020

95

214

6440

2021

131

193

6844

2022

89

209

6413

2023

77

200

6610

 

 Владимир Степанов.