Киир

Киир

Бүгүн хас эмэ сылга биирдэ буолар уонна дьон хараҕар дэбигис көстүбэт айылҕа сэдэх көстүүтэ – норуокка этэллэринэн, күн бүтүннүү «өлүүтэ» буолуоҕа. Бу кэмҥэ дьон санаата ордук элбэхтик түһэр-тахсар дииллэр эрээри, билим өттүнэн ол дакаастана илик.

Ол эбэтэр, Ый хас да мүнүүтэ устата Сир уонна Күн икки ардыгар көбүс-көнөтүк туран Күнү толору сабардыа. Хайааһын 19:39 мск саҕаланыаҕа уонна 22:55 мск бүтүөҕэ. Күн бүтүннүү «өлүүтэ» 21:17 мск түбэһиэҕэ уонна 04:28 устата туруоҕа.

Бүгүҥҥү күн толору сабарданыытын Канада, АХШ уонна Мексика олохтоохторо эрэ көрөн дьоллонуохтара. Атыттар NASA YouTube ханаалын быһа биэриитигэр көрүөхтэрэ. Аадырыһын 2024 Total Solar Eclipse: Through the Eyes of NASA (Telescope Feed) диэн аатынан булуохха сөп.

Сонун төрдө: Dzen.ru

 

Санааҕын суруй