Киир

Киир

Тоҕус ыйдаах кыыдааннаах кыһыннаах дойдубутугар сааскы чаҕыл күннэр үүннүлэр, күөххэ үктэнэрбит бэрт кыра хаалла. Сахабыт сирин өрүстэрэ, халыҥ муустарыттан босхолонон, киэҥ киэлилэринэн устан эрэллэр...

“Ыам ыйын 9 күнүгэр Өлүөнэ эбэ Ленскэй куорат аннынан хамсаан, ыам ыйын 10–11 күннэригэр Өлүөхүмэҕэ тиийиэхтээх” диэн Саха сиринээҕи ЫБММ сулууспатын пресс-сулууспата өссө ыам ыйын 10 күнүгэр биллэрбитэ.

“Оперативнай бөлөхтөр Өлүөнэ, Алдан, Амма өрүстэр туруктарын кэтииллэр, ону тэҥэ Арассыыйа ЫБММ селекторнай мунньаҕар кытыннылар. Харыы тахсыан сөптөөх сирдэрин “беспилотниктаах” тахсан көрдүлэр, биэрэк таһынааҕы нэһилиэнньэлэргэ олохтоохторго өйдөтөр-иһитиннэрэр, кэтээн көрүү үлэтэ ыытыллар. Халааны бохсорго бары бэлэмнэнии, күүс-уох тэрилиннэ, харыы тахсар түгэнигэр 25 т дэлби тэптэрэр бэссэстибэ саппааһа баар”, – диэн Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи салалтатын начаалынньыга Павел Гарин бэлиэтээн эппитэ.

Ыам ыйын 12 күнүн сарсыарда Өлүөнэ өрүскэ харыы туран, Өлүөхүмэ оройуонугар дьон олорор дьиэлэрин уу ылла. Ол курдук, Дэлгэйгэ икки киһи олорор биир дьиэтэ, Ииннээххэ уон икки киһи олорор алта дьиэтэ ууга баран, аймахтарынан уонна быстах кэмҥэ олорор пууннарга тарҕаспыттара.

Ыам ыйын 12 күнүн сарсыардатыгар Өлүөхүмэҕэ Өлүөнэ өрүскэ икки сиринэн муус хойуутук устарын туһунан Саха сиринээҕи ЫБММ иһитиннэрбитэ. Бу күн сарсыарда 11:30 Дэлгэй аннынан харбыт муус устан, таһымнаан турбут өрүс уута түһэрин сабаҕалаабыттара.

Ыам ыйын 13 күнүгэр, аан күн, саҥа үлэ-үөрэх нэдиэлэтэ саҕаланаатын кытта Өлүөхүмэ улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Кыыллаахха, I Нөөрүктээйигэ уонна Хороҕо барыта холбоон 100 тиэргэни уу ылбытын туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин I солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрбитэ.

Бу күн Саха сиринээҕи ЫБММ уонна Быыһыыр сулууспата Өлүөхүмэ оройуонугар Өлүөнэ өрүскэ муус устуутун эрэспиэскэлээн, муус ханан хайдах харбытын, ханан дэлби тэптэриллиэхтээҕин быһаарар үлэни ыыппыттара.

Бу күн Хаҥалас улууһун баһы­лыгын дьаһалынан ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибитэ. Оройуон дьаһалтатыгар эппиэтинэстээх дьон анаммыттара, нэ­һи­лиэк баһылыктара төгүрүк суукканы быһа дьуһуурустубаны тэрийэргэ, сүөһүнү-сылгыны уу ылбат сиригэр үүрэргэ, булчуттарга өйдөтөр үлэни ыытарга сорудахтаммыта.

Ыам ыйын 13-гэр күнүс Өлүөхүмэ Хоротугар харан турбут муус барбытын Өлүөхүмэ баһылыга Николай Харбин телеграм-ханаалыгар суруйбута.

Бу күн Өлүөхүмэҕэ Селиваново аннынан Өлүөнэҕэ муус харыытын Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ дэлби тэптэрэн ыыттылар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Өлүөхүмэ халааныгар “Полярные авиалинии” АК икки бөртөлүөтэ: биир – дэлби тэптэриигэ, иккис – дьону көһөрүүгэ – үлэлээтилэр.

ӨлүөхүмэӨлүөхүмэ

Дьокуускай аннынан муус устарын быһа холоон ыам ыйын 15–16 күннэригэр күүтүллэр. Муус устарын https://spas-sakha.ru/press-center/ledokhod-online сигэнэн киирэн “онлайн” көрүөххэ сөп.

Өлүөнэҕэ муус аллараа кирбиитэ Хаҥалас улууһун Иһит нэһилиэгэр ыам ыйын 13 күнүн киэһэтигэр тиийэн, ыам ыйын 14 күнүн сарсыарда Кытыл Дьурааҕа хойуутук, онтон Сиинэҕэ орто таһымнаахтык уһунна. Покровскай–Дьо­куускай–Хаҥалас (Кангалассы) учаастагар муус барыыта ыам ыйын 14–18 күннэригэр сабаҕаланар.

Саха сиринээҕи суһал-ыстаап иһи­тиннэрэринэн, Өлүөнэ эбэҕэ Өлүө­хүмэ Кыыллаах, I Нөөрүктээйи нэһилиэк­тэригэр уу таһыма түспэккэ турар. Оттон Өлүөхүмэ аннынан икки чаас иһигэр 30 см түһэн, 872 см тиийбит, сэдэх муустаах.

Саҥыйахтаах аннынан уу таһыма үрдүүр, манна кутталлаах таһым 1340 см буоллаҕына, икки чаас иһигэр 108 см тахсан, 1237 см тэҥнэспит. Сотору кэминэн бу учаастакка Урицкайтан уу кэлэр чинчилээх, оччоҕо муус хамнаан, Саҥыйахтаах–Иһит–Кытыл Дьураа хайысханан уу таһыма биллэрдик тахсара сабаҕаланар.

Бу күн сарсыарда Хаҥалас Иһитигэр уу кутталлаах таһыма 1992 см эбит буоллаҕына,1645 см тэҥнэстэ уонна икки чааһынан 20 см түстэ. Кытыл Дьураа аннынан уу таһыма намыһах эрээри, муус хойуутук устар.

Өлүөхүмэ

Өлүөхүмэ өрүс Өлүөнэҕэ түһэр төрдүгэр Троицкай нэһилиэгин аннынан муус устар. Уу таһыма икки чаас иһигэр 32 см түһэн, 822 см тэҥнэстэ, манна кутталлаах кэрдиис – 1000 см.

Алдан

Алдан өрүскэ муус Уус Алдан, Томпо уонна Таатта оройуоннарынан күүскэ устар. Аллараа кирбии Уус Алдан улууһун Верхоянскай перевоһун гидропуоһугар бэлиэтэнэр.

Амма

Амма эбэ үөһээ өттүгэр уу таһыма үрдүүр. Таатта Харбалааҕын аннынан суукка иһигэр 0,5 м таҕыста, муус устуута сэдэх.

Бүлүү

Бүлүү өрүскэ Сунтаар, Ньурба сирдэринэн муус устар, сарсыарда аҕыска Ньурба гидропуоһун аннынан харыы тахсыбыта бэлиэтэнэр. Сотору кэминэн муус устуута Үөһээ Бүлүү–Бүлүү учаастагар тиийиэҕэ.

Бүлүүгэ харыыБүлүүгэ харыы

Бу күн Нурба улууһун Ньурба куоратыгар, Дьаархан, Антоновка нэһи­лиэктэригэр ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ.

Киэһэ СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Андросов салайааччылаах быыһааччылар уонна дэлби тэптэрээччилэр 8 киһилээх би­ри­гээдэлэрэ “Полярные авилинии” көтөр аалынан эрэспиэскэҕэ көттүлэр. Тустаах сулууспа иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 14 күнүгэр Марха төрдүгэр уонна Сата, Дабдай арыыларыгар ууну бы­һыттыыр бобуу (перемычка) үөс­кээбит. Күнүс 16:00 чааска Бүлүү өрүскэ уу таһыма чаас иһигэр 1151 см (-35), оттон Мархаҕа муус устуута эмиэ чаас иһигэр – 602 см (+14) тэҥ­нэһэн, пуос анныгар харыы тахсыбыт. Инньэ гынан, Дьаарханы уонна Ньурба куоратын уу ылар куттала суоһаан, РСЧС Дьокуускайдааҕы территориальнай подсистема уонна муниципальнай тэриллии уорганнара толору бэлэмнээх эрэсиимҥэ үлэлииллэр.

Андросов И

Дьааҥы

Үөһээ Дьааҥы оройуонун Верхоянскай–Сайдыы учаастагар уу таһыма араас-араас, өрүс мууһа ыам ыйын 21 күнүгэр эстэрэ сабаҕаланар.

Индигиир

Уус Ньара–Хонуу учаастагар уулаах муус сытар, уу таһыма кыралаан үрдүүр. Өймөкөөн Уус Ньаратыгар өрүс мууһа быһа холоон ыам ыйын 20-гэр устуоҕа.

Халыма

Уус Среднеканскай водохранилищетыттан уу ыытаннар, Магадаан уобала­һын Среднекан–Коркодон учаастагар уу таһыма 18–83 см тахсыбыт. Балыгычаҥҥа пуостан аллара, Коркодоҥҥо эмиэ муус харыыта бэлиэтэнэр.

Ыам ыйын 14-дүн киэһэтигэр Өлүө­хүмэҕэ уонна Ньурбаҕа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн турар. Өлүөхүмэ I, II Нөөрүктээйитигэр уонна Кыыллаахха 109 тиэргэн, ол иһигэр 89 олорор дьиэ ууга сытар. Ууттан эмсэҕэлээбит олохтоохтору, 61 улахан киһини уонна 19 оҕону, быстах олорор пууҥҥа олохтообуттар, сорохтор аймахтарынан тарҕаспыттар. Өлүөхүмэттэн 7 км аллараа дэлби тэптэрбит кэннэ, уу таһыма түһэн эрэр.

Аһыыр ас, уматык уонна уотунан хааччыйар тиэхиньикэ МЧС бөртөлүөтүнэн Кыыллаахха, I Нөөрүктээйигэ тиэрдилиннэ.

Ыам ыйын 15 күнүгэр сарсыарда СӨ Быыһыыр сулууспата суруйарынан, Ньурба улууһугар Бүлүү өрүскэ дэлби тэптэрэр үлэ салгыы ыытыллар. “Сата арыытын таһынан өрүс сүнньүгэр мустубут муус ыам ыйын 14 күнүнээҕи дэлби тэптэрии кэннэ уһунна эрээри, арыы хонуутуттан иҥнэр”, – диэн СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.

Харбин Н

Николай Николаевич Харбин, Өлүөхүмэ улууһун баһылыга:

– Быйыл халаан кэмигэр өрүспүтү­гэр икки сиринэн улахан долгун кэлэн, урут уу ылбат нэһилиэктэрбитигэр уу киирдэ. Бүгүҥҥү туругунан I Нөөрүктээйи 70 % ууга сытар, Кыыллаах ууттан босхолонно, дэлби тэптэрии кэннэ Хороттон эмиэ уу таҕыста. I Нөөрүктээйи балачча эмсэҕэлээтэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох, Бирии үрэх долгун биэрэн, нэһилиэк билигин да ууга турар. Ууттан эмсэҕэлээччилэри быстах олорор пууннарга олохтообуппут, ол эрээри дьон дьиэтин ахтарын, сылайарын эмиэ өйдүүбүт. Онон үөскээбит кыһалҕаҕа кыах баарынан көмөлөһө сатыыбыт. Нэһилиэккэ сиһинэн эргийэн кыра массыынанан ас-үөл, килиэп, уу тиэрдиллэрин ситистибит. Онтон Кыыллаах суола билиҥҥитэ быстан сытар, онон МЧС көтөр аалынан генератор, гуманитарнай көмө, уу хачайдыыр пуомпа тиэрдилиннэ. Эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр баһылыктара туох кыһалҕа баарын, туох наадатын барытын хомуйан сайаапка түһэрэллэр.

Күүстээх уу кэлэн, уот лииньийэтин остуолбалара сууллан, уот барбыта. Онон уу түстэҕинэ, олохтоох “Якутскэнерго” тэрилтэтигэр эбии күүс кэлэн көмөлөһөргө бэлэмин тустаах тэрилтэлэр биллэрбиттэрэ. Билигин гаас-ньиэп улахан тэрилтэлэрин кытта тиэхиньикэнэн хааччыйыы туһунан кэпсэтии үлэтэ ыытыллар. Ону тэҥэ СӨ Суолга министиэристиэристибэтин сорудаҕынан суолу тэрийэр тэрилтэлэр халаан алдьаппыт суол учаастактарын чөлүгэр түһэрэллэр.

gidrologicheskaya obstanovka na territorii yakutii na 15 maya 171573303055272665 800x800Гуманитарнай көмө тиэрдилиннэ

Ыам ыйын 15 күнүн туругунан Өлүөнэ өрүскэ муус Өлүөхүмэ–Хаҥалас учаастагар устар. Көмүөл алларааҥҥы кирбиитэ Хаҥалас Тойон Арыытыгар, үөһээҥҥи кирбии Өлүөхүмэ Дабааныгар тиийэр. Муус уһуна 544 км, сууккаҕа 180 км айанныыр. Покровскай–Дьокуускай–Хаҥалас (Кангалассы) учаастагар өрүс мууһа ыам ыйын 15–18 күннэригэр устуоҕа.

Бэлэмнээтэ Мария САННИКОВА.
Хаартыскалар тустаах сулууспалар саайтарыттан туһанылыннылар.