Киир

Киир

Бүгүн Ил Түмэҥҥэ Госдуума дьокутаата, Дуумаҕа сир сыһыаннаһыыларын, айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Боярскайы кытары көрсүһүү буолла.

Көрсүһүүгэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев, Ил Түмэҥҥэ сир сыһыаннаһыыларын, айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, Ил Түмэҥҥэ билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, СМИгэ уонна уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева кытыннылар.

Ил Түмэн спикера Александр Жирков “муус устарга Госдуума көрүүтүгэр Саха сириттэн хас да сокуон барылын киллэрээри сылдьабыт. Онуоха Саха сирин киэҥ нэлэмэн территория быһыытынан эрэ буолбакка, Прибайкалье экологияҕа кыһалҕаларын кытары тэҥнии тутан көрүөхтээххит. Саха сиригэр Арассыыйа үс саамай улахан, ыраас өрүстэрэ усталларын хайаан да учуоттуох тустааххыт. Саха сирин экологията Уһук Илин экологиятыгар улаханнык дьайар” диэтэ.

Маныаха Сергей Боярскай “Бу сайын Байкалы кытары сыһыаннаах киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыахтаах. Оннук бырайыак Волгаҕа эмиэ ыытыллыахтаах. Эһиги бэлэмнээбит сокуоннаргыт барылын кытары билсибитим. Олус сытыы боппуруостар таарыллыбыттар, онон уһуннук дьүүллэһиллиэн наада. Манна федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи киин эрэ буолбакка, уопсастыбаннас эмиэ күүскэ үлэлэһиэн наада” диэн тоһоҕолоото.

Александр Жирков “ “Закон о недрах” ылан көрүөҕүҥ. Онно сир баайын хостооччулар хостуур эрэгийиэннэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сөбүлэҥ түһэрсиэхтэрин сөп диэн. Ол гынан баран, бу хампаанньалар эрэгийиэҥҥэ кэлиэхтэрин инниттэн олохтоох былааска эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар номнуо бэлэм бырайыагы киллэрэллэрин курдук дьаһайыахха наада” диэтэ.

Маны таһынан көрсүһүүгэ ирбэт тоҥ туругун, сэлии фаунатын, өртөөһүн, ураты харыстанар сирдэр тустарынан (ООПТ) киэҥ далааһыннаах кэпсэтиһии буолла.

 

Санааҕын суруй