Киир

Киир

Быйыл өрөспүүбүлүкэ 120 нэһилиэнньэлээх пууннара ууга барар кутталлаахтар. Халаан ылар сиригэр 28 тыһ. киһи олорор. Бу туһунан ЫБММ иһитиннэрэр.

Быйыл 51 учаастакка муус харыан сөбүн сабаҕалыыллар. Маныаха ууга барбыт дьону быстах кэмҥэ олордорго 266 пуун бэлэмнэнэр. 109 оперативнай бөлөх үлэлиирэ былааннанар. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ авиа-хампаанньаларын уонна ЫБММ Хабаровскайдааҕы авиационнай быыһыыр этэрээтин 15 сөмөлүөтэ үлэлиэхтээх.

Былырыын ууга барбыт Березовка бөһүөлэгиттэн уонча киһини көһөрбүттэрэ. Березовкаҕа уонча олорор дьиэ, балыыһа, оҕо саада, дьаһалта дьиэтэ, төлөпүөн ыстаансыйата уонна кулууп ууга былдьаммыттара.

Санааҕын суруй