Киир

Киир

СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ сааскы кус көҥүлүн туһунан иһитиннэрэр.

Быйыл саамай инники Абый, Үөһээ Халыма, Өлөөн, Эбээн Бытантай кусчуттара тахсыахтара. Онно хааска ыам ыйын 6-8 күннэригэр сааланыахтара. Ыам ыйын 10-12 күннэригэр Эдьигээн, Мииринэй (Айхал уонна Удачнай эҥээр) уонна Орто Халыма булчуттара кыттыһыахтара. Ыам ыйын 16-18 күннэригэр сааскы кус сезонун Аллайыахаҕа, Үөһээ Дьааҥыга уонна Аллараа Халымаҕа арыйыахтара. Ыам ыйын 24-26 күннэригэр Анаабыр, Булуҥ уонна Усуйаана улуустарыгар хааһы бултуур көҥүллэнэр.

Куска, хааска, куоҕаска уонна туотаайыга бултууру ыам ыйын 11-20 күннэригэр Алдан, Амма, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майда, Хаҥалас, Кэбээйи, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга көҥүллүүллэр.

Ыам ыйын 14-23 күннэригэр кус сезона Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мииринэй (Айхалтан уонна Удачнайтан ураты), Ньурба уонна Өймөкөөн улуустарыгар арыллыаҕа. Ыам ыйын 16-25 күннэригэр Муомаҕа көҥүллэнэр.

Ыам ыйын 31-бэс ыйын 6 күннэригэр Абый, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай улуустарыгар, Айхал уонна Удачнай эҥээр кус көҥүллэнэр. Булуҥ уонна Аллараа Халыма кусчуттара бэс ыйын 1-7 күннэригэр тахсыахтара. Бэс ыйын 4-10 күннэригэр Анаабыр, Аллайыаха, Усуйаана кусчуттара күннүөхтэрэ.

Бэс ыйын 1-4 күннэригэр Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Муома, Нам, Өймөкөөн, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар андыны бултуур көҥүллэнэр. Хаҥалас улууһугар Өлүөнэ өрүс уу ылар сирдэригэр эрэ бултуур көҥүллэнэрин бэлиэтиир наада.

Атыыр куртуйахха уонна уларга бултааһын ыам ыйын 7-16 күннэригэр Амма, Горнай, Ленскэй уонна Хаҥалас улуустарыттан ураты өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар көҥүллэнэр. Тыатааҕыга бултааһын, квота баар буоллаҕына, муус устар 23-бэс ыйын 6 күннэригэр бары улуустарга көҥүллэнэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар