Киир

Киир

Cоциальнай ситимнэргэ Бүлүү куоратын баһылыга Ньургустаан Афанасьев  бултаммыт куһу тутан туран үөрэн мичилийэр хаартыскатын туох да ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук ырытыһан аҕай биэрдилэр. Санаттахха, Бүлүү улууһугар кус көҥүлэ аны үс нэдиэлэнэн биирдэ саҕаланар.

 Айылҕа харыстабылын Бүлүүтээҕи иниспиэксийэтэ административнай дьыаланы көбүппүт. Онуоха баһылык “мин олох бултаабатаҕым, кимнээхтэрэ биллибэт булчуттарга Байанайдара бэрсибитин ылан хаартыскаҕа түспүтүм” диэбит. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ билиҥҥитэ туох да диэн биллэрэ илик.

Били абыраллаах бассааппытыгар маннык диэн иһитиннэрии күүлэйдии сылдьар: “Ньургустаан Афанасьев дьаһалта суоппарыныын уонна информационнай отдел исписэлииһин кытары Дьөккөн аттыгар трассаҕа тохтоон турар массыынаҕа тохтообуттар. Дьэ, онно бултаммыт куһу көрөн, кус көҥүлүн инниттэн бултанар табыллыбатын туһунан өйдөтөр сыаллаах бэсиэдэлэспиттэр”. Хаартысканы суоппар тарҕаппыт диэн эбиликтээх. Оттон баһылык мичээрин “хас биирдии эр киһи бултаммыт куһу көрдөҕүнэ үөрэр” диэн быһаарбыттар.

Ааҕааччыларбытыгар кус көҥүлүн инниттэн сааламмаккытыгар сүбэлиибит. Ыстарааба да тос курдук, айылҕабытын харыстыырбыт – ытык иэспит.