Киир

Киир

Бу түбэлтэ ааспыт үйэ бүтүү­түгэр чугастааҕы улуус кытыы нэһилиэгэр буолбута. Оччолорго быыбар хампаанньата үгэннээн турар кэмэ этэ. Куорат эдэр ыалын аҕа баһылыга быыбарга үлэлэһэр соруктанан, хат дьахтарын илдьэ дойдутугар тахсыбыт.

Бу түбэлтэ ааспыт үйэ бүтүү­түгэр чугастааҕы улуус кытыы нэһилиэгэр буолбута. Оччолорго быыбар хампаанньата үгэннээн турар кэмэ этэ. Куорат эдэр ыалын аҕа баһылыга быыбарга үлэлэһэр соруктанан, хат дьахтарын илдьэ дойдутугар тахсыбыт.

Страница 2

Ойоҕо субу төрөөрү сылдьар буолан, улахан истээх эбит. Төһө эмэ кэргэнигэр туһаайан: “Киин сиргэ, куоракка хаалан төрөө”, – диэн этэ сатаабытын үрдүнэн, хаппырыыс ойоҕо ончу буолумматах. Аны туран, дэриэбинэҕэ бэрэпиискэлээх буолан, дьахтар быыбарга куоластыахтаах эбит.

Бу дэриэбинэ өрүс кытылынан тайаан сытар, уһун баҕайы соҕотох уулуссалаах. Быыбар күнэ тигинээн кэлбит. Эр киһи сарсыарда эрдэ туран, кулуупка быыбар хайдах барарын көрө-истэ барбыт. Ойоҕо эрин балтын кытары эбиэккэ тиийэн куоластыах буолан, дьиэҕэ иккиэйэҕин хаалбыттар. Онтон дьиэтээҕи үлэлэрин үмүрүтэн баран, сыарҕалаах атынан кулууп диэки барардыы оҥостубуттар.

Дьахтар муоста сууйбутуттан эбитэ дуу, айаннаан иһэн эмискэ уута тоҕо барбыт, талыыта киирбит. Аты муоһалаан испит балта төрөөн эрэр дьахтар сирэйин көрөн баран улаханнык ыксаабыт уонна олохтоох балыыһа диэки салайбыт.

Субу төрөөрү ыксаан сытар дьахтар кэннин хайыһан көрбүтэ, олунньу ыйга сөбө суох чараас, сырдык таҥастаах, бытыктаах оҕонньор эккирэтэн иһэр эбит. Оҕонньор мичээрдээтэҕин ахсын дьахтар талыыта ааһан, чэпчээбиккэ дылы буолар. Онтон хараҕын далыттан сүтэрэн кэбистэҕинэ, талыыта туох да ынырыктык киирэн, бирээмэ тэһитэ кэйиэлиир үһү. Ыксаатахха, айан уһун буолааччы. Дьахтар санаатыгар, чааһы быһа сыыллан тиийбит курдук буолбуттар. Ол тухары сүтэ-сүтэ көстөр оҕонньор араҕан биэрбэтэх. Балыыһаҕа кыл мүччү тиийбиттэр. Суһаллык киллэрбиттэригэр баабыскаһыт киинигэр эриллибит уол оҕону төрөппүт. Дьахтар ол кэмҥэ өйүн сүтэрэн ылбыт.

Дьоллоох ийэ «сыарҕа кэнниттэн хайа оҕонньор сырыстаҕай?» диэн, толкуй бөҕөтүгэр түспүт. Аны туран, балтылара ол этэр оҕонньорун көрбөтөх эбит. Онуоха хотуна “сиэним, төрөөбүт дойдутугар кэлэн төрүүр дьолугар, Айыыһыта үөрэ көрүстэҕэ” диэн тойоннообут.

Билигин бу уол улаатан, үөрэхтэнэн, төһө даҕаны киин сиргэ үчүгэй үлэҕэ ыҥырдаллар, аккаастанан, төрөөбүт дойдутугар тахсан ньир бааччы ыал буолан олорор.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар