Убайым Сэмэн Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр ыал бастакы оҕотунан күн сирин көрбүтэ. Эбэбэр бастакы күүтүүлээх сиэн, ийэм бастакы тапталлаах уола, аҕам аатынан Сиэнньискэ диэн аат иҥэриллибитэ.
Уһун уҥуохтаах, сытыары-сымнаҕас майгылаах, оҕо эрдэҕиттэн айылҕаҕа үтүө сыһыаннаах. Уон саастааҕар биир күн сүтэн хаалан, ийэтиттэн улаханнык таһыллан турардаах. Соҕотоҕун тыаҕа тахсан, хаптаҕас, дьэдьэн үргээн аралдьыйан хойутаабытын билбэккэ хаалбыт. Айылҕаҕа бастакы сүрэхтэниитин ааспыт. Аҕабыт сылгы биригэдьиирэ, Буотама төрөөбүт дойдута буолан, онно Сиэнньискэни оҕо эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан бултуура.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хаста даҕаны ойууртан мэкчиргэни тутан аҕалан иитэ сылдьыбыттааҕа. Биирдэ саарбаны тыыннаахтыы тутан дьиэбитигэр аҕалбыта. Биһиэхэ, дьиэ оҕолоругар, ойуур тыыннаах кыылларын көрөрбүт олус дьикти буолара.
Байанай биэрэр бэлэхтэрэ үксээтэр үксээн иһэрэ. Ол курдук, балыгы-куһу, куобаҕы өрүү бултуура. Үйэтин тухары бултаабыт кыыллара: саһыл, бөрө, бэдэр, тииҥ, киис, кырынаас, солоҥдо, улар, эһэ, тайах, кулааһай. Ойуур кыылын барытын кэриэтэ бултаабыта. Мохсоҕоллоохтон уһун баҕайы нуучча уолаттара булка барсалларын өйдүүбүн. Халыҥ тыаҕа муммакка, адьас дьиэтин курдук сылдьарын сөҕөн-махтайан бараллара.
Чугас табаарыстарын, аймахтарын булчут албастарыгар үөрэппит буолуохтаах. Кэпсииллэринэн, биирдэ сылгыһыт табаарыһыгар – Дьууруйга «туһахха барыахха» диэбит. Туох да буолбатаҕын курдук, кинини иннигэр уктан баран испит. Куобахха туһах ииппитэ атын кыыл түбэспитин көрөн, төннөн табаарыһыгар көрдөрөөрү Дьууруйу илпит. Чугаһаан кэлбиттэрэ – ол туһахха тыа адьырҕата эһэ иҥнэн олорор эбит. Тугу да сэрэйбэтэх Дьууруй ону көрөн, саллыаҕын саллыбыт. Убайым ол курдук эһэттэн куттаммакка бултуура.
Андаатар туһунан туспа кэпсээн. Андаатар күөл, үрэх кытылыгар уйаланар. 8-10-нуу оҕону төрөтөр. Бары ыал курдук биир уйа оҥостон кыстыыллар. Сааһыары улааппыттарын кэннэ бултуур табыгастаах. Буотама үрэх төрдүгэр, үрэххэ мууһу көйөн дьөлөҕөс оҥорбутугар бииртэн биир андаатар салгын былдьаһан, үөһэ тахсан иһэр. Ууттан тахсаат, сааскы чаҕылхай күнтэн харахтара саатан, олоро биэрэллэрин Сиэнньискэ талах маһынан сүүскэ тыгыалаан дөйүтэлээн, уонтан тахса андаатары кэккэлэһиннэрэ сытыартыыр эбит.
Тохсунньу тымныытыгар
Куһу-хааһы саас эбэтэр күһүн бултууллар. Бу сырыыга кыһын тохсунньуга дьыбардаах тымныыга киһи итэҕэйбэтэҕин курдук, куһу бултаатым диэн соһуппута. Буотама үрэххэ кыра сиикэй хаалбытыгар улаатан эрэр кус оҕото уста сылдьарын көрбүт. Бу күүстээх сүүрүктээх өттө буолан, син өр тоҥмотох. Ырыган буолуо дии санаабытым, хата, аһара эмис үһү. Буотама үрэх балыгынан аһаан, тымныыттан оччо уойбут кус миинин испиттээхпит.
Булка сылдьыһар ыт доҕотторуттан ордук ордорор Юкон диэн ааттаах, маҥан-хара төбөлөөх киисчит, эсэһит ыттааҕа. Ол ыт аатын «Охота» диэн булчуттар сурунаалларыттан булан көрөн ааттаабыт этэ. Элбэх түүлээҕи туттаран, адьырҕа кыыллары бултаан, туһата элбэҕэ. Тыа барахсан чуумпу, айдаана суох дьону сөбүлээн, бэлэхтэрин сэмээр биэрэр эбит.
Дария Ефремова.
Биэс сиэгэни ылбытым
Биир дьыл сирбэр үксүн бэйэм сырыттым. Сиэгэн бэртэрэ буланнар, чааркааммытын туруорбаттар. Кэрийэ сылдьан, үлтү ыһан кэбиһэллэр. Уолаттарым кэлэ-бара сылдьаллар. Үлэлээх дьон уһаабаттар. Иһэр мууспун ылан, маспын мастаан биэрэллэр. Онон туохха да аралдьыйбакка булпар эрэ сылдьабын. Бурааннаахпын. Ол дьыл булт мөлтөх этэ. Оннооҕор куобахпыт сүппүтэ, ханна да суола көстүбэтэ. Мэктиэтигэр, кутуйах да суола суохха дылыта. Арай – аҕыйах бөрө уонна сиэгэн. Киис да мөлтөх, биир эмэ суоллуур. Сырыы аайы сиэгэн, бураан суолун устун батыһа сылдьан, чааркааннарым көҥдөйүн биир да суох гына үлтү үрэйэн кэбиһэр. Мин «тыҥырах саҕа мэҥиэбэр ымсыыран» диэн, мөҕүттэ-мөҕүттэ көҥдөй абырахтаан тахсабын. Биир эмэ киис иҥиннэҕинэ, баттастахпына ылабын, куоттардым да сиэн кэбиһэр. Көҥдөйү кэнниттэн үрэйэр, айаҕар чааркаан өттүттэн кэлбэт, онон чааркаан иитиллэ сытар буолар.
Онтон сотору торуой күүлэттэр муҥхаһыттара «Дьаакыбылап оҕонньор муҥхалаан баран, кууллаах балыктарын күөлгэ аныгыскы сырыытыгар ылаары хаалларбытын сиэгэннэр буланнар, биир да суох гына дьаабылаабыттар, сэттэлэр үһү» диэн кэпсэтэр сурахтара кэллэ.
Халлааным тымныйда, ахсынньы ыйым да буолла. Сиэгэннэр сутаабыттара биллэн барда. Көҥдөйүм айаҕынан мэҥиэбин судургутук ылар буолан бардылар. Ол сылдьан чааркааммын илдьэ бараллар. Кэһэйбэккэ, бураан суолун батан, атын чааркааммар тиийэн эмиэ эбинэн иһэллэр. Инньэ гынан биир сиэгэн «тарбаҕын аайы» чааркаан иилинэн, биэс чааркааннаах сылдьан, кыра баҕайы талахха эрийэ тардан өлбүт этэ. Үчүгэйэ диэн, бураан суолуттан тахсыбаттар. Инньэ гынан, биэс сиэгэни ыллым. Бары түөртүү-биэстии чааркааннаах буолаллар. Ырыган баҕайылар. Атын дьылларга биирдэ эмэ түбэстэҕинэ, сибиинньэ курдук сыалаах буолааччы.
Сиэгэн бөрөнү батыһа сылдьар идэлээх. Бөрө аһылыгын былдьыыр дуу, хайыыр дуу. Сиэгэн кэллэ да, бөрө баран хаалбыт буолааччы. Бу сылдьан, бурааным суолун үс бөрө быһан ааспытын көрөн, дьээбэҕэ икки бууттаах чааркааны иитэн аастым. Иккистээн кэлиибэр биир иҥнэн олорор. Сымнаҕас баҕайы, ырдьыгынаабат даҕаны, ытан ыллым. «Кини обургу баһыйтардаҕына, сымныыр эбит дуу» дии санаатым. Киискэ хаар бугул тэбэн баран, айаҕар биирдээх чааркааны, кэннигэр икки бууттаах саһыл чааркаанын ииппитим. Сиэгэн ыһыа диэн сэрэхэдийэн. Онтубар икки киис иҥнибит. Үөрэн бөҕө, көрөргө үчүгэйэ сүрдээх этэ. Инньэ гынан, дьэ, өлгөм булт буола түспүтэ.
Балыкпыт абыраабыта
Ааспыт үйэ диирбитигэр тиийэбит. Сэбиэскэй былаас аҕыйах күн иһигэр сууллан, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмнэрэ. Ас-таҥас суох, хамнас диэни хас да сыл ылбаккын. Биэнсийэ эрэ дуома кэлэн, ону үллэстэн, сиэн-аһаан олорорбут. Киниискэҕэ уурунуулаахтар илии соттон хаалбыттара. Харчыбыт сотору сотору уларыйара, мөлүйүөҥҥэ диэри өрө сүүрэн тахсыбыта. Сыана баһа-атаҕа суох барара. Оччолортон үлэтэ суох буолуу саҕаланнаҕа. Бу кэмҥэ кэмэрсээннэр саҥа үөдүйэн эрэллэрэ. Оччолорго биһигини, тыа дьонун, балыкпыт, отоммут абыраабыта. Ону сэргэ ынах сүөһүбүт оччолорго син баара. Оттон куорат боростуой олохтоохторугар уустук күн-дьыл аастаҕа буолуо дии саныыбын.
Биһиги эргин Торуой Күүлэт нэһилиэгин муҥхаһыта, Ньукуус, собо бөҕөнү баһан, эбэлэрэ хотокулар бэрсэн, кэмэрсээннэргэ аска-таҥаска атастаһан, дьон-сэргэ абыраммыта быһыылааҕа. Дэриэбинэ олохтооҕо оҕотуттан, дьахтарыгар тиийэ, сүүһүнэн киһи муҥхаҕа сылдьара. Ким да туора көрүллүбэтэ, көлөҕө баппатах киһи сатыы сылдьара. Биһиги, Тылгыны дьоно, балык хаһаанан, аска эргинэрбит. Муҥхабыт таҥыыта куһаҕан буолан, муҥхалаан кыайан сиэбэтэхпит, илиминэн киирсибиппит. Күһүн уу сөрүүдүйүүтэ, балаҕан ыйын саҥатыттан илим үтэн, хатырыгын алдьаппакка, ыбылы туппакка сэрэнэн араараҕын. «Содуок» диэн тимир сиэккэнэн иһит оҥороҕун. Чороох анньыталаан ууттан быган турар гына чорооххо быанан баайаҕын. Сөп буоларынан аанын баайан баран, тимирдэн кэбиһэҕин. Иһиккиттэн көрөн хаалыыгын. Наһаа элбэҕи укпаккын. Холку соҕустук хамсанарын курдук. Наһаа элбэҕи симнэххинэ, өлөн хаалар. Содуоккун алтынньы, сэтинньи ыйдарга, балык тоҥор буолбутун кэннэ, хостуугун. Муус хаарын күрдьэн, балыккын ыраас мууска тэлгэтэн тоҥороҕун. Тоҥноҕуна, дьэ, кууллаан, төһө балыгы хаһааммыккын билэҕин. Өлбүтүн чааркаан мэҥиэтэ, ыккар, сибиинньэлээх буоллаххына, ас оҥостоҕун. Онон өлбүт да собоҥ хаалбат.
Күөл турдаҕына, аны муус аннынан балыктыыгын. Тымныыга муустаах ууга балык араарар, манан аҕай дьыала буолбатах. Халлаан тымныыта түөрт уон кыраадыстан тахсыар диэри сылдьаҕын. Аны күнүҥ кылгаан иһэр. Сып-сап хамсаныаххын наада. Үгүлээт эргин Түҥ эбэлэрин балыга аччыктаппатаҕа буолуо. Түҥ баһын диэки олорор буоланнар, үрүҥ-хара балыктара элбэх. Онон хото соҕус балыгынан салҕаммыттара.
Хомурах куһа
Хомурах куһа диэҥҥэ Орто Бүлүүгэ сылдьан бултаһан турабын. Саас, ыам ыйын сэттис-тохсус күннэригэр, ойуур хаара ситэ бүтэ илигинэ. Кыһыл Сыыр диэки Бүлүү эбэ үрдүгэр өҥөйө сытар дьоҕус көлүччэлэр эбит. Манныктары биһиэхэ элгээн дииллэр. Орто бүлүүлэр күөл дииллэр.
Бастакы дьылбар убайым Бииктэри кытта бардыбыт. «ЛУАЗ» массыынанан сылдьабыт. Тиийиэхтээх күөрэлэрбит аллара, мыраан анныгар бааллар үһү. Аллара түһэн, балааккаланыахтаах сирбитигэр тыыбытын, сээкэйбитин сүөкээн баран, массыынабытын төттөрү мыраан үөһэ таһааран кэбистибит. Муус хамсаатаҕына, уу кэллэҕинэ, дохсуннук кэлэн, арыыбытын ылан кэбиһэр үһү. Айаннаан кэлбит дьон балаакка туруорунан, ас астанан аһаан баран, сынньанарга диэн буолла. Суолбут бадарааннаах буолан, уһун айан. Сарсыныгар эбиэт диэки туран, аһаан-сиэн баран, уу көрүнэ, сэһээккэ туттан бардыбыт. Өрүс үрдүн диэки икки күөрэ баар эбит, онтон бииригэр убайым олорор буолла. Мин ходуһаҕа кыра уу баарыгар олоруом диэтим. Санаабар, көҕөн саһан түһүөх сирэ курдук. Аһаан, тэринэн тыыбытын мончуукпутун киллэрэн үргүлдьү олорордуу киирдибит. Убайым олорор сирэ миигиттэн көстөн турар.
Түүн бииртэн саҕалаан кус биллэн барда. Үс көҕөннөннүм. Уубут тоҥон, күөрэтэн ытыалааһын саҕаланна. Бииктэр атар да атар. Үөрдээх кус тиийиитигэр, бастакы кус кулахачыйаатын кытта иккис, үһүс, төрдүс. Көрүөххэ үчүгэй бөҕө. Биэстэ ытан хайаан да үһү-түөрдү түһэрэр. Бүлүү эбэ чугас баҕайы эбит. Баран көрүүбэр мууска кус бөҕө мустан олороро. Онтон биһиэхэ тахсаллар эбит.
Кэлиибэр мууска кус бөҕө сытар. Мууһун тоһоотоххо, кус толлор диэн тыыппат эбит. Мууска сорох кустар киһи күлүөх курдук халыйаллар. Үксүн салгынтан аһаан олоробут.
Сарсыардааҥҥа диэри алта уонча кустанныбыт быһыылаах. Сарсыныгар түөрт уончаны өлөрбүппүт, онон бүппүппүт. Хомурах куһа биир-икки күннээх буолар эбит. Уу кэлбитигэр чуут малбытын күрэтэн биэрдибит.
Эһиилигэр «УАЗ» массыынанан бэһиэ буолан тиийэн биир түүн иһигэр сүүс алта уон кустаммыппыт. Ботуруон ииттэр бокуой биэрбэт айылаах. Сарсыныгар мэлигир. Өссө икки күн кэтэһэн көрөн баран төннүбүппүт.
Бүлүү. Тылгыны. Басхаай.