Киир

Киир

   Саас. Өрүс мууһун ырбыыта кэҥээбит. Бастакы куһу өлөрбүт сааһыттар ааттара кыракый дэриэбинэ үрдүнэн иһиллибитэ хас да хонно. Онон эр дьон кэпсээннэрэ-ипсээннэрэ кус эрэ туһунан.
 
 
   Өрүкүнэй Өлөксөйдөөх хара сарсыардаттан бэрт элбэх оҥолох-чоҥолох күөлү, маары кэрийэ хаамтылар да, биир да тылбыйар кынаттааҕы дэҥнии иликтэр, дьөрү харахтарыгар да көрбөтүлэр.
   Сир быта Өрүкүнэй Өлөксөй, икки чанчыгынан онон-манан маҥхайан эрэр баттахтаах киһи, кэлиҥҥи сылларга борутарынан мөлтөөн, ачыкы нөҥүө бүнүөкүлүнэн көрө-көрө, киэҥ-киэҥник уурталаан хааман дыабалдьыйар. Кинини Тэрэнтэй диэн кыра уҥуохтаах, уһун сирэйигэр хотой тумсунуу хомпоҕор муруннаах, быһыччы көрбүт эрээри кыраҕы харахтаах, саҥаран-иҥэрэн сэлибирээбит хатыҥыр киһи саппай уопсар. Арай Сэрэпииннэрэ, булка соччо үөрүйэҕэ суох киһи быһыытынан, дьонуттан эрэ хаалбат баҕалаах, нэһиилэ хааман кыаһаҥныыр.
   Күн хайыы-үйэ күөрэччи ойон, бултан таһыччы мэлийбиттэри,  аччыктаан аҥаарыйбыттары  аһыммыттыы,  сылааһынан угуттуур. Сотору Амма ырбыытын көрө таарыйа, итиэннэ чэйдиир санаанан, кытылга бэрт үчүгэй дүлүҥ маһы булан, саҥардыы олоруох-сынньаныах буолан эрдэхтэринэ Тэрэнтэйдэрэ:
   — Нохойдоор,  ол ырбыыга туох хараарарый? Хайа, аны тайах буолаарай? Ыл, Өлөксөй, халампааһы аҕал эрэ! – диэн өрө чаҕаарыйа түстэ.
   — Ханна, ханна? Бэйи-бэйи, мин бэйэм көрүүм. Тугун-ханныгын билигин быһаарыллыа, — Өрүкүнэй бу түгэҥҥэ наҕылыйда. Бэрт өр букунайан, бүнүөкүлүн чуолкайдаата, чочумча одуулаамахтаата, ол эрэ кэнниттэн:
   — Нохойдоор-ор! Тайа-аах аарымата! Уҥуор тахсаары мууһу тосту үктээбит. Икки илин атаҕынан өрө тарбачыһар. Бу дьолу, байанай, оо, байанай! - диэн хаһыытыы былаастаан саҥараат, саатын хаба тардан ылла да, бокуойа суох кытыл устун сүүрэн хорохочуйан, көхсүн уҥуоҕа холбоҥноото. Били аччыктаабыттара, сылайбыттара ханна да суох буолла. Тэрэнтэйдээх Сэрэпиин киһилэрин кэнниттэн сүүрэн саппарыстылар.
   Чугаһыылларын саҕана сүүнэ улахан тайах туох баар күүһүнэн икки илин атахтарынан өрө тарбачыһа сатаата да, кэлин атахтарынан тирэнэрэ суох быһыылаах, кыаммата. Өр сыппыт бадахтаах, сүүрэн сабыкыччыһан иһэр дьону көрдөр да, хайаахтыай, ньолбоҕор төбөтүн мууска ууран «чэ, синэ биир, сиэхситтэр, сиир буоллугут» диэбиттии, тунаархай харахтарынан дьон диэки одуулуу сыппахтаата.
   Оттон биһиги дьоммут, өрө мэҥиһэн кэлбит омуннарыгар бөтүөхтэһэ-бөтүөхтэһэ, чочумча тугу гыныахтарын толкуйдуу, тайахтарын одуулаһа турдулар. Кинилэр да буоллар, отучча миэтэрэлээх сиргэ мууһу тосту үктээн кыаҕын былдьатан сытар кыылы хайыыр да кыахтара суоҕуттан абаккараллар эрэ. Аҕылаабыта ааһыыта Өрүкүнэйдэрэ:
   — Но-но-нохойдор, сэттэлээх-аҕыстаах буур буолар бу. Чэ, ха-хайыыбытый? – диэн ыган таһаарда.
   — Ок-сиэ, бу да киһи эттэҕин, сытар сиригэр «дьаһайа» охсуохха, сытыа буоллаҕа. Киэһэ  тыраахтарынан кэлэн харайыллыа, — Тэрэнтэйдэрэ быһаарар.
   — Бу киһи тылын, сүнньүөҕэ суох тугунан дьаһайаары. Бэйи-бэйи, доруобунньугу тэрэпиискэҕэ суулаатахха, сүнньүөхтүү тэбэр дэһэллэрэ, — диэн Өрүкүнэй Өлөксөй сүбэ буолла.
   — Доҕоттоор, тайах өлөрбүппүтүн дэриэбинэҕэ биллэхтэринэ, тыл-өс бараарай? Ыстарааба да ботуччу буолуо, кэбис, айылҕа маанылааҕа сырыттын, — диэн, Сэрэх Сэрэпииннэрэ тыл кыбытааччы буолла.
   — Сокуонумсуйбута, суобаһырҕаабыта буола турума! Бу хара суоҕар, үллэстии саҕана бэйэҥ ким-хайа иннинэ түһэр инигин. Ол эрээри дэриэбинэҕэ барар ырааҕа уонна, кырдьык, сэрэҕэ бэрт. Онон чугастыы «Үөттээхтэн» Тэрэнтэй биһикки оҕустаах сыарҕа, сүгэ-туһах аҕала барабыт. Кыылбыт ууга өр сыттаҕына, собоон хаалыаҕа, түргэнник харайа охсуохпут. Оттон эн, сокуонньут  киһи, тайаҕы кэтээ. Сэрэн, хата, ол-бу буолан аһынымсыйбыта аатыран куоттара оонньуу сылдьаайаҕын, олох бэлэм тур! – диэн, Өрүкүнэй өрө көрдөрбөттүк быһаччы дьаһал биэрдэ уонна иккиэн сүүрүү-хаамыы аҥаардаах икки биэрэстэлээх сиргэ баар субан сүөһүнү көрөр дьон олорор сирдэрин диэки түһэ турдулар.
   Сэрэх Сэрэпиин тайах эрэйдээх уһун ньолбоҕор иэдэһин устун хараҕын уута мөлбөһүйэн түһэрин аһына көрө олордо...
   ...Тайах  баарынан-суоҕунан «аны биирдэ холонон көрүөххэ» диэбиттии, түллэх гынан эрэрэ баара да, эмискэ муус үрдүгэр дыабас гына түстэ. Сэрэх Сэрэпиин күүппэтэх өттүттэн буолбут быһыыттан соһуйбут омунугар саатын тайах диэки туһаайан иһэн, аһыныгас айыы санаата баһыйда быһыылаах, тохтоон хаалла. Тайах тымныыттан дьагдьайбыт быһыынан илгистэн дьигиһийдэ уонна атахтарын бастаан аргыыйдык, онтон улам-улам олуктаахтык уурталаан, көрүөхтэн кэрэтик сүүрэн тамайа турда.
   Сити курдук Сэрэх Сэрэпиин турда-турбутунан тайаҕын хараҕыттан сүтүөр диэри батыһа көрө турдаҕына, ый-хай бөҕөнү түһэрэн, били дьоно иһэллэрэ көһүннэ. Чэпчэки киһи Тэрэнтэй тайах курдук күдээрийбит түүлээх оҕуһу мииммит итиэннэ «һай-һат» түһэрэн тохтоло суох өгдөҥөлүүр, быыстала суох оҕус эрэйдээҕи эттээх сиригэр чыпчаххайдаан куһуйар. Оттон Өрүкүнэй Өлөксөй уһун күрүө тоһоҕотун туппутунан, оҕуһу ойоҕолуу сүүрэн иһэн, сотору-сотору оҕус көп этигэр «ыаллыыр». Оҕустара, күүһэ өһүллэн, тыла былас түһэн, айаҕыттан үрүҥ күүгэн аллан, субу сууллан түһүөхтүү үнүөхтүүр эрэ...
Дьулурҕа.