Лера төрдүс кууруһу түмүктүүр бүтэһик эксээмэнэ этэҥҥэ ааһа оҕуста. Үгэс курдук барытын «биэскэ» туттартаабыт үөрүүтүгэр, сонунун дьонугар тиэрдэ охсуох санаата баһыйан, туох хайа иннинэ «межгородкаҕа» ыстанна. Тиийбитэ, хата, кассаҕа уһун уочарат суох эбит, тута харчытын төлөөн баран, туһааннаах кабиҥка босхолонорун кэтэһэ таарыйа, таах туруохтааҕар истиэнэҕэ сыһыарыллыбыт биллэриилэри одуулаһа турда. Аата, үчүгэйин, биир сүрүн сүгэһэр түстэҕэ, бүгүҥҥүттэн – «сво-бо-да!». Били, чугас дьүөгэтэ этэринии, «какое сладкое слово – свобода», баҕар, утуй, баҕар, сынньан — көҥүлүҥ! Буолаары буолан, түмүк туох да ааттаах.
Ийэтэ төһө эрэ үөрээхтиир. Аҕата истиэх эрэ кэрэх, астыннаҕына буоларын курдук, кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн баран, кэлиҥҥи сылларга биллэ халыйан эрэр хаһатын имэриммэхтиэхтээх уонна: «Көр, оҕолорум бэйэбин батан, үөрэхтэригэр бэртэр ээ», – диэн баран ийэтин диэки бэрт дьээбэлээхтик көрүөхтээх. Ийэтэ ити этии төһө да оонньуу-көр аргыстаах этилиннэр, соччо-бачча сөбүлэспэтин биллэрэн, көннөрү унаарыччы көрөн кэбиһиэ, эбэтэр бэркэлээтэр: «Чэ-чэ ээх, туох үчүгэй буолла да – эйиэнэ, куһаҕана — миэнэ, буолумуна. Дьиҥэ, мин үөрэммэтэҕим иккиэммит буруйун курдук өйдүүбүн... Ыл, хата, оҕоҕун бэйэҥ киирэн көрсөр курдук былааннанаар эрэ», - диэхтээх.
Дьоно барахсаттар сорох сороҕор, эбэлии эттэххэ, хайа эрэ атахтарыттан үктэнэн турбут күннэригэр, дьээбэлэһэ олорон өһүргэнсэн, хабырыйса сыһар адьынаттаах да буоллаллар, кинилэр саҕа эйэлээх ыал суох. Аҕам этэринэн, ийэм бэрт өр эрэйдээмэхтии, «итии хаанын испэхтии» түһэн баран хотун ойох буоларга сөбүлэспитэ үһү. Ол оннугар аҕам кэргэн ылан баран, дьэ былдьаһыктаах «былааһын» ылбыт, ийэм үөрэҕин үрдэтиниэн санаабытын, уһаты-туора ыыппатах сурахтаах, бэйэтин кытта баартыйа ыйыытынан уһук хоту илдьэ барбыт. Ол кэннэ, ханта-ан, оҕо-уруу тэнийэн, үөрэх эрэ үөдэн, умнулуннаҕа дии. Онон ити чааһыгар кэпсэтиигэ түгэн көһүннэр эрэ билиҥҥэ диэри хаарыллар идэлээх. Ийэм төһө да үөрэммэтэҕиттэн хомойор курдук тылластар, бу да олоҕо туох куһаҕаннаах үһү, дьиҥэ: анаабыт курдук, икки кыыс, икки уол оҕо. Тапталлаах кэргэн. Кырачаан оҕолору кытта күн-түүн салгыбакка мучумааннанар оҕо саадын бастыҥ иитээччитин үлэтэ, нэһилиэк биир биллэр, убаастанар ыалын ийэтэ. Бу барыта биирдэ баҕара түһээт ситиһиллибэтэҕэ чахчы эрээри, киһи мыыммат. Ол эрээри ситиһиллибэтэх ыра санаа буолан буолуо, ийэтэ тоҕо эрэ үөрэҕин ситэрбэтэҕин куруук кэмсинэр курдук. Оҕолорун ол да иһин кыра эрдэхтэриттэн үөрэх наадатыгар ордук туһаайан ииппитэ-такайбыта. Хас биирдии оҕотун үөрэххэ сыһыаннаах өрүтүн кытаанах хонтуруолга ылара. Оскуола учууталларынааҕар ордук ирдэбиллээх кини буолара. Учууталлар төттөрүтүн, кыараҕас сир буолан бары бэйэ-бэйэлэрин билсэллэрин иһин эбитэ дуу, аҕатын да дуоһунаһыттан толлоллоро буолуо, хайдах эрэ өрө тутар курдуктара. Биирдэ Лера математикаҕа Саҥа дьыл иннинээҕи хонтуруолунайга «өкүр үһү» ылан кэбиспитэ. Мария Николаевна ону ол диэбэккэ, инники сыаналарын учуоттаан буоллаҕа, чиэппэрин сыанатыгар «түөрт» туруоран, дьоллоох баҕайы кыыс дьиэтигэр кэлбитэ. Киэһэ ийэтэ оскуола мунньаҕыттан кэлэн баран кинини аҕата үлэлиир хоһугар ыҥыран киллэрэн, чаас аҥаардаах лиэксийэ аахпыта. Ол ис хоһооно маннык этэ: «хонтуруолунай үлэ – түмүк сыанабыл. Өскөтүн эн ол онно «үскэ» хоруйдаспыт буоллаххына, дьиҥ сыанаҥ оннук. Онон бу сырыыга ити сымыйа «түөркүн» билиммэппит. Эн хаһан да өрө көтөҕүүнэн, алҕаска табыллыыттан дуоһуйан, ыһыктынан кэбиспэт буол. Бу олоххо киһи кырдьыгы билиниэхтээх, киһи кырдьык туһугар охсуһуохтаах, бэйэтин күүһүгэр эрэ тирэҕириэхтээх. Онон каникулга эдьиийиҥ аахха барарыҥ тохтуур». Ити түүн Лера сыттыга илийиэр диэри ытаабыта, ийэтиттэн наһаа хомойбута. Билигин санаатаҕына, итинник да ирдэбил баар буолан, чиҥ билиигэ тардыһар, ол туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар буола улааттаҕа. Оо, дьонун наһаа да суохтаабыт.
Убайдар билигин бэйэлэрэ бэлиэр ыал дьон. Үчүгэй үлэлээхтэр. Эдьиийэ Сардаана эмиэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, Дьааҥыга учууталлыыр.
* * *
— Эн, хотуттан сылдьаҕын батта? – диэн саҥа иһиллибитигэр хайыһан баран, кыысчаан, этэргэ дылы, куһаҕан буола сыста. Иннигэр Кини турара. Кини – оскуола сыллардааҕыттан ыра санаа оҥостубут, бастакы таптала, күн-ый курдук күндүтүк саныыр тапталлаах уолана.
Таҥаһа-саба соччо бөрүкүтэ суоҕун, хараҕын тулата көҕөрө испитин, саҥардаҕына айаҕыттан арыгы дьаара тахсарын аахсыбатахха, оччотооҕу кэмтэн улаханнык уларыйбатах Ваняны көрөн, соһуйан хаалан:
— Аһа. Оттон, бу Эн ... туох буоллуҥ? – диэн ыйыппытын билбэккэ да хаалла.
— Ол иһин да, көрөөт биллим ээ, (кылаабынайа, биир оскуолаҕа хас эмэ сыл бииргэ үөрэммит кыыһын билбитин туох эрэ үчүгэйи оҥорбуттуу туттан туран) мин, мин ... туох буолуохпунуй, боруоста сылдьабын. Ээ, уонна оттон харчыбын... туохтаттым... уордардым. Балтыкаан, хата, бачча көрсүспүччэ, хачыгырыырдааҕыҥ буолуо, бэрсэ түс эрэ. Убай быстарда, төбөм хайа барыах курдук ыалдьар. Чугас аптека баар. Онно барыам этэ.
Лера дьонугар эрдэттэн кэһии хомуйсубут, көтөр билиэтин ылбыт буолан, манна да, уопсайыгар да киһиэхэ биэриэх элбэх харчыта хаалбатаҕын төһө да биллэр, тоҕо эрэ сиэбин хастымахтаата. Хата, биэс уон солкуобай баарын булан, туттаран кэбистэ. Уола саҥата суох ону мыыммыттыы көрөн турбахтаан баран:
— Ээ, балтыкайым, сыыһа буо, баччаны эрэ биэрэҕин дуо? Эн эмиэ иэһи биэрбэт, бүппүт киһи диигин дуу, биэриэм-биэриэм, хаһан эмит биэриэм. Чэ, өссө сүүстэ аҕал.
— Ваня, мантан атын суох ээ, бырайыаспар да хаалларбатым.
— Һок, хата, ааппын кытта билэр эбит дуу. Оччоҕо олус хоросоо. Чэ, балтыкам, эбэ түс, кэрээнимэ, земляк буоллаҕыҥ дии.
— Ваня, аата сүрүн, билбэтиҥ дуо, биир оскуолаҕа, эһигиттэн түөрт сыл алын кылааска үөрэммиппит.
Холуочук эр бэрдэ хараҕын кыччата-кыччата кыыс сирэйин одууласпахтаат:
— Ээ, кырдьык, Уйбаан Уйбаанабыс кыраһаабыссата эбиккин батта. Чэ, балтыкай, оҕонньор оһоҕос түгэҕинээҕи оҕотун харчыта суох сырытыннарбатаҕа буолуо...
— Ваня-я, кырдьык этэбин, тугум да суох.
Төһө да маннык дьүһүннэннэр, хаһааҥҥыта эрэ туохтааҕар да үрдэтэ көрөр, ымыы оҥостон, таптыы сылдьыбыт, билигин да таптыыр дуу, киһитигэр көмөлөһөр кыаҕа суохпун диэн буруйдаммыттыы Лера оҕолуу ыраас хараҕынан утары көрөн турбахтаата. Онтон дьэ өй ылбыттыы:
— Ваня. Эн барыма. Кэтэс, мин сип-сибилигин, — диэт кабинаҕа киирэн хаалла.
Чочумча буолаат, мичээрдээбитинэн тахсан уолугар тугу эрэ эттэ. Онтон, бэл, туора харах да көрүүтүгэр тас көстүүлэринэн, таҥастарынан-саптарынан, туттар-хаптар быһыыларынан да букатын майгыннаспат дьон сэргэстэһэ хааман Ленин болуоссатын диэки хаама турдулар.
* * *
Ити кэмтэн үс-түөрт сыл ааһа оҕуста. Арбы-сарбы көрүҥнэммит биир дьахтар оҕо үүтүн ылаары уочараттаан турар. Саатар, уочарат диэн уһуна-киэҥэ, киһи эрэ тыына хаайтарыах курдук. Аны тиийбэккэ, бүтэн хаалыа диэн биир куттал суоһуур. Бу сырыыга, хата, тигистэ. Онтун сым-сам курдук тутан суумкатыгар уктаат, таһырдьаны былдьаста. Ваня сүппүтэ бүгүн үһүс күнэ. Куттаатах буолан, ааны тыастаахтык сабан тахсыбыта да, ол онон. Эһээхэй оҕом, төрөөбүтэ түөрт уон да күнүн туола илик кэргэним хайдах буолуохтарай диэн санаан да көрбөтө абатын.
Оо, арай ол сайын кинини көрсө түспэтэх эбит буоллун. Ону баара дьылҕа диэн баар эбит буоллаҕа. Сууйан-сотон киһи бэрдэ оҥоруом диэн оҕотук санаата баһыйбыта оччо этэ. Төрөппүттэрин утары бара-бара оскуола сылларыттан таптаабыт уоланын батыспыта. Араастаан этэн көрө сатаан баран аҕата куорат кытыытыгар 2 хостоох мас дьиэни атыылаһан биэрбитэ. Кырдьык-хордьук Ваня бастаан утаа аһыы астан аккаастаммыта, кэмиэрчэскэй маҕаһыыҥҥа харабылынан киирбитэ. Ол саҕана Лера дьоллоох да этэ, өссө иһигэр тапталлаах доҕорунан киэн тутта саныыра: биис буола сыспыт диэтэххэ, бэрт түргэнник көнөн, киһи бэрдэ буола сылдьар диэн. «Лера, эн дьоҥҥор мин дакаастыам – ким дьиҥнээх эр киһитин. Сэнээбэтиннэр, атахпар туруом. Көрүөхтэрэ да истиэхтэрэ. Ничего себе – уулусса киһитэ дииллэр да?»— диэн соччо олоҕо суохтук да тылластар, көнөр аатыгар барбыта. Кини сирэйигэр да, истибэтигэр да дьоно итинник саҥарбатахтара. Көннөрү кыыстарыгар толкуйдан, сыыһа гынан эрэҕин буолбатах дуо диэн элэ-была тылларын барытын этэ сатаабыттара. Ону да күтүөт истибэтигэр. Ону ол диэбэккэ кыысчаан төрөппүттэригэр оччолорго өссө кыыһыра санаабыттаах. «Бэйэм олоҕум, бэйэм кыахпар эрэниэхтээхпин» диэн баран, сылдьыбыта. Бу толкуйдаатахха, кинилэр сүбэ быһыытынан тохтото сатаабыттара, ама буруй буоллаҕай. Куруук үөрэҕи, билиини тутуспут дьон, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, «кыһыл дьупулуомнанан» эрэр кыыстарыттан элбэҕи күүттэхтэрэ. Ону баара киһилэрэ сурах хоту иһиттэхтэринэ да бырадьаагыттан атыннык ааттаммат буолбут киһини сиэтэн кэлэрэ соһуччута, хомолтото ханна барыай. Биллэн турар, Өлөөҥҥө дьонун аахха тиийэллэригэр Ваня таҥаһа-саба уларыйан, арыый да сэнэх киһи тиийбитэ. Ол гынан баран Лера ийэтинэн эдьиийэ аах кини бастааҥҥы киирэн кэлбит дьүһүнүн күн бүгүнүгэр диэри харахтарыгар көрөр, куһаахан буолар сурахтаахтар. Ол бэйэлээҕи эппэтэхтэрэ кэлси дуо, кыыстарын төрөппүттэригэр. Хайа, аны ол оччо сиргэ диэри айан төлөбүрэ эмиэ Уйбаан Уйбаанабыстаах хармааннарыттан барбыта барыларыгар биллэрэ. Ваня дьоно кини бөһүөлэгиттэн оччолорго бэлиэр көспүт этилэр, Хаҥаласка. Төһө да куораттан чугас буоллаллар, уолларыттан кэлэйии бөҕөнү кэлэйэн сылдьар кэмнэригэр Лера көрсө түспүт этэ. Онон кэргэннэнэн эрэбин диэн сурук ыыппыта олус соһуччу буолбут сурахтааҕа. Дэлэҕэ, «ээ эмиэ сымыйалыыр» диэн санаан, эппиэт да ыыппакка сылдьыахтара дуо. Ону өссө Лера наһаа да ынырык төрөппүттэр, уолларыгар кыһаллыбаттар диэн ылыммыта, онон доҕорун, аһынар, таптыыр иэйиитэ күүһүрэн биэрбиккэ дылыта.
Икки сыл курдук күн-дьыл биллибэккэ ааста. Дьон сиэринэн кыралаан кыыһырсыы, өйдөспөт буолуу да баара. Кимиэхэ ол суоҕуй? Дьэ, ол гынан баран Лера хат буолуоҕуттан Ваня хайдах эрэ уларыйбыта. Үстэ-түөртэ кыра сыттаах кэлбитэ. Ону Лера аахайбатаҕа, билбэтэҕэ буолбута. Кистиир, ол аата иһиэн баҕарбат, бэйэтэ да көнүөҕэ, аны билбиппин сэрэйдэҕинэ, көрдөрбүтүнэн иһиэ диэн. Онто киһитин «бырааһынньыга» сыыйа эбиллэн барбыта. Биир кыыһырсыы кэмигэр киһитэ букатын да: «Уопсайынан, эйигин мин таптаабытым буолуо дуу, көннөрү киһилии сыһыан кэмчитигэр кэрэ аанньал буолан көстөн абылаабытыҥ эбитэ дуу?» – диэн ыйытан, сирэйгэ охсубуттааҕар ыарыылаах охсууну биэрбитэ. Аны оҕотугар күнүүлээн турбута. Үлэтиттэн хойутаан кэлэрэ элбээбитэ. Үс хонуктааҕыта Лера тулуйбатаҕа, эмиэ холуочук тэлбиҥнээн кэлбитигэр таһырдьа тахсар ааны ыйан баран, «олорор буоллаххына сүгүн олор, суох буоллаҕына төннүмэ» диэбитэ.
Лера иһигэр эрэнэ саныыр, баҕар, син биир кэлиэ, төннүө. Билиҥҥэ диэри Ванятын син биир таптыыр. Акаары да быһыы буоллар, таптыыр. Ол эрээри салгыы маннык бардаҕына, туох аанньа буолуой? Бу сырыыга баҕас бэйэтинэн утары барыа суоҕа. Тэйиппит ордук дуу? Дьонуттан кыбыстан кэргэнэ соҕотох хаалларбытын биллэрбэт, бэҕэһээ дьүөгэ кыыһын, бүгүн ыала кыыһы оҕотун көрдөрө хаалларан баран бу үүт ыла сүүрэр. Бэйэтэ бу курдук туруктаах сырыттаҕына, хантан да үүтэ киирээхтиэй.
* * *
Ити кэмҥэ травмотология отделениетыгар өйө суох сыппыта үһүс күнэ буолбут улаханнык кырбанан киирбит кимэ-туга биллибэт эр киһи сытара. Кини олох уонна өлүү икки ардыгар баар биэтэккэ салгыҥҥа ыйанан биэтэҥниирэ. Кини туһунан ыйыталаһар ким да суоҕа.
* * *
Ваня кэргэниттэн кыыһыран тэлиэс-былаас хааман истэҕинэ үс уол утары кэлбиттэрэ. Табах көрдөөбүттэрэ. Кыыһыран иһэр киһи, ону эрэ күүппүт курдук тыйыстык эппиэттэспитэ. Охсуһуу саҕаламмыта. Ол кэнниттэн – им балай хараҥа. Ол иннигэр кыл түгэнэ тапталлаах кэргэнин, кинини киһи-хара оҥорбут, олоххо иккистээн эргиппитинэн ааҕар Лерочката, кырачаан кыысчаанын сирэйдэрэ элэҥис гынан ааспыттара. Ол түгэҥҥэ эрэ кини чуолкай өйдөөбүтэ – кини бу сиргэ саамай күндү, кэрэ дьоно бу икки киһи эбитин. Хаһыытыан баҕарбыта: «Лера, миигин бырастыы гын, Лера мин эйиэнэбин эрэ! Мин көнүөм». Ол, биллэн турар, кыаллыбатаҕа. Туораттан көрдөххө итирик киһи өлөн эрэр үлүгүнэйиитэ этэ.
* * *
Бу икки киһи, кинилэр кырачааннарын дьылҕата хайдах буолуоїҕун этэр уустук, олох диэн таайыллыбат таабырын, бүтэр уһуга биллибэт үөрэх дииллэр дии. Дьылҕа хаан кинилэргэ иккис кыаҕы биэриэ дуу?
Лоһуура.