Киир

Киир

(фантастическай кэпсээн)
 
   Биир үтүө күн киэһэтигэр Юра ийэтин сорудаҕар барда. Арай ыалга наадатын тириэрдэн баран, дьиэтигэр төннөн истэҕинэ халлаантан уот, чыпчыҥныы-чыпчыҥныы, киниэхэ чугаһаан иһэр. Уол биллибэт көстүбэт эттик миигин ыла кэллэ дии санаат, кутталыттан хаһыытыы-хаһыытыы, иннин диэки суол устун түһүнэн кэбистэ.
 

   Көстүбэт эттик уолга чугаһаан, уота-күөһэ улаатан, таһырҕас буолла. Онтон эмискэ ол эттиктэн күүстээх баҕайы уот тыкта уонна Юраны тардан киирэн барда. Уол илиитинэн-атаҕынан чарбачыһан утарса сатаата да, эттигэ олох супту оборон ылла!

   Юра эмискэ уһуктан кэллэ, түһүү сытар эбит. Кутталыттан сүрэҕэ быллыгыраабыт аҕай, тымныы көлөһүн саба биэрбит...
   ...Ити күн, түһээбитин курдук, ийэтэ Юраны ыалга барарыгар эттэ. Юра барымаары төттөрүлэһэн көрдө да, хата, ийэтэ чыпчаххайын үрдүгэр түстэ. Хайыай, барарыгар тиийдэ. Уол дьиэтигэр төннөн иһэн, халлааҥҥа били түүлүгэр көрбүт эттигин көрдө. Сонно тута куотар аакка барда. Халлаантан күүстээх баҕайы уот кинини бэйэтин диэки тартар тардан киирэн барда. Юра ханна да барбытын билбэт буолла, түлэй-балай түһэн, ыас хараҥаҕа киирэн симэлийэн хаалбыта. Өйдөнөн кэлбитэ — уоттаах-күөстээх тэриэлкэ курдукка сытар эбит. Уол наһаа куттанна.
   БКЭ тэриэлкэтигэр сытабын быһыылаах. Билигин төбөбүттэн бу биэс сыл оскуолаҕа үөрэппит билиибин барытын программалаан уһулан ылыахтара диэн санаа төбөтүгэр көтөн түстэ.
   Хайдах эмэ гынан куоппут киһии!
   Уол ааны аһан ыстанаары гыммыта — үөһээ да үөһэ сылдьар эбит. Космос куйаара быһыылаах, Сирэ кып-кыра туочука буолан көстөр. Эмискэ кэннигэр хаһан да истибэтэх билбэт саҥата иһилиннэ. Эргиллэн көрбүтэ — киһиэхэ майгынныыр кыра баҕайы инопланетянин турар. Арааһа, программатын уларытта быһыылаах, киһилии саҥаран барда:
   — Аатыҥ кимий?
   — Ю-Ю-Юра... — уол кутталыттан кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии. — Оттон эн ким диэҥҥиний?
   — Ю-Ю-Юра, мин Робик диэммин, — диэтэ космос куйаар киһитэ.
   — Эн тоҕо миигин ыллыҥ?..
   — Эн миигин көрбүтүҥ, ол иһин. Куттаммычча. Дьоннор биһигини сатаан көрбөттөр ээ. Арай көмүскүүр хаххабыт алдьаннаҕына көрүөхтэрин сөп. Уонна ураты дьоннор — эһиги аһаҕас эттээхтэр диигит. Биһиги олох атын планетаҕа олоробут. Эһигиннээҕэр сайдыылаахпыт. Оскуола диэн суох. Дьиэбитигэр олорон компьютерынан куйаар ситимигэр киирэн үөрэнэбит. Орто дойду олоҕун үөһэттэн көрөн программалаан биэрэбит. Мин онно саҥа үөрэнэбин эрэ. Ол да буоллар эйигин программалыахпын сөп, эн үөрэххэр математикаҕа мөлтөх эбиккин. Хаһан да үчүгэй үөрэнээччи ахсааныгар киирбэтэххин. Мин эйигин туйгун үөрэнээччи оҥоруохпун сөп, — диэн инопланетянина оҕо-оҕо курдук сайаҕастык кэпсии турда.
   — Ол тоҕо миигиттэн куттаммыккыный?
   — Биһигини орто дойду дьоно билиэ суохтаахтар. Биллэхтэринэ, планетабытын көрдөөн була сатыахтара. Оччоҕо икки өттүттэн олохпут айгырыа, аан куйаарга сэрии буолуо.
   — Мин олох кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа, тылбын биэрэбин, — диэтэ Юра, онтон өрүһүспүт курдук, — дьиҥнээх саха тылын! — диэн эбэн-чопчулаан биэрдэ.
   — Олоҥхо тылынан андаҕайар буоллаҕыҥ... Оччоҕо мин эйигин дьиэҕэр илдьэн биэриэм, кэпсээтэххинэ — бэйэҥ кэмсиниэҥ, мин быһаара сатаатым. Билигин эйигин оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэргэ программалыам, — хайыы үйэ кэргэннэһэ охсубут инопланетянина уолга чугаһаан кэллэ.
   — Суох, суох... — Юра кэннинэн чинэрийдэ, хараҕа төгүрүйэн хаалла. Мин робот буолуохпун баҕарбаппын, бэйэбинэн хаалыахпын баҕарабын, миигин ийэм таптыыр ээ! — уол чаҥкынас саҥатыттан БКЭ тэриэлкэтэ, бэл, түөрэҥэлээн ыларга дылы гынна.
   — Сөп, чэ, дьиэҕэр бар, — диэн Робик саҥа аллайарын кытта  биирдэ ыас хараҥа буола түстэ, кулгааҕа эрэ чуҥкунаан хаалла.
Биирдэ өйдөммүтэ: мааҕын эттик ылбыт сиригэр — Сэһэн Ардьакыап аатынан уулусса ортотугар хороллон турар эбит.        
 
Вася ОХЛОПКОВ,
 СГУ.
2007 с.

Бүтэһик сонуннар