Киир

Киир

   Күһүн кус оҕото соҕуруу барда да, отчут дьоҥҥо куобах сезона саҕаланар. Тыа оҕото күһүн буолла да куобахха туһахтаан барар. Туһахчыппынан мин дьиэбэр аҕабар эрэ баһыйтарабын. Түүнүн дьыбарданан куобах сүүрдэҕинэ, алтаҕа тиийэ куобаҕы ылабын. Ону сүгэн аҕалыы бэйэтэ туспа улахан кыһалҕа. Убайдарым туһаҕынан үлүһүйбэттэр этэ, наар кэрийэн бултууллара. Туһах көрө сылдьан куобаҕы дэҥ кэриэтэ көрөбүн да, ыппаппын. Биир үксүн «сыыһа ытыам» диэн куттанабын быһыылаах. Баҕар, арагаайка кэнниттэн тута сааҕа көспүт буолан эбитэ дуу, уонча хаамыыттан тэйиччи буолла да ыта да сатаабаппын.
 
 
   Куобах күрэҕэр бырааттарбын кытта сылдьыһабыт эрээри, биһигини кыралар диэн наар үүрүүгэ эрэ сырытыннараллар. Онон, туох да бырааба-куолаһа суох буолан, көрүнньүккэ саабын сүгэн баран куобаҕы эрэ үүрүүгэ сылдьабын. Ол саҕана куобах элбэҕиэн! Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри куобах этин соһо сылдьан сиибит, матасыыкылынан дэриэбинэҕэ дьоммутугар сотору-сотору кэһии ыытабыт, «Юпитер» матасыыкыл кэлээскэтин тобус-толору тиэйэн бөһүөлэккэ ыалларга тарҕатабыт.
   Биирдэ киэһэ эрдэ оттоон бүтэн, куобах үүрэ бардыбыт. Онно «кулуупка «Бобби» диэн индийскэй киинэ кэлбит үһү» диэн сахсаан баарын өйдөөн хаалбыппын. Быһата, онно тиийэр курдук эрдэ бүтүөхтээхпит. Биһигини, кыралары, куобах үүрүүтүгэр туруордулар. Мин, идэбинэн, саабын сүгэн баран куобаҕы үргүтэн хаһыытыы истэхпинэ, иннибэр куобах сүүрэн кэлэн олоро биэрдэ. Кыҥаан баран ытан чаҕылыннардым. Куобаҕым сытан хаалла. Аҕыйахта ойон тиийэн харбаан эрдэхпинэ, куобаҕым ыстанан туран куотан ыһыырда турда. Таптарбыта биллэр, бытаарбыт. Үрэххэ кэлэн саарыы түһэн баран, харбаан уҥуор таҕыста. Мин үрэҕи харбыыр-кэһэр икки аҥаардаах уҥуор батыччахтаан тахсан баран, салгыы сүүрэн имиттим. Сотору баа­һырбыт, илийбит түү­лээх куобах быстаран олорон биэрдэ. Ытан ыллым.
   Ол икки ардыгар күрэх бүппүт. Дьон миигин ыҥырар хаһыытыттан тыа баһа сатараан олорор. Сүтүктээбиттэр. Мин бултуйбуппун көрдөрөн куобахпын өрүтэ ууналыы-ууналыы хааман тиийдим. Дьонум күлүү гынан бардылар. «Эчи, куобаҕа тугун кыратай, куһаҕанай, ибис-инчэҕэй дуу, саатар. Ити дьүһүннээх куобаҕы сырса сылдьан күрэх кынатын ыстыҥ. Ол иһин булпут аҕыйах эбит. Куобах барыта таһынан барбыт», – диэн буолла.
Мин төһө да сэнэбилтэн кыһыйа санаатарбын, бултуйан испэр үөрүүм улахан. Ити киэһэ убайым Өстүөпэ кэнниттэн батыһан дьиэлээн иһэн, иннибитигэр суолга куобах олорорун көрө биэрдим. Убайым Өстүөпэ, инники иһэр киһи, ону тоҕо эрэ таба көрбөтө. Сибигинэйэн убайбын тохтотон баран, куобахха аргыый аҕай үөмэн чугаһаатым. Куобах миигин иһиллээн кулгааҕа биир кэм талах быыһыттан хороҥолоон олорор. Лаппа чугаһаан, кыҥаан баран, ытан саайдым. Тиийэн көрбүтүм: икки куобах хоһулаһан олорбутун биирдэ биэрэн түһэрбиппин. Дьэ ол кэннэ лаппа аатырбытым. «Кутукаай обургу, куһу да, куобаҕы да иккилиинэн-үстүүнэн хоһулатан эрэ баран ытар» диэн.
   Ол сааланнаҕым күһүнүгэр, өссө, туһахтан саһылы ылбыттааҕым. Бэйэм туһахтыыр ыырбын аһара баран, урут билбэт ычыкпар тиийэн уонча туһаҕы ииппитим. Биир күн ону көрө тиийбитим: туһахпар саһыл иҥнэн тыыннаах олорор. Онно саата суох этим. Сөп соҕус суоннаах маһы ылан, үөс батааска биэрбэккэ, саһылбын үлтү сынньан бардым. Төбөҕө охсо сатыыбын да, таптарбат. Утарылаһан тииһэ килэҥнээн олорор, тииһэ сытыыта сүрдээх. Ол курдук хаста да сүүскэ таптаран баран, саһылым сытан хаалла (ити хаар өссө да түһэ илигинэ этэ). Мин саһылы кум-хам тутан үрүсээкпэр симэн баран, атын туһахтарбын көрө да барбакка дьиэм диэки элээрдим.
   Ол кэлэн, үрүсээгим быатын сүөрэн таҥнары сүөкээбиппэр, саһылым муостаҕа кэлэн түстэ, тыыннаах эбит. Бары көрөн турдахпытына, бастаан тула көрүнэн, сэрэммиттии өрөҕөтүнэн сыыллан баран, аһаҕас ааны көрөөт, буулдьа курдук таһырдьа элэс гынан хаалла. Мин кэнниттэн ыстанан, кутуругуттан бэрт кыранан сыыһа харбаан хааллым. Өлүү болдьохтооох, ааммыт аһаҕас турбут эбит. Тиэргэҥҥэ сылдьыбыт ыппыт ый-хай бөҕөтүн түһэрэн кэнниттэн сырсыбыта да, сиппэтэҕэ.
   Ити курдук бастаан сааламмыт дьылым хас биирдии бытархай түгэнигэр диэри өйбөр олорон хаалбыт.
 
Соччо Кутукаай.

Санааҕын суруй