Киир

Киир

   «Кыым» хаһыакка үйэтин тухары доруобуйа харыстабылыгар үлэлээбит Елена Семеновна Кузнецова ыалдьыттыыр. Кини уустук дьылҕата – биһиги дойдубут устуоруйатын кэрэһитэ.
 

 

Ийэм – полячка, аҕам – литовец

 
   – 1939 сыллаахха Литваҕа, Шакэй куоракка төрөөбүппүн. Ийэм Саулена Францевна – полячка. Аҕабыт Гарляускас Симоно – литовец. Аҕабыт сырдык хааннаах, сырдык баттахтаах «блондин» эбит буоллаҕына, ийэбит, төт­төрүтүн, хараҥа баттахтаах. Мин ордук ийэбэр майгынныыбын эрээри, батта­ҕым сырдык. Оччотооҕу Литваҕа син сэниэ ыал эбиппит. Төрөппүттэрим чааһынай дьиэлээх, хаһаайыстыбалаах, бэл, үлэһиттээх эбиттэр. Ийэбит бааҥ­ҥа үлэлээбит, аҕабыт – учуутал.
 
дьылга 004
 

Көскө барыы

 
   – Ити кэмҥэ Литва ССРС састаабыгар киирбитэ. Аҕа дойду сэриитэ буолуон аҕай иннинэ, саас дьиэбитигэр байыаннайдар кэлэн «хомунуҥ» диэбиттэр. Мин оччолорго балтараа эрэ саастааҕым, онон ийэбит уонна эдьиийдэрим кэпсииллэрин эрэ тиэрдэбин.
   Ханна, туох иһин көскө баран эрэллэрин ким да быһаарбатах. Кэлин ийэм «биир эдэр байыаннай тымныы, ыраах сиргэ бараҕыт, өр айанныаххыт, оҕолоргут сылаас таҥаһын ылыҥ диэбитэ», – диэн кэпсиирэ...
   Көскө утаарыллыы, арааһа, ийэбит үлэтин кытта сибээстээх буолуон сөп: кини баан кистэлэҥ салаатыгар үлэлээбит эбит. Ити күнтэн ыла, ыал олоҕо тосту уларыйан, бары тутуспутунан кый ыраах, тус хоту айаннаабыппыт. Сотору буолаат, олорбут куораппытын ньиэмэстэр буомбалаабыттар.
   Эр дьону дьахталлартан, кырдьаҕас­тартан арааран, туспа богуоннарга тиэйбиттэр. Ийэбит хат эбит. Айаннаан иһэн суолга төрөөрү ыксаабытыгар, Бийскэйгэ тохтоон, суһал көмө массыынатын ыҥыран, балыыһаҕа бырааппыт Ремантас (Роман) төрөөбүт.
   Аны Бийскэйгэ эр дьону тиэйэн испит богуону арааран кэбиспиттэр. Ханна тиэйэн илпиттэрин эппэтэхтэр. Инньэ гынан ийэбит аҕабытыныын сү­тэр­сэн кэбиспиттэр. Аҕабыт дьылҕатын билээри ыйыталаһан, ийэбит төһөлөөх суруйбута буолуой! Ол тухары «сураҕа суох сүттэ» диэн харда эрэ кэлэрэ.
 

дьылга 001

Булуҥҥа, Быков мыыска

 
   – Ол курдук айаннаан, хоту Булуҥҥа, Быков тумулга тиийэн кэлбиппит. Туох кэлиэй, үөрүйэҕэ суох дьоҥҥо тымныы, хаар-тыал... Ким да үөрэ-көтө тоһуй­батах. Көскө кэлбит да дьон туох-туох дойдуга тиийэн кэллибит дии санаатахтара. Онтон олохсуйан, син олох-дьаһах тэринэн бардахтара. Бараакка, үүтээҥҥэ олорбуттар. Кыанар өттө балыкка үлэлээбит. Ийэм убайа кэргэниниин балык собуотугар үлэлээбиттэр, инньэ гынан паекка тиксэллэрэ. Собуокка 16, 17, 18 саастарын туолбут эдэрдэр, бэл, кыра оҕолор үлэлииллэр эбит.
   Ийэбит эрэйдээҕи сөҕөбүн: быыкаа оҕолорун, кыаммат ийэтин хайдах өрүһүйбүтэ буолла? Эдэр, доруобай буолан тулуйдаҕа буолуо. Ону кытта күүс­тээх санаата, тулуура, дьулуура, сатабыла, ыараханы баарынан ылынар майгыта көмөлөстөҕө. Ытыы-сулана сылдьыбат кытаанах майгылааҕа. Биирдэ эмэ үҥсэргээбитин истибэтэҕим. Сөптөөх быһаарыыны ылынар, дьаһайар киһибит кини этэ. Оттон уонна аҕабыт «оҕолоргун, бука диэн, көрөөр-истээр, харыстаар» диэн эппитэ буолаахтыа...
   Ийэбит «олохтоохтор көмөлөспөтөх­төрө буоллар, тыыннаах хааларбыт биллибэт этэ» диирэ. Бэйэлэрэ туга да суох эрээри, бурдук, чэй, балык, хаа­һы биэрэн, сороҕор сээкэйи мэнэй­дэһэн, ылсан-бэрсэн олорбуттарын мэл­дьи сылаас тылынан ахтара.
 
дьылга 003
 

Салды Күөл

(Сылгы Күөлэ)

 
   – Быков тумулга алта сыл олорбуппут. Онтон Ленскэйгэ көһөрбүттэрэ. Онно Сылгы Күөлэ диэн кыра бөһүө­лэккэ көскө кэлбиттэр мас кэрдиитигэр үлэ­лиил­лэрэ. Ийэбит онно бастаан остолобуойга иһит сууйбута, онтон пуобардаабыта. Улахан эдьиийим Янина лес­промхозка буҕаалтырдаабыта.
   Мин Сылгы Күөлгэ сэттэ кылаас­таах оскуолаҕа үөрэм­митим. Нууччалыы үөрэ­нэр­бит, дьиэбитигэр литва­лыы кэпсэтэрбит. Улахан дьон мустан, бы­раа­һын­ньык­тары биир­гэ бэ­лиэтииллэрэ, араас тэ­рээһин буолара. Олохпут улахан туох да уратыта суоҕа. Ким даҕаны «эһиги өстөөх­төргүт» диэн атаҕастыырын, туора көрөрүн өйдөө­бөппүн. Пионер, хомсомуол диэн син биир баара.
   Арай хас ый аайы коменда­тураҕа баран бэлиэтэнэрбит. Саха сириттэн тахсар көҥүл­лэммэтэ. Сталин да өлбү­түн кэннэ биһиги онно хаалан олорбуппут. Мин Мухтуйаҕа интэринээккэ олорон, уон кылааһы бүтэрбитим.
   Улахан эдьиийим Янина Литваттан көскө кэлбит киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Кэргэнэ Сылгы Күөлгэ леспромхозка үлэлиирэ. Онтон 1952 сыллаахха Дьокуускайга көспүттэрэ, күтүөппүт ман­­нааҕы леспромхозка үлэлээбитэ. Икки уолламмыттара, 1956 сыллаахха тэрилтэлэриттэн дьиэ ылбыттара. Онон кинилэри батыһан, Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Ийэм леспромхозка хассыырынан үлэлээбитэ. Ол тэрилтэ хонтуората урут Залог диэки баара.
 

Төннүү

 
   1961 сыллаахха кэмниэ кэнэҕэс Литваҕа төннөрбүтүн көҥүллээбиттэрэ. Ийэбит убайыныын, улахан эдьиийим, орто эдьиийим, бырааппыт – бары дьиэ кэргэттэрин кытта көһөн барбыт­тара... Мин ол кэмҥэ олохтоох нуучча уолугар кэргэн тахсыбытым. Ийэм да­ҕаны, эдьиийдэрим даҕаны ону сөбү­лээбэтэхтэрэ, миигин саҥарбыттара.
   Мин балтараа саастаахпар манна кэллэҕим дии. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан манна олорбутум. Аны литвалыы үчүгэйдик билбэт этим. Манна кэргэн таҕыстым, оҕолоннум, сөбүлүүр үлэлээхпин, онон «суох, барбаппын», – диэбитим.
   – Улахан эдьиийим Паневежис диэн куоракка балык собуотугар буҕаалтыр­даабыт. Биир сыл буолаат, дьиэлэммиттэр. Орто эдьиийим кэргэнэ улахан массыынаҕа суоппар, учаастак ылан, хаһаайыстыба тэринэн, дьиэ туттубуттара. Бырааппыт кэпэрэтиипкэ киирэн, кыбартыыра ылбыта. Ийэбитигэр, бэлитиичэскэй эрэпириэссийэ сиэртибэтэ диэн, кыбартыыра биэрбиттэрэ.
 

"Өстөөх буолбатахпын"

 
   – 70-с сылларга «сиэртибэ буоларыҥ туһунан докумуон оҥорторор наада» диэбиттэрэ. Арай маннааҕы биир хонтуораҕа тиийбиппэр биир кыыс «өстөөх буолбатаҕыҥ туһунан ыспыраапката аҕал» диэтэ. «Тоойуом, мин манна кэлэрбэр балтараа эрэ саастааҕым. Онуоха туох ыспыраапката нааданый?» – диэбиппин олох истибэт. Ыйбыт сиригэр тиийбитим, биир киһи «хайдах баччааҥҥа дылы оҥорторбокко сыл­дьаҕын?» диэн сөхтө. Онтон ханна эрэ төлөпүөннээтэ, мөхтө-саанна. Били кыыспар кэлбиппэр, хата, уочарата суох киллэрэн, ол дастабырыанньабын тут­таран кэбистилэр.
   Аҕабыт дьылҕатын туһунан 90-с сыл­­лаахха биирдэ билбиппит. Өлүөхү­мэҕэ быстаахтаабыт эбит. Ханна кө­мүл­лэ сытара биллибэт. Онно эмиэ мас кэрдиитигэр үлэлээбит буолуохтаах, онно сылдьан аччыктаан, ыалдьан ба­раахтаатаҕа...
 

Литва: урут уонна билигин

 
   Сэбиэскэй кэм саҕана икки сыл буола-буола уоппускабытыгар оҕолорбу­тун илдьэ Литваҕа күүлэйдии барарбытын саныыбын... Олус да күүтүүлээх айан буолара, үөрэ-көтө да айанныырбыт! Туох даҕаны мэһэй суоҕа, Москубаттан пуойаска олордуҥ да аҕыйах чааһынан дьоммутугар кэлэрбит. «Олохтоохтор Арассыыйаны, нууччалары абааһы көрөллөр» дииллэрэ да, ол биллибэт этэ.
   Онтон өрөспүүбүлүкэлэр үрүө-тараа бараннар, дойдубут ыһыллыбыта. Дьон сыһыана тута уларыйбыта. Мин быраатым кэргэнэ украинка этэ, ону ыллылар да, үлэтиттэн ууратан кэбиспиттэр. Кийииппит кыыһын кытта Хабаровскайга көспүтэ. Бырааппытын Литваттан ыыппат буола сатаабыттарын «мин Арас­сыыйаҕа, Бийскэйгэ төрөөбүтүм», – диэн Литваттан тахсар кыахтаммыт.
   Билигин Литваҕа орто эдьиийбит баар, 80-чалаах. Кыргыттарыныын, сиэн­­нэриниин билсэбит да, кэнники сурук­тары сүгүн аһарбат буоллулар курдук. Мин суруктарбын туппатах буолаллар, кинилэр суруктара тиийэн кэлбэт. Онон сиэннэрбит аныгы сибээс кө­мөтүнэн билсэллэр. Сонуну онтон истэбит. Оттон Литваҕа бара сылдьар туһунан санаммаппын даҕаны. Дойду ыһыл­лыыта боростуой дьон дьыл­ҕатыгар итинник дьайда.
 
дьылга 002
 

Дьону быыһаары

 
   – 1956 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. Сорохтор хааны, өлүгү көрөн, уҥан хаалаллара. Мин тулуйарым, өссө хирургия мэдсиэстэрэтэ буолар баҕалааҕым. Оччолорго үөрэҕи бүтэрээччилэри Доруобуйа харыстабылын министиэрис­тибэтэ үлэҕэ аныыра. Миниистир Павел Васильевич Любимов этэ. Мин уобаластааҕы балыыһаҕа хирургия салаатыгар анаммытым.
   Уобаластааҕы балыыһаҕа – түөрт сыл, онтон лор-балыыһаҕа үлэлээби­тим. Лор-балыыһа – этэргэ дылы, «узкай» идэ. 1964 сыллаахха Ленинградка эпэрээссийэ блогар уопут атас­таһа ыыппыттара, үөрэнэн кэлбитим. Онтон 1983 сыллаахха саҥа уоба­ластааҕы балыыһа тутуллубутугар онно эпэрээссийэ оҥорор уопсай блокка мэдсиэстэрэнэн көһөрбүттэрэ. Биирдии ый атын-атын салааҕа, атын хирурдардыын үлэлиирбит. Инньэ гынан араас хайысхалаах эпэрээссийэлэргэ үлэлэһэрбит.
   Оччотооҕу мэдсиэстэрэ үлүгэрдээх элбэх үлэни оҥороро. Күн аайы эпэ­рээссийэҕэ турарын сэргэ, өссө үстү­рүмүөн бөҕөтүн бэйэтэ илиитинэн бэрийэн ыраастыахтааҕа, сууйуохтааҕа, оргутуохтаҕа, автоклавтыахтааҕа. Би­лиҥҥи мэдсиэстэрэлэр, онно холоотоххо, үлэлэрэ биллэ чэпчээтэ: барыта биирдэ туттуллар тэрил, испириис, иннэ... Оттон ол саҕана барытын оргута-оргута туттарыҥ. «Импиэксийэ хаалыа, ким эмэ сутуллуо» диэн, ирдэбили барытын тутуһан дезинфекциялыырыҥ. Ыарырҕата саныырбытын өйдөөбөппүн – буолуохтааҕын курдук ылынарбыт.
   «Хирурдар киһини эпэрээссийэлээн баран, иһигэр ону-маны хаалларан кэбиһээччилэр дуо?» – диэн ыйытааччылар. Холобур, быар эпэрээссийэтигэр тымырыттан хаан барааччы. Онно элбэх салпыакка наада. Итиннэ мэд­сиэстэрэ уһулуччу болҕомтото наада: хас салпыакканы бэлэмнээн киллэрбитин, онтон эпэрээссийэ бүтүүтэ, тигиэх иннинэ төһөтө быраҕыллыбытын ааҕыахтаах. Биир эмэ итэҕэс буолла да, хирург ону көрдүөхтээх. Хата, миэхэ биирдэ даҕаны оннук түбэлтэ тах­сыбатаҕа.
   Кесарев эпэрээссийэтигэр турсубуппун өйдүүбүн. Аатырбыт гинеколог-хирург Желобцова эпэрээссийэни оҥороро. Кесаревка хаан барар куттала мэлдьи баар, онон хирург түргэн­ник тигиэхтээх. Желобцова сүрдээх түр­гэнник тигэрин өйдүүбүн. Илиитэ биир кэм күөрэҥнээн олорор. Мэдсиэстэрэ ону баттаһа, эрдэттэн оччо ахсаан иннэни бэлэмнээн туруохтаах. Үөрүйэх мэдсиэстэрэ эпэрээссийэ туох баар кэрдииһин төбөтүгэр тута сылдьар буолан, быраас этэ да илигинэ ханнык үстүрүмүөн наадатын ылан биэрэ охсор.
   Бу балыыһаҕа мин 35 сыл үлэлээ­тим. Бэтэрээн диэн ол бу тэрээһиҥҥэ ыҥырдахтарына, онно кыттабыт, көрсү­һүүлэргэ сылдьабыт, онон соҕотохсуй­баппын. Урукку дьүөгэлэрим бары кэ­риэтэ бардылар, сорохторо суох буолла. Манна үс кыыс хаалан тутуһан сыл­дьабыт.
   Иллэҥ кэммэр дэтэктииби – Колычев, Маринина, Донцова суруйууларын – астына ааҕабын. Оҕонньорум суох буолбута син ыраатта. Кини хоту оройуоннарга таһаҕас тиэйиитигэр үлэ­лээбитэ. Сүрдээх ыарахан үлэҕэ сылдьыбыта. Ол да иһин сүрэҕэ эмискэ тохтообута. Оҕолорум бары атахтарыгар туран, үлэһит буоллулар. Билигин сиэннэрим миигин үөрдэллэр.
   Биллэн турар, кэнникинэн олох тосту уларыйда. Билиҥҥи дьон көрүүтэ – атын, биһиги көлүөнэ киэнэ – олох атын. Төһө да дьадаҥыбыт иһин, олус иллээх, көрдөөх, көхтөөх этибит. «Биир киһи – барыбыт, барыбыт – биир киһи туһугар!» диэн дэбиис баара.
   Аныгы ыччат эмиэ ураты. Тутта-хапта сылдьара, кэпсэтэрэ, быһыыта-майгыта тутах курдук. Бары оннук буолбатахтар эрээри... Билиҥҥи ыччат урукку ыччаттан атына өйдөнөр. Кэмэ атын буолуо?
   Дьылҕа Хаан оҥоһуутунан, мин бу тыйыс хоту сиргэ кэлэн, иккис дойду оҥостон, ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, олохпун тү­мүктээн эрэбин. «Кимҥиний, хантан сылдьаҕыный?» диэн ыйыттахтарына, «ийэм – полячка, аҕам – литовец, кэргэним – нуучча, бэйэм – Саха сириттэн (якутянка)» – диибин. Оттон саамай ба­ҕа­рарым – сэрии эрэ буолбатын!
 
Нина ГЕРАСИМОВА.
2018 с.