Киир

Киир

   Мин икки убайдааҕым. Хайалара даҕаны булчут бэртэрэ этилэр. Кинилэр булка тэриниилэрэ бүтүн дьиэ кэргэҥҥэ бырааһынньык курдук буолара. Ити күн былыттаах, ардахтаах күн турбутун ончу өйдөөбөппүн. Күн сырылаччы тыган турар кэмигэр бары тэлгэһэҕэ сылдьарбыт үчүгэйэ сүрдээҕэ. Чугас тыаҕа кэҕэ этэрэ, халлаан сылыйан, киһи эрэ санаата кэлэр күннэрэ этилэр.
 
 
   Убайдарым сааларын ыраастанар кэмнэригэр аттыларыгар бырааттарбыт, балыстарбыт туораах курдук тоҕуоруһаллара. Хайа да бэйэлээх оройунан көрбүт орой мэник булт сэбин-сэбиргэлин бобуута да суох саараама тыыппата, ытыгылыы көрөрө. Иккиэн ботур-итир кэпсэтэ-кэпсэтэ, быыһыгар күлсэн ылаллара. Сымала уулларан, мончууктарын кырааскалыыллара, абырахтыыллара, тупсаран биэрэллэрэ. Аҕабыт атаҕа куһаҕан буолан, олоппостору көһөн тахсан, уолаттара тэринэллэрин көрөн аттыларыгар олороро. Быыһыгар ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Ыалбыт уолаттара, кырдьаҕастара кэлэн, сэһэргэһэн бараллара.
   Ийэбит уолаттарын булка өрө көтө­ҕүллэн тэрийэрэ. Хаптаһын эркиннээх сайыҥҥы дьиэбит оһоҕор чоххо баахыла буһарара. Бэлэм буолбут баахылаларын кытыыларын быһаҕынан тэҥнээн, соттор үрдүгэр сааһылаан уурара. Мин, улахан кыыс, кини таһыгар уокка холбонор хобордооххо алаадьылыырым. Кыра убайым «Айылҕаҕа сымыыт курдук минньигэс ас суох», – диир буолара. Онон кыра балтым хотонтон сымыыт киллэрэн буһарар үлэлээҕэ. Оттон улахан балтым оччоттон баччаҕа диэри иистэнньэҥ буолан, таҥаһы-сабы абырахтыыра. Убайдарым ампаартан таһаарбыт таҥастарын аан бастаан тиэс маска иилэн, салгылатара. Онтон эмиэ хонууга олорон абырахтыыра. Бу санаатахха, 12-13 эрэ саастаах оҕо диэтэххэ, сүр дьоһуннук туттан олорон иистэнэр эбит.
   Убайдарбыт үлэлии-хамсыы сылдьарбытын көрөн, наһаа үөрэллэрэ. Астаабыт алаадьыбыттан «хап» гына харбаан, баралларыттан сарылаан эрэ хааларым уонна ис-испиттэн наһаа дьоллоохтук күлэрим.
   Бэлэм буолбут аһы-таҥаһы бэйэлэрэ үрүсээктэригэр хаалыыллара. Ол кэмҥэ ийэбит «Кыым», «Саха сирэ» хаһыаттары аҕалан туттарара. Аҕам чүмэчилэрин, уокка оттор кумааҕыларын биэрэрэ. Кэлээскэлээх матасыыкыл эһиннэр эрэ, бары тиэргэҥҥэ сырсан тахсарбыт уонна сапсынан атаарарбыт.
   Убайдарбыт бултаан кэлэллэрин олус кэтэһэрбит. Матасыыкыл түүн да, күнүс да тыаһаатын – эмиэ бары утары сырсан тахсарбыт. Кыралар убайдарыгар иилистэ түһэллэрэ. Бултарын аан бастаан аҕаларыгар көрдөрөллөрө. Аҕабыт «Ок-сиэ!» диэн мичийэн ылара, кустары илиитигэр ыараҥнатан көрөрө. Оттон ийэбит саҥата суох чаанньыгын үрдүгэр түһэрэ. Кыра убайым ийэтигэр ордук сыстаҕас буолан, киниэхэ хайаан даҕаны мутукча тылыннаран аҕалара. Ону мин үс лиитэрэлээх кырыыҥкаҕа сааһылаан уурарбын сөбүлүүрүм. Мутукча сыта дьиэ иһин ылан кэбиһэрэ. Дьэ, ол кэннэ эмиэ бэйэтэ туһунан бы­раа­һынньык буолара. Кэпсэтиини аҕа­быт сүрүннүүрэ. Кыра убайым сүрдээх кэпсээннээҕэ. Улахаммыт сөп буола-буола эбэн биэрэрэ. Убайдарым Байанайдарын бэлэҕиттэн ыаллыы олорор Хобороос эмээхсини, ыал нөҥүө дьиэлээх Киргиэлэйдээх Маайаны матарбаттара.
   Ити курдук кинилэр куһу, куобаҕы, туртаһы сыллата бултууллара. Ампаарга иккилии гынан атахтарыттан таҥнары иилиллибит куобахтар туртаһан туралларын көрөр астык да буолара. Сибиинньэ сыатын кытта буспут куобах этэ минньигэс да этэ!
   Аҕыйах хонуктааҕыта төрөөбүт тиэргэммэр баран кэллим. Билигин онно ким да олорбот. Ким да суох да буоллар, убайдарым сааларын ыраастаан кэпсэтэр саҥалара, аҕам көхсүн этитэн ылара, аттыларыгар туораахтаһар кыра оҕолор күлсүүлэрэ, ийэм баахылатын тимирин тыаһа кулгаахпар иһиллэргэ дылы буолла. Булт диэн эр дьоҥҥо эрэ буолбакка, бүтүн дьиэ кэргэҥҥэ ити курдук күүтүүлээх уонна күндү кэм эбит.
 
Марфа ИВАНОВА,
Дьокуускай.