Киир

Киир

   Лааһарап Мэхээлэ Арамаанабыс-Чынай Мэхээлэ Бороҕон улууһун 1-кы Курбуһах нэһилиэгэр «Дириҥ» диэн аччыгый алааска төрөөн-үөскээн олорбута. Лааһарап Мэхээлэ саамай күөгэйэр күнүн саҕана чахчы улахан күүстээх уонна атаҕынан чугас эргин суох быһый киһи эбит. Ону былыргы киһи сиэринэн кистиирэ эбитэ үһү.
 
   Ол да буоллар, атаҕынан быһыйын туһунан син биир билбиттэрин мантан аллара суруйабын.
   Кини күһүн саҥа хаар түспүтүн кэннэ, куобаҕы атаҕынан эккирэтэн ситэн ылаат, быһа тэбэн өлөрөр идэлээх эбит.
   Ол курдук: «Күһүҥҥү кылгас күн быһаҕаһыгар диэри чэпчэкитик таҥнан тахсан, куобаҕы атаҕынан эккирэтэн ситэн ылан, быһа тэбэн өлөрөрө. Оннук бултаан 15 куобаҕы сүгэн киирэрэ», – диэн, дьон кэпсиирэ. Ол оннук дьиктитик бултуурун дьонтон кистээн, куобахтыы тахсарыгар Моойторук диэн, тэллэх ытын курдук кыра, куһаҕан баҕайы ыттааҕын быалаан, сиэтэн илдьэ тахсар эбит үһү. Бултаан бүтэн баран, онтун сиэппитинэн төннөрө уонна: «Ытым барахсан атаҕынан кытыгырас, куобаҕы ситэн тутар буолан абыраата», – диэн, саҥа аллайан кэпсиирэ үһү.
   «Итинник кыра, куһаҕан ыт хайдах куобаҕы эккирэтэн ситэн тутуой?» – диэн ыкса чугас олорор ыала Чыамаах Харабылла дьиибэргээбит. Эдэр киһи Чынай Мэхээлэ үлэлии барбытын кэннэ, анаан-минээн, ыала бэһэҕээ куобахтаан киирбит сирин батыһа суоллаабыт.
   Чынай Мэхээлэ ытын сиэтэн тахсан баран, дьиэтиттэн икки биэрэстэлээх сиргэ сыгынах кэннигэр тииккэ баайан кэбиспит, ол кэнниттэн бэйэтэ куобаҕы атаҕынан эккирэтэн бултаан барбыт суола субу сытар үһү. Онуоха хаардаах сэппэрээги, талаҕы хаарын да таарыйбакка үрдүнэн көтөн, аҕыстыы-тоҕустуу хаамыы ыраах ойуолаан, ситэ баттаан өлөрбүт суолун бэрт эрэйинэн көрдөөн булбут.
   Онно көрдөҕүнэ, өлөртөөбүт куобахтарын 3-түү, 4-түү гына, холбуу баайталаан, тиит үөһээ мутугар ыйаталыыр эбит.
   Дьэ, оннук бултаан өлөртөөбүт куобахтарын хас да сиргэ тиит аллараа мутугар иилбитин төннөн иһэн хомуйан, сүгэн кэбиспит суолун эмиэ булбут.
   Киэһэ Чынай Мэхээлэ дьиэтигэр киирэн Чыамаах Хабырылла ороҥҥо олорон эрэ эппит:
   – Мэхээлэ, эн бэҕэһээ Моттохой сиһигэр тахсан куобахтаабыт суолгун бүгүн тахсан суоллаан көрдүм. Эн ытыҥ буолбатах, бэйэҥ эт атаххынан эккирэтэн куобахтаабыккын илэ көрөн итэҕэйдим. Аҕыстыы-тоҕустуу хаамыыны ыраах ойуолаан, дьэ, атаххынан олус быһый киһи үөскээн сылдьар эбиккин.
   Онуоха Мэхээлэтэ кыбыстыбыт курдук туттубут, көхсүн этиппэхтээбит уонна: «Ыкса ыалым Хабырылла ити туһунан олох кистээ, кимиэхэ даҕаны кэпсээбэккэр көрдөһөбүн. Дьонтон чорбойон аатырыахпын-сураҕырыахпын ончу баҕарбаппын. Ох тыллаахтар, ойууттар, удаҕаттар, аптаах хомуһуннаахтар быһа этэн кэбиһиэхтэрэ. Аны, Дьокуускайга киирдэхпинэ, Саха сирин улуустарын ааттаахтара аат былдьаһан, сырдыкка-хараҥаҕа түбэһиннэрэн, быһыта-хайыта охсон, эҥин-дьүһүн оҥоруохтарын эмиэ сөп. Онон, атаһым эрэ буолларгын, былыргы өбүгэлэрбит үгэстэрин кэспэккэр, ону тутуһан, кистииргэр көрдөһөбүн», – диэн эгэ-была тыла бараммыт.
   Чыамаах Хабырылла ол көрдөһүүтүн ылыммыт. Ол гынан баран, ыала Чынай Мэхээлэ өлбүтүн кэннэ, дьэ, ол билбитин кэпсээбит. Дьэ, онон Лааһарап Мэхээлэ Арамаанабыс киһи быһыытынан олус сымнаҕас, эйэҕэс, сэмэй, күүстээх, быһый этэ да, онтун хаһан даҕаны биллэрэ сатаабат, сэмэй, киэҥ-холку көҕүстээх, сүрдээх кыайыылаах үлэһит, дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык ытыктанар киһи биһиги Курбуһахпытыгар төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан, олох олорон ааспыт эбит.
   Күн бүгүн Мэхээлэ олоҕун салгыыр оҕолордоох, сиэннэрдээх. Кини Аҕа дойду сэриитин иннинэ, 90-ча сааһыгар чугаһаан баран, кырдьан, ыалдьан, орто дойдуттан бараахтаабыта.
   Маны уруккута 1-кы Курбуһах нэһилиэгин, оччолорго «Кыһыл Хардыы» холкуос, 67 саастаах кырдьаҕас олохтооҕо Афанасий Матвеевич Копырин тылларыттан Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Аммосов Иннокентий Иннокентьевич суруйбуттаах эбит. Ол ону кини кыыһа Марфа Егоровна Аммосова суруйан ыыппыт.
 
Илья ОКОНЕШНИКОВ бэлэмнээтэ.

Санааҕын суруй