Киир

Киир

   Хараҥа былыт курдук ыаһаан турар ыраахтааҕылаах Арассыыйа хаатыргатын, сыылкатын кыраайын чэҥнээх муннугар төрүүр-үөскүүр кэнчээри ыччат оччолорго үөрэнэр-сайдар кэрэ олох диэни билбэт этэ. Оччоҕо оҕо булчут эрэ буоллаҕына аатыран-сураҕыран киһи тэҥэ буолан сылдьара. Сэп-сэбиргэл суоҕунан, үрэх бастарыгар адьырҕа кыыллар, эһэ-бөрө бар дьону көҥүл бодулууллара. Ити өлүүлээх алдьархайтан ханнык эмэ хорсун дьон баар буоллахтарына быыһыыллара.
 
 
   Салтаһа Мэхээлэ диэн кыра эрдэ­ҕиттэн туун тулаайах хаалбыт оҕо баара, кинини тастыҥ убайа тимир ууһа Халадьа Өлөксөй ииппитэ. Бу оҕо, төһө да туун тулаайах буоллар, киһи бары сөҕө махтайар улахан көрүҥ­нээҕэ, чаан олгуй саҕа саллаҕар бас­тааҕа, хатааһын сулуһунуу, сытыы харахтааҕа. Көп хаастаах, үрдүк сүүс­тээх, эриллэҕэс харылаах, бобута баайбыт курдук быччыҥнаах, суон-толуу үрдүк уҥуохтаах, сыыдам-быһый быһыылаах, хорсун-хоодуот, хапсаҕай имигэс хамсаныылаах, көтүөр кыната эрэ суох оҕо этэ.
   Бу бириэмэҕэ эһэ киирэн, хас да сайыны быһа бүтүн нэһилиэк үрдүнэн 5 киһини, бэрт элбэх сүөһүнү сиэбит. Салтаһа сэттэ сааһын туолан эрэрэ. Бар дьон эһэттэн куттанан, өттүккэ имнэнсэн, кырдьаҕас эмиэ сүөһүнү кыайбыт дэһэн, ибир-сибир сипсириһэн кэпсэтэллэрин истэн, бэри-бэркиһии, сөрү-сөҕө саныыр үһү. Кини бэйэтэ көтөрү көтүппэт, сүүрэри сүүрпэт, далайга киирдэҕинэ, салыҥнаах ытыстаах, сиппит-хоппут туйгун булчут буолбута. Бар дьоно, сөрү-сөҕөн, мары-махтайан, бу сэттэлээх оҕонон киэн туттар буолбуттара.
   Салтаһа тоҕус сааһын туолар. Убайыгар биир чохороон сүгэни оҕустаран ылар. Күһүн үрэх тоҥон, хара мууһунан бүрүнэр, от-мас үрүҥ кырыанан симэнэр, сир-дойду кырса маҥан суорҕа­нынан саптан кылбайар, силлиэ-холорук сипсийэр. Салтаһа тэбэнэтэ тэһиппэт, туйгуна тулуппат буолар. Биир күн туран бар дьон өстөөҕүн өһөгөйдүү, саастааҕын сайылыы барар санаа киирэн, эһэлии бараары, убайыгар биллэрбэккэ адьырҕа эһэ туһунан ыйыталаһар. Убайа кэпсиир: «Биир ааттаах эсэһит киһини сиэбитэ, ол киһи охсуһа сытан быһаҕын туппутунан өлбүт этэ, быһаҕа хааннаах этэ, эһэ сиэбэккэ барбыт, кэнники дьон аҥаар хараҕа суох эһэни көрбүттэр этэ, алдьархайдаах эһэ ол сылдьар буолуохтаах», – диэн.
   Салтаһа толкуйдуур: «Оҕуһу сүүскэ охсон кэбирэхтик охтороллор, онтон халыҥ үһүө эһэ сүүһэ», – диэн. Ол курдук өлөрөр сөп диэн тыаҕа барар. Эһэни көрдөөн, баран-кэлэн, начаас ыраах сирдэринэн эргийтэлиир. Эһэ суолун булар. Суоллаан тиийбитэ, арҕахха киирбит. Салтаһа, уһун талаҕы быһан ылан, арҕах аанын үрдүн миинэн олорон, талаҕы иһирдьэ уган, төттөрү-таары сууралыыр. Эһэ аргыый аҕай киҥинэйэр, уол талаҕын төттөрү субуйан ылар, эһэтэ аргыый аҕай баһын быктаран эрдэҕинэ, сүгэнэн сүүскэ биэрэн, дьөлө охсон өлөрөр. Эһэтин көрбүтэ, аҥаар хараҕа суох эбит, кини да буоллар өлөр күннээх эбит; ону дьоҥҥо көрдөрөөрү, баһын быһан аҕалар. Бар дьон күннэрэ тахсан, халлааннара сырдаан, үөрүү-көтүү бөҕө буолар. Үйэҕэ, тоҕустаах оҕотооҕор буолуох, эһэни маннык бултаабыт остуоруйаҕа да суоҕа: уруй-айхал, үҥүү-сүктүү буолар.
   Ити итинэн ааһар. Салтаһа убайыгар биир быһаҕы оҕустаран ылар. Сайын эһэни хайдах бултуур туһунан толкуйга түһэр; тиһэҕэр бэйэни батыһыннаран, быһахха түһэрэн өлөрүөххэ сөп диэн санааҕа кэлэр.
   Тыаҕа тахсан, биир эһэни көрөр, эһэтин уордатаары иһиирэр, маһы тарбыыр. Эһэ сүүрэн кэлэр. Салтаһа куотан сыыһа-халты харбатар. Дьиэтин чугаһыгар Хатыҥ Үрүйэ диэн баара, онно кэлэн, быһаҕын өрө тутан баран, тиэрэ түһэр. Эһэ көппүт эрчимигэр иһин хайа түһэн кэбиһэр. Ол күнтэн ыла ити ньыманан үллэр үйэтин, саллар сааһын тухары бултуур. Кэнники, буораҕынан иитиллэр, ыраах тэбэр саалар оҥоһуллуохтарыгар диэри, булчуттар Салтаһа ити икки ньыматынан бултууллара үһү.
   Онтон бэттэх эһэ да киирэн, киһини-сүөһүнү сиэн алдьатара уурайбыт. Ол иһин Салтаһа, тоҕус саастаах оҕо, хайдах курдук бар дьону алдьархайтан быыһаабыта, кэбирэхтик бултуур ньымалары булаттаабыта билиҥҥэ диэри норуот номоҕо, кэпсээнэ буола сылдьар.
 
«Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ».

Санааҕын суруй